– Этэҕин ээ, олоҕор табыллыбакка төһө да ускул-тэскил сырыттар, судургута, көнөтө, туох да албына-көлдьүнэ суох, ис санаата үчүгэйэ бэрдэ. Кэргэнэ, оҕото хас да сыллааҕыта массыына саахалыгар өлбүттэр үһү. Улаханнык истэҕинэ наар ону ахтан, ытаан-соҥоон биэрээхтиирэ. Ол иһин аһыы олорон арыгыбытын киниттэн кистээн утуйбутун кэннэ иһэрбит. Өлүүтүн хайаан да ордорон сарсыарда иһэригэр уурарбыт. Ким да киниэхэ сыстаҥалыы, сарбаҥныы барбат буолара. Бэйэтэ да ити чааһыгар түһэн биэрбэт кытаанах киһи этэ. Буомус буолла да бүппүт киһи дии саныыллара буолуо да, барыта оннук буолбатах. Биллэн турар, сорох дьахталлар арыгылааххын, харчылааххын биллэллэр эрэ сыҥаланан сырса сылдьар буолааччылар. Хайа баҕарар дьиэ анныгар тиэрэ көтүөххэ сөп.
– Хата, инньэ диэбиккэ дылы, биир эмэ бытааһаҕы көрсүбүт киһи бэрт буолуо этэ, – Күөх Харах ойон туран, илиилэрин сиэптэригэр уктан баран төттөрү-таары хааматалаата.
– Бу киһи омунун. Сүүлүргээбит атыыр куоскаҕа дылы буолан түһэн. Аһыы олорон эмиэ тугуҥ тэһэ кэйэн тура эккирээтиҥ? Сандалыбытын түҥнэри көтө сыстыҥ дии.
– Кырдьык даҕаны, кэпсэтэ олорон бэйэм да өйдөөбөккө хааллым, – Күөх Харах кулук-халык тутунна. – Бииртэн кыһыйабын ээ. Нуучча бииһин нуучча киһитэ саараама тарбаҕын да төбөтүнэн таарыйыа суоҕа, оттон саханы ким барыта оҕотугар тиийэ охсо-тэбэ атаҕастыы сылдьыахтарын сөп.
– Хата, инньэ диэ. Былырыын бөхтөргө түбэһэн баран куотабын диэн дубинканан атаҕым быччыҥын быһа оҕустаран кэбиһэн, нэһиилэ содьороҥноон иһэн Аанчыгы көрсө түстүм. Туохха, хайдах дэҥнэммиппин ыйыталаһа түһэн баран, өйөөн-убаан дьиэ анныгар киллэрдэ. Көрдөр диэтэ. Сатахха, кыараҕас баҕайы ыстааны кэтэ сылдьабын, нэһиилэ көмөлөөн уһуллубут. Туруусук эҥин диэн кэлиэ баара дуо. «Кыбыстыбыта буолан кыймаҥнаама, оччолооҕу көрүллүбүтэ» диэн саба саҥаран кэбистэ. Буутум күп-күөх буола сүүлэ иһэн тахсыбытын тутан-хабан, баттыалаан көрөн баран манна күүт диэт, элэс гынан хаалла. Мин хамсыыр да кыаҕа суох халлаан хараҥарыар диэри олордум. Албыннаан, харчылаах дьону көрсөн иһэ-аһыы барсан хаалыа диэҕи, Аанчыгы билэрим бэрт буолан, бүк эрэллээхпин. Кэтэстэххэ бириэмэ сыыллан түһэн бытааныан, кэмниэ кэнэҕэс тиритэн-хорутан ахан кэллэ. Бааспын дьуотунан сотон баран, биинтэнэн ыбылы тардан бэрэбээскилээн кэбистэ, укуол эҥин оҥордо, олох хамсатыма диэн сэрэттэ. Балтытыгар сылдьан күтүөтүн таҥаһыттан ис таҥас, киэҥ ыстаан эҥин аҕалбыт. Хабаровскайга быраас үөрэҕин бүтэрбитин туһунан кэпсээбитэ. Ол курдук миигин уонча хонук эмтээн, ньээҥкэлээн үтүөрдэн турар.
– Чэ, бу үрүүмкэни кини сырдык кэриэһин туһугар иһиэххэйиҥ, – Турантай, үөһэ тыынан баран, өлүүтүн тэп гыннаран кэбистэ.
– Аанчык, эн сырдык дууһаҥ бу аньыылаах-харалаах сиртэн арахсан, ырайга тиийэн, кэргэниҥ, оҕоҥ дууһаларын кытта көрсүбүтэ буолуо диэн санаабытын алы гыныаххайыҥ. Ити гынан хас сааһыгар өлбүтэ буолуой?
– Миигиттэн үс хас сыл балыс этэ, оччотугар отутуттан саҥардыы тахсан эрдэҕэ буолуо.
– Па, олох оҕо эбит дии, мин өссө түөрт уонуттан лаппа тахсыбыт курдук көрөрүм ээ. Барахсан былыт быыһыттан күн көстөн ааспытын курдук кылгас олоҕу олороохтообут эбит. Сатахха, оҕо-уруу хаалларбакка, имниин сүттэҕэ.
– Чэ, уолаттар, бачча аһыы олорон кутурҕаннааҕы кэпсэтэн бүтүөххэ. Јлбүт өлбүтүнэн, биһиги, тыыннаахтар, инники өттүбүтүн толкуйдуохтаахпыт.
– Бу аспыт сотору бүтүө, онтон сарсын быыс-хайаҕас булан, сымса туттунуубутунан кып гыннаран хонноххо уктуу эҥин туһунан сүбэлэһиэххэйиҥ. Биһиги оҕо дьиэтигэр олорон барытын эрдэттэн былаанныыр буолар этибит, – Күөх Харах кэпсэтиини атыҥҥа иэхтэ.
– Табыллыбатахпытына тутуллуохпут, оччоҕо – кырата үөҕүллүү, үүрүллүү. Ортото – охсуллуу, кырбаныы. Улахана – сууттаныы уонна хаайыллыы, – Турантай сөбүлээбэтин биллэрдэ.
– Инньэ диэн оттон олох хаамыыта оннук буоллаҕа дии. Аччыктаан, ымсыыран, эбэтэр ордук санаан, бэлэмҥэ дураһыйан оннукка тиийиллэр. Оннооҕор халаан, уоран, уматан номоххо киирэн дьоруой буолбут дьон бааллар дии. Холобур, сааһын тухары хаайыыга сыппыт Манчаары аатын туохха барытыгар сыбыыллар, бэл тыыннааҕар дьөрү кулун да ыһыаҕар күрэхтэспэтэх киһи аатынан спорка сыһыаннааҕы барытын ааттыыллар. Омуоча да аатын дьон умнубат. Биһиги, олоро сылдьыбыттар, кинилэр ааттарынан киэн туттабыт, ыллык үктээбит суолларын салҕааччылар курдук сананабыт.
– Билиҥҥи биһиги олохпут уоруйахтарын, хаайыылаахтарын аны сүүс сылынан кэрэ кэпсээн, сэргэх сэһэн гынан сэһэргиэхтэрэ дуо? – Күөх Харах мин да Манчаарыттан туох улахан уратылаах үһүбүн, арыый уҥуоҕум эрэ үрдүк ини диэх курдук тутунна-хабынна.
– Саарбах! Былыр уоруу суоҕун тэҥэ буоллаҕа дии, билигин оннук дьаллыктаах дьоммут элбэхтэрэ бэрт. Аны анал ааттара да суох, нуучча киһитин аатынан араспаанньалаах дьон киэҥ Сахабыт сирин устатын тухары ыһар буор курдук элбэхтэр, онтон кими иилэн ылан аатын үйэтитиэххиний? Уоруу, талааһын туһунан ирэ-хоро кэпсэтии дьиэ анныгар саһан олорооччуларга эрэ тэнийэн эрдэҕэ. Ол да биллэн, урукку уоруулара ыраас мууска ууруллан, сууттанан, хаайыыга баран эрдэхтэрэ. Сүөһү эриэнэ таһыгар, киһи эриэнэ иһигэр диэн мээнэҕэ эппэттэр. Огдолуйбут олохтоох ороойко диэбитиҥ опер буолуо. Биис диэбитиҥ бэлисиэйскэй буолан соһутуо. Ол иһин сэрэтэн эрдэхтэрэ салгыннаахха саҥарыма, дьыбардаахха тыыныма диэн. Тыл уҥуоҕа суох дии-дии, мээнэ кулдьугуруу-халдьыгырыы, кэпсии-ипсии сырыттаххына түүнүктээх түрмэни начаас булларыахтара. Уһун тыллаах, халбас харатын тутуспут киһи бүгүн баар, сарсын суох! Табыллыы эбэтэр алдьаныы, иккиттэн биирэ күн аайы күүтэн турдаҕа. Эрэй, кыһалҕа оту-маһы кэрийбэт, киһини булан эрдэҕэ. Күҥҥэ түөрт уон түөрт оһол төрүөт төрдүн туоруугун, оччоҕо бу бороҥ урааҥхай мутугунан быраҕар муҥур үйэтигэр төһөлөөх моһолу мүччү түһэрэ буолуой?
Арыгы алыптаах дьаатыгар ылларбыт сордоох дьиэтин-уотун, ойоҕун-оҕотун быраҕан, бэйэтин көҥүлүнэн уулусса киһитэ буолан, тото-хана аһыырыттан, итирэ-кутура арыгы иһэриттэн атыҥҥа төбөтө ыалдьыбат, атын кыһалҕа кыһарыйбат, үлэлиэн-хамсыан баҕарбат, арыгы туһугар тугун барытын биэриэ этэ да, туга да суох буоллаҕа. Ол иһин албыннаан, эрэннэрэн, уоран, умнаһыттаан, былдьаан-талаан, булбутун атыылаан, батаран иһэр, аһыыр. Ол кэмҥэ бэйэтин булугас-талыгас уол оҕотунуу сананар, эр киһи үс-түөрт кырыылааҕынан ааҕынар.
– Эн, Кэриспэндиэн, кырдьык, хайдахтаах да ыарахан балаһыанньаҕа түбэстэххинэ, үүтү-хайаҕаһы булан, син биир ууттан кураанах тахсыаҕыҥ. Тоҕо диэтэххэ, олоҕу чэпчэкитик ылынаҕын, барыта табыллыа, сатаныа диэн бэйэҥ санааҕар бэйэҥ эрэнэн, хоҥоруугар тугу да хоннорбоккун.
– Тпу-тпу! Үстэ силлээ. Киһини хаһан да сирэйигэр хайҕаабат баҕайыта. Быһа кымньыылааһын курдук, кырыыстааҕар охсуулаах буолан тахсыан сөп. Мин элбэхтэ эчэйбит, ыарыыны эппинэн-хааммынан билбит киһи бити-билгэни итэҕэйэр буоллум эбээт.
– Бииртэн сонньуйабын, бу орто туруу-бараан дойдуга кылгас кэмҥэ олорон ааһаары, умса-төннө түһэн хайдах да бай-тай, дуоһунастан, күннээ-күөнэхтээ, анараа дойдуга кими да «үрүсээктээх» ылбаттар, бары ийэттэн хайдах кэлбиппитий да, оҕурдук сыгынньах барыахпыт турдаҕа.
– Эс, наһаа оннук тэҥ буолбата ини. Баай, элбэх харчылаах дьон күн кыһалҕата суох олороллоро буолуо. Баҕардахтарына, ханнык баҕарар кыһалҕаны быһаараллар, тугу барытын атыылаһаллар, ол иһигэр доруобуйаны эмиэ. Өллөхтөрүнэ даҕаны лаахтаах дууп хоруопка угуллан, анал, бастыҥ миэстэҕэ боростуой дьонтон ойуччу сытыахтара, – Турантай ымсыырбыт санаатын таһыгар таһаарда.
– Бээ, мин кинилэр олохторун-дьаһахтарын син билбэхтэһэбин, наһаа чэчирээбэтэх дьоннор. Үгүстэрэ бэрт кыраттан саҕалаан үрүҥ харахтарын өрө көрбөккө күннэри-түүннэри үлэлээн тахсаллар. Аны атахтарыгар турдахтарына сойуолаһыы-сонордоһуу саҕаланар. Мин биир бэйэм онно эмиэ кыттан турабын, саалаах-сэптээх киирэн дьиэ кэргэннэрин кыдыйыах буолан саанарбыт. Төһөнөн баайгын, кыахтааххын, балаһыанньалааххын да, соччонон үгүс өстөөхтөөххүн, чуумпу олоҕуҥ уйгута ыһыллар. Иннилэрин-кэннилэрин кэтэнэ сылдьыахтарын наада.
Биир эмэ сыыһа хамсаныыны оҥорон биһиги кылыыбытын үктээн биэрдилэр да, уон оччонон төлөтөрбүт. Быһата, киһи ымсыырбат олоҕо. Аны туран сымыйа сурах-садьык ыытан түҥнэрэ сатааһын баар. Тугу да гыммакка тиэрэ түһэн сытан көмөлөһүннэрэ сатааччы да элбэх. Били, этэллэригэр дылы, баай уот тэллэххэ, дьадаҥы куобах суорҕаҥҥа утуйар диэн өс хоһооно сөп түбэһэр. Кинилэр төһө да сүүрэн-көтөн оскуола-дьааһыла, атыы-эргиэн онтон да атын тутуулары ыыттардыннар, дьон-сэргэ махталын син биир ылбаттар. Ити барыта көлдьүн, ким да өйдүө, сыаналыа суоҕа, «баай, харчылаах буолан баран, ама, ити сыыһын оҥорторуо суоҕа дуо, бэйэтэ итинтэн төһөнү эмэ туһаннаҕа?» диэн буолуохтааҕын курдук ылыналлар, өссө эбии ыан ыла сатыыр, сиилиир, ордугурҕуур сыһыан үгүс буолар.
* * *Сарсыарда халлаан суһуктуйа сырдыыта хаһан да сууйуллубакка-сотуллубакка, киринэн-хаҕынан, муус кырыанан бүрүллүбүт дьиэ аннынааҕы түннүктэринэн сырдык барбах эрэ туртайда. Киирэр-тахсар аан сотору-сотору аһылларыттан-сабылларыттан, атах тыаһа араастаан тоһугурууруттан сылыктаатахха, сарсыарда буолбута билиннэ.
– Һуу, өр да кэтэстим бу сарсыарданы, олус да өлөттөрбүппүн.
– Этимэ даҕаны бу тастан аҕалар арыгылара улахан алдьатыылаах ас быһыылаах, чэпчэкитин аанньа ылан сордонобут ээ. Онно эбии топпоккобут түүннэри таксистартан таракаан эмин эбэн тупсаран оҥорбут сомогуоннарын ылан алдьанныбыт.
– Оннук эбит. Олох сэниэ-сээбэс эстибит. Сүһүөхтэрим тип-титирэстэр, хап-хачыгырастар, босхо баран ыһыллан хаалбыт курдуктар.
– Хайдах гыныахпытый, таһырдьа тахсан сүһүөхпүтүн тэнитиэххэйиҥ. Тымныы, ыраас салгынынан тыыннахпытына арыый дьэгдьийэр инибит.
– Оннук, тахсан дьиэ таһын ыраастааччылар биригэдьиирдэригэр Бөтүрүөбүскэ баран ханнык дьиэлэр тастарын хомуйтарарын ыйытыахха, арба бэҕэһээ «Байылыат» маҕаһыын таһын ыраастаарыҥ диэбитэ ээ.
– Сөпкө эттиҥ. Эһиги көнөтүк онно барыҥ, мин дьааһыктары кэрийэн көрө-көрө тиийиэм, баат биэрдэҕинэ тугу эмэ булуом, тардыллан хааллахпына күүтээриҥ. Тоһоҕолоон сэрэтэбин, үлэлиир маҕаһыыҥҥытыттан тугу да уорбаккыт, ылбаккыт. Сыыһа-халты саҥаран өһүргэтэ сылдьаайаххытый, тугу дьаһайалларын тук курдук толороҕут. Уора сылдьан тутулуннаххытына иэдээн, быстардахха аһыыр-таҥнар хаһаас сирэ суох хаалабыт. Ол кэриэтин көнөтүнэн сылдьан үлэлээн, бас билэр чааһынай үүттээх ынахпыт курдук күн аайы ыан ыла сылдьарбыт быдан ордук. Өйдөөтүгүт ини.
– Оннук-оннук, көрсүөххэ диэри, барыта этэҥҥэ буоллун. Эн, Турантай, бу күн сиригэр арыый уһуннук олорбут киһи сиэринэн сөрү-сөпкө сөллөҥнөөтүҥ, бэри-бэркэ бэллэҥнээтиҥ. Кырдьаҕаһы хааһахха укта сылдьан сүбэлэт диэн ол иһин этэн эрдэхтэрэ. Хата, биһиги туспутугар үрдүк айыылартан көрдөһө хаал, саҥа үүммүт күн дьолу-соргуну тосхойдун, эрэлбит эстибэтин, модун санаабыт булгуруйбатын диэн.
– Бээ эрэ, өссө биири этэрдээх эбиппин. Аргыый аҕай, тыаһа суох, дьон уорбалаабатын курдук, биир-биир тахсыҥ. Мин эһиги кэннигититтэн балачча буолан баран батыһыам. Араас дьон баар буолар, аны полицияҕа биллэрэн айдааны таһаарыахтара. Кими да кутуруккутугар сөрөөн манна үктэннэримэҥ. Бу эргин маннык бүөмчү сири булар саарбах, саппаас дьиэ оҥостуо этибит буоллаҕа.
Турантай, соҕотоҕун хаалан баран, ааспыт олоҕун эргитэ санаан төбөтүн хам туттан хараастан олордо. Бастааҥҥыттан орто дойдуга оройунан түһээт, дьоллоох оҕо саас диэни билбэтэҕэ. Киһини өйдүөҕүттэн тулаайах буолан ийэ, аҕа сылаас тапталынан угуттамматаҕа. Хата, баччаҕа кэлиэх быатыгар тастыҥ эдьиийигэр эҥээрдэһэн борбуйун көтөхпүтэ. Ол соҕотох, хаһан да эргэ тахса сылдьыбатах, оҕо-уруу төрөппөтөх кырдьа барбыт эдьиийэ киҥэ-наара холлоро, хаппырыыстыыра баа буолуо дуо. Ону уйбакка, саҥардыы чороччу улаатан иһэн элбэхтэ уулуссаҕа сылдьарын, маннык олоххо тиийиэхтээҕин биттэммиттии, олох сирбэт этэ. Барыта хайдах эрэ көҥүл, туох да буойуу-хаайыы суох, үчүгэй баҕайы курдуга. Уруогун төһө да аахпатар, айылҕаттан бэриллибит дьоҕурунан оскуоланы куһаҕана суохтук бүтэрбитэ.
Онтон, дьэ, өйүн туппут курдук буолан, үрдүк үөрэххэ киирии эксээмэннэрин улаханнык ыарырҕаппакка туттаран, устудьуон үрдүк аатын сүкпүтэ. Дьоллоох-соргулаах эдэр саас сатыылаабыта. Ол үөрэнэ сылдьан кырасыабай, үчүгэй дьонноох-сэргэлээх эмчит үөрэҕэр үөрэнэр кыыһы кэргэн ылан, кыыс дойдутугар тахсан икки сүүс киһилээх сыбаайба оҥорон ньиргиппиттэрэ. Иннилэригэр барыта сырдыгынан эрэ сыдьаайар курдуга. Өр буолбатаҕа, утуу-субуу икки кыыстаммыттара, онтон кэтэһиилээх уол оҕо төрөөбүтэ. Ойоҕо үөрэҕин бүтэрэн, балайда хамнастаах үлэлээҕэ. Арай Турантай сирбитэ-талбыта буолан, хас да үөрэххэ киирэ-киирэ быраҕаттаабыта. Кэнники, кэргэнэ дэлби күһэйэн, биир үөрэҕи син бөрөөбүт курдук буолбута. Ботуччу соҕус хамнастаах алмаастаах кыраайга тиийэн дьиэ-уот тэринэн уонча сыл этэҥҥэ олорбуттара. Онно олус тото өлөн, ыт баһа көмүс кытахтан төкүнүйбүтүгэр дылы, олох дьэбэрэтигэр тимирбитэ. Ол төрүөтэ күөх моҕойго аһара убаныыттан, барытыгар ээл-дээл сыһыаннаһыыттан этэ.
Алмаастаах кыраайга харчы эргиирэ маннааҕар ботуччу буолан, наркоман аймах элбэҕэ. Сорох түүн арыгылаан баран, сарсыарда баһыҥ хайа барар туруктаах баран иһэн бэйэҥ курдук балаһыанньалаах, таҥастаах-саптаах киһини көрсөн үөрэ түһэҕин. Сүбэни холбоон, ону-маны кучу-мачы гынан арыгы кыттыһан атыылаһыахпыт дии саныыгын. Онтуҥ баара, киһиҥ ханнык эрэ кыраасканы, лааҕы көрдүү сылдьар токсикоман буолан хомотор. Сорох ардыгар ол киһиҥ «косяк» диэн аатырар көлөпүнэни көрдүү сылдьар буолан кыһытар. Сорох букатын да испириискэ наадыйар. Хата кини ол дьаллыктарга сыстыбакка наар арыгыттан күнүн таһаарара.
Билигин ону санаан кэллэҕинэ «дьылҕам утума аллара ыйа сылдьар буолбутун кэннэ хайыахпыный» диэн бэйэтин алы гынан уоскутунар. Аны кэлэн тоҕоноҕу кирэн да диэн, туох туһата кэлиэй, ынах тириитин иккистээн сүлбэккин, төннөр суол суох, барыта буолуохтаах буолан манныкка тиийдим ини дии санаан арыый көхсө кэҥээбит курдук буолан, хам туттан олорор илиитин төбөтүттэн араарда.
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «ЛитРес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на ЛитРес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.
Вы ознакомились с фрагментом книги.
Для бесплатного чтения открыта только часть текста.
Приобретайте полный текст книги у нашего партнера:
Полная версия книги