Книга Эɮэрдэлэр. Баɮа санаалар. Анабыллар - читать онлайн бесплатно, автор Клара Борисовна Ксенофонтова
bannerbanner
Вы не авторизовались
Войти
Зарегистрироваться
Эɮэрдэлэр. Баɮа санаалар. Анабыллар
Эɮэрдэлэр. Баɮа санаалар. Анабыллар
Добавить В библиотекуАвторизуйтесь, чтобы добавить
Оценить:

Рейтинг: 0

Добавить отзывДобавить цитату

Эɮэрдэлэр. Баɮа санаалар. Анабыллар

Клара Ксенофонтова

Эɮэрдэлэр. Баɮа санаалар. Анабыллар

© Оформление. ООО «Издательство Айяр», 2019

© Клара Ксенофонтова, 2019

ОҔО АЙМАХХА ЭҔЭРДЭ

Саҥа киһи кэлбитинэн

«Саҥа киһи күн сирин…»

Саҥа киһи күн сиринСирэм күөх таһаатыгарОдун хаантан уураахтанан,Чыҥыс хаантан ыйаахтананОлох суолун салгыы кэлбитҮөрүүтүгэр муһуннубут,Алыс үөрбүччэ-көппүччэАлгыс баһын сыалаатыбыт.Ийэлээх аҕаҥИлгэлээх тапталларыгар бигэнэн,Остуоруйа дойдутунууОлус дьоллоох оҕо саастан,Кэрэни кэрэхсиир,Үтүөнү өйдүүрКиһи киэнэ кииллээҕэ буол!Саха саргытын салайарСайаҕас санаалан,Киһи кэскилин тэрийэрКиэҥ мэйиилэн!

«Орто дойду ыалыгар…»

Орто дойду ыалыгарОлох аанын тэлэйдэ.Күүтүүлээх күндү киһибит,Киирэн кэллиҥ бэбээрэн.Ийэҥ, аҕаҥ тылларынЭккэр-хааҥҥар иҥэрэн,Киһи бэрдэ эн буолаар,Киргэ-хоххо сыстымаар.Эдэртэн эйэтин,Кырдьаҕастан алгыһын,Эгэлгэ кэрэтин ылынан,Эриэккэс олоҕу олороор.Кырдьаҕаска-кыаммаккаКөмөҕө өрүү кэлэрЭлэккэй, эйэҕэсЭрчимнээх сүрэхтэн!Саргылаах санааланан,Саҥаны айар кыахтанаар,Уйгуну сомсорУлуу олохтоноор!

Төрөөбүт күҥҥүнэн Биир сааскынан

Биир сыл ааспытКүндү көмүс күөрэгэйбитКүн сирин көрбүтБэлиэ күнүттэн.Биир сыл ааспытСүрэх күүскэ битийэн,Бэлиэр ийэ, аҕа дэтэн,Сиэлэ-хаама сылдьыбыппыт.Ийэҥ истиҥ сыһыанаИэйэхсиккэ тэҥнэстин,Аҕаҥ амарах кыһамньытаАйыыһыттыы арыаллаатын!Ыарыы ыалласпатын,Тумуу тумуннун!Дьоллоох оҕо саастан,Күн-түүн ахсымнык улаат!

Түөрт сааскынан

Чөмчүүк саас биир бэлиэ кэминэн —Түөрт сааскын томточчу туолар,Чэмэлкэй күннүү сыдьаайарТүөрэҕиҥ түстэммит күнүнэн!Күн өрүү бу курдук көрүөхтүн,Күөх халлаан күлүмнүү күлүөхтүн,Оҕо саас тырымнас сулуһаОлоххор үөрүүнү үксэттин!Улаата охсоҥҥун чугас дьоҥҥорТуһа киһитэ эн буолаар,Аймах дьоҥҥун ааттатаарҮтүө, кэрэ тылынан!Дьоллоох оҕо саастанДьону түмэр дьоҕурдан,Чугастаргын чуоҕут,Ыраахтаргын ыксалат.

Аҕыс сааскынан

Саһарҕа сааскын айхаллыыОҕо аймах тоҕуоруста,Сандалы остуол тулаЭдэр-эмэн муһунна.Күннүүн тэҥҥэ тэйэ оонньуурКүлэр-үөрэр күҥҥүнэн!Лыахтыын бииргэ көтөр-дайарКөмүс, алтан кэмҥинэн!Оҕо сааһыҥ мичилийэСырдыкка, кэрэҕэ сирдээтин,Үөрэҕи, билиини батыһарҮтүө-мааны киһи дэттин.Аймах дьонуҥ тоҕуоруһан,Алгыс баһын сыалыыбыт.Чырып-чырып чыычаахпытынЧэгиэн турукка салайабыт.Үөрүүҥ үрдүү турдун,Үрдүгүнэн үргүөр үргүйбэтин!Аламай күн тулаҕын сырдаттын,Анныгынан аргыар аргыйбатын!

Уол оҕоҕо

Уол оҕо буолан уруйдаммытУраты күҥҥүнэн,Уон икки сааскынанУруй-туску аныыбыт!Ириэнэхтэн иҥнибэт,Тоҥтон толлубат,Улахаҥҥа уолуһуйбат,Кыраҕа кыһаллыбатУол оҕо чулуута,Элик киэнэ бэрдэ буол!Быстыбат бырдылан,Эстибэт сэниэлэн!

Кыыс Куоҕа

Сиртэн сэрбэйиэххиттэнСимээн улаатыннарбыт,Симэх от курдук сэгэйбитСибэкки кэриэтэ кыысчааммыт!Аламай күн айхалы аҕалла,Турбут күн тускулу туһаайда.Аймах-билэ дьонуҥТөрөөбүт күҥҥэр муһунна.Кыыс оҕо кылааннааҕа,Күн сиригэр көрүөхтэн эрэКылбардыыр көмүһэ эн буол!Ыраас күннүү күлүмнээн,Ырыа кэриэтэ тырымнаан,Харах көрөн сэргиир,Кулгаах истэн чөрөҥөлүүрКэрэ симэҕэ буола улаат!Тас көстүүнэн эрэ муҥурдаммаккаИс дууһаҥ эмиэ сылааһынан илгийдин!

16 сааскынан

Уон алта сааскынанУруу-аймах дьонуҥХоолдьуктуун хоҥкуйан,Сүһүөхтүүн сүгүрүйэн,Уруй тылларын утары уунабыт,Айхал тылларын аныыбыт!Дьоһуннаах суолу тутуһан,Олох киэҥ аартыгын арыйан,Саха саргытын салайсарСайдам санаанан салаллаар!Ыарахаттартан чаҕыйбаккаЫллыктаах суолунан айаннаар,Тоҥтон толлубаккаТулхадыйбат суолу тутуһаар.Олоххор көрсөр эксээмэннэриҥКэхтибэт кэскилгэ сирдээтиннэр,Олох бары оллура-боллураКиэҥ көҕүстээх оҥордуннар!

Оҕо көмүскэлин күнүнэн

«Оҕо баар буолан күн күлэр…»

Оҕо баар буолан күн күлэр,

Оҕо баар буолан сир симэнэр,

Оҕо баар буолан дьон дьоллонор,

Оҕо баар буолан олох салҕанар.

Оҕо чаҕаархай күлүүтүнэн күммүт саҕаланар,

Оҕолор тустарыгар ийэ-аҕа долгуйар.

Оҕо туһугар олохпут салҕанар,

Оҕо көмүскэлин күнүнэн!

«Эргиллибэт ойор күннээх…»

Эргиллибэт ойор күннээхОҕо сааспытын санатарБиһиги көмүс чыычаахтарбыт,Оҕолорбут, сиэннэрбит!Хас ыал аайыОҕо чаҕаарар саҥата чугдаардын,Үөрбүт харахтара,Хааман тоотоҥнуура,Илиитин уунан даллатара,Минньигэстик саҥаран чуопчаарараСүрэхпитин сылаанньыттын.Ыраас халлааннаах,Чаҕылхай күннээх,Дьоллоох оҕо саастаах буоллуннар,Оҕо ымыытаЫал ахсынКэлэ турдун,Олоххо аартыктара арылыннын,Ааты ааттатарЫччаттар буоллуннар!Оҕо көмүскэлин күнүнэн!

Уһуйааны бүтэрбиккинэн

Күндү оҕобут!

Дьокуускай куораттааҕы «Кэскил» уһуйааныттан оскуолаҕа атаарар үөрүүлээх күҥҥүнэн эҕэрдэлиибит! Саҥа, ураты эйгэҕэ үгүс-элбэх доҕоттордонуоҥ, араас дьиктини билиэҥ диэн эрэнэбит. Сайдыылаах өйдөөх-санаалаах, үтүө сиэрдээх-майгылаах чөл киһи буола улаат. Эн тускар олус кыһаллар төрөппүттэриҥ, иитээччилэриҥ үтүө баҕа санаалара туола турдун! Хас биирдии күнүҥ саҥаттан саҥаны арыйан, үрдүккэ, үтүөҕэ, билиигэ тардыһыыга ананнын!


«Кэскил» уһуйаан иитээччилэрэ

Оскуолаҕа киирбиккинэн

«Көмүс дуйдаах күһүннүүн…»

Көмүс дуйдаах күһүннүүнАргыстаһан, көтөн-дайан,Тиийэн кэллэ мичилийэн,Билии күнэ биһиэхэ.Оҕо аймах мустанОскуолаҕа субуста,Учууталлар долгуйанУруй-айхал эттилэр.Баанчык, көстүүм кэтэҥҥинОлус долгуйан, кэтэһэн,Кырачаан киһи,Оскуолаҕа эн бардыҥ.Учууталыҥ кэпсээнинБолҕойоҥҥун истээр дуу,Уһуйааныҥ үөрэҕинУмсугуйан ылынаар.Үөрэх-билии аартыгаҮрдүк чыпчаалларга сирдээтин!

«Үөрэх суола тыргыллар…»

Үөрэх суола тыргыллар,Ыраах айан субуллар,Күүстээх үлэ, сырдык ыраХамсанарга ыҥырар.Олус сырдык, олус кэрэ,Оҕо сайдар биһигэ,Оскуолабыт киэркэйэн,Аанын киэҥник арыйар.Чоҕулуҥнас харахтаах,Мэник-тэник бэйэлээхКыра киһи айманан,Оскуолаҕа эн кэллиҥ.Билии киэҥ аартыгарЭрдээхтик хардыылаар!Барҕа баайы сомсоҥҥунҮрдүккэ дабайаар!

«Сонуну, саҥаны биллэрээри…»

Сонуну, саҥаны биллэрээри,Сайдыы суолун тутуһуннараары,Алгыс этэн, тэрийэнАтаардыбыт эйигин.Аан дойдуну анаараҥҥын,Арыйаар саҥаттан саҥаны,Үөрэхтээх бэрдэ буолаҥҥынҮтүө үлэһит аатыраар!

«Көмүс күһүн угуйда…»

Көмүс күһүн угуйдаБилии-сайдыы аартыгар,Оҕо дьону ыҥырдаҮөрэх сырдык кыһата.Күүппүт кэрэ кэмиҥТиийэн кэллэ тигинээн,Кыра бэйэҥ дьоһумсуйан,Тэтэрээт, суумка кыбыныаҥ.Сайдыылаах үйэ тэтиминэнСаҥа саҕахтары арыйан,Үөрэх, билии ыллыгынанҮөһэттэн үөһэ эн дабай!

Тиһэх чуораанынан, ситии-хотуу аттестатын ылбыккынан

«Сибэкки тутуурдаах турбуккут сиэттиһэн…»

Сибэкки тутуурдаах турбуккут сиэттиһэн,Кырачаан бэйэҕит улахан суумкалаах,Күн үөрэ мичээрдээн эһиэхэ кыттыһан,Бастакы чуорааны тыаһатар курдуга…Ол кэмнэр өйгүттэн сүппэккэОлоҕуҥ биир бэлиэ кэрдииһэ буоллуннар,Оскуолаҥ, учууталларыҥ үөрэхтэрэОлох күөнүгэр сирдээтиннэр!Ситии-хотуу аттестатын ылыыҥБүгүҥҥү күнүнэн бүппэтин,Сир-халлаан хайа да муннугарСитиһии сиэттиһэ сырыттын!

«Уорсуйар улуу байҕал…»

Уорсуйар улуу байҕалКөҕөрүмтүйэн көстөрКиэҥ-нэлэмэн таһаатыгарУруйдаан-айхаллаан атаарарДолгутуулаах күммүт үүннэ.Оскуоланы бүтэрдиҥ,Олоххо син уһуйулуннуҥ.Эн иннигэр аны арылларЭндирдээх кини аана.Кыһалҕаны кыайарКынаттаах ыраланаар,Ыараханы баһыйарЫйдаҥалаах санааланаар!

«Бүтэһик чуораан чугдаарар…»

Бүтэһик чуораан чугдаарарДолгутуулаах күнүнэн!Бары да күүппүтДьоһун-мааны кэминэн!Олоххут бастакы үктэлинОскуолаҕытын умнумаҥ,Киэҥ суолга сирдээбитКэрэ дьону – учууталлары.Баҕа санааҕыт барҕара туоларыгарБары моһоллору туоруурБаараҕай санаанан салаллыҥ,Баар билиигитин туһаныҥ!Саргылаах санааҕытСалаллан иһиэхтин,Тутуспут суолгутТупса туруохтун!

ДЬОРО КҮННЭРГЭ

Үбүлүөйдэргэ

Биэс уон саас…

Эн иннигэр арылларОлох саҥа страницата:Көрө илик сириҥ-дойдуҥ,Саҥа ыраах саҕахтарыҥ.Биэс уон саас…Эн иннигэр арылларОлох саҥа страницата:Эн эдэргин, эрчимнээххинСарсыҥҥы күнү күүтэргиттэн,Эдэргин сүрэҕиҥ кэрэттэнӨссө да долгуйа мөхсөрүттэн…

Эр киһиэхэ 50 сааһынан

Үлэ диэн баран муннукка ытаабытБиир дьикти киһибит —Баарбыт-суохпут, тылбыт-өспүт,Куолубут хаата,Дьэ, киһи мааныта,Кини обургу кэлэн-баран,Үлэлээн-хамсаан,Бүтэрэн-оһорон,Кыайан-хотон,Быһата, киһи бастыҥа.Үлэтэ суох олох тэһийбэт,Олорон хааллаҕына,Тыына кыарыыр.Дьэ, киһи чулуута.Биһиги атаспытБиэс уонун бэлиэтиирБэлиэ киэһэтигэрБиһигини ыҥырда.Сүрэҕиҥ баҕатынСүһүөҕүҥ уйдун,Сайдам санааҥ саппаҕырбатын,Өрөгөй-талаан үөрдүстүн,Үөрүүҥ-көтүүҥ үрдээтин!

Физика учууталыгар 60 сааһынан

Эн бүгүн сүүрбэҕин үс төгүл туоллуҥ,Ол иһин сүүрбэлээх уол курдук буоллуҥ:Соччону үөрдүҥ, соччону долгуйдуҥ,Соччонон сэтэрэр уоҕунан оргуйдуҥ.Учуутал, эн дьоллооххун,Кимиэхэ эрэ хатат кыымынСүрэҕэр сахпыт буоллаххына,Оҕо аймаҕы олох суолугарОлук ууран, далаһа кэбиһэн,Олоххо таһаарсыбыт буоллаххына…

Эйигин өрөгөйдөөх үбүлүөйгүнэн сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн, хоолдьуктаах бэйэбит хоҥкуйан туран, итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! «Ханнык да идэҕэ дьоҕуру аан бастаан учуутал арыйар» диэн этии олохтооҕо эн айымньылаахтык үлэлиир үтүө холобургуттан көстөр. Ол курдук ыччаты физика предметин таптыырга, ураты үлүһүйүүгэ сирдээтиҥ, айдыҥ-туттуҥ, киэҥ дуолга көччөх гынан көтүттүҥ. Үөрэнээччилэриҥ норуоттар икки ардыларынааҕы, Бүтүн Россия араас таһымнаах күрэхтэрин призёрдара, дипломаннара буолан, кыайыы кынаттанан, өрөгөй көтөллөнөн, оскуоланы инники күөҥҥэ таһаардылар. Физическэй кылаас оҕолоро лиссиэйи ситиһиилээхтик бүтэрэн, Россия араас муннугар үөрэнэ, үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Ол иһин үөрүүбүт үс төгүл үрдүүр, инникитин да үтүөнү-кэрэни көһүтэр эрэлбит күүһүрэр.


«Учуутал – дууһа инженерэ» дииллэр. Ол тэҥэ үөрэнээччилэргэр чиҥ билиини биэрэриҥ сэргэ киһи быһыытынан сахалыы сиэрдээх майгылаах, илиилэрин ыһыктыбакка үлэлиир дьоҕурдаах буолан тахсалларыгар сыраҕынсылбаҕын уураҕын. Баҕарабыт бүгүҥҥүҥ курдук эдэрдии эрчимнээх, уҕараабат уохтаах буоларгар! Дьиэ кэргэҥҥэр сырдык ыраас халлааны, чөл туругу! Ыарыы ыалласпатын, тумуу тумуннун!

Күн күбэй ийэҕэ, эбэҕэ 70 сааһынан

Ыал ийэтэ дьиэ оһоҕор тэҥнээх, кини өрүү сылааһынан илгийэр, куһаҕантан араҥаччылыыр. Ол тэҥэ эн истиҥ сыһыаҥҥынан, үтүө майгыгынан, уҕараабат көмөҕүнэн биһигини олох киэҥ аартыгар үктэннэрбитиҥ: үөрэхтээх, үлэһит дьон оҥортообутуҥ.

Мэлдьитин чаҕылхай,Майгыта элэккэй,Кэпсээнэ дэлэгэй,Аһынан-үөлүнэнОстуола хотойор,Ип-итии сылабаарМэлдьитин кэтэһэр,Олоххо дьулуурдаахБиһиги ийэбит,Биһиги эбэбит!Оҕолорум туһа диэнОлох үтүөтүн олордуҥ.Сэттэ уоҥҥун туолаҥҥын,Сиэннэргин сэтиилии сиэттиҥ.Тоҕус уоҥҥун туолуугарТумуулууру билбэккэ,Сүүстүүр сааһыҥ туолуутаСөтөллөрү билбэккэСиэннэриҥ сиэннэрин сиэтэҥҥин,Сэгэйэ, үөрэ сырыт!

70 сааһынан

«Сэттэ уоннарын сиппиттэр —Олох оройугар тиийбиттэр.Тапталга, нарыҥҥаТардыһаллара элбиир:Сардаҥалаах сарсыҥҥыЫҥыра турар син биир —Үтүө дууһалаахтарӨрүү кырдьыбат буолуохтаахтар!»

(Леонид Попов)

Кырдьары, ыалдьары билбэккэКуруук да дьоллоохтук олороор,Кэнэҕэс кэнчээри сиэннэргэрКэскиллээх олоҕу оҥороор.Сааскы күн сарыалын кэриэтэСандаархай сайаҕас санаалан,Унаар күөх сайыммыт кэриэтэУостубат уйгулаах олохтон!

Далбар хотуҥҥа, математика

учууталыгар

Учуутал туйгуна буоларгаҮөһэттэн үһүйтэриилээх,Айыылартан айдарыылаах,Майгылаах бастыҥа,Сүбэһит үтүөтэ!

Өрөгөйдөөх үбүлүөйгүнэн, олоҕуҥ биир бэлиэ күнүнэн сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн, хоолдьуктаах бэйэбит хоҥкуйан туран, итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Учуутал… Бу сүдү ааты-суолу баҕалаах эрэ барыта сүкпэтин, дьиҥ бэриниилээх, оҕо аймаҕы ис сүрэҕиттэн таптыыр, киниэхэ олоҕун бүтүннүү аныыр эрэ уйаҕас дууһалаах киһи баһылыырын билэбит. Ыччаты иитии-үөрэтии курдук уустук идэҕэ үрдүк үөрэҕи бүтэриэххиттэн, сыраҕын-сылбаҕын ууран туран, биир тэрилтэҕэ күн бүгүҥҥэ диэри айымньылаахтык үлэлии, айа-тута сылдьаргыттан үөрэбит. Оскуолабыт баай устуоруйатын хаҥатыспыт, үтүө үгэстэрин үйэтиппит, ыарахаттартан чаҕыйбакка үлэтин-хамнаһын атаҕар туруорсубут, иилээн-саҕалаан салайсыбыт дьонтон биирдэстэрэ буолаҕын. Урукку уонна билиҥҥи оскуола иитиллээччилэрэ математика курдук уустук предмети дэгиттэр баһылаан, араас үрдүк үөрэх кыһатын бүтэрэн, айатута сылдьалларыгар кырата суох кыһамньыгын уурбутуҥ. Үгүс үөрэнээччиҥ, билии эрэ биэрэринэн муҥурдаммакка, олох бары эрииригэр-мускууругар бэлэмнээх буоларга уһуйаргын, ону тус холобургунан көрдөрөргүн үтүө тылларынан ахталлар. Оскуола үлэтин бары ымпык-чымпык өрүттэрин быһаарыы, материальнай-техническэй базатын бөҕөргөтүү уустук боппуруостарыгар тиийэ сүбэлиириҥ-амалыырыҥ таһынан барытыгар тэҥҥэ сүүрэ-көтө сылдьарыҥ – хайҕаллаах дьыала.


Бу үөрүүлээх күҥҥэр истиҥ-эйэҕэс ийэ, бэриниилээх кэргэн буоларгын бэлиэтиэхпитин баҕарабыт. Киэҥ-холку майгыҥ, сааскылыы сайаҕас сыһыаныҥ дьиҥ чахчы саха дьахтарын чаҕылхай уобараһын кэрэһилиир. Итиинэн илгийэр, сылааһынан сыдьаайар Иэйэхсит хотуҥҥа тэҥниибит, эйигинэн киэн туттабыт.

Өрүүтүн бүгүҥҥүҥ курдук үөрүүҥ үрдүү, санаабытыҥ сатана, туппутуҥ тупса турдун! Киил мас курдук чиргэл доруобуйалан, инникитин даҕаны үлүскэн үлэҥ үтүө түмүгэ сүргэҕин көтөхтүн, саргыгын салайдын! Дьиэ кэргэҥҥэр ил-эйэ эҥээрдэстин, дьол-соргу тосхойдун!

Группа ыстаарыһатыгар, Далбар хотуҥҥа

Күндүтүк саныыр чугас киһибит, группабыт ийэлээтэр ийэтэ!

Эйиэхэ – күн тэҥэ саныыр, сүгүрүйэр, бастыҥ холобур оҥостор тапталлаах ыстаарыһабытыгар, мындыр сүбэһиппитигэр, саха маанылаах Далбар Хотунугар – олоҕуҥ кэрэ-бэлиэ түгэнинэн, дьоһун-мааны үбүлүөйгүнэн үлүскэннээх үөрүүбүтүн, эйэҕэстэй эҕэрдэбитин сахалыы сайаҕастык тиэрдэбит, урааҥхайдыы уруйдааммыт этэбит!

Эн биһиэхэ аан маҥнай университет боруогун атыллаан киирбит күммүтүттэн күн бүгүнүгэр диэри үөрүүбүтүн-хомолтобутун тэҥҥэ үллэстэр чугас доҕорбут буоларгынан киэн туттабыт. Талан ылбыт идэҕинэн үтүө суобастаахтык, бэриниилээхтик, дьаныардаахтык, айымньылаахтык үлэлээн, сөҕүмэр чыпчааллары дабайбыккыттан олус үөрэбит. Эн өссө устудьуоннуур сылларгыттан Үрдүкү Сэбиэккэ дьокутаат үрдүк аатын сүгэн, эдэр ыччат интэриэһин туруулаһан көмүскээбитиҥ, онон бүтүн үрдүк үөрэх кыһатын, историко-филологическай факультет суон дурдатын, халыҥ хаххатын кэриэтэ этиҥ. Маны сэргэ эҥкилэ суох куруук туйгун эрэ сыанаҕа үөрэммитиҥ күн бүгүнүгэр диэри үтүө холобур, кэрэ кэпсээн буолар.

Биһиги кыыспыт быһаарбатах дьыалата, кыайбата диэн, арааһа, суох да быһыылаах: кини ылсыбыт дьыалата куруук ситиһиини эрэ аҕалар. Бу үтүө холобурунан Валентина Григорьевна саха улуу суруйааччыта, чулуу уола А. И. Софронов-Алампа сырдык аатын үйэтитэр үгүс ахсааннаах кинигэни бэчээттэппитэ, филологическай наука кандидата буолбута ааттаныан сөп. Кини үлэлээбитэ-хамсаабыта манан бүппэт, муҥур уһуга суох. Ол курдук «Бичик» кыһатыгар таһаартарбыт кинигэтин ахсаана омуна суох элбэҕин сэргэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ олус туһалыыр остуол кинигэтигэр кубулуйда.

«Ыал – ийэтинэн» дииллэр. Ол тэҥэ эн дьиэ кэргэҥҥэр асчыт мааныта, тапталлаах кэргэн, истиҥ ийэ буоларгын билэбит. Олоҕуҥ аргыһыныын Степан Яковлевичтыын үс бэртээхэй оҕону иитэн, киһи-хара гынныгыт, кинилэр эһиги тэлбит суолгутунан тыл үөрэхтээҕэ, техникаҕа сыстаҕас дьон буолан, үөрэнэ, үлэлии-хамсыы сылдьалларыттан биһиги эмиэ тэҥҥэ үөрсэбит.

Күндү кыыспыт, туллар тутаахпыт, кэрэ киһибит! Олоҕуҥ орто омурҕанынан, бу өрөгөйдөөх күҥҥүнэн, алгыс баһын сыалаатахпыт буоллун! Саха тиит маһыныы чиргэл доруобуйаны, өрүү бүгүҥҥүҥ курдук эдэр, кыраһыабай сылдьаргар баҕарабыт! Айар-тутар аартыгыҥ аана тэлэччи арылыннын, ыарахаттартан чаҕыйбакка, өссө өрө бар, инниҥ диэки дьүккүй! Чугас дьонуҥ, үөрэппит-такайбыт ыччатыҥ үөрүүгүн үксэтэ, өрөгөйгүн үрдэтэ турдуннар!

Тэрилтэ бэтэрээн үлэһитигэр

Эйигин 75 сааскын туолар кэрэ-бэлиэ күҥҥүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Бу күн эйиэхэ баҕа санаа баһаамын барҕалыырбытын, алгыс баһын сыалыырбытын көҥүллээ!

Өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээн, билигин сынньалаҥҥа да олордоргун кэлэ-бара сүбэ-ама биэрэ сылдьаргыттан, биһигини умнубаккыттан үөрэбит. Киһи, төһө өр үлэлиириттэн тутулуга суох, убанар-убаммат, ылынар-ылыммат дьонноох буолар. Оттон биһиги кэккэбитигэр үлэлээбитиҥ тухары эн, аҕа саастаах киһи быһыытынан, дириҥ толкуйуҥ эдэр дьон уустук кэмнэригэр ыллыктаах санааны угара саарбаҕа суох. Бука барыбыт өйүгэр-санаатыгар умнуллубат кэрэ өйдөбүллэри хааллардыҥ.

Олох араас түһүүлэрин-тахсыыларын мүччү көтөр модун санааҥ уҕараабакка өрүү, бу бүгүҥҥүҥ курдук, инники хардыылыы тур! Ыарыы


ыалласпатын, тумуу тумуннун, оҕолоруҥ, сиэннэриҥ үөрүүгүн үксэтэ, саргыгын салайса турдуннар!

Ыал буолбут үбүлүөйгүтүнэн

* * *

Дьоллоох дьоро күҥҥүтүнэн! Үөрүүгүтүн, хомолтоҕутун тэҥҥэ үллэстэн, куруук эйэлээх, бэриниилээх дьиэ кэргэн буолуҥ! Кулуннаах биэ, саптаах иннэ курдук өрүү бииргэ үөрэ-көтө илигирэһэ сылдьыҥ! Үчүгэй өрүккүтүн сайыннарсыҥ, өйдүүн-санаалыын биир буолуҥ! Хараххытынан хайҕаһыҥ, сүрэххитинэн сөбүлэһиҥ!

* * *Күөрэгэй чыычаах курдукКүндү көмүстэргитинКүнүстэри-түүннэриКөрөн-харайан, оҕолоон,Күн сирин киэҥ киэлитигэрКөччөх гынан көтүттүгүт,Киһи буолбут аналгытын,Кэскиллээх иэскитин толордугут.Отут сыл олорбуккут бэлиэтэ —«Оҕом», «тоҕойум» дэһэргитҮтүө холобур буолуохтунҮүнэр көлүөнэ ыччакка.Көрсүһэр үөрүүгүт, сыллаһа сылдьаргыт,Кыыһырсары билбэт холку майгыгытЭдэр дьоҥҥо иитиэхтинЭрэли, уостубат тапталы!

Кыһыл көмүс сыбаайбанан

Күндүтүк саныыр ытык-мааны дьоммутун «Ийэ буолуу килбиэнэ» мэтээл хаһаайката Надежда Семеновна, Саха АССР, РСФСР, ССРС Култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС Кинематографиятын туйгуна, СӨ Бочуоттаах землеустроителэ, Абаҕа нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Семен Гаврильевич Беляевтары кыһыл көмүс уруугут күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Бу күн саҥаттан ыал буолбут кэриэтэ сананыҥ, эһиги иннигитигэр олох кустук араас өҥүнэн оонньуурун умнумаҥ. Алта оҕону үөрэхтээх, үлэһит оҥорон, сиэннэргитин, хос сиэннэргитин киһи бэрдэ гынарга дьулуһаҕыт, көхсүгүтүн көннөрбөккө үлэлиигит. Эһиги эйэҕэс, ыалдьытымсах сиэргит, үлэттэн дьоллонуугут, үөрүнньэҥ майгыгыт чугас дьоҥҥутугар үтүө холобур буолар.

Сибэккинэн симэммит, өрүү өлгөм үүнээйилээх тэлгэһэҕит хараҕы манньытар, сүрэҕи сылаанньытар. Нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ ыытар араас тэрээһинигэр кыттыыгыт, көхтөөх олоххут, эдэрдии эрчимҥит, чөл туруккут биһигини үөрдэр. Ыарыы ыалласпатын, тумуу тумуннун, кырдьыы кыттыспатын, чэмэлкэй күн, үөрүү, дьол, оҕо чаҕаархай күлүүтэ тулалаатын! Сэттэ уоҥҥутугар диэри сиэттиһэ, аҕыс уоҥҥутугар диэри ахтыһа, тоҕус уоҥҥутугар диэри тоҕоноххутуттан тутуһа сылдьыҥ!

Конец ознакомительного фрагмента.

Текст предоставлен ООО «ЛитРес».

Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на ЛитРес.

Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.

Вы ознакомились с фрагментом книги.

Для бесплатного чтения открыта только часть текста.

Приобретайте полный текст книги у нашего партнера:

Полная версия книги