«Ким эрэ этиэҕэ кинилэр улугуруу кэмин оҕолоро диэн. Оттон биһиги бэйэбит ону ылыммаппыт. Биһиги икки тутул уларыйыытын быыһык кэмин түһүүтүн-тахсыытын эппитинэн-хааммытынан билбит, үөрэххэ социализм бириэмэтигэр киирэн баран, капитализм тыына биллэн эрэр букатын атын кэмҥэ бүтэрэн, олох киэҥ аартыгар үктэммит дьикти дьылҕалаах көлүөнэ буолабыт. Бу сэһэн биһиги көлүөнэбитигэр ананар…». Үс кыыс ол уустук кэмҥэ тус суолларын-иистэрин булуналлар, түһүүлээх-тахсыылаах олох очурун-чочурун тоһуурдарыттан мүччү көтөллөр, тапталы, дьолу көрдүүллэр.