Оркестр эмиэ кутурҕаннаах мелодияны сыналытта.
Томмот хараҕын сиик туман бүрүйдэ: иннигэр баар барытын сурааһыннара тэнийэн, сүтэн бардылар. Ону доҕотторугар көрдөрүмээри, кыбыстан, кини бэргэһэтин көннөрүммүтэ буолла…
Валерий Аргыылап колонналар кэтэхтэригэр үөмэх дьон быыһыгар турда. Оһо сороломмут уһун курумуулаах, хара суппуун сонноох, түүкэрийбит быыһык бэргэһэлээх, эргэ саалынан сирэйин тууна бааммыт. Таҥаһыттан көрөн, ким даҕаны бу учительскай семинарияны бүтэрбит, мааны баай ыччат сылдьар диэ суох. Тулатыгар симсиһэр дьонтон тугунан да уратыламмат.
Хоруоптары ииҥҥэ түһэрэр сүпсүлгэн саҕаланна. Бэтэрээҥҥи хоруобу көтөҕөөрү иҥнэри соҕус туппуттарыгар Валерий “дьик” гына түстэ: саха уола моонньугар эриммит кыһыл саал былаата хоруоптан быкта. “Кини… Кинилэр эбит”, – диэн санаат, сымыһаҕын быһа ытырда. Суолга кутулла түспүттэригэр ити кыһылы туһаайан баран тардыбыта… Валерий, кимиэхэ да көстүбэтэрбин диэбиттии, атаҕын тумсун көрөн ньыкыллан турда. Сымыйанан уоһун хамнатан “Көмүү маршын” ылласпыта буолла. Эмискэ күргүөмнээх саа тыаһа дьыбардаах салгыҥҥа ньиргийдэ. Валерий соһуйан хаптас гыммытын бэйэтэ да билбэккэ хаалла. Кини, аттыгар турааччылары тоҕо силэйэн, дьон кэтэҕэр түстэ.
Көмүү бүттэ. Ханнык эрэ эрчимнээх ырыа ньиргийдэ. Байыаннай чаастар тэҥҥэ хардыылаан кычырҕатан аастылар. Педагогическай техникум колоннатыгар Валерий балтын Кыычаны көрдө. Кини колонналары кэннилэриттэн батыста. Куорат киинигэр тиийэн колонналар тарҕастылар. Кыыча знамяны туппут куобах бэргэһэлээх уоллуун сэргэстэһэн Полевой уулусса диэки аа-дьуо хаамса турдулар. Балтыбын ситэн соҕотохтуу көрсүөм диэн чугаһаан кэлбит Валерий тохтуу түстэ. “Бэрт иллээхтик сэһэргэһэллэр быһыылаах. Ити уол чахчы комсомолец буолуо. Дэлэҕэ знамяны туппатаҕа чахчы, – кини уоллаах кыыһы өһүөннээхтик кэннилэриттэн одуулаһан хаалла. – Кэбис-кэбис… Аргыылап оҕонньор, истэн абыран: комсомол күтүөттэнииһиккин!..”
Валерий алҕаһаабыта: Томмоттоох Кыыча иллээхтик сэһэргэһиэхтээҕэр биир да тылынан бырахсыбакка истилэр. Бу түгэҥҥэ ханнык да тыл дьүөрэтэ суох буолуох айылаах.
Халлаан боруоран, уулуссаны сэлэлиир мас дьиэлэр улаатан багдаһан бардылар. Оһохтор турбаларыттан хойуу буруолар хордоҕой сир бэһинии хоростулар. Түннүктэр утуу-субуу кылахачыстылар.
Кыыча, бэйэтэ бэйэтигэр этэрдии, аргыый ботугураата:
– Ийэлээхтэрэ буолуо… Ийэлэрэ эрэйдээхтэр…
Томмот саҥарбата. Арай техникумугар чугаһаан иһэн тыл ыһыгынна:
– Ити бандьыыты мин хабарҕатын хайа тутуом этэ!..
Олбуор ааныгар тохтоотулар.
– Бу түүн биһиги патрульга барабыт. Эн дьиэлиигин дуо?
Кыыча тугу да хардарбата.
Томмот, олбуор иһигэр киирээт, төннөн таҕыста. Ханна барарын булбатахтыы өссө да хамнаабакка турар кыыска ыкса чугаһаата.
– Кыыча, били… тугу… хайыыгыный?
Кыыс уолу бастаан сүүһүн аннынан көрөн кэбистэ, онтон төбөтүн күөрэччи бырахта.
– Сөп, Томмот! Суруй!
– Маладьыас, Кыыча!
Уол, илиитинэн далбаатаат, олбуор иһигэр сүр сылбырҕатык дьылыс гынна.
5Валерий Аргыылап түһээн түгэҕэ хараара дьуоҕарар дириҥ да дириҥ ииҥҥэ түһэн иһэн уһугунна. Арааһа, хаһыытаата быһыылаах. Сүрэҕэ тэтиҥ сэбирдэҕинии сэлибирээбит. Көлөһүн тахсыбыт. Сынньана түһээри сыппыта баара утуйан хаалбыт. Утуйан да аанньа утуйбат буолла: биир кэм ынырык түүлү түһүүр. Наар өлөр-тиллэр быһылааныгар сылдьар буолар. Күнүскүтүн курдук.
Киэһэрбит. Валерий туран, остуолу харбыалаан испиискэ булан, кыраһыын лаампаны уматта. Хоһун ааныгар чугаһаан иһиллээтэ. Дьиэ иһэ иччитэххэ дылы: им-ньим. Ити гынан баран баччаҕа дьиэлээхтэр бары баар буолааччылар. Бу олорор үгэстэрэ эбитэ дуу биитэр кини баарын сөбүлээбэттэрин биллэрэр дьүһүннэрэ эбитэ дуу – Валерий кэлбитэ син ыраатта эрээри, ону чопчутун билигин даҕаны билэ илик. Чэ хайа да үөдэн буоллуннар. Кинилэр сөбүлүүллэригэр-сөбүлээбэттэригэр кыһаллан бэрт. Мэһэйдээбэтиннэр эрэ…
Бу Валерий аҕатын эмиэ ыкса үөлээннээҕэ, куоракка хас да олбуордаах, Көстүүнэйгэ лааппылаах Бөрө атыыһыт дьиэтэ. Бөрө диэн, биллэн турар, бэйэтигэр этиллибэт, бэркэ өһүргэнэр сахалыы аата. Мааны аата Испирдиэҥкэ Матаахап.
Испирдиэҥкэ олбуордарын, лааппытын сэбиэскэйдэргэ былдьатан, үлэһитэ-хамначчыта мэлийэн, бу аппа уҥуордааҕы саамай мара дьиэтигэр көһөн олорор. Валерий урут кинини байан-тайан, атыыһыттаан эргитэн-урбатан күннээн сырыттаҕына дьулайа көрөрө. Аннынан саныыр, сэниир дьонноругар кини оччотооҕуга кырдьык да торҕон бөрө быһыылааҕа. Эчи бу саҥата улаханын, көрөрө-истэрэ кытаанаҕын, дьарыйара суостааҕын! Ол бэйэтэ билигин барҕа баайыттан ытыһын соттон, эстэн-быстан, кимтэн эмэ сырбатыллыам, тэбиллиэм диэн дьиксинэн кыпсыччы туттан куймукучуйа сылдьар күрдьүк ытыгар кубулуйбут. Көрсүбүт киһитин барытын ньыла көтөр, биир кэм мичээрдээбитэ буолан ырдьайар идэлэммит. Ити эрээри кини иһигэр өс-саас бөҕө саамай өһөхтөөҕүн сөҥөрдөн сылдьарын, кэмэ кэллэҕинэ мичээрдээн аллайбыт айаҕар аһыҥастаах аһыытын ардьас гыннара түһүөҕүн Валерий бэркэ билэр.
Хаптаһын быыстаах сэргэ хоско орон кыычырҕаата.
– Испирдиэн, кэлбиккин дуу? Киирэ түс эрэ, – Валерий истиэнэни тоҥсуйда.
Киһи ынчыктыыр, ыҥыранар саҥата иһилиннэ. Өтөр буолан баран лэппэччи кыргыллыбыт кыырыктыйбыт баттахтаах, быллаҕар эттээх сирэйигэр муннун аннынан уонна сэҥийэтигэр абына-табына бытыктаах, орто уҥуохтаах эрээри кыччыы сатаабыттыы нүксүччү туттубут эт лахса кырдьа барбыт киһи киирдэ. Остуол аттыттан олоппоһу ылан, халааҥка оһоххо өйөнөн, табаҕа былыр үйэҕэ бүтэн нэһиилэ буруолуур алтан бүүрүктээх удьурҕай хамсатын оборон суубурҕата олордо.
Матаахап дьэбидийбит сирэйин көрөн баран, Валерий сонньуйбутун кыайан туттуммата: бу уулуссаҕа таҕыстаҕына мичээрдээн мылаарыйар Испирдиэҥкэттэн адьас атын, хаҕыс, хабыр, дьэбир Испирдиэҥкэ олорор. Испирдиэҥкэ да буолбатах, аччыктаабыт, торҕон Бөрө илэ бэйэтэ. Дьэ сатабыллаах күтүр! Сарсыарда сонун кытта бииргэ адьас атын элэккэй дьүһүнү кэтэн тахсар. Киэһэ үлэтиттэн кэлэригэр онтукатын сонун кытта дьиэтин ааныгар устан кэбиһэр.
– Туохтан ырбыыҥ атта бу? – Испирдиэҥкэ, сөбүлээбэтэхтии, сүүһүн аннынан көрдө.
– Ээ, суох, көннөрү… Хайа, тугу биллиҥ-көрдүҥ?
– Киһи үөрүөҕүн тугу да көрбөтүм… Оскуола уу баһааччытын хараҕын дала диэхтээн биллэр ини…
Оҕонньор тугу эмэни билбитин да иһин мэлдьи кэриэлийээччи. Куруутун Ревком дьаһалынан, кытаанах сорудах быһыытынан оскуола уу баһааччыта буоларынан хаххаланааччы. Кэриэлийдэр да, кэлин кэпсээнэ син дэлэйээччи. Ол иһин Валерий, тиэтэтэ барбакка, эмиэ хамсатыгар табах уурунан тарта.
Ити эрээри бу сырыыга оҕонньор Валерийы кытта тоҥуй соҕустук тутунна, сэһэргэһэригэр айаҕа соччо аһыллыбата. Ол кини майгытыттан, үөрэммит үгэһиттэн эрэ тутулуктаах буолбатах этэ. Испирдиэҥкэ ааспыт биэс-түөрт сыл устатыгар урукку олоҕо эргийэрин көһүтэ сатаата да, тоҕо эрэ кэлэн быстыбата. Кини курдук баай-тойот, үптээх-астаах аймах күнэ сотору-сотору быгыах курдук гынан иһэн төттөрү түһэн хаалар. Ол оннугар күн бэҕэһээҥҥэ диэри баккыта суох сылдьыбыт батараактар, быстыбыттар-ойдубуттар күннэрэ күөрэйдэр күөрэйэн иһэр. Испирдиэҥкэ билигин ити сорох акаары тойооскуларга уһуну-киэҥи өйдөөбөт, элэс-мэлэс туттубут ааргы кэриэтэ көһүннэр даҕаны, дьиҥэ кинилэри үгүстэрин уон төгүл бүктүүр саһыл мэйии. Айа кылын көрөн үктүүр барахсан. Оннук буолан даҕаны бу дьалхааннаах күннэри-дьыллары этэҥҥэ туораатаҕа, баччааҥҥа диэри тыыннаах кэллэҕэ дии. Кини үгүс атастара-доҕотторо чыкаалар обургулар тимир илиилэриттэн Дьокуускай таһынааҕы бэс алардар буордарын кытта буор буолбуттара ыраатта. Бэрт сылбырҕалара, сатабыллаахтара эрэ мүччү туттаран илин күрээбиттэрэ. Испирдиэҥкэ иннэ-кэннэ чахчылаахтык көстүбэт, тугунан туолуйан тахсара биллибэт түөрэккэй суолга киирэн биэрэр санаата суоҕа. Онон ол-бу саарбах саагыбардарга эҥиҥҥэ кыттыбатаҕа. Ити да гыннар кыайыы-хотуу быйаҥын үллэстиһэр кэм кэллэр, кини, таҥара көмөтүнэн, өлүүтүттэн син матыа суох этэ. Хата аһара харамматаҕына баһыыба. Дьэ ол иһин кини бу хааннаах хапсыһыы кэмигэр ойоҕоско туран хаалар санаалааҕа. Ону баара…
Урукку аллар атаһын ааттаах Аргыылап баай уолун Испирдиэҥкэ ытыһыгар түһэрэн эҕэрдэлии көрсүбүтэ биитэр абааһы көрөн боруогуттан холдьоҕо тоһуйбута диир хайалара да дьиҥ чахчыга сөп түбэспэттэрэ. Айах тутан айхаллыаҕын бу сэрии тугунан түмүктэниэҕэ биллибэт этэ. Олус үлүһүйэн көстөн-биллэн хааллаххына, кэлин моонньоох баскынан да толунуоххун сөп. Оттон булгуччу көхсүнү көрдөрүөҕү эмиэ баҕарыллыбата. Сөбүлээбэти адьас аһаҕастык биллэрэр хойут, баҕар, иэстэбиллээх буолуон син. Арай Бэппэлээйэп кыһыллары кыайан кэбистин? Сибииргэ, Арассыыйаҕа тиийэ үрүҥ былааһын олохтоотун? Онон, кыыстаах эмээхсинин курдук, сөбүлээбэтэр да, Испирдиэҥкэ Валерийы олордоругар тиийбитэ. Сатаатар ону хам бааччы олорор диэтэҕиҥ дуу: түүн-күнүс быһа кэлэр-барар. Ити сылдьан түбэстэҕинэ, иэдээн. Уонна кэнникинэн ол-бу сорудаҕа да элбээн барда: ол киһини бил, бу киһини бул. Кыһалҕа диэтэҕиҥ. “Тыаттан бу хоско балтым оҕотунаан киирэллэр”, – диэн көһөрөөрү этэн көрбүтэ да, кыһаллыах быһыыта биллибэт. “Дьиэҥ киэҥ. Булан олордуоҥ”, – диэн кэбиспитэ. Ону туох диэн утарыаххыный? Баҕар-баҕарыма, билигин кини биллибэтин-көстүбэтин туһугар кыһалыннаххына сатанар. Биир утаҕынан ситимнэнэн хааллылар дии.
– Мин эппит дьоннорбун биллиҥ дуо? – Валерий кэтэһэ сатаан баран, ыйытта.
– Байыаннайыҥ кэлбит. Байанкамаатын диэки чыналдьыйан эрэрэ…
– Оттон Тииттээхэп?
– Сылдьар… – Испирдиэҥкэ эмиэ хамсатын соппойон барда.
– Сылдьымына ханна барыай? – Валерий кыйахана быһыытыйда: “Хас тылын барытын чыскынан хостотон түһэн!” – Сылдьалларын мин эйигинэ суох билэбин. Хайдах-туох быһыылаахтарый? Аҕата урукку билсиилээҕиҥ этэ дии: көрсөн ыйан-хайан көрбөтүҥ дуо?
Испирдиэҥкэ хоноһото кыйахаммытыгар бөрүкү кыһаллыбата. Өһүргэнэн көһөн хааллаҕына хата үөрүө. Оччоҕо кэлин атын сиргэ олорон түбэстэҕинэ даҕаны: “Һы, үөлээннээҕим оҕотун хонноруом суоҕа дуо? Көрдөспүтүн хоннорбутум. Тугу дьарыктанарын төрүт билбэппин”, – диэн ытыһын соттон кэбиһиэх этэ. Билигин, бэйэтигэр олордор кэмигэр тутулуннаҕына, туох диэн куотуой?
Валерий сиэбиттэн чаһытын ылан көрдө. Сибилигин саамай табыгастаах кэм. Дьон үлэлэриттэн кэлэн аһаан-сиэн бүтэллэр. Түүҥҥү патруль буоллаҕына тахсыа быдан эрдэ. Кини туран таҥнан барда.
– Бэлиэрий, Тииттээхэптэри төрүт булсуо суох этиҥ. Алдьархайга тиксиэххэ сөп. Саарбах дьоннор. Уола наар хомуньуустары кытта куодарыһар. Үөрэх суутугар тос курдук дуоһунастаах быһыылаах, – Испирдиэҥкэ эйэ-дэмнээхтик саҥарда. – Аҕата…
– Аҕатын көрүстүҥ дуо? – Валерий быһа-бааччы ыйытта.
– Көрсөн… – оҕонньор хамсатын ытыһыгар тэбээтэ, чубуугун оборон көрдө уонна саппыйатыгар баайылла сылдьар токур боробулуоха кэрчигинэн хаһыста.
Валерий, таҥнан бүтэн баран, көһүтэн турда уонна оҕонньор тиэтэйбэтиттэн эмиэ кыйаханан кыынньа түстэ:
– Ол көрсөн?.. Тугу кэпсэттигит?
– Айыкканыый, доҕоор. Ууга-уокка түһэрэн түһэҥҥин, – Испирдиэҥкэ хамсатын тобулан оборон сурдурҕатта. – Ыт ыксаан-ыксаан икки хараҕа суох оҕону төрөтөр дииллэр. Бу курдук тиэтэйэн, оломун билбэккэ эрэ ууга киирэҥҥин, иэдээҥҥэ түбэһээйэҕин.
– Чэ сөп. Сөпкө этэҕин, – Валерий төттөрү олордо. – Тугу кэпсэттигит? Туох диирий?
– Суох.
– Хайдах?!
– Ол курдук. “Дорообо, Дьэримиэй Сүөдэрэбис” диэбиппэр тугу да хардарбата. Хаһааҥҥыттан эрэ хаан өстөөҕүн курдук, үөстээҕинэн дьүккүччү көрөн баран, түҥнэри хайыста. Дьэ киһийдээн! Абааһы көрөрө итиччэ эбитэ дуу, сиргэнэрэ оччо эбитэ дуу. Оннооҕор ыт үрдэҕинэ киһи “чөт!” диир куолута. Кини буоллаҕына киһи саҥарда ээ диэн биир тылынан хардарбата. Ама үөрэхтээҕин иһин урут син холоон тойооску этэ. Ыт баара…
Испирдиэҥкэ кэпсээн истэҕин аайы эбии кыыһыран, тырыттан үөхсэрэ эбии өһүөннэнэн барда.
Валерий таһырдьа тахсыбыта, харбыалаһар хараҥа буолбут. Кинини куоракка үгүс киһи билэр. Онон маннык кэмҥэ сылдьара ордук табыгастаах. Ити гынан үгүс киһини билэрэ даҕаны Валерийга туһалаамаары гынна быһыылаах. Ньылхантан хоҥноругар: “Сорукпун элбэх эрэйэ суох толоруом, саха үөрэхтээх аймаҕа, сэниэ өттүлэрэ бары, Пепеляев иһэрин иһиттэхтэринэ, өрө көтө түһүөхтэрэ, кинилэри түмэр, тэрийэр, салайар эрэ наада буолуо”, – дии санаабыта. Онтуката күүппүтүн курдук буолбата. Саамай эрэммит, ааттарын ааттаан кэлбит дьоннорун суоллара сойбут: сорохторо хайыы-үйэ тутуллан трибуналга сууттаммыттар, сорохтор куттанан хорооннорун иһигэр кирийбиттэр. Испирдиэҥкэ курдук. Испирдиэҥкэ сибилигин да ньимийэн сытыах киһи кыһалҕаттан көмөлөспүтэ буолара көстөн турар. Оттон Валерий соччо бигэтик эрэммэтэр да, син, баҕар, биһиэхэ холбоһуохтара диэбит дьоно адьас чыҥха атын буолбуттар. Биир оннук киһиэхэ, урут бэркэ билэр киһитигэр, Испирдиэҥкэни ыыта сылдьыбыта. Оҕонньор күлэн-салан мылаарыҥныырын быыһыгар ол киһиэхэ бииргэ үөрэммит доҕотторун санатарыгар Валерий аатын ахтан аһарбыт. Онуоха анарааҥҥыта ойон туран уолугуттан харбаабыт: “Ол бандьыыт ханнаный? Билэҕин дуо? Эт! Сидьиҥи саа уоһугар туруоруохха наада!” Испирдиэҥкэ ити көрсүһүүтүттэн бэркэ куттанан, киҥэ алдьанан төннүбүтэ.
Дьон өйө-санаата уларыйара түргэнэ сүрдээх эбит. Урут саарбахтааччылар үгүстэрэ билигин сэбиэскэй былааһы туох да халбаҥа суох ылыммыттар. Саҥа былаас кинилэр эт-хаан былаастара буолбут. Ону көмүскээннэр тиистэринэн-тыҥырахтарынан түһүөх айыламмыттар. Иллэрээ сыллааҕыга диэри политикаҕа үрүҥү-хараны араарбат, тойотторо дьаһайбыттарын хоту сүөһү кэриэтэ сылдьар хамначчыттар, батараактар, харахтара аһыллан, айахтааҕы атыппат араатар буолбуттар. Инньэ төрүөтэхтэриттэн сэбиэскэй былааска дьулуспут, ол дьулуһуулара дьэ туолан үөрбүт-өрөгөйдөөбүт курдуктар. Чэ кинилэр буоллуннар даҕаны. Кырдьыга, сэбиэскэй былаас быстыбыттар, дьадаҥылар былаастара буоллаҕа. Кыһыыта баар: үөрэхтээх сахалар кыһылга булгуччулаахтык холбоспуттара. Дьэ дьиибэ. Үөрэхтээх дьоннор, урукку былаас эргийдэҕинэ, быдан үчүгэйдик олоруохтара суох этэ дуо? Билигин ити кумалааннары кытта тэҥнэстэхтэринэ холоон өҥнөнөр-түүлэнэр инилэр. Итиэннэ сатаатар көннөрү саҥата суох, көннөрү хонтуораҕа эрэ үлэлии сырыттахтара дуу. Улуус улууһу кэрийэ сылдьан, “сэбиэскэй былаас көмүскэлигэр бүүс-бүттүүн түмсэн, Пепеляев генерал сэриитин утары таас хайа кэриэтэ ньыгыллык туруоҕуҥ! Үрүҥ сэриини үнтүрүтүөҕүҥ!” диэн мунньах, араатар бөҕө. Тыа дьадаҥыта кинилэри итэҕэйэр, кинилэри батыһар эбит. Уонна дьон өйүн-санаатын бу бассабыыктар сахаҕа автономияны биэрэн кыайбыттар. Ханна да сырыт, дьон тылын баһа наар: “Автономия… Автономия…” Дьэ сатабыллаах сатаналар. Үйэлээх сааһын тухары кулут сылдьыбыт норуокка автономияны биэрэр диэн, кырдьык даҕаны, манан суол дуо? Ол эрээри ити билигин автономияны айхаллаан айаҕаланааччы сорох сэниэ төрүттээх үөрэхтээхтэр кыайан тургутан өйдөөбөттөр: бу үптээх-астаах, баайдаах-дуоллаах аймах автономията буолбатах, кулут-кумалаан, хамначчыт, дьадаҥы автономията ээ! Бу биһигини утары туһуламмыт, биһигини эһэргэ аналлаах, кинилэри үүннэрэргэ-өрөгөйдөтөргө айыллыбыт автономия ээ! Ити билигин автономияны уруйдааччы үөрэхтээхтэр кэлин кэһэйиэхтэрэ ээ… Чэ сах сиэтин кинилэри!..
Валерий аппаны туораан, Советскай уулуссаҕа тахсан, хаамарын бытаарта. Бэйи, хайыах баҕайытай? Тииттээхэптэргэ таарыйар дуу, суох дуу? Ньукуус Тииттээхэп семинарияҕа үөрэнэр эрдэҕинэ Валерий биир саамай чугас доҕоро этэ. Оччотооҕуга политиканан дьарыктанар уолаттартан тэйэ туттара. Ол оннугар хата үҥкүүлээх, көрдөөх-нардаах бэчэрииҥкэлэргэ көтүппэккэ сылдьара. Ньукуус аҕата Дьэримиэй Сүөдэрэбис, бухгалтер оҕонньор, Валерийы эмиэ сөбүлүүрэ, доҕоругар кэллэҕинэ, бэрт эйэҕэстик көрсөрө, ону-маны сэһэргэһэ сатыыр буолара. Уолаттар семинарияны бүтэриэхтэриттэн биирдэ-иккитэ элэс көрсөн ааспыттара. Онно соччо тугу даҕаны ыаһахтаһан кэпсэппэтэллэр да, Ньукуус уларыйбыт быһыыта биллибэт этэ. Уруккутунуу биир кэм күлэ-сала сылдьара.
Ньукууһу көрсөөрү Валерий хаста да уулуссаҕа кэтээн баран табыллыбатаҕа. Уол мэлдьитин аргыстаах буолара. Аһаҕастык үлэтигэр тиийэрэ букатын сатаммат. Соһуччу дьиэтигэр барыаҕын эмиэ дьулайар. Ол иһин Испирдиэҥкэни чуҥната ыыппыта. Онтуката адьас түҥнэрини туойда дии. Ким билэр. Дьэримиэй оҕонньор сэбиэскэйдэртэн туох бэйэлээҕи сомсон оччо кытарбыт үһү. Кырдьаҕас киһи бэрт кыра ахсын соччо уларыйыа суоҕун сөп этэ. Баҕар, кини Испирдиэҥкэ ымаҥнаан ырдьаҥныырын абааһы көрөн түҥнэри хайыспыта буолуо. Оннуга эмиэ сөп. Хата чахчыта оннук ини. Ньукуус бэйэтэ эмиэ, үҥкүүнү, оонньууну туппут киһи, үҥкүүнү сиилиир, бэл маанытык таҥнары, хаалтыһы баанары утарар бассабыыкка кубулуйбут үһүө? Ньукууһу тылга киллэрбит, илиигэ ылбыт киһи элбэх дьон өйүгэр-санаатыгар тиийиэх этэ: кини билэрэ-көрөрө, доҕоро-атаһа үгүс буолуохтаах. Бу курдук барыттан бары куттана-дьиксинэ, сэрэхэчийэ сырыттахха, соругу толорбокко чороҥ соҕотох туран хаалыахха сөп. Кэбис, хоргус акаары тылын истимиэххэ. Сылдьыахха!..
Валерий бэркэ билэр дьиэтин халҕанын тутааҕын харбыаласта. Тарта. Хатааһыннаах. Тоҥсуйда.
– Кимҥиний? – кыыс оҕо саҥата иһилиннэ.
– Мин… мин… – диэтэ Валерий быһаарыыта суохтук. – Ньукуус баар дуо?
– Суох.
Валерий, турбахтыы түһээт, иккиһин тоҥсуйда.
– Кимиэхэ наадалааххыный? – чочумча буолан баран кырдьаҕас куолас көөҕүнээтэ. Дьэримиэй оҕонньор куолаһа.
– Ньукууска.
Тимир күрүчүөк тыаһаата. Валерий тымныы туманын бүрүнэн иһирдьэ атыллаата.
– Дорооболоруҥ.
– Дорообо… – оҕонньор тоҥуй соҕустук хардарда уонна киирбит киһи диэки өҥөс гынна да, сыа чүмэчи барыарбах сырдыгар кимин-хайатын кыайан билбэтэ.
– Дьэримиэй Сүөдэрэбис, билбэтиҥ дуу? Эһиги чэйгитин элбэхтэ испит буолуохтаах этим, – Валерий үтүлүгүн уулаах уһаат үрдүгэр уурда, сирэйин тууна бааммыт саалын аллара тарта уонна дьиэлээх оҕонньор “сыгынньахтан” диэн этэрин, иһирдьэ ыҥырарын көһүтэн биир сиргэ тэпсэҥнээтэ.
– Эн… Бэлиэрий… Аргыылап… эбиккин дуу?
Оҕонньор ыалдьыт кэллэ диэн сэҥээрбитэ, сэргэхсийбитэ биллибэтэ, хаччаҕай төбөтүн сууралана-сууралана, хатыҥыр, үрдүк бэйэтэ сүһүөх-сүһүөхтэринэн өҕүллэн, хос түһэн акыллан турда.
– Мин-мин… – Валерий өрүһүспүттүү хардарда.
– Бу… хаһан кэллиҥ?
– Аҕыйах хонно.
– Хантан?
– Уҥуортан, – Валерий илин истиэнэ диэки сапсыйда.
– Уҥуортан хантан?
Валерий оҕонньор тоҥуй, хатыылаах, ону ааһан хаҕыс дьүһүнүн, дьиэтин тас ааныгар туруоран эрэн доппуруостааһынын барытын атыҥыраата. “Испирдиэҥкэ баҕайы бу сырыыга, арааһа, кырдьыгы эппит эбит”, – дии санаата. Ол да буоллар, ууга түһэн эрэр киһи оттон тутуһарыныы, баҕар, бу Дьэримиэй сэрэнэр дьүһүнэ буолаарай, устунан ирэн-хорон бараарай диэн эрэҥкэдийэн, аҕала сатыы-сатыы мичээрдээбитин кубулуппата.
– Дойдубуттан.
– Һы… Быһаас Артыамыйапка холбоспут сурахтааҕыҥ дии. Ол баҕайы эмиэ дойдутугар эргиллэн кэллэ дуо?
Валерий, туох диэн хардарыан билбэккэ, көхсүн этитэн эрэ кэбистэ. “Эчи, мин кимиэхэ-туохха холбоспутум киһи ахсыгар иһиллэн түһэн!” – диэн иһигэр кыһыйан кыбдьырынна. Итиччэ сирэй-харах астаран туран мэлдьэһиэҕин сатамньыта суохха дылы. Биитэр “Артемьев дойдутугар саҥа төннөн иһэр, генерал баһылыктаах халыҥ армияны илдьэ” диэҕин оҕонньоро ол сурахтан үөрэн үнтү түһүө суох быһыылаах.
– Эн баччааҥҥа диэри өйдөммөккөҕүн бандьыыттаан сарайа сылдьаҕын дуу? – Дьэримиэй өссө лаппыйан ыйытта. Булдун үрдүгэр субу саба түһээри гыммыт модьу атах курдук икки акымалын хамнаппахтаата.
Ити ыйытыыттан били Валерий сирэйигэр тоҥмут мичээр сүтэ оҕуста.
– Ньукууска наадалаах этим. Баар дуо? – диэтэ Валерий хап-сабар, бу түөрэккэй кэпсэтиини уурата охсуон баҕаран.
– Ол туох наадалааххыный?
– Көрсүөм, кэпсэтиэм этэ.
– Көрсөн тугу кэпсэтиэҥ этэй?
– Көннөрү… оттон…
– “Көннөрү” тугу? – оҕонньор куолаһа кытаатан барда.
Валерий оҕонньор маннык дьарымталаахтык саҥарарын бу аан маҥнай иһиттэ. Урут, семинарияҕа үөрэнэ сылдьан, кини Дьэримиэйи наар “тукаларыам”, “сэгэрдэриэм” диэн унаарыччы саҥарбыт намыын, сымнаҕас оҕонньор курдук саныыра. Валерий оҕонньорго ити харсаах тылларыгар өссө ордук харсаах тылларынан хоруйдуоҕун, кини дьарыйар саҥатыгар өссө ордук күүстээх дьарымталаах саҥанан хардарыаҕын баҕарда да, билигин кинини кыыһырдара букатын сатамматын, ол куһаҕан дьайыҥнаах буолуоҕун өйдөөн, сымыһаҕын быһа ытырбахтаата.
– Бииргэ үөрэммит дьон этибит дии. Онон…
– “Оҕо сааскытын санаһыаххыт” этэ, ээ? Сымыйаны лахсыйа турума. Эн тоҕо манна хараҥаны сырайданан кэлбиккин сэрэйбэтэ буолуо диигин дуо? – Дьэримиэй өҕүллүбүт сүһүөхтэрэ көнө, акыллыбыт бэйэтэ чинэйэ түһэргэ дылы гынна. – Ньукууска суох. Уонна чой мэйиигэр сүппэттик хатаа: кини эйиэхэ мэлдьи суох буолуо. Эн кинини букатын умун. Эһиги икки суолгут – туспа! Оттон билигин үтүлүгүҥ бу сытар, аан ити баар – самантан киэр буол!
Валерий абатыттан салҕалас илиитин үтүлүгэр уунна. Ол илиитэ бэйэтэ да өйдөөбөтүнэн сутурукка кубулуйан эрэрин бэлиэтии көрөн, тарбахтарын сараччы тута оҕуста. Оҕонньору кулгаах тааска чаҕылыннаран түҥнэрэн түһэриэн баҕаран кычыгыламмыт илиитин үтүлүгэр батары баттаата уонна ааттаһар, эккэлэс куолаһынан аргыый ботугураата:
– Дьэримиэй оҕонньор, мин эһиэхэ хаһан даҕаны куһаҕаны оҥорбутум суоҕа… Эн да миэхэ…
– Сөп… Сөп… Сибилигин дьүгэлийэ эрэ оҕус. Эн манна сылдьыбатаҕыҥ, мин эйигин көрбөтөҕүм буоллун. Ньукууһу эрэ тыытыма. Ньукууһу эрэ онно-манна сөрөөмө. Кинини уккуйар сураххын истиэм да – үтүөнү күүтүмэ. Кырдьаҕас дии санаама: тыыҥҥынан иэстиэм.
Бырастыыта-быраһаайа суох халҕан “лип” гынна.
Валерий абарбытын омунугар, тыаһыам диэн сэрэнэрин умнан, олбуор кэлииккэтин аанын тэбэн саайбыта лаһыгырыы түстэ. Олбуортан ойон таҕыста. Кыһыыта-абата кыынньан, уулуссанан сандаарбыт түннүк диэки сутуругунан дугдуруйа-дугдуруйа, бабыгыраата:
– Баш-ша-быык-тар! Шуолас-тар! Бэйи, кэпсэтиллиэ!
Оо, кини билигин, сатанара буоллар, сутурук курдук японскай гранатанан ити түннүгү төһө үлүгэр үөрүүнэн тоҕо быраҕыа этэй!
Валерий сирэйин хоту харбыалаһан иһэрин уулусса төрдүгэр, дьахтар манастыырын чугаһыгар, тиийэн баран эрэ өйдөөтө. Уоһун иһигэр ботугураан үөҕүстэ. Кини военкомат үлэһитэ киһиэхэ сылдьыахтаах. Кини Дьокуускайга кэлиэн аҕай иннинэ ол киһи сулууспатын сорудаҕынан ханна эрэ барбыт этэ. Бүгүн Испирдиэҥкэ кинини кэлбит, көрдүм диэтэ дии. Кэлбит буоллаҕына, хайаан да көрсүөххэ наада. Түргэнник. Ол киһиттэн элбэх тутулуктаах.
Тииттээхэптэргэ киирэн табыллыбатаҕа Валерий санаатын түһэрбэтэ, куттаабата, киниэхэ чугуйар, төннөр, саараҥныыр быһыыны үөскэппэтэ. Хата ордук өсөһүннэрдэ, харса-хабыра суох оҥордо. Кини ол байыаннайын кытта уопсай тылы булуох тустаах. Булгуччу! Атын суол суох. Ону ситистэҕинэ ол-бу Тииттээхэптэр сөбүлүүллэрэ-сөбүлээбэттэрэ диэн улахан суолтата суох. Кинилэри кэлин, арыый кыаҕырдахха, хайдах баҕарар турку сыҥааҕыныы иэҕиэххэ сөп. Билигин өрө көрөн өгдөрөҥнөспүттэрэ хойут, санаа хоту өрө-таҥнары тутар саҕана, хата бэлэм сылтах буолуоҕа.
Аргыылап төннөн таас Реальнай аттынан туораан, казначейство дьиэтин чугаһыгар кэлэн тохтоото. Ахсынньы анысханнаах тымныыта обургу аан туманынан оргуйан, бэл иннигэр ууммут илииҥ көстүбэт үлүгэрэ буолан үчүгэй. Дьон көрүөхтэрэ, билиэхтэрэ диэн куттал суох.
Валерий түннүктэрэ ыстаабан сабыылаах, сарайыгар түспүт хаарга самнары баттаппыкка дылы намыһах дьиэни кэтээн, иһиллээн турда. Туох да саҥа-иҥэ биллибэт. Кини наадалаах киһитэ манна хос куортамнаһан олорор буолуохтаах. Олбуор кэлииккэтин анньан көрдө. Сабыылаах. Иккитэ-үстэ күүскэ тэбиэлээтэ. Ыт үрэн маргыйда. Тимир сыап кылырҕаата.
– Кимиэхэ наадалааххыный? – сотору олбуор иһиттэн эмээхсин дьахтар саҥата нууччалыы ыйытта.
– Военкомат үлэһитэ Соболевка.
Эмээхсин кэлииккэтин аста.
– Ыалдьыттаах дуо?
– Суох быһыылаах. Суох, суох. Баһаалыста.
Кэҥэс куукунаҕа баар буоллулар. Аһаҕас билиитэ аана сып-сылааһынан илгийбэхтиир. Куукунаны оһох уота эрэ сырдаппыт. Билиитэ аанын чугаһыттан атына барыта хараҥа.
– Эраст Константинович, эйиэхэ, – диэт, эмээхсин уҥа диэки хараҥаҕа киирэн сүтэн хаалла.
Хаҥас диэки халҕан тыаһаата. Аан сырдыгын сүрдээх кэтит сарын бүөлүү турда.
– Дорообо, Эраст Константинович, мин штабтан, – диэтэ Валерий иһиллэрдик доргуччу.
– До… рообо… Ханнык…
Валерий, киһитин ситэ саҥардыбакка, ойоҕоһунан кыһарыйан, иһирдьэ атыллаата. Анарааҥҥыта, дьиибэргээн, аанын тутааҕын туппутунан киниэхэ эргилиннэ. Валерий кини дьүһүнүн удумаҕалатан билэрэ. Лаампа сырдыгар кыһайан көрөн баран: “Кини… миэхэ үкчү ойуулаан кэпсээбиттэр эбит”, – дии санаата. Үрдүк, искэл, сонтоҕор муруннаах, чөҥөрүттүбүт харахтаах, ньылаарыччы тарааммыт убаҕас баттахтаах төрөл нуучча киһитэ. Хаһалаах быһыылаах. Маҥан ырбаахытын таһынан иэннэриктэммит.
– Табаарыс, эн… – дьиэлээх киһи сөбүлээбэтэҕин биллэриэхтии саҥаран эрдэҕинэ, Валерий кулгааҕар сыста түстэ:
– Үтүө киэһэ, тойон штабс-капитан.
Анарааҥҥыта сүр сылбырҕатык эргиллэ биэрэн халҕаны ыга тарта, ыалдьытын үрдүгэр саба нөрүллэн туран суостаахтык сибигинэйэн бардьыгынаата:
– Кимҥиний?
– Эн доҕоруҥ буолабын, тойон штабс-капитан.
– Манна ханнык да штабс-капитан суох. Манна Облвоенком отделын начальнига баар. Аадырыскын алҕаһаабыккын, табаарыс.