Эмиэ тимир күлүүс халыгыраата, хаайыы тимир эрэһиэҥкэлээх ааннара күлэн аллараспыттыы кычыгыраатылар, түгэхтэн кэлэр дьаардаах сыт ыраас салгыны саба бүрүйдэ. Аппыт айаҕын сабар диэни билбэт адьарай дойдутун уйатыгар Миичик бастакы хардыыларын оҥорон эрэрин куойа маҥкытыгар ситэ оҕустарбакка, түүлүн-илэтин араарбакка, дьуһуурунайы кус оҕотун курдук батыһан истэ.
* * *Маришкалаах Аанчык бүгүн, баскыһыанньаны өрөбүл күн диэбэккэ, эрдэ уһугуннулар. Миичик кэлэн айдааран-куйдааран, түннүктэрин тоҕута сынньыаҕыттан 3 эрэ хонук ааста. Маришка эмиэ да бэйэтин буруйданар курдук. Барыта хайдах эрэ. Аанчык Миичиги акаары, арыгыһыт, атаах эбит диэн наар дьүөгэтин өйдөтө сатыыр. Дьиҥэр, хара маҥнайгыттан Миичиги тэйитиэхтээх эбит, эрэл кыымын сахпакка. Ийэтэ куруук «Дьону хаһан да сэнээбэт, атаҕастаабат буол. Туох барыта сэттээх-сэмэлээх. Киһи эйиэхэ киһилии сыһыаннаһар буоллаҕына тэйиппэт буол» диэн такайыыта дьайбыта эбитэ дуу?
Сарсыардааҥҥы чуумпуну үрэйэн, чэпчэки атах тыаһа уопсай синньигэс көрүдүөрүнэн тоһугураан кэллэ уонна ала-чуо кинилэр ааннарыгар тохтоон, тоҥсуйан тобугуратта. Онтон кыргыттар «даа-даа» диэн хаһыыларын кэннилэриттэн ааннарын аргыый сэгэтэн, Маришка ханна эрэ көрбүт эдэр дьахтара киирэн кэллэ. Ол эрээри, омос көрдөххө, эмиэ да эдэркээн кыыска маарынныыр курдук нарын быһыылаах, кэрэ сэбэрэлээх саас ортолоох дьахтар буоларын саҥатыттан тута сэрэйдилэр.
– Үтүө күнүнэн. Бырастыы гыныҥ, сэрэтиитэ суох соһуччу кэлбиппэр.
Дьахтар харда хоруй көрдөөбөккө, аан аттыгар турар олоппоско олордо.
– Мин Мичил ийэтэбин, Мария Ивановна диэммин. Эһиги кини тугу гыммытын билэҕит. Чэ, онон ырааҕынан эргитэ барбаппын. Оҕом үйэтигэр арыгы диэни амсайбатаҕа. Маннык быһыы-майгы буолбутуттан биһиги, чугас дьоно уонна аймахтара, олус айманныбыт. Онно эһиги эмиэ буруйдааххыт. Уолбун оннукка тиэрдибиккит. Ыраас тапталын сыыска-буорга тэпсибиккит. Ону туох… туохха кэллим. Эһиги оҕобор үтүөнү эрэ баҕарар буоллаххытына, сайабылыанньаҕытын төттөрү ылыҥ. Мин харчы да биэриэм этэ. Күҥҥэ көрбүт соҕотох чыычаахпын бу айылаах… – диэн баран, дьахтар уйа-хайа суох ытаан барда.
Дьахтар ыстакааннаах ууну омуннаахтык омурдан, арыый уоскуйа быһыытыйда. Иһитин остуолга төттөрү уураат, махтанар диэни да билбэккэ, дьүһүнэ уларыйа оҕуста, дьэбир, дьиппиэн көрүҥнэннэ. Кыргыттары өһүөннээх хараҕынан иккиэннэрин биир-биир өтөрү-батары көрөттөөтө. Онтон хараҕын Маришкаттан араарбакка эрэ:
– Эн дуо, Марина?
– Мин… – диэтэ Маришка аат эрэ харата.
– Мин буолан… Балыгы сиэбэтэх куоска курдук ньылбыйан олороҕун. Дьон олоҕунан оонньуурум сыыһа диэбэккин дуу? – дьахтар тыйыстык ыйытта. Бу кэмҥэ дьахтар хараҕа уоттанан, уостуун-хаастыын уһуктанан, мунна кырыыланан, сүтүк бааһа сирэйигэр ойууланан олус дьулаан көрүҥнэннэ.
– Бээ эрэ, эн тоҕо тута Маришканы буруйдуугун? Миичиги кини арыгылаппыт үһү дуо? Маришка кинини таптаабат, ону хайдах гыныай?! Биитэр хара күүскүтүнэн таптатаары гынаҕыт дуу?! – диэн айаҕа умайыктаммытын Аанчык бэйэтэ да кулгааҕа эрэ истэн хаалла.
Дьахтар бу чобуо кыра кыыс тылларыттан ордук абарда быһыылаах:
– Көр да маны, сиртэн быкпакка сылдьан эрэ, өссө улахан, саастаах дьону утары саҥарбыт буола-буола. Бу дьүөгэҥ ол-бу араас буолан куймаҥалаабатаҕа буоллар, ама, мин оҕом итинниккэ түбэһэр үһүө?!. Туох ол баайдаах, чулуу дьонноох буолан, мин оҕобун бэйэтигэр тэҥнээбэтий?! Тугун сирэрий?!
Маришка соҕотох инбэлиит ийэлээх ыал оҕото буоларын хантан эрэ билэ-истэ охсубут быһыылаах диэн дьахтар тылыттан-өһүттэн тута сэрэйдэ. Эмиэ ийэтигэр курдук, сэнэбил, атаҕастабыл сыһыанын аан бастаан оҕотук ыраас дууһатыгар ыарыылаахтык ылынна.
– Ол мин соҕотох инбэлиит ийэ оҕото буолбутум мин буруйум үһү дуо?! Хайдах киһини итинник кэрээнэ суохтук сирэй-харах анньыахха сөбүй?! – бу кэмҥэ киниэхэ Уйбаныаптар өргөстөөх хааннара уһуктубутун Маришка бэйэтэ да сэрэйбэтэ.
– Өссө толоон оҕото инигин… – дьахтар сэтэрээн киирэн барда.
– Эһиги, уопсайынан, оҕоҕутун көмүскүү кэллигит дуу, биитэр, миигин үөҕэ кэллигит дуу? Мин ийэм, кырдьык, төрдө-ууһа биллибэт, тулаайах дьахтар, оттон аҕам Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх Иванов Руслан Иванович диэн киһи кэрэмэһэ, үтүөтэ, киэҥ, халыҥ аймахтаах төрүт дьон төрүөҕэ этэ дииллэр. Өссө… – диэн эрдэҕинэ дьахтар сирэйэ көҕөрчү кубарыйан, өссө уһуурга дылы гынна:
– Уой… ама… ама… хайаан оннук буолуой?! – диэт, айаҕын ытыһынан бүөлэннэ. Туох эрэ ынырыгы билбит курдук, харыс да сири халбарыйбакка, хараҕа ордук кэҥээн, тэбиэһирэ уоттанан, Маришканы чочумча тобулу одуулаан дөйөн олордо. Дьахтар итинник быһыытыттан кыргыттар да соһуйдулар. Будулҕаннаах муора тута уостарыныы, дьахтар симэлийдэр-симэлийэн, бастааҥҥы кэрэ дьүһүнүн кэттэ. Онтон сэрэнэ соҕус:
– Эн оччотугар чахчы Руслан уонна Надя кыыстараҕын дуо? Павлик диэн убайдааххын? Чурапчы Мырылатыттан төрүттээххин? – диэн хос-хос ыйыталаһа олордо.
Маришка тугу да өйдөөбөтө. Ол эрээри бу дьахтар кинилэр олохторугар ханан эрэ сыһыаннааҕын, ону таһынан аҕалаах ийэтин, бэл, убайын хантан билэрин мунаахсыйа сатыы олордо.
– Сир төгүрүк диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Баҕар соһуйуоҥ, Марина, ол эрээри эн… эн аҕаҥ Руслан – мин бииргэ төрөөбүт убайым.
Маришка тугу истибитин отой да итэҕэйбэтэ. Олус соһуйда, бөтө бэрдэрдэ. Мэктиэтигэр кулгааҕа куугунаан, онуоха эбии мэйиитэ эргийэн, хоһун иһэ кус-хаас тойугунан туолан, күөдэллэнэн барда, хараҕа туймаарда. Ханна эрэ Аанчык чаҕаарар куолаһа айманар да айманар.
Онтон өй ылбыттыы, тулатын көрүммүтэ, оронугар чөкөллөн олорор эбит. Аанчык тугу эрэ айманарын, дакаастыырын тохтоппот. Арай хараҕын кырыытынан көрдөҕүнэ, Мария Ивановна икки хааһын түрдэһиннэрэн, көнө мунна кырыыланан, түннүгү мыҥыы турар эбит. Арааһа улахан толкуйга киирбит бадахтаах.
Тура түһээт, дьахтар эмискэ кыыс оронун кырыытыгар кэлэн, сэргэстэһэ олордо. Тугу да ыйыппакка, түннүккэ туран сааһылаабыт санаатын барытын тоҕо тэбээн кэбистэ:
– Дьэ, буолар да эбит. Хаһан эрэ ким эмэ Руслан кыыһын Миичигим таптаабытыттан оҕом маннык муҥҥа-сорго тэбиллиэ диэбитэ эбитэ буоллар, хаһан да итэҕэйиэ суох этим. Ол иһин эһиги хоскутугар тута киирээт, эйигин ханна эрэ көрбүт курдук санаабытым. Олох диэн дьэ дьикти… Аҕаҥ Руслан, оттон миэхэ убайым, миигиттэн биэс сыл аҕа этэ. Кини кырдык, ити эн эппитиІ курдук, олус үчүгэй киһи этэ. Оскуолаҕа киирэрбэр кини номнуо орто кылааска үөрэнэрэ. Ыал улахан оҕото буолан, куруук биһигини көрө-истэ сылдьара. Мин онуоха эбии олус атаах этим. Соруйан оҕолору кытта этиһэн, охсуһан баран, убайбар кэлэн үҥсээччибин. Оччотугар кини дьыаланы бэрт түргэнник быһаара охсооччу. Ол да иһин кинини дурда-хахха, эрэллээх эркин оҥосторум. Оскуолаҕа, университекка да сылдьан, арааһа, биир бастыҥ үөрэнээччи, устудьуон быһыылааҕа. Дьонум да киниэхэ олус эрэнэллэрэ. Бары кининэн киэн туттарбыт. Арай үөрэҕин бүтэрэн баран, аспирантураҕа ыҥырбыттарын аккаастаан кэбиһэн, барыбытын улаханнык соһуппута. Кимтэн да ыйыппакка, сүбэни-аманы көрдөөбөккө Чурапчылаан хаалбыта. Ол сүрүн төрүөтүнэн эн ийэҥ буоларын кэлин билбиппит.
Мырылаҕа бэһис кууруска практикалана тахсан баран, Наадьаны таптаабыт этэ. Ол иһин туох баарын умнан, тугу да быраҕан туран, дьонун тылын ылыммакка Чурапчылаабыта. Ол айыыта онон. Көр, оннук күүстээх тапталга ылларбыт этэ. Ону мин кэлин биирдэ өйдөөбүтүм. Оччолорго мин дьонум олус аймаммыттара. Ордук ийэлээх аҕам иэдэйбиттэрэ. Онтон ыла ийэҕин илэ хаама сылдьар абааһы кыыһыттан атыннык ааттаабат этилэр, толору киһинэн да аахпат быһыылаахтара. Мин эмиэ оннук дии саныырым.
Онтон кэлин оттомуран, олох олорон, Наадьаны аһына саныырым элбээбитэ. Сурах хоту этэҥҥэ олороргутун истэн, испэр үөрэр этим. Ол иһин улахан аньыыбытыгар-харабытыгар Миичик эйигин таптаатаҕа буолуо. Ама да оҕо сааһыттан эйигин балтым дии сылдьыбыта буоллар манныкка тиийэр үһүбүөт? Кыаммат-түгэммэт чугас дьоҥҥун тэйитэр, биллэн турар, иэстэбиллээх буоллаҕа…
Мария Ивановна ити курус уонна киһи өйүгэр тута дэбигис сааһыланан киирбэт кэпсээниттэн сылтаан Маришка элбэҕи эргитэ саныы сытта. Уйан, чараас дууһатыгар эмиэ да аймахтарыттан кэлэйэн, эмиэ да ийэлээх Миичиги аһынар санаата көбөн, бу кэпсии олорор эдьиийэ Мария Ивановнаны өйдүү сатыыр сырдык санаа сүүрээнэ өйүгэр охсулларга дылы. Арай өйдөөн көрдөҕүнэ, Миичик ийэтэ кини аҕатыгар олус да маарынныыр эбит. Оо, бу түгэҥҥэ арай аҕам аттыбар баар буоллун? Туох диэ эбитэ буолла?..
Маришкалаах Мария Ивановна хаан-уруу аймахтар, эдьиийдии-балыс буоланнар эбитэ буолуо, бэйэ-бэйэлэрин биир тыла суох өйдөстүлэр. Аттыларыгар арай туора киһи Аанчык, тугу да өйдөөбөтөҕө, арай айаҕа дьэ сабыллан, чуумпуран, эмиэ бэйэтин иһигэр элбэҕи эргитэ саныы, олох эридьиэстээх, ардыгар киһи өйүгэр үөйбэтэх-ахтыбатах өттүнэн кулахачыйа эргийбитин таайа сатыы олордо.
* * *Аҕыйах хонугунан Миичик таҕыста. Коменданы уонна вахтёру кытта кэпсэтэн, сайабылыанньаларын бэрт түргэнник ыллардылар. Маришкалаах Аанчык туһунан этэ да барыллыбат. Ол туһунан Мария Ивановналыын билсибит күннэригэр тута быһаарсыбыттара. Онон Миичик тахсыбыт күнүгэр ийэлээх аҕата уолларын куорат киинигэр турар 3 хостоох дьиэлэригэр аҕалан, тото-хана аһатан баран, Маришка туһунан бэрт эрэйинэн кэпсээтилэр, хайдах табылларынан өйдөтө сатаатылар. Ол эрээри ийэлээх аҕатын киһини итэҕэппэт сэһэннэрэ Миичик өйүн түөрэ ытыйан кэбистэ. Онуоха ийэтэ ыксаан уолугар убайын хаартыскатын көрдөрдө да, киһилэрэ отой ылыммат курдук туттар. Кини иннигэр хаартыскаҕа олорор киһини билэр эбит эрээри, Маришка аҕата буоларын отой итэҕэйбэт. Дьоно соруйан кыыстан араараары ону-маны саҥараллар диэн өйө-санаата утарылаһар.
Онтон сылтаан киэһэ аны дьоно бэрт эрэйинэн Маришканы булан дьиэлэригэр аҕалан, уол иннигэр Маришка кыратыгар ийэлээх аҕатын кытта түспүт хаартысканы көрдөрдүлэр. Онно сырдык мичээрдээх, ыраас хааннаах кырачаан кыыһы түһэхтэригэр олордубуттарын көрөн, дьэ өйдүүр ийэтин убайа Маришка төрөппүт аҕата буоларын…
Миичик биирдэ өйдөммүтэ таһырдьа турар эбит. Дьоллоох Дьокуускай куорат киэһээҥҥи сөрүүн салгынын түөһүгэр толору эҕирийэн, арыыйда чэпчииргэ дылы гынна. Ол эрээри бу аҕыйах хонук иһигэр түргэнник уларыйа охсубут олоҕун кылгас кэрчигин өйүнэн-санаатынан, эт мэйиитинэн ылыныан баҕарбата. Хайдах Маришка кини балта, уруу-хаан аймаҕа буолуой? Эс, син биир киһи итэҕэйбэт…
Миичик чугас турар киоска диэки эрчимнээхтик хардыылата. Сиэбиттэн аҕыйах мөһөөхтөөҕүнэн хаа табаҕы уонна биир улахан иһиттээх пиибэни атыыласта.
* * *Онтон ыла күн-дьыл Миичиктээх Маришкаттан ыйыппакка бэйэтин киэлитинэн оргууй устан истэ. Арай биир үтүө күн Миичик уопсайтан арыгылаан, охсуһан үүрүллүбүтүн, сааскы сессиятын саппатаҕын таһынан, биир да күн үөрэнэ кэлбэтэҕин туһунан Маришкаҕа дьүөгэтэ Аанчык, этэрбэс араадьыйатын туһанан, сурах хоту кэпсии оҕуста. Маришка эмиэ санааҕа ылларда. Убайыгар хайдах эмэ көмөлөһүөн санаталаата.
Биир киэһэ сыал-сорук оҥостон «саҥа» аймахтарыгар тиийдэ. Бэрт эрэйинэн дьиэлэрин булла. Үнүрүүн массыынанан сылдьыбыта да, саатар, суолун-ииһин быһа-таһы умнан кэбиспит. Биэс этээстээх таас дьиэҕэ кэлбитэ утары тимир домофон тоҥуйдук көрүстэ. Онуоха эбии квартиратын нүөмэрин чопчу билбэт. Хайдах киирэрин мунаара сатыы турдаҕына, хата, ыт оҕотун уһун быанан сиэтэ сылдьар кыра саастаах нуучча кыыһа тахсан биэрдэ. Түгэнинэн туһанан, Маришка иһирдьэ сылыпыс гынна. Сэрэнэн үктэнэн үһүс этээскэ таҕыста уонна хаҥас өттүгэр баар аан звоногун баттаата. Квартиратын 33-с нүөмэрдээҕин дьэ өйдөөн көрдө. Хаста да баттаабытын кэннэ тимир күлүүс хачыгырайа түһээт, дьэ аһылынна. Кыырыктыйбыт баттахтаах, сонос эрээри билигин да үтүө сэбэрэтин сүтэрэ илик саастаах эмээхсин иһирдьэттэн сыапка олуйуллубут аан нөҥүө кылайан көрөн баран, дьиктиргээбиттии Маришканы өр одууласта.
– Үтүө киэһэнэн… Мин бу Маришкабын ээ, Марина Ивановабын. Мария Ивановна баар дуо? – диэн дьиэлээх эмээхсинтэн толло соҕус ыйыталаста.
Онуоха анарааҥҥыта били маа бэйэлээх сымнаҕас сирэйэ таастыйан хаалла. Маришканы, уруккуттан билэр кыр өстөөҕүн соһуйа көрбүт курдук харахтара уоттанан, өтөрү-батары көрөн, баһыттан атаҕар тиийэ кыҥастаста.
– Кимиэхэ үтүө, кимиэхэ мөкү… Сытыган үөдэн, сирэҕэс, оҕобутун ситэри сиэбэккэ гынан баран, аны бүгүн кинини бүтүннүү ыйыста кэллиҥ дуо?! – диэн кэһиэҕирэ барбыт куолаһынан бөөҕүнээн, иннэ-кэннэ биллибэт кырыыс-сата тылларын кутан киирэн барда.
Маришка бөтө бэрдэрдэ. Куолайын туох эрэ бүөлүү анньан кэбистэ. Ону кытта икки иэдэһинэн хараҕын уута сүүрбүтүн билбэккэ да хаалла. Өйүгэр араас санаалар киирдилэр. Кини иннигэр хайалара турарын кыыс тута сэрэйдэ.
– Кимим баар диэҥҥин эн манна кэлэн, өссө дьон ыйыталаһа тураҕын?! Эмиэ ийэҕэр дылы илэ сиэхсит эбиккин. Биир оҕобор топпоккоҕут аны иккиспэр сананныгыт дуо?! Тыыннааҕым тухары икки харахпар көстүмэҥ! Урут даҕаны харалдьыкка хараарбыты, саахха төрөөбүтү ылымматаҕым, билигин да ылыммаппын! Киэр барыҥ! Баҕайылар, сиэхситтэр! Дьүгэлийиҥ! – дии-дии эмээхсин байааттаҥнаан тахсан, икки илиитинэн охсуох курдук салгыны хайыта сууралаата.
Маришка соһуччута бэрдиттэн саҥарар да, эппиэттэһэр да кыаҕын сүтэрэн, икки хараҕар тобус-толору уу баһыылаах тахсар аан диэки ыстанна. Таһырдьа тахсан, сымыһаҕын быһа ытыра-ытыра, атаҕастабыл уонна сэнэбил тыйыс тыынын төрөппүт эбэтиттэн толору билэн, оптуобус тохтобулун диэки сүүрэ турда.
Онтон ыла Маришка майгыта тосту уларыйда. Аймахтарыгар кыһыйан-абаран, ийэлээх аҕатын сырдык ааттарыгар сүгүрүйэн туран, туох баар кыаҕынан, сатабылынан үөрэх-билии улуу муоратыгар төбөтүн оройунан түспүтэ. Ол быыһыгар ийэтин сырдык, ыраас ыратын, аймахтарын сэнэбиллэрин, ыар атаҕастабылларын суурайан, ити санаата кэлин кэнчээри ыччат кэнэҕэскилээх сарсыҥҥытын устун дьулурҕатык, олох тэтимин хоту устан, ханна эрэ ырыых-ыраах симэлийэн хааларга дылы…
* * *Оо, олох, олох…. Эн дьол икки, сор икки аргыстаах, ардыгар түһүүлээх-тахсыылаах, эридьиэстээх, эндирдээх, арыт ыллык буолан тыргыллар, арыт киэҥ аартык буолан арыллар, сороҕор эргэ өтөх суолун омоонугар кубулуйар дьикти-дьиибэ тутуллааххын. Кими эрэ төбөтүттэн имэрийэн, албан ааты уруйдуур, кэскили түстүүр, сүдү талааны, күүһү-күдэҕи иҥэрэр, уйгулаах баайы-дуолу куду анньар, иэйиилээх тапталынан кынаттыыр ийэлии амарах, уйаҕас дууһалааххын.
Ол эрээри төрдү-ууһу, уруу-хаан аймаҕы билиммэккэ, күннээн-күөнэхтээн сылдьар, мин аҕай дэммит, икки атахтааххын, хаһан эрэ иннинэн сирэйдээх син биир эргиллэн кэлэн иэстэһэр, бэйэтиттэн да буолбатар, бэдэриттэн сойуолаһар, кэнчээритин кэнниттэн кэтинчэ да буоларыгар наадыйбат, кими да бырастыы гыммат ураты сиэрдээх айылгылааххын…
Татьяна Находкина-Татыйаана (III миэстэ)
Таптал кыыма сөҕүрүйбэт
Учительскай аанын күүскэ тэлэччи аһан, уон биирис кылаас салайааччыта Валентина Алексеевна тыастаахтык үктэнэн киирэн кэллэ. Кыыһырбытыттан сирэйэ үллэн хаалбыт, тутан турар сурунаалын остуолга күүскэ бырахпытыгар, сурунаал хайа эрэ лииһэ ортотунан хайа барар тыаһа иһилиннэ.
– Кыыһырбыккытын тоҕо сурунаалынан таһаараҕыт? – үөрэх чааһын сэбиэдиссэйэ Елена Егоровна сөбүлээбэтэҕин биллэрдэ.
– Алдьаммыт буоллаҕына абырахтаныллыа, улахан эбит, – Валентина Алексеевна кыыһырбыта ааспат, тохтоло суох илиитин мускунарын быыһыгар төттөрү-таары учительскайы биир гына тилийэ хаамар.
– Валентина Алексеевна, олор эрэ, туох үлүгэрдээх кыыһырдыҥ? Туох буолла? – Елена Егоровна эйэ дэмнээхтик ыйытар.
– Аркадий Анатольевич, ама да ирдэбиллээх учуутал аатырбытын иһин, олус наһаалыыр. Бу үөрэх дьыла түмүктэнээри турдаҕына, Николаев Ньургуҥҥа «иккини» туруорбут. Ньиэрбэм барыта бүттэ. Уол оскуолатын бүтэрдэҕинэ үөрэххэ эбэтэр аармыйаҕа барыа этэ буоллаҕа. Кини да сөбүн иһэр дьонноох буолан эрэйи көрдө. Оҕо кыһалҕатын өйдөөбөттөр, – кылаас салайааччыта, сибилигин Аркадий Анатольевиһы көрсө түстэҕинэ, аахсарга бэлэм курдук туттар-хаптар, идэтинэн бинсээгин тохтоло суох аллара тардыммахтыыр.
– Ньургун Николаев, дьиҥинэн, тылга үчүгэй. Кэпсиир дьоҕурдаах. Мин саныахпар, историческайга эбэтэр юридическайга киириэн сөп, – Матрёна Григорьевна, история учуутала, кэпсэтиигэ кыттар.
– Сөпкө этэҕин. Булкуллар, ол иһин Биир кэлим эксээмэҥҥэ историятын, обществоведениетын эмиэ талбыта ээ, – кылааһын салайааччыта сөбүлэһэн, тохтоло суох кэҕиҥниир.
– Валентина Алексеевна, чэ, уоскуй, киһи наһаа өлөр-быстар проблемата буолбатах эбит. Учуутал үөрэнээччи олус наһаалаабытыттан кыһыйан туруорда ини. Уопсайынан, уон бииристэр учууталлары олус эккирэтиннэрэллэр. Эксээмэннэрэ муннуларын анныгар ыган кэлбитин да кэннэ кыһамматтар. Араастаан таҥна-таҥна уулуссаны эрэ кэриимнииллэр, – Альбина Николаевна, нуучча тылын уонна литературатын учуутала, бэйэтин санаатын биллэрэр.
– Чэ, ол Николаев Ньургун араастаан уларыттар-симэнэр таҥаһа да суох. Булан эттэххин, – Валентина Алексеевна өһүргэнэн, ааны күүскэ тыастаахтык сабан тахсан барар.
– Ама да кылаас салайааччытын иһин, олус көмүскэс. Бэйэтин төрөппүт оҕолоругар итинник өлөн-быстан кыһаныа суоҕа.
– Оннук, ол иһин ити кылаас учууталлары аанньа ахтыбат. Хаардыы хаамаллар.
– Ити быыһыгар кылаас салайааччытыгар, тустаахха, күн ахсын иһэр-аһыыр төрөппүтү кытта алтыһара эмиэ ыарахан. Дьиҥинэн, ыарахан кылааһы ахсыстан ыла сыһан-соһон сүрдээҕин үлэлэстэ. Хайа да учуутал ити кылааһы ылыан баҕарбатаҕа эбээт. Оҕолор төрөппүттэринээҕэр да үгүс бириэмэни атаарар быһыылаах, – учууталлар буолбут айдааны ырытыһан, аймалаһа түһэллэр.
Ити кэмҥэ Аркадий Анатольевич сурунаал кыбыныылаах, илиитэ бүтүннүү миэл буолан киирэн кэллэ.
– Хайа, Аркадий Анатольевич, тыыннааххын дуу? Сибилигин Валентина Алексеевна сиэх-аһыах курдук туттан-хаптан тахсыбыта, – Матрёна Григорьевна күлэ тоһуйар.
– Суох… Оҕолорун көмүскэһэн дьаабыланар ини. Билигин көрүдүөргэ утарыта ааһыспыппыт. Ол иһин ылардаах баҕайытык көрөн ааспыта. Николаев Ньургуҥҥа хайдах да «үһү» туруорар кыаҕым суох. Үөрэппэт. Үөрэтэрэ-ааҕара буоллар «түөркэ» да үөрэниэн сөп. Эбиитин сүрэҕэ суох, – Аркадий Анатольевич тирээпкэ булан илиитин соттор.
– Чэ, уһун перемена бүттэ. Бары да оҕолор тустарыгар буһа-хата сылдьаммыт бэйэ-бэйэбитин кэрбэһэн аҕай биэрэбит. Ньургун үчүгэйдик үөрэниэн дьиэтигэр усулуобуйата суоҕун бэркэ диэн билэбит, олус тутуспакка, үөрэҕин бүтэртэрэн кэбиһиэххэ баар этэ. Онтон кутуруктуу оонньоотохпутуна, бука, эһиил эксээмэн туттара кэлэрин, дьэ, билбэтим. Аармыйаҕа барыа, онтон харахпыт ортотугар, ханна да үөрэммэккэ-үлэлээбэккэ, дэриэбинэҕэ ускул-тэскил сылдьара чуолкай. Онон тугу туһанабыт? – Анна Денисовна, кырдьаҕас учуутал, сөбүлээбэтин биллэрэр.
– Оччоҕуна тоҕо үөрэтэбит? Үөрэппэккэ таһаартаан иһиэҕиҥ ээ, – Аркадий Анатольевич эппитин төлөрүтэр санаата суох.
– Баччааҥҥа диэри билии биэрдэрбит диэн үөрэтэ сырыттахпыт дии. Ол эрээри, оскуоланы бүтэрэллэрэ балтараа ый хаалбытын кэннэ, тутуһар-хабыһар табыллыбат. Оҕо инники дьылҕатын эмиэ өйдүөххэ наада, – Анна Денисовна, кэпсэтии бүппүтүн түмүктээн, улахан тэскэйбит суумкатын ылан, тахсан барар. Кини алын кылаас учууталынан 35 сыл үлэлээн, төһө да билигин 60 сааһын туоллар, оскуола администрацията тохтотуон баҕарбат. Үөрэнээччилэргэ чиҥ билиини биэрэринэн, улууһу ааһан, өрөспүүбүлүкэ биир тарбахха баттанар үтүөлээх учуутала.
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «ЛитРес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на ЛитРес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.
Вы ознакомились с фрагментом книги.
Для бесплатного чтения открыта только часть текста.
Приобретайте полный текст книги у нашего партнера:
Полная версия книги