banner banner banner
Дойду ахтылҕана
Дойду ахтылҕана
Оценить:
 Рейтинг: 0

Дойду ахтылҕана

Тайа?ынан сырбаппытын
Тайа?ын тосту саайбыт,
Куортугунан далайбытын
Куортугун былдьаан ылбыт.

К?рдь??ттэ?эн туран баран
Тойон хат санамматах,
Ки?и эрэ буоллар кыайан
Кини иннин ылбатах.
Ол и?ин харса хааныттан
Уон улуус дьулайбыта,
Албан аатын ойуун ааттаах
Кырыыска туруорбута.
Уолан дьоннор ??скээбиттэр
Онтон ыла улууска,
Баайдар да син дьон эбиттэр,
Туруула?ан турдахха.
Оччолорго отут саастаах
Уолан ки?и эр бэрдэ –
Ньукулайбыт хандалыттан
Тай?а?а к?рээбитэ.
Ол бэйэтэ, сыл-хаар мо?оон,
О?онньор аатырда?а,
Олорбут дохсун оло?о
Остуоруйа буолла?а.
2
А?ыс уон сыл кыстык хаарын
Ким кыайан к?рдь?? баарай!
Чахчы бааччы кырдьыбыт
Би?иги Ньукулайбыт.
Бодойбо хааннаах к?ннэрин
К???л норуот умнубат,
Ол к?ннэр киэ? к??рээннэрин
?т?р-?т?р ахтыбат.
Ба?ан ылар к?м???нэн
Аатырбыт ?л??нэ?э
Со?отох Барон[4 - Барон – ?л??нэ к?м?стээх бириискэлэрин бас билэн олорбут Гинзбург диэн ки?и.] тойон этэ
Уонунан бириискэ?э.
У?уга суох кы?ал?а?а
Саллар саа?ын баратан,
Угаардаах, сииктээх шахта?а
Барон баайын ха?атан,
Отут ты?ыынча ?лэ?ит
К?л???н?н то?оро,
Аччыктаан, ?лэ ыарыттан
Муннук аайы то?оро.
Сууйар ба?ыы к?м?стэрэ
Со?отох барон сиэбигэр
(Оччотоо?у сокуон сиэрэ!)
Кэпсэтиитэ суох киирэр.
Си?нэн эрэр симиэбийэ,
Бадарааннаах бараактар,
Ты?ыынчанан а?а, ийэ
Тыыннаах эрэ олоортор.
?лэ?ит му?ун, эрэйин
Аймах дьоннуу ?ллэстэн,
?лэ?ит норуот сиэринэн,
Биир санаанан, с?бэнэн,
Нуучча, саха, эбээн бары
Олоорторо букку?ан.
«Эн-мин» дэ?ии, омукта?ыы,
Атаанна?ыы диэн суо?а.
Онно баара бараак аайы
Ленин сырдык кырдьыга,
Ол кырдьык сылаас сыдьаайа
С?рэх аайы тиийэрэ.
Улуу кырдьык баттал т?рд?н
Ыйар, дьо??о ?йд?т?р,
Батталы кыайар, дьол к?рд??р
Охсу?ууга ??рэтэр.
?л??нэ хааннаах к?ннэрин
К???л норуот умнубат.
Саас этэ. Тай?а ?рд?нэн
Дьыбар т??эн турбута.
Уонунан ты?ыынча бар дьон –
О?о, дьахтар, о?онньор
Эрэйдэрин этэн туран,
Чэпчэтиини модьуйар
Эйэлээх демонстрация
Надеждинскайга тиийэр.
…Саа тыа?а… эти?нии сааллар…
Ы?ыы-ха?ыы… Дьон си?нэр.
Сир, халлаан –
барыта хаан!
Хаантан то? муус ирбитэ.
…Ол к?н, хаанынан суруллан,
Остуоруйа?а киирбитэ.

Ол Бодойбо то? буоругар,
Хахсаат халлаан анныгар
Биэс с??с ньургун до?ор дьоно
Хаа??а устан сытта?ына,
Хааннаах уолан с???н туран
Хабырдык хабырыммыт,
?лб?т ол дьон ааттарынан
Сахалыы анда?аммыт.
– ?с-саас! – диэбит, – обот солло?
Батталлаах баай ??р?гэр!..
Ол ки?ини к?рб?т дьоннор:
– Ньукулай этэ, – дииллэр.