banner banner banner
Ийээ, бырастыы гын..
Ийээ, бырастыы гын..
Оценить:
 Рейтинг: 0

Ийээ, бырастыы гын..


– Биһиги Лухабыт эмиэ алааһын оттоотоҕуна эрэ, биир ынахпытын, борооскубутун сыл таһаарар дьон буоларбыт буолуо. Кэлэ сылдьыбатаҕа өр буолла, отууга хоно сылдьаллар, өйүө таһар уолунан лэппиэскэ оҥорон, суораттаан ыытааччыбыт. Алааһын оттуур сурахтааҕа, били өйүө таһар уол инньэ диэн эрэрэ. Ол хаһан быыс-арыт булан оттоон эрэрэ буолла… – диэн Киргиэлэй оҕонньор эмээхсинэ, кып-кыһылынан көрбүт, сүрдээх наҕыл, холку саҥалаах Харытыана эмээхсин аргыый кэпсиир.

– Алааспыт олох үүммэтэх, былырыыҥҥытын аҥаара кэлэрэ саарбах. Хайыахпытый, атын оттуур сир суох буоллаҕа дии, онон төһө от кэлэринэн сирийэн охсубута буолабын, – диир Дьэбдьиэй.

– Хата бу кыыс, сатыыр буолан, охсон эрдэҕиҥ. Биһиги кийииппит Мааппа от охсо, хотууру тута үөрэммэтэх, хачаайыта, сэниэтэ да суоҕа бэрт. Ыарытыйар да быһыылаах. Бэйэҥ билэҕин, Дьэбдьиэй, ынахтарын да ыырын олус ыарырҕатар, сылааргыыр. Уонна ити уоллаах кыыһа даҕаны көрүүлэрэ-истиилэрэ элбэх, – Харытыана эмээхсин кийиитин аһынан-харыһыйан кэпсиирэ өтө көстөр.

– Тоойуом, арҕаа буола турар сэрии туһунан туох сурах-садьык иһиллэрий? Дьон тугу кэпсиирий? Хаһан бүтэр сэрии буолла? – диэн ыйытар Киргиэлэй оҕонньор тиистэрэ түспүт омурдун хапсыҥнатан.

– Кырдьаҕаас, сэрии бара турар, өлүү-сүтүү улахан, уһуур-кэҥиир кутталлаах буолуох курдук үһү диэн дьон кэпсэтэллэр, онтон ордук тугу да истибэппин, – диэн Дьэбдьиэй тугу билэрин этэр.

Ким эмэ оройуон киинигэр Кыымнаайыга киирэн таҕыстаҕына, ол үксүн Сэбиэт эбэтэр холкуос салайааччылара буолаллара, биллэн турар, арҕаа сэрии туһунан киһини үөрдүбэт сонуннары кэпсииллэрэ. Сонун дэриэбинэ иһигэр түргэнник тарҕана охсоро уонна эмиэ түргэнник симэлийэн хаалара. Дьон, айылҕа улахан этиҥнээх ардах иннинэ чуумпуран ыларыныы, тугу эрэ кэтэһэр санааҕа ылларбыт курдук буолбуттара. Хаһан эмэ да буоллар, хара тэриэлкэ араадьыйа саҥаран кэлэ-кэлэ, уһун кэмҥэ тохтоон хаалара. Сэбиэккэ, оскуолаҕа, сорох биирдиилээн дьоҥҥо «Кыым» хаһыат кэлэрэ да тохтоон хаалбыта.

– Дьэ буоллаҕа, – диэн Киргиэлэй оҕонньор түгэхтээхтик көхсүн этиппэхтээн кэбистэ.

Кырдьаҕас тугу санаабытын ким билиэй, баҕар, Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин иннинэ бастакы аан дойду сэриитигэр сахалары ыҥыран баран тохтоппуттарын, бу сэрии уһаатаҕына сахалары эмиэ ыҥырыахтара дуо диэн дьиксинэ санаабыта буолуо…

Дьэбдьиэй, Харытыана эмээхсини кытта ону-маны дьиэ таһынааҕыны кэпсэппэхтээн баран, оҕолорум бэйэлэрэ эрэ дьиэлэригэр хаалбыттара диэн ыксаан, тиэтэйэ-саарайа тахсан барда. Тэлгэһэтин таһыгар сэргэҕэ Дьөгүөр ата бааллан турарын көрөн, кэргэнэ кэлбитин биллэ. Тоҕо кэллэҕэй, өйүөтэ бүтэн эбэтэр оттуур алаастарыгар охсор отторо бүтэн кэллэҕэ дуу… Иллэрээ киэһэ кэлэн барбыта дии, «өтөрүнэн кэлбэтим буолуо, илдьиттээтэхпинэ өйүө таһааччынан аста ыытаарыҥ» диэбитэ дии… Туох буолла?! Эмискэ Дьэбдьиэй сүрэҕэ күүскэ тэбиэлээн ылла. Сүүрэр-хаамар икки ардынан тиийэн дьиэтин аанын аһа баттаата…

***

Дьиэтигэр киирбитэ дьоно чэйдии олороллор. Оҕолор аҕаларын аҕыйах да хонукка ахтыбыттара биллэр, тугу эрэ кэпсэтэ олорон аан аһыллыбытыгар «ийэбит кэллэ» дэһэ түстүлэр. Аҕа оҕото дэнэр кыра уол Паана ордук күннээбит, аҕатын тобугар олорон атаахтаан, ахтыбыт тыынын таһааран тугу эрэ хаппырыыстанар.

– Тыый, бу уол хайдах буолла? Сыллыый, аҕаҥ сылайан, үлэлээн кэллэ буолбат дуо, туох ааттаах илбирийэн хаалла, – диэн Аанчык улахан киһилии кыра быраатын буойда. «Оҕом улаатан, оҕолорун көрөр-истэр көмө киһитэ буолан эрэр» диэн ийэ киһи иһигэр ити тыллары истэн үөрэ санаата. Дьэбдьиэй Дьөгүөрэ бэрт сылайбыт көрүҥнээҕин, хайдах эрэ ыалдьыбыт дуу, эбэтэр туох эрэ санааҕа ылларбыт дуу курдугун дьахтар киһи өтө көрөр, билэр санаатынан тута сэрэйдэ. Тоҕо эрэ үчүгэйи кэтэһиэ суохтааҕын өйдөөтө…

– Дьөгүөр, тоҕо эрдэ кэллиҥ. Бары кэллигит дуо? Үлэҕитин бүтэрдигит дуо? – хайдах эрэ ситимэ суох баҕайытык субурутан ыйытта уонна кэргэнэ туох диирин кэтэстэ.

– Кэллим. Бүөтүр биһиги кэллибит… Бэбиэскэ туттубут.

– Бэбиэскэ даа… Ол тугуй?

– Ол аата байыҥкамааттан сэриигэ барарга кумааҕы туттубут. Бу киэһэлик ходуһаҕа оттуу сырыттахпытына Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Онтуон Сиидэрэп кэлэн туттарда. Өйүүн оройуон киинигэр баар буолар үһүбүт…

Дьэбдьиэй истибэтэҕин истэн, соһуйан хаалла. Ол эрээри хаһан эрэ маннык буолуон сэрэйэр курдук этэ. Ийэлэрэ соһуйбутун, уолуйбутун көрөн, оҕолоро төрөппүттэрин сирэйдэрин-харахтарын кэтэһэ-манаһа олордулар. Били, «аҕабыт кэллэ» диэн үөрбүттэрэ-көппүттэрэ сүтэн, тугу кэпсэтэллэрин өйдөөбөтөллөр даҕаны, ким урут саҥарарын кэтэспиттии олордулар.

Ити киэһэ кыра ампаар дьиэҕэ күө-дьаа кэпсэтии тахсыбата. Хайдах эрэ ыарахан баҕайы… Саха санаата тиийбэт, буолаары буолан сэрии буола турар сиригэр эргиллибэттии барар курдук ыарык-баттык санаа кууста.

Аҕаларын атаарар ас диэн кыра алаадьы, эт буһардылар. Чугас ыаллара, Дьөгүөр сэриигэ барар сураҕын истэннэр, киирэ сырыттылар. Нөҥүө күнүгэр сарсыарда Сэбиэт хонтуоратыгар сэриигэ барар хас да дьону кытта бырастыылаһа, атаара үгүс киһи кэлбит. Миитин эҥин буолбата, көннөрү барааччылары кытта кэпсэтэн, этэҥҥэ эргиллэн кэлэри баҕаран илии тутуһан, куустуһан атаардылар. Дьэбдьиэй кэргэнигэр Дьөгүөргэ сылаас тылы этиэн баҕарда да, күөмэйигэр хомуок туран хаалла, хараҕын уута кэлбитэ эрэ баар. Оҕолор барахсаттар ийэлэрин хараҕын уутун көрөн, эмиэ кэри-куру, ытыахча буоллулар. Дьэбдьиэй кыана сатыыр. Дьөгүөр дьонун биир-биир кууһан, сыллаан баран, кыра уолун көтөҕөн ылла. Онтон хараҕын уута тахсыбытын көрдөрүмээри, сиэҕинэн туора соттоот, уолун сиргэ түһэрээт, сэргэ диэки хаамта…

Барааччылар, оройуонтан аттары төнүннэрэр уолаттары мэҥэһиннэрэн, айан суолун устун бара турдулар. «Этэҥҥэ эргиллээриҥ» диэн далбаатыы хааллылар.

Дьэбдьиэй үс оҕотун иннигэр уктан туран:

– Дьөгүөр! Кэтэһиэхпит! Хайаан да… – диэн иһэн уйа-кэйэ суох ытаан барда.

– Хайаан да эргиллиэм! Оҕолоргун үчүгэйдик көр, хайаан да…

Долгуйарын быыһыгар эппит тиһэх тыллара Дьэбдьиэй кулгааҕар өй дуораанын курдук иһилиннилэр. Хаалбыттар аттаах дьону харахтан сүтүөхтэригэр диэри көрөн турдулар.

II

Күһүн. От-мас хагдарыйан, тымныы кэлэн иһэр сибикитэ биллэн эрэр. Дьэбдьиэйдээх аҕалара барбыта ыйтан ордон эрэр, ол тухары туох да сурах-садьык иһиллибэт. Дьэбдьиэй санаатыгар сурук кэтэһэр да, ол суох. Аҕалара барыаҕыттан тулаайахсыйан хааллылар, туох эрэ итэҕэс курдук, мэктиэтигэр дьиэлэрин иһэ сөрүүкээбиккэ, кэҥээбиккэ дылы буолла.

Дьөгүөр холкуос үлэтиттэн ордон, бириэмэ булан бэйэтигэр оттообокко хаалбыта, күһүөрү оттуо эбитэ буолуо да, сэриигэ бардаҕа. Оттон Дьэбдьиэй үлэтин быыһыгар алааһын оттообута буолла да, үүнүүтэ да суоҕа бэрдэ, хайа, уонна дьахтар киһи төһөнү кыайыай-хотуой, өскөтүн от үүммүтэ да буоллар. Киргиэлэй оҕонньордоох уоллара Луха көмөлөһөн хата отун кэбистэ. Мантан атын ото олох да суох. Холкуос эбии төлөбүргэ диэн кыраны бэрсиэ дуу, суоҕа дуу? Бэйэтин кыра отугар төһө сүөһү сыл тахсан абырыай? Онон сүөһүлэриттэн көҕүрэттэҕинэ эрэ табыллар күн-дьыл үөскээтэ быһыылаах. Дьэбдьиэй итинтэн санаата улаханнык түһэр. Сүөһүлэриттэн аһаан-сиэн, ыал буолан олордохторо, бу үс оҕотун хайдах аһатан, таҥыннаран ыал буолуой? Киниэхэ эрэ буолуо дуо, атын сүөһүлээх ыалларга от суоҕа эмиэ ыараханы үөскэттэ. Ол эрээри эр дьонноох, хаһаайыннаах, үлэһиттээх ыаллар кэм туруулаһан эрдэхтэрэ диэн Дьэбдьиэй иһигэр хайдах эрэ ордугурҕуу саныыр.

Маннык ыарахан кэмҥэ бииргэ төрөөбүттэр, чугас аймахтар аттыгар бааллара, өйөнсөн-убансан, ылсан-бэрсэн олороллоро үчүгэй да буолуо эбит. Төрөппүттэрэ түөрт оҕоломмуттарыттан улахан быраатыныын иккиэйэх ордон хаалбыттара да, быраата ыарытыган буолан ыал буолбатаҕа, аҕыйах сыллааҕыта сөтөл буолан өлөөхтөөбүтэ. Оттон кэргэнэ Дьөгүөр эмиэ улахан аймах-чаҕар суох киһитэ. Убайа Уйбаан мантан тэйиччи атын нэһилиэк учаастагар олорор, кэргэннээх, үс оҕолоох, эмиэ сүөһү көрүүтүгэр үлэлииллэр. Онон икки тулаайахтар холбоһоннор, ыал буолан оҕо-уруу төрөтөн олорон испиттэрэ баара, бу сэрии буолан, Дьөгүөр сэриигэ бардаҕа.

Күһүн эмиэ биир да хааппыла ардах түһэн көрбөтө. Бурдук үүммэтэ. Холкуос урукку дьылларга ылар бурдугун аҥаарын курдугу эрэ ылла. Ыарахан соҕус кыстык буолара чахчы билиннэ. Аны оройуонтан боломуочунай тахса сылдьан, холкуос биир да сүөһүнү, сылгыны энчирэппэтин, ыаллар хайдах да ыарахан кыстык буолтун иһин сүөһүлэрин эһэр гына тутталларын боборго, ону кэстэхтэринэ улахан буруйга тардыллалларын туһунан муос-таас курдук этэн, сэрэтэн барбыта. Онон дьоннор сүөһүлэрин хайдах хайаан да сыл таһаарыахтарын, бурдук суоҕунан лэппиэскэтэ суох хайдах тыыннаах сылдьыахтарын сатаан санаабаттар. Күннээҕи кэпсээн, кыһалҕа ол эрэ буолла. Оттон оройуонтан тахсыбыт, онно киирэ сылдьыбыт дьонтон арҕаа биһиги сэриилэрбит балаһыанньалара ыараханын, күн-түүн чугуйан, куораттары хаалларан иһэллэрин, өлүү-сүтүү улаханын, ороскуот, алдьаныы тустарынан куһаҕан, ыарахан сонуннар иһиллэ тураллар. Сэриигэ барбыт дьонноох ыалларга бу олус ыарыылаахтык иһиллэр. Хаһан эмэ да буоллар, кэлэр почтаттан санааларыгар сурук оҕото кэтэһээхтииллэр. Дьэбдьиэй кэргэнэ тоҕо суруйбатый? Ханна тиийдэ? Ол эрээри сурук хантан эрэ ыраах сиртэн айаннаан кэлэрин санаатаҕына, эмиэ бэйэтин уоскутунар. Сороҕор куһаҕаны санаталаан кэллэҕинэ, хайдах да гыныан булбат… Эс, оннук эрэ буолбатар, итинник куһаҕан санаалары кыйдыы сатыыр…

Балаҕан ыйын ортотун, Сэмэнэп таҥара күнүн саҕана этэ. Аанчык оскуолатыттан кэлэн аһаан баран, түннүк аттынааҕы остуолга уруогун ааҕа олорон:

– Ийээ, Бүөччээн оҕонньор манна иһэр, – диэтэ.

Дьэбдьиэй уҥа диэки ону-маны гына сылдьан, иһиттиэм-истибэтиэм диэбиттии, түннүккэ ыстанан кэлбититтэн бэйэтэ да соһуйда. Кырдьык даҕаны, Бүөччээн оҕонньор иһэр эбит. Кини ыалга улахан наадата суох мээнэ сылдьыбат. «Сурук илдьэ иһэрэ буолуо дуо?!» Дьэбдьиэй сүрэҕэ тэбэ түстэ. Оҕолор ийэлэрин сирэйин-хараҕын кэтэстилэр. Бука, долгуйбута кинилэргэ бэрилиннэҕэ. Бары чуумпуран хааллылар, кэтэстэххэ, эчи, уһунун… Сүөһү тириитэ бүрүөһүннээх аан сэниэлээхтик аһылларын кытта Бүөччээн оҕонньор киирэн кэллэ.

– Дорооболоруҥ, ыаллар! Аҕаҕытыттан сурук аҕаллым, – диэн оҕонньор күө-дьаа саҥатыттан уонна сирэйэ-хараҕа сымнаҕаһыттан Дьэбдьиэй уоскуйарга дылы гынна.

Үс муннуктаах суругу оҕонньор илиититтэн сулбу тардан ылла. Кэтэспит, күүппүт аҕаларын суруга, дьэ, бу кэллэ! Суругу арыйа тарпыта, кини билэр көнө, бытархай буукубалара оҕуруо курдук тиһиллэ түстүлэр.

Таптыыр кэргэним Дуунньа, оҕолорум Аанчык, Егорка уонна Паана, миигиттэн дорообото тутуҥ!

Мин сылдьыым үчүгэй. Кылгас байыаннай үөрэххэ үөрэнэн баран, сэриигэ киирээри олоробут. Санаам бөҕөх. Өлөр санаам олох суох. Чэ, ситигирдик. Эһиги үчүгэйдик олоруҥ. От-бурдук хайдаҕый? Туох көмө баарый? Дуунньа, оҕолоргун үчүгэйдик көрө-истэ сырыт. Оҕолорум, чэ үчүгэйдик сылдьыҥ. Аанчык, үчүгэйдик үөрэн, ийэҕэр көмө киһи буол, бырааттаргар көмөлөс. Бириэмэ суох, онон ыксаан олорон суруйдум.

Чэ, манан бүттүм. Барыгытын сыллыыбын. Аҕаҕыт Дьөгүөр. 7.10.1941.

Дьэбдьиэй суругу хос-хос аахта, онтон кэтэһэн олорор оҕолоругар улаханнык ааҕан иһитиннэрдэ. Аанчык, улахан киһи буолан, сирийэн аахта, оттон кыралар «сэрэниҥ, кум-хам тутаайаххытый» диэн сэрэтиинэн бэркэ боччумуран олорон тутан-хабан көрдүлэр.

Бүөччээн оҕонньор тахсан эрдэҕинэ Дьэбдьиэй:

– Бүөччээн, баһыыба. Ити курдук, үчүгэй сонуннаах суругу аҕала турар буолаар, – дии хаалла.

Сурук оҕолорго илииттэн илиигэ сырытта.

– Оҕолоруом, аҕаҕыт суругун киртитээйэххитий, алдьатаайаххытый, сотору биэрээриҥ, ууруохпут, – дии-дии, Дьэбдьиэй оҕолорун сымнаҕас, таптаабыт харахтарынан имэрийэ көрүтэлээтэ уонна бэйэтэ да билбэтинэн хараҕын уута иэдэһинэн сүүрбүтүн былаатын уһугунан сотто оҕуста, аны оҕолорум көрүөхтэрэ диэбиттии төттөрү хайыста.

Бу киэһэ дьиэ иһигэр үөрүү ыалдьыттаата. Буолумуна, кэтэспит аҕай суруктара кэлбитэ аҕалара бэйэтинэн кэлбитин тэҥэ дии.

– Бу үөрүүгэ мин оҕолорбор элбэх хааһы буһаран сиэтиэм, – диэтэ ийэлэрэ.

Онуоха Егорка:

– Аҕабытыттан сурук кэллэҕинэ, биһиги куруук элбэх да элбэх хааһыны тото сиэхпит, – диэн дьонун күллэрдэ.

Киэһэ ыһыырынньык уота уруккутааҕар арыый уһуннук умайда.

– Чэ, оҕолоруом, түүн ыраатта. Ийэҕит сарсыарда эрдэ үлэтигэр барыа дии, – диэн Дьэбдьиэй оҕолорун сытыартаата.

Үөрбүт-көппүт оҕолор барахсаттар, төбөлөрүн сыттыкка уураат, утуйан хааллылар. Дьэбдьиэй оҕолорун суорҕаннарын хайан, төбөлөрүттэн имэрийтэлээн, сүүстэриттэн сыллаталаан ылла. Сытан баран өр утуйан биэрбэтэ, бииртэн-биир санаалар мэҥэһик буолан киирэн иһэллэр. «Оҕолорбунуун аччыктаабакка, ыалдьыбакка этэҥҥэ олордорбут» диэн санаа-оноо үүйэ-хаайа тутар… Кэмниэ кэнэҕэс харахтара силимнэһэн нухарыйан, утуйан барда.

***