Семен Данилов. Дойду ахтылҕана: хоһооннор, поэмалар
Семен Данилов 1977 сыллаахха талыллыбыт айымньыларын бэйэтэ икки томҥа таҥмыта. Бастакы томугар 1966–1976 сс. суруйбут айымньылара, иккис томҥа 1937–1965 сс. суруллубуттара киирбиттэрэ. Оттон 2005 сыллаахха олохтоммут «Саха народнай суруйааччылара» диэн сериянан тахсыбыт бастакы томугар кини огдообото Анна Данилова уонна народнай поэт Михаил Тимофеев бэлэмнээбит талыллыбыт лириката «Айыы сыдьаайа» диэн аатынан, мин киирии тылбынан бэчээттэммитэ. Оттон субу иккис томҥа, хронологияны тутуһан, 1937 сылтан 1965 сылга диэри суруллубут хоһоонноро уонна поэмалара киирдилэр.
Салаалар поэт урут тахсыбыт кинигэлэрин ааттарынан «Мин дойдум», «Аймах дьонум», «Эйэлээх куорат», «Хотой дьоло», «Күн таммаҕа», «Алаас сулустара» диэн ааттаннылар. Манна Семен Данилов поэт быһыытынан үүнэн-сайдан испит суола ырылыччы көстөр. Ол курдук, бэйэтэ суруйбутунуу, маҥнай норуот ырыаларын олуктарыгар чугаһатардыы олоххо чахчы буолбут түгэннэри хоһуйбут эбит буоллаҕына, 60-с сылларга поэт айымньылара дириҥээн, олоҕу бөлүһүөктүү көрүүтэ ситэн сириэдийбит. Ордук «Алаас сулустара» диэн кинигэтигэр киирбит хоһоонноро чахчы да поэт аатын ааттатар айымньылар. Итиннэ «Олоҥхо кэнниттэн», «Сайыҥҥы Сиинэ», «Сайылык», «Саха үҥкүүтэ», «Ырыа туһунан», «Бастакы хаар» диэн чулуу хоһоонноро киирбиттэр. Дэлэҕэ да итилэртэн үгүстэрэ ырыа буолан күн бүгүҥҥэ диэри ыллана сылдьыахтара дуо?
60-с сыллар, уопсайынан, саха поэзията саҥа кэрдиис кэмҥэ тахсыбыт бэлиэ сыллара этилэр. Ити саҕана Леонид Попов, Рафаэль Баҕатаайыскай, Моисей Ефимов, Иван Гоголев, Савва Тарасов, Михаил Тимофеев ордук тахсыылаахтык үлэлээбиттэрэ. Кинилэр айымньылара, нууччалыы тылбаастанан, поэзияны киэҥ ыырга таһаарсыбыттара. Дьэ ити дьонтон биир бастаан иһээччинэн Семен Данилов буолан, ити сыллартан Россия бастыҥ поэттарын иһигэр аата ааттанар буолбута.
Кэлиҥҥи көлүөнэ ааҕааччыларга поэт маастарыстыбата муҥутаан испитин көрдөрөр кэрчик кэмэ бу томҥа кэрэһилэнэн киирдэ.
Н. Винокуров-Урсун,
поэт, кириитик,
П.А. Ойуунускай аатынан
Государственнай бириэмийэ лауреата
МИН ДОЙДУМ
(1937–1948)
ЫРЫАКөмүс күнүм санньыйаКиирэр сирин былдьаста,Маайа ынах хамыйаБарар кэмэ уолдьаста.Ыллыыр чыычаах утуйан,Айылҕабыт чуумпурда,Оттуур колхоз уурайан,Отуу уота умайда.Паарка ыллаан эрдэҕэМаннык намыын киэһэҕэ,Эдэр ыччат биэрэккэЭһиэкэйин эттэҕэ…Намыын киэһэ дьаарбайаТахсыах эрэ, Даарыйа,Сээкэй туһун аттараСэһэргэһиэх таарыйа.* * *Ый сырдыгар сүүрүгүмЫрылыйа дьулуста.Ырыам аргыһа чыычааҕымЫраах кытылга ыҥырда,Күүгэн аллыбыт бакаалымКүллэ-салла, дьалкыйда,Көтөр көҥүлүм дабаанаКөҕөрүмтүйэн көһүннэ.КЭЛЭР ҮЙЭ КИҺИТИГЭРМин төрөөн төлөһүйбүт алааспарЭн үөскүөҥ, олоруоҥ – билэбин.Эйиэхэ, ол ыраах бырааппар,Бу ыллыыр ырыабын аныыбын.Дьиибэргии, сонньуйа, эн ааҕыаҥДирбийэр мин ырыам хоһоонун:Биһиги үйэбит халлаанын,Эн көрүөҥ охсуһуу толоонун.Биһиги, эн убай дьонноруҥ,Дүрбүөннээх үйэҕэ олоорпут,Олохпут бу сырдык хоһоонунОхсуһуу уотугар айарбыт.Күн аайы куттанан турбакка,Өлүүнү утары барарбыт,Таптыырбыт, ыллыырбыт дьыбарга,Буурҕаҕа муммуту сирдиирбит.Мэһэйи, өлүүнү эһэрбитЭн үөскүүр күөх мичил алааскар.Күн аайы суол солуур этибитӨспөт дьол айанын аартыгар.Көмүскээн чэлгиппит алааспарЭн үөскүөҥ, мичээриэҥ – билэбин…«Быраатым, кэлэн мин үрдүбэрАхтаар!» – диэн кэриэспин этэбин.КИЭҺЭ АЛААСКАЫрааҕынан-чугаһынанЫнахтар маҥырастылар,Хаһыҥ курус тыалынанЭккин-хааҥҥын сайа тыынар.Бу дойду хас томторун,Чугастааҕы дулҕаларынБарытын мин билэрим,Барытын тэпсибитим.Үчүгэйиэн дойдум тыалаСүрэхпин угуттуура,Умнуллубут ырыа тылаУруккулуу сатарыыра.Ханан эрэ ырааҕынанХаҥыл аттар тыбыырдылар,Харалаабыт хатыҥнарымХараҥанан таҥыннылар.Манна олох, манна тойук,Манна атын сигили,Сүрэхпинэн маны куруукАхтар, саныыр да этим.Дьоллоох тойук, дьогдьоот киэһэ,Дьолу булбут мин дойдум.…Оҕо буолан ааспыт сааспынОрдук саныы олордум.ОЛОХ УОННА ОЛОҤХО(А. Сурковтуу)Этиҥ астыа. Сыллар ааһыахтара,Биһиги кырдьан олоруохпут.Бүгүҥҥү герой – олоҥхо бухатыыра,Остуоруйа буолуо биһиги олохпут.Этиэхтэрэ онноайыы бухатыыраОччолоох-баччалаахкүүстээҕэ диэн,Өлөр чааһыгарөлбөт тыыннаахЫрыа тылларынэппитэ диэн.Олоҥхо буолуоулуу кыргыс туһунан,Кырдьаҕастар уйадыйа истиэхпит:Ол олоҥхо ойуулаах номоҕуттанАмарахтык мичээрдиэхпит.Оо, доҕоттоор,Ол бухатыырдардыынБиһиги буолбаппыатарыаллаһан үөскээбиттэр,Кинилэри кытта сайылык сыһыытыгар,Оскуола олбуоругаройуоххалыы оонньообуттар,Кинилэри кыттаДьоллоох кэмҥэДьолу үллэстэдоҕордоспуттар,Төрөөбүт дойдубут ыар дьылыгарХоһуок килиэбиүллэстибиттэр.Билбэт этибитБүтүн күүстээхтэрин,Киһиттэн ордуккиэптээхтэрин,Саҥарар саҥалараырыа буоларСахаттан сабыйаөйдөөхтөрүн.Кинилэр сүгэллэрэкиһи сүгэринСылайан нүксүйбүт көҕүстэригэр,Үөхсэр буолаллара, өлүү кэллэҕинэ,Өлүүттэнсиргэнэрүгэстэринэн.Биһиги билэбит:Үрдүк баҕа,Дойдуну таптыыр көнө сүрэх,Көҥүлү таптыырмодун санааДьон курдук дьоҥҥоолоортун.Биһиги билэбит:Дьон курдук дьонИйэ сирдэрин,бар дьоннорун,Алдьархайдаахаат айаҕыттанАраҥаччылаан ылбыттарын.Этиҥ астыа,Сыллар ааһыахтара.Биһиги кырдьан олоруохпут,Бүгүҥҥү герой –олоҥхо бухатыыра,Остуоруйа буолуо биһиги олохпут.КЫАЙЫЫ КҮНЭОҕонньорум биһиккиулуу сурахтанОйон тураноҕолуууурастыбыт,Оскуолабыт үрдүгэрумайар былааҕы,Оонньуу турдундиэн,ойутан таһаардыбыт.Бүгүн биһиги,Орто дойду билбэтэхороспуойун бииһинУлууохсуһуу уотугаруолугуттан ылан,умса анньан,урусхаллаабыттар,Бүгүн биһиги,илиибит көлөһүнүнсүүспүтүгэр аҕаан,Түөрткүчүмэҕэй сылытөлө түспүттэр,Сардаҥа тыктаҕына,күн көһүннэҕинэ –Аан дайдым,айылҕа ийэм,АйгырыыхамсыыАйманарын курдук,Аан дойдунусатарытарАйхал бөҕөнүайдаардахпытбуоллун!Улуу дойдунууһугуннарар,Уруй бөҕөнүуйгууртахпытбуоллун.Оҕонньорум барахсанОҕотугар түстэ:Уулуссаҕа ойон тахсанУйадыйан турда,Күрэх дьонун көрдө:Кэлии,Барыы,Күлүү,үөрүү!Солко таҥас суугуна,Хаарыс таҥас харсыыта,Кыыс үөрбүт дьэдьэн имэ,Уол оҕо ойуолуута.Эмэн дьахтар эдэрсийбит,Эмээхсин эккирээбит,Сукуй тыа суугунаабыт,Сулбут үрэх тыаһаабыт.Уулусса,дойду тылаУҕарыйбат музыка:– Кыайыы!!!– Кыайыы аатынанкыайаргынанүөр,көт,туой!Уулуссаҕакүйгүөр.Көтөҕүллүү.үгүс сиртэн,суут дьиэттэнҮрдүк сиргэ,хонуугаҮмүөрүһэүөрдүстүлэрҮөрүү былаахтара.Трибунаҕа –дьоллоох тыллар,Дьон сүрэҕэр –өспөт кыымнар…Өрөгөйдүүтурбуппут онноолох оҕолоро,Оо, онтонырыа баартаОйуур,толоон,тыа аайы:Айхаллан,көҥүл кыраай!Айхаллан,улуу норуот!Оҕонньорум булбут этэУон көмүс остуопканы,Оҕонньорум муспут этэУон чулуу ыалдьыттары…Оо! Дьэ, оҕонньорум,Оҕонньор да буолбатах,Уол оҕо – эдэр ырыа,Ырыа – Кыайыы ырыата –Ыҥырбыта остуолга.МИН ДОЙДУМ(Садофьевтыы)Бу далай, бу халлаан сарыала,Сүрэҕи угуттуур көй салгын,Бу уйгу ыһыаҕын чараҥа,Үлүскэн үөрүүбүт, бу дьолбут –Барыта эн эбээт, мин дойдум!Бу өлгөм үүнүүлээх алаастар,Бу саһыл сыһыылар, толооннор,Бу көмүс үктэллээх хайалар,Угуттаан таһымныыр үрэхтэр –Барыта эн эбээт, мин дойдум!Бу мичил күн түһэн саатаабытКиэҥтэн киэҥ уорҕалаах сир-дойду,Бу «кэхтэр» диэн тылы сатаабатКэрэммэт кэккэлээх ыччатым –Барыта эн эбээт, мин дойдум!Ньиргиэрдээх бу үрүҥ куораттар,Киэҥтэн киэҥ куйаарар аартыктар,Бу айар үлэбит этиҥэ,Бу ыллыыр ырыабыт көмүһэ –Барыта эн эбээт, мин дойдум!МУУС УСТАРДААҔЫ САНААС.А. МестниковкаТаптыыбын эйигин, Сахам сирин,Хаар хайыҥнаах төрөөбүт дойдубун,Буурҕа сатыылыыр киэҥ сыһыыларын,Үрдүк күннээх сааскы халлаанын.Алҕас ааттаммыт муус устаргаМин дойдубар муус устубат,Тоҥоттуу барбыт кыстык хааргаХалыйар хайыһар суолун хаалларбат.Көтөр кэлэрин көһүтэр санаабарҮлэм быыһыгар үрэҕи кэтэһэбин,Кини тоҥ хара харалдьытыгарНьургуһун сибэкки ньургуйа үүнэрин.Онно, мин санаабар, туманы курдатКөстөргө дылылар көҕөрөр садтар,Үрүҥ былытынан үллүммүт курдукҮчүгэй бэйэлээх отонноох мастар.Баҕар, кырдьык… (биһиги итэҕэйэбит)Кыһын кыпчыарын биһиги кыайыахпыт –Кулун тутар буурҕа кубулҕатынМуустаах муораҕа кыйдаан ыытыахпыт.Оччоҕо мин дойдум хаар хайыҥынКэмин иннинэ киэр гыныаҕа,Сыыһа ааттаммыт муус устарым,Ыам ыйыныы, балыгын ыытыаҕа.Нарын бэйэлээх таҥара кийииттэрэТаҥнан туруохтара, сайынынан тыына.Күннээх дойдум отонноох мастараКийииттии кэлиэхтэрэ чаллах тииппэр.Алаас арыытыгар, отонноох садкаДьоллоох оҕолор көрүлүү сырсыахтара.Абрикос отону аҕалара дьоҥҥоАйдаара сырса аҕалан биэриэхтэрэ.Оччоҕо биһиги, кыһыны кыайбыттар,Оҕобутугар түһэн олоруохпут,Көҕөрө барбыт алаас куулатыгарКулун тутарга кус маныахпыт.ХОДУҺАТурда колхоз алааһыгарУоттаах куйаас өҥүрүгэ,Үрдүк күҥҥэ талаһарСиҥнэ үүммүт бэттиэмэ.Силлиэ тыал өлөҥ отуСирилэччи ытыйбата,Үлэ күүрэн эбэ хотунҮүммүт ото долгуннурда.Кырбый кыыл кынатынанКыптыыйдана оонньообото,Эмдэй-сэмдэй түһүстүлэрЭлитиэпкэ бэртэрэ.Быыстала суох хабыгырыыБүлүмүөттэр күрсүбэттэр,Xапсаҕайдык татыгырыыКосилкалар сырыстылар.Күөх уйгунан көмүллэн,Сытта колхоз алааһа,Сүрэххэ, быарга билиннэСамаан сайын сылааһа.СААСУһуга суох ыллыы-туойа,сааскы халлаан турда,Чэбдик дойдум, мичил үөрэ,тыына, уһугунна.Совет дьиэтин былааҕынкүнүм үөрэ тиирэр,Пионер оҕо ырыатынтыалым ыраах илдьэр.Сииктээх буорга түһэн тиллэртөрөл көмүс сиэмэ,Ыраас, сырдык ача үүнэр,атар лабаа бүөрэ.Уонна сырдык үрүйэлэркиһи аймах дьолунЫрыа гынан туойбуттарсүүрүк көмүс тылынан.Сирбитин симии, оҥоро,тоҥсуйдулар уустар…Советскай дойдум олоҕокүнү көрсө устар.Уһуга суохыллыы-туойа,сааскы халлаан турда.Уһуга суохүөрүү тыынасүрэххэ кутулунна.САРСЫАРДАКөр эрэ: сырдык дьолМичээригэр маарынныыр,Көр эрэ: сардаҥасаҕахха сыдьаайда.Аан дойдум уһуктан,Сырдыкка сыламныыр,Аан дойдум саҥанансандаарда.Саҥа күөх солкоҕоСууланан турдуларСаҥа күөхунаарар мырааннар,Эн курдук мөлүйүөнДьон турар,уһуктан,Эн курдук,хомунар,тараанар.Советскай киһи, эн,дьиэ тутатахсаҕынСоветскай Союзка –мөлүйүөн.Сүгэҕин эн маска батары охсоҕун,Охсуллар сүгэлэр –мөлүйүөн…Дирбийэн-дарбыйанүлэлии тураҕын;Ырааттаэн үлэҥ ырыата.Дирбийэн-дарбыйансатарыы турдаҕаСоветскай сир ийэбарыта.Мас суоран, таҥастаанИстиэнэ уураҕын –Мөлүйүөнистиэнэ ууруллар.Эн түргэнтутуунанСарайдаан бүтэҕин –Мөлүйүөнсаҥа дьиэсандаарар.Эн ыллыырырыаҕарСардаҥа сыдьаайар,Эн ырыаҥ иһиллэрсир аайы.Эн өлбөт ааккыныысаҥа дьиэҥ сандаарар…Сарсыардасайаҕас, ылааҥы.КҮһҮНБурдук сириттэн улардар көттүлэр,Буруо уһуннук тура унаарар,Алаас аһыллан ынахтар маҥырастылар,Амтаннаах кэнчээри сыта тунуйар.Уонна дуо, доҕоттоор, сайдам салгыным,Убуруу-сыллыы, уолукпар эриллэр,Утаппыт сүрэххэ сүдүрүүн нууралымУһуннук-уһуннук угуттуу диэлийэр.Оттообут хотуурун отунан баайанОҕонньор киһи хоспоҕор уурар,Дьиктилээх күнүм, санньыйа ылааран,Тииттэргэ саһаары тыаһа суох устар.Ол дьиэҕэ киһи суох: оҕонньор дал тутар,Хобороос хотону сыбаһа барбыта.Маҥхааһай таһыгар бурдук астыыллар,Уйбаан эһиилги сонуогу хорутар.Көҥүл сир дьонноро олоҕу оҥосторКүүрээннээх үлэнэн күһүнү көрсөбүт.Үлэни үмүрүтэн муҥхаҕа, булкаКыһыны кытта тэҥҥэ туруохпут.* * *Өйдүүгүөн үүнүүлээх хонуунанКүүлэйдии миигинниин испиккин,Хонууга сибэкки хомуйанХоскор эн киллэриэх буолбуккун?Кэмчиэрэ ыйытар саҥабарХоруйдаан биир тылы эппиккин,Сөрүүҥҥэ, сииктээх түүн үөһүгэрСэмэйдик сиэттиһэн испиккин?Өйдүүгүөн олох киэҥ суолунанДьоллоохтук хаамыахпыт диирбитин,Эриэккэс санааттан долгуйан,Эн онно мичээрдии испиккин?Оччоҕо мин, хоту көтөөрү,Кынаппын куурдуна сылдьарым.Арахсыы ол дьоллоох чаастарынАхтаҕыан, мин күндү Анютам?КЫҺЫҤҤЫ СУОЛТугун баҕас уһунайНуоралдьыма үрэҕэ,Xаһан-хаһан тиийиэмийХампа алаас ыалыгар?Тиийиэм киэһэ уот өһөн,Имик-самык буолуута,Остуоруйа түмүктэнэнУу чуумпу уйгууруута.Дьиэҕэ киирэн мин иттиэмКүөдьүппүт көмүлүөкпэрУонна нуктуу нухарыйыамУотум сылаас сыламар.Оччоҕо түүлбэр охсуллуоСырдык уоттаах мин хоһум,Онно тэтэрээт көннөрөОлороро буолуо доҕорум.Көннөр, көннөр, доҕорукуом,Көтүтүмэ алҕаһы.Олоххо сыыһа хардыылаабатДьон буоллуннар оҕолоруҥ.КИЭҺЭ ТЫАҔАСииктээх киэһэ хааман истимЧараҥ тыаны тэлэн,Оһуор анньан илим-ситимЫйтан сырдык түһэр.Онно алаас. Дьонум-сэргэмОонньоон-күлэн эрэр…Сардаҥарар сырдык имимТиийиэм үүнэр кэмэр.Ыйдаҥаҕа хахыйахтар,Улааппыкка дылы,Нуктуу, чуумпу налыйбыттар,Мөһүүрэнэн сырдыы.Уолбат наҕыл үрүйэлэр,Уулбут көмүс уунанТолбоннурар көлүччэбэрТохтообокко устуҥ!Сииктээх киэһэ хааман истимХатыҥ чараҥ устун,Сардаҥарар көмүс имим,Инним – күрэх дьонум.БЭЭҺЭЭ КУЛУУП ДЬИЭТИГЭР(Кыыс ырыата)Бээһээ кулууп дьиэтигэрБиэс уол кэлэн тохтообут,Бэһиэн эдэр инженердэр,Бэһиэн эрэт бөтөстөр.Оо, тэҥнээх да доҕоттор,Оо, үчүгэй да уолаттар.Көмүһү, чоҕу буларКүрэхтээх дьон үһүлэр:– Иччитэх Сиинэ сиһинИччилиэхпит дэһэллэр.Уой, үксү да кэпсииллэр,Оо, өйдөөх да уолаттар.Бүгүн кулууп таһыгарБэһиэн тахсан туойдулар,Оҕолору мунньаннар,Оһуохайдаан тэйдилэр.Уой, кэрэтик да ыллыыллар,Уо, көрдөөх да уолаттар.– Хайыахпытый, дьүөгэлээр,Хайалар көһүтэллэр.Сарсын эрдэ барабыт,Саныыр буолуҥ, – дэстилэр.Уо, кирдик да эрэттэр,Оо, тохтуу да түспэттэр.ЭЙИГИН УТУТА-УТУТАДанилова ВерочкаҕаЭйигин утута-утута,Биэличчээ, мин ырыа ыллаатым.Кэм түргэн хардыынан ааһыытаЭн, сэмэй кыыс оҕо, улаатыаҥ.Сиинэҕэ, Куорунай сиригэр,Ньоҕодьук диэн улуу күөл баара,Ол эбэ соҕуруу өттүгэрТурар ээ эн эһэҥ ампаара.Ол ампаар аттыгар бэрт былырБаар этэ куһаҕан балаҕан,Ол онно үрүҥ күн сырдыгарКэлбиттэр аҕалаах абаҕаҥ.Биһиги, үлэнэн суол солоон,Олох киэҥ аартыгын булбуппут,Олох киэҥ буоругар үлэнэнҮрдүк дьол үөрүүтүн билбиппит.Билигин омуктар баайдара,Аатамы арааран бараннар,Өһүөннээх өйдөрүн ситээри,Айдааран, арбанан эрэллэр.Эн дьоҥҥун кыа хааҥҥа умсаран,Эйигин эн бэйэҥ дойдугарДьоло суох кулут кыыс оҥостонБайары түүл гынан түһүүллэр.Биһиги: нууччалар, сахалар,Хаһаактар – уон араас омуктар,Биһиги, советскай норуоттар,Бу сири бас билэн үүммүттэр,Аан дойду дьолуттан көҥүлү,Көҥүллүк үлэлиир үөрүүнүТуохтан да үрдүктүк туппуттар,Тобуктаан туруохпут кэриэтэОхсуһан умсуохпут. ОхсуһанЭн көҥүл олоххун айыахпыт.Биһиги муҥура суох күүспүт –Муҥура суох сырдык итэҕэл,Дьон аймах түүнэ суох олоҕунБу буорга олохтуур итэҕэл,Ол иһин биһиги ырыабытЫҥырар саҥаттан саҥаҕа.Итэҕэй – туолуоҕа ырабыт,Мин сиэним, эн ону көрүөҕүҥ.Эйигин утута-утута,Биэличчээ, бу ырыа ыллаатым,Ырыабар мин илэ көрөбүнЭн үйэҥ алаарар халлаанын.БОБО ТУТАР ОҔОННЬОР1Тоҕус уоннаах толунньаҥТокуйбутун көрүмэҥ:Иҥиирдэрэ эрчимнээх,Сындааһына сыралаах –Ахсым болгуо быччыҥаАхсаабатах дэһэллэр.«Алтан туура» хотуураАйаннаатар эрэ дуо,Дэмэ-хомо суох кэмнээхДэһээтинэ диэн кэбис.Хотуур сыылба да буолларХодуһаны хоротор,Хоннохторо суойуулаах,Хотоойулаах сырыылаах.Ардайдаппат да эрэн,Арсыын ылыы үрдүгэрҮстүү бөссүөк кэриҥинӨҕүрүтэр дэһэллэр.Хамыырдаахтан хаалсыбат,Хоннохтооххо куоттарбат,Боччум илии муҥунанБобо тутар оҕонньор!2Бодьойбутун көрөҥҥүтБокоойуга ааҕымаҥ:Алта салаа муостардаахАтаралыыр тайах кыылАҥаарытар айаҥҥаАаһан баарта суох дииллэр.Кылатара кытарбыт,Кыайан көрүө дуо диэмэҥ:Кытарбытын иннигэрКыраан ылар кыҥааһын.Кыырай халлаан кыстыктаах,Кыптыгыркаан кынаттаах,Кындыа көтөр кыыл бииһинКыдыйарын сөҕөллөр.Кэлим элбэх кэлгиэлээхКэтириинискэй доруобунЭҥсилгэннээх эстиитэЭккэ эрэ дэһэллэр.Кэмчи соҕус да буоллар,Кэнтиктэрэ охтуулаах,Татым соҕус да буоллар,Чааркааннара тардыылаах,Эндэппэккэ таба биэрэрЭбиэннэрэ иҥсэлээх.Боччум илии муҥунанБобо тутар оҕонньорСаһыл, саарба арааһынСааһылыырын сөҕөллөр.Ыһыктары билбэтэхЫга тутар ытыстаах,Ылыммытын ыпсарар«Ыччат» буолар дэһэллэр.ЫРААХ МУОРА КУМАҕАР(Поэма)Муораҕа күөх күдэрик түһэн,Чуумпуттан чуумпутук доллоһуйар;Хаһан эмэ хопто, арыт ытаан, арыт күлэн,Аймыыр аҥааттыбыт чуҥ салгыны.Хоту дойдуга көстүбэтэх күн тахсанХолку хомо долгунугар оонньуур;Хомо уҥуоргу хоптолоох кумаҕыттанТууһуурга[1] туоруур тыы эрдиитэ оймуур.Ол оҥочоҕо дьол туһунан, олох туһунанИкки киһи кэпсэтэрэ.Чуумпу долгун, балык умнуллан,Санаа дьоллоох кэлэргэ тиийэрэ.– Эн, – диирэ эр киһи куолаһа, –Эрэн биһиэхэ – доҕотторгор,Олоххо баар бары куһаҕанСырдык, ыраас аргыстаах буолар…Дьахтар куолаһа махтанараЫар күнүгэр кээспэтэх доҕотторугар.Ол курдук уста турбуттараМуора доллоһуйар долгунугар.1Хатыҥ үрэх үрдүгэрБаар ээ маҥан балаҕан,[2]Ол дьиэ сырдык хоһугар,Оо, эн кими көрөҕүн?Сэрии суоҕар ол дьиэҕэЭдэр кэргэн олоорто,Эдэр кэргэн ол дьиэҕэЭлбэх дьолу билбитэ.Онно баара эдэркээнБу дьиэ кэргэн аҕата,Ааҕааччыа, эн кэрэхсиирТеатрыҥ артыыһа.Онно баара оһуордаахТүннүктэрин муҥунанСибэккини кэккэлиирМин эдэр героиням.Онно баара дьиэ сэргиирЭдэр кэргэн чыычааҕа,Мэник киһи, кыра кэргэн –Хара харах Валентина.Онно баара үөрэ кырдьар,Дьон таптыыр эмээхсинэ –Дьиэни дьиэлиир, сиэнин иитэрМаанылаах эбэлэрэ.Хатыҥ үрэх үрдүгэрТурар маҥан балаҕан…Бур-бур буруо бургуйар:Көр суох, чуҥкук, куһаҕан.Бу дьиэ сырдык хоһугарХаалбыт сиэннээх эмээхсин.Аһыы баттыыр, саас ылар…Ол да буоллар ыал ээ син.Кини кэпсиир бар дьоҥҥо:– Күн-дьыл атын… айака!..Баарта уолум боруоҥҥа,Кийиит – хоту, балыкка.Уонна уоста имэрийэрБу ыар сааһын сааталын –Сиэнэ кыыс, хара харахВалентина баттаҕын.Оччоҕуна көмүс таммахИэдэһэр илибириир,Валентина намчы саннаАргыый ибигириир…Эбэ кыайыы күнүгэрЭрэн тиийиэ эриһэн,Хатыҥ үрэх үрдүгэрХааллын маҥан балаҕан.Ааҕааччыам, тиийиэх биһигиМуустаах муора биэрэгэр,Кыайыы иһин силлиэлиинБар дьон тустар сиригэр.2Уордаах муора милкийэрАрдах, силлиэ сиригэрКуба курдук балааккаларТуртаҥнаһа тураллар.Фронт сакааһын толоро,Онно тиийэн олохсуйарКыайыы иһин охсуһарЭдэр биригээдэ.Онно тиийдэ саха кыыһаМаня Готовцева,Туустаах ууну, тыалы кэһэн,Бэчимэни сосуһа.Онно тиийдэ саха кыыһа,Өстөөҕү өһүөмдьүлүү,Суох эр дьону солбуйан,Дьоллоох сирин көмүскүү…Онно күн-дьыл аастар ааһар,Дүрбүөннээх олох көтөҕөн.Балык суоҕар кыһыы буолар,Түүҥҥүн-күҥҥүн умнаҕын.Оттон муҥха ийэтин тиирэрБайым балык кэллэҕинэ,Санааҥ көнөр, кынат буолар,Үлүмнэһэр күрэххэрКүнүҥ эмиэ көстө куотар.Үлэ быыһар, күрэх быыһарЭмиэ санаа сабардыыр:«Оҕоҥ ытыыр ыраах дьиэҕэр,Оттон Кешаҥ ханнаный?!»Суох ээ сурук. Сыл буолла…Ымыылыырыҥ туох баарый?Ырыа этэр: «Көһүт».Күүтэр.Ырыа суоҕар мунчаарар.Онуоха эбии быстах тылыДьон сэлбиэр тарҕаппыттар:«Сураҕа, Кеша өлбүт үһү,Ону кыыстан кистэтэллэр…»Уонна харыастар сүрэҕэрӨрүү ким эрэ сипсийэр:«Үөр-көт, оонньоо эдэргэр,Өлбүтү кытта өлбөттөр».3Кулуһун курдук уҥуохтаах,Куппут курдук таһаалаах,Биригээдэ килбиэннээҕэМирон Сивцев диэн баара.Кини уран кэпсээнинэнТыалы намыратар,Ытаабыты күллэрэр,Аһыылааҕы саататар.Кыайбатахха көмөлөһөр,Ыалдьыбыты эмтэһэр…Эмэн дьоҥҥо – таптыыр оҕо,Эдэр киһи доҕоро.Санаа баттыыр муҥкук кэмэрМаняҕа убай киһи,Санааны сайар доҕор буолар,Эрэйи үллэстиһэр.Бииргэ үөрэ, хомойоОл курдук олоорторо.Бииргэ эрдии эрдэллэрэ,Бииргэ бэчимэлииллэрэ.4Биирдэ онно үөрүү буолта:«Киев куорат – биһиэнэ!..»Дьон-сэргэ тоҕуоруста,Сынньалаҥ кэмэ этэ.Бастаан уоттаах уруй тыллар,Онтон оонньуу, оһуокай,Үөрэр түгэн: сүрэх тиллэрКыайыы, кырдьык аатыгар.Буурҕалардыын күрсэн-харсанБу буору чиҥэппиттэр,Өрөгөйдөөҥ, ыллааҥ-туойуҥ,Хоһуун дьон, балыксыттар!Симик уоттар умайбыттарИмик-самык балааккаҕа,Арыгылар аччаабыттарБылтаҕар бытыылкаҕа.Ахсааннарын ситэрэ,Ырыалар ылламмыттар.Ис сүрэх кистэллэрэЭлэккэ быламмыттар.Оттон Мирон МаняттанОл киэһэ арахпатах,Аптаах таптал ырыатынУоһуттан түһэрбэтэх.Кини эппит:– ЭйигинОлус да таптаахтаатым…– Тоҕо миигин таптыыгын?– Бу өйдөөх харахтаргын…Уонна ол уол андаҕаммытҮйэлээх таптал аатыгар,Хоруй күүтэ сүгүрүйбүтТапталлааҕын атаҕар.Маня көрөр, Маня истэр,Маня саныыр:«Кеша суоҕар… маннык кэмҥэ…Бу туохпут уҕалдьытай!..Мирон?! Иирбит биитэрХолуочуйан араас буолар…»– Тур! – диир, кэрэ бэйэтинэнТуруору көрөн туран. –Айдаарыма! Аргыый буолуй…Өйдөөххө кэпсэтиллиэ. –Туруору тарта таалбыт уолу,Оттон Мирон тэмтэриҥнэс.5Үлэ буолла. Ый түмүгэ.Буурҕа сатыылаата.Арыт дьону түүн бүрүйэр,Арыт күнүс сардаҥарар.Киэҥ муора кубулҕаттаах,Балык да охсор кэмнээх.Хас хонно?Суох да суох…Кураанаҕы соһор күннэр.Ый толбонугар муора оонньуур,Майаак күөрэлдьийэр.Саҥата суох тыйыс тулуурБэчимэни чиккэҥнэтэр.Ол түүн балхаан күүстээх этэ,Ый ньуура симириҥниир.Биирдэ муҥха ийэтэ кээлтэ,Бысхалдьыйа, дьирибинии.Оо, онно «ураа» буолта…– Аҕыс туонна!– Тоҕус туонна!Дьон үөрдэ, ньамаласта,Түргэнник тутта-хапта.6Күн санньыйан, кумаххаКүнүскү симиэнэ сынньанар,Күрүс-күрүс балааккаТыалга тыаһыы сапсынар.Эрэһэ тыалтан долгуннарЭрэлиһэ сырсаллар,Кумах тумулга охсулла,Курулуу тохто уосталлар.Дэҥҥэ көстөр күн ылааранСылаастык сылаанньытар,Эрдии, бэчимэ сылаатынУмнан, Маня ах барар.Кини олорор күн көрөрУордаах муора култуугар,Баттаҕынан тыал оонньуур:Тарыыр, ыһар, бурайар.Санаан ыраах дойдутугарКини тиийбит курдуга:Хатыҥ үрэх үрдүгэрКөстөр маҥан балаҕан…Сибэккини силэйэн,Кыһыл киистэ хамсыыра,Илэ турар, мичилийэ,Хара харах Валентина.Сындаа-сылба сылайан быстан,Ыар үлэ чаҕыттаҕынаБиитэр минньигэс түүл быыһыгарҮлэ чааһа оҕустаҕына,Ким эрэ кистэлэҥ, истиҥ куолаһаКини сүрэҕэр сипсийэрэ:– Тулуй, кытаат, доҕорум сыыһа!Хайыахпытый – сэрии сиэрэ…Оо, бу муҥнаах сэрии туранБурайталыан иннинэ,Саҥа ыал-сэргэ буоланОлордубут да этэ!Аһыылаах өйүгэр туох киирбэтэй:Киирэр дьоллоох сырдык санаа,Сырдыгы сабар хараҥа, дьүлэй,Дууһаны тууйар ыар санаа.Кини саныыра: аҥардас сылдьанОҕотун иитэр эрэйин,Эдэр сааһыгар огдообо хааланОлох дьолуттан матыах муҥун.Оччоҕо түөрт өттө бүүрүллэн,Ыарыы, тууйа хараҥарар.Хараҕа, хамсыы, симириҥнии,Харыаста туманнырар.7Хатыҥ үрэх үрдүгэрТурар маҥан балаҕан,Ол дьиэ сырдык түннүгэр –Валентина барахсан.Уордаах сэрии сиригэрТүптэ түрүлүөн, хараҥа…Кеша тыыннаах, баар этэПартизанскай тайҕаҕа.Эн соҕотох хааллаҕыҥМуустаах муора биэрэгэр,Нарын бэйэҥ олороҕунСанаа муҥар, саарал муҥар.8Биир киһи кэнниттэн кэлэн:– Тоойуом, Маня, туох буоллуҥ? – диэтэ,Баттаҕын көннөрдө, уйадыйа,Эгэлгэлээх тыллары кини эттэ.Онтон оонньуу, элэк умнуллан,Олохтоох кэпсэтиигэ киирдилэр.Сүппүт киһини умнар туһунанСүүйэр тыллар этилиннилэр.– Хаһан да хайыаҥый, тулуй, – диэтэ,Аргыый аҕай, амарахтык кууһа. –Тыыннаах киһи тыыннаахтары кыттаДьолло көрдөс, доҕорум сыыһаа!– …Итинтэн аралдьыта сатыыр дууБиитэр тугу этээри гынар?! –Санньыар бэйэтэ таалан олордо,Таабырын таайа, үөһэ тыына.– Өлбүтү кытта өлбүт суох… –Уонна уол турда. –Тоҕойуом, холбоһуох…Маня дьик гынна.Дьыбарсыйда…– Тохтоо, бэйи!.. Суобаһа суох!.. –Кынтас гынна, киэр астаУонна сөҥө таастыйда…Уу-хаар баспыт хараҕарУор уота симириҥнээтэ,Туох эрэ түөһүн тылыгарБүөлүү биэрдэ,Тыынын хаайда.Харыастан дуу, киэр хаамтаЭргийбэттик, тиэтэйэ.«Көр эрэ маны!.. Тугун абатай!..Муҥунан туһанан эрдэхтэрэ!..»Соһуччу этэ – күүппэтэх суол,Мирон саатта, тууйулунна.Күн ылааран, былыт быыһынанКөстө-көстө туналыйда.Ыраах кумахха муҥхаһыттарБэчимэ ырыатын ылластылар,Муора тураахтара хаадьылааннарМирон үрдүгэр сапсыннылар.Ким эрэ дьолун угуйаннар,Куоҕастар аҥаатталлар.Эргийбэт эрэллии кылбаҥнаһа,Кубалар ырааталлар.Илимньит салбах эрдиитинэнСалгыбыттыы эрдинэр…Муора уҥуор киирэр күнтэнКөмүс суол ырылыйар.9Пароходтар күн аайы,Маня суругун ылаары,Манна тиксэр эбиттэр.Хаһыытаһан бырастыылаһа,Сайыһыннара, ыраатаСуругу илдьэ сүтэллэр.Ыытта үксү.Хоруй суох.Өссө ыытта – суох да суох.Күн-дьыл ууна уһуннаУлугурдар көһүтүүгэ.Олох, үлэ, куолутунан,Өрө күүрэ турбута.Харсаах тыллар умнуллан,Хоргутуһуу да ааста.Доҕордоһуу эмиэ тиллэн,Аньыылаах санаа арахта.Ол курдук аргыстаһанОлох суолунан истилэр…Биирдэ күһүн ТууһуургаҮгүс баарса тигистэ.Фроҥҥа ыытар балыгынБиригээдэ таһыста.Онно күнү, түүнү быһаБуочука хачайданар,Тыраап устун тыаһаан киирэн,Кырыытынан кыстанар.Маня эмиэ куруустаһарМироннуун сэргэ, бииргэ.– Баҕар, Кеша быстар саҕарБу балык тиийиэ, – диирэ.Улуу муора кудулутунАрҕаран муспут балыгынБиригээдэ таһан, кыстаанБүтэриитин саҕанаЭмискэччи айдаан буоларОл куруустаммыт баржаҕа:– Уу киирэр!..– Дьүүк туолла!..Носуостаан туһа суоҕа.– Ханан дьөлө ыстанна?..Баржевойдар айманаллар:– Куотуҥ, баржа былдьанна!Уу дэбилийэр, уһаат устар.Тыраабы иэмэхтии тэпсэнКуотар дьон ньамаласта:– Быраһаай, элбэх дьон эрэйэ,Сүүс туонна хатыыс бэрдэ.Биэрэккэ тахсан көрбүттэрэ:Баржа ыарыы дьаакырданар.Арай будулуйар дьүүккэИкки киһи чалбааттанар.– Таҕыс, Маня!.. Субу туолуо!..– Ханан?.. Манан!.. Бу тугуй?!– Куота тарт!.. Бэйэм булуом!..– Мирон! Мирон!!! Бу… Буллум…– Куулла!Кумахтаах куулунанДьөлөҕөһү бүөлүү кыстыыллар,Ууну хачайдаан, төттөрү таһан,Балыктарын быыһыыллар.10Киэһэ Маня, сылайбыттыы,Куру-һары дьиэлээн истэ,Хантан эрэ түргэн тыыБуор биэрэккэ тигистэ:– Готовцева… Тохтоо… Үөр-көт… –Почтальон ойон турар.Суумкатыттан үс муннукСуругу ылан уунар.«Кешаттан!..»Маня саарбаҕалаан,Ах бара, хатылаата.Хатылаата, салгыы аахта:– «Госпитальтан…»Сүрэх-быарНүөлүйэ тэбиэлээтэ…Онтон биирдэ баар буолтаТулаайах оронугар.Сүрэҕинэн кини аахтаТуох баарын ол суругар.Арыт ытаан, арыт күлэн,Оо, үөрүүтүн хайдах этиэй?!– Тыыннаах! – диэтэ куолаһын муҥунан. –Кеша! – диэтэ сибигинэйэн.Уонна уунна баар дьоҥҥоДьолун эргиппит суругун.Үрдүк үөрүү буолла онно,Доҕор дьон мунньуһунна.Үлэ, эрэй аргыстараМаняны уруйдаатылар.Кыбыстыбыт Мирон туранСаҥарарга тыл ылар:– Биһиги герой доҕорбутугарҮөрүүбүтүн биллэриэҕиҥ!Былаан икки сүүс бырыһыан туолуутунанЭҕэрдэлээн сурук суруйуоҕуҥ!– Суруйуоҕуҥ, өстөөх самнан,Бар дьоммут эргийдиннэр!Биһиги эмиэ балыкпытынанӨстөөҕү охсуохпут! – дэстилэр.11Маня ылааҥы хараҕарДьол кыымнара түстүлэр,Били маҥан балаҕан,Санааҕа, үөрэ көстөр.12Дьоллоох кыыс, хара баттах,Дьоллоох кыыс Валентина.Сибэкки үүнэ турдаХолуода уйарынан…Саалаҕа ытыс тыаһаАртыыһы уруйдаата:Норуот таптыыр артыыһа –Маня тапталлааҕа.Ол түүн Хоптолоох кумаҕарУоттара умуллубатаҕа:Ыраах муора биэрэгэрКыайыы андаҕара…ТУМАРА ТУЛЛУКТАРА(Поэма)Бырааппар Софроҥҥа1Чыычаахтар, кырдьары умнаары,Чырыптыы, күн көрүн туойдулар,Түгэҕэ суох ыраас халлаанымКөнньүөрэ, дьэҥкэрэ уйгуурар.Мин уһун айантан эргийэнҮөскээбит өтөхпөр турабын.Ким да суох. Тэлгэһэм чэлгийэнСэтиэнэх анныттан көҕөрбүт.Эдэркээн сэбирдэх быыһыгар,Оо, хомус, эн тугу туойаҕын?Оҕо саас үөрүүтүн буолаарайЭбэтэр ыраах баар алааскын?Оҕо саас тэбэнэт иэйиитэЭмиэ күн суолларын арыйар,Ол кэмҥэ угуйбут айыыларЭмиэ дьэ иннибэр турдулар.Ол сытар килэҥҥэ тэлээрбитХаҥкы диэн дьулусхан кынатым,Ол сытар оҕобор оонньообутСоҕотох мин үөрүүм – чаачар саам.Ол кэмнээх санаалар, баҕалар!Оо, оҕо саас бардам дьайыыта.Оччоҕо ымсыылаах буолараЭтиҥнээх чаҕылҕан сырыыта.Ол ааспыт. Ол үөрүү, ол дьулуур,Бу хаҥкы, чаачар саа ардыгарҮлэҕэ, үөрэххэ устубутАтын суол, сэттэ сыл турдаҕа.2Доҕоттор. Оо, ханна баартарайКөрүлээн улааппыт дьоннорум?Оннугар уруйдуу турбутаОл кэмҥэ ыллаабыт хатыҥым.Хатыҥым кыратык кырдьыбыт:Лабаалар тоһуттан түспүттэр.Кэбис, ол эрээри көҕөрбүт:Лабаалар нуоҕаһа турбуттар.– Хатыҥыам, эн миигин өйдүүгүөн,Мэниктээн симээбит уолчааҥҥын?Туох-ханнык буурҕалар аастыларАастыйбыт эн төбөҥ үрдүнэн?Хатыҥым, бокулуон уурардыы,Солконон суугунуу хамсаата.Күн, халлаан, айылҕа тылынанКүн сирин дьиктитин ыллаата.Бу хатыҥ төрдүгэр турбутум,Бастакы тапталбын ыҥыра.Бу хатыҥ төрдүгэр билбитимБастакы көрсүһүү ырыатын.Ол үөрүүм ырыабар киирбэтэх,Ырыата суох умнан кээспиппин.Ол үөрүүм туһунан билигинБиир тылтан үөрүөх да эбиппин.Онтум суох. Атыннар сиппиттэр…Оо, сиккиэр, хатыҥмын табаҥҥын,Сир улуу тапталын туһугарЫллаарыый ол сайын туһунан.3Иччитэх ампаарым иһигэрМин дьоллоох түүл түһээн хоммутум:Сүрэҕим бастакы ырыатын,Бастакы тапталым чаҕылын.Кыыс оҕо саһарчы көрбүтэ,Өрүүлээх чачархай төбөтө,Кулуһун курдук үөл бэйэтэТуохтан да, туохтан да кэрэтэ.Сымнаҕас унаархай хараҕын,Сыллыырдыы, мин диэки санньытан,Ытыахча ытаабат куолаһаАймана, ааттаһа турбута:– Оо, Сэмэн, барыма, манна хаал…Манна хаал тапталым туһугар.Умнубут дьолбутун булуохпутЭмиэ дьэ хатыҥмыт анныгар.Ол албын. Кини суох билигин:Ол оҕо бэйэтэ оҕолоох…Ырыаһыт, эн ситэр силигин,Этэрим итинтэн ордук суох.Дүрбүөннээх олоххо баар буоларДьылҕа уон элэктээх тойуга,Сүрэхпит тапталын суолугарСүүс аптаах тумара туллуга.Ардыгар кинилэр ыллыылларСир дьикти тапталын туһунан,Ардыгар умсары кырыылларИккиһин мичиппэт муҥунан.Бастакы тапталбыт ырыата,Оо, син биир сүрэххэ хаалааччы,Саппахтаах саарабыл кэмигэрЭн үҥэр таҥараҥ буолааччы.Сибэкки ньургуйар тойуга,Сибэкки ыалдьыбыт ыарыытаТөһөтүн да иһин хаалыаҕа,Үрдүк күүс айыытын кэриэтэ.4Дьол диэни, тумара туллугунМин буллум төрөөбүт дойдубар.Сырыттым иккиһин уол буолан,Баһыыба мин дьоммор-сэргэбэр.Дьэлликтии үөрэммит сүрэҕиБэл ииппит биһигэ тохтоппот:Мин эмиэ миҥэбин миинэбин,Мин эмиэ айаҥҥа турабын.Иннигэр элбэхтэр туралларДууһаҕын абылыыр санаалар,Олох уон охсуулаах суолугарАраастаан ыҥырар халлааннар.Эн санньы долгуйа көрөҕүнКэннигэр хаалларар дойдугун,Ол эрэн көппүччэ көтөҕүн,Санааҕын ырыанан дуйдуугун…Ол ырыа – эн дойдуҥ симэҕэ,Кининэн эн дьолгун кэпсиигин.Ол иһин хойукку эн сиэниҥӨйдүөҕэ ол ырыаҥ кэрэтин.Өйдөөтүн. Олоорпут биһигиСарсыҥҥы дьол иһин охсуһа,Өлөртөн, тиллэртэн кырдьыгыОрдорон оҕолуур туһугар.