banner banner banner
Саха аныгы ыалын сандалыта
Саха аныгы ыалын сандалыта
Оценить:
 Рейтинг: 0

Саха аныгы ыалын сандалыта

Саха аныгы ыалын сандалыта
Валентина Григорьевна Семенова

Кинигэҕэ билиҥҥи саха ыала күн аайы тото-хана сиир араас аһын эрэсиэбэ киирдэ. Бу сүбэлэри туһанан дьиэ хаһаайкалара чугас дьоннорун минньигэс аһынан күндүлүөхтэрэ. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.

Саха аныгы ыалын сандалыта

ААН ТЫЛ

«Сүүс киһи санаата биир» диэн, «аһылык» таайыылаах саха таабырына баар. Аны «Олоробут аһыыр туһугар, аһыыбыт олорор туһугар» диэн этии эмиэ баар. Ол да курдук хайа баҕарар киһи, баҕарбатар даҕаны, ас туһунан санаатыгар оҕустаран ылара элбэх бөҕө буоллаҕа. Оттон дьиэ хаһаайката барахсан сарсыардаттан саҕалаан, күнү туура «дьоммун тугунан аһатабын, тугу астыыбын» диэн санаан, толкуйдаан ылара кэмэ суоҕа биллэр. Онон, биһиги бу кыракый кинигэбитин эдэриттэн-эмэниттэн тутулуга суох бука бары саха дьахталларыгар, иэримэ дьиэ иэйэхситтэригэр аныыбыт.

Кэлиҥҥи сылларга нууччалыы да, сахалыы да тылынан өҥнөөх ойуулаах, үчүгэй кумааҕылаах, үрдүк полиграфическай оҥоһуулаах кулинарнай кинигэлэр дэлэйдилэр. Итилэртэн биһиги кинигэбит уратыта диэн, ас эрэсиэбин састаабын аттынааҕы маҕаһыынтан, бэйэбит оҕуруоппутуттан кэбэҕэстик булуохха сөбө буолар. Манна киирбит бүлүүдэлэри хомуйан оҥорооччулар бэйэлэрин астыыр кинигэлэриттэн устан, аймахтарыттан, билэр дьонноруттан ыйыталаһан оҥордулар.

Чэ, онон, күндү дьүөгэлэр, дьиэтээҕилэргитин сонун аһынан күндүлээн үөрдүҥ, чугас дьоҥҥут истиҥ-иһирэх махталларын ылыҥ!

Бурдук аһа

Саха аһа

Саха лэппиэскэтэ (Тарбаахаптыы)

Састааба:

1 ыстакаан сибиэһэй эбэтэр аһыйбыт үүт, ыстакаан аҥаара оргуйбут уу,

10 г суода,

3 ыстакаан бурдук, итинтэн биирэ хара бурдук,

10 г туус.

Үүтү, ууну, тууһу уонна суоданы холбуу булкуйабыт. Ити кэннэ бурдугу кутан, түргэн туттуунан тиэстэ кытаатан, илиигэ сыстыбат буолуор диэри мэһийэбит. Мэһиллибит тиэстэни хаппахтаах иһиккэ 15—20 мүнүүтэ туруорабыт. Ити кэнниттэн ытыс тилэҕинэн баттыалаан, 1,5 см халыҥнаах лэппиэскэ оҥоробут. Сирэй өттүн сүөгэйинэн эбэтэр үүтүнэн сотобут. Ол кэнниттэн биилкэнэн дьөлүтэ анньан ойуулуубут. Духуопканы орто температуратыгар туруорабыт. Буһарыы уһуна 20—25 мүнүүтэ. Буспут лэппиэскэни духуопкаттан таһааран ойоҕоһунан ууран сойутабыт.

Саха лэппиэскэтэ

Састааба:

1 паачыка кефир

эбэтэр аhыйбыт үүт, 1 чаайынай ньуоска суода,

0,5 чаайынай ньуоска туус, бурдук.

Кефири нэлэгэр миискэҕэ кутабыт уонна суода эбэн баран, күүгэннириэр диэри булкуйабыт, ытыгынан ытыйыахха сөп. Ол кэннэ туус уонна бурдук эбэн, бастаан ньуосканан, онтон илиинэн сымнаҕас гына мэhийэбит. Кыратык сытыара түhэбит, онтон бөлүөгүнэн 2—2,5 см гына тэнитэбит. Биилкэнэн үрдүн тэhитэ кэйэн баран, духуопкаҕа уган саhарыар диэри буhарабыт. Духуопка аанын мээнэ арыйбакка, кыратык аппатан көрүөххэ сөп. Таһааран баран, арыынан үрдүн сотон ылабыт уонна сотторго суулаан туруору ууран сойутабыт. Бу тиэстэни арыыга буhарыахха эмиэ сөп. Олус минньигэс буолар. Онуоха тиэстэни арыый чараастык 0,7—1 см гына тэнитэбит, биилкэнэн тэhитэ кэйэбит уонна квадрат гына бысталаан баран, мас арыытыгар ыhаарылыыбыт.

Көбүөрдээх лэппиэскэ

Аһыйбыт үүккэ бурдук, туус кутан тиэстэ мэһийэбит. Остуолга кутан, биир илии халыҥнаах гына хаптатабыт, үрдүн үүтүнэн эбэтэр сүөгэйинэн ньалҕаарыччы сотобут. Биилкэнэн тэһэ анньан ойуулуубут уонна итии духуопкаҕа буһарабыт. Сойбут лэппиэскэни кыра гына кырбыыбыт уонна көбүөрү кутан булкуйабыт. Минньигэс буоллун диэн көбүөргэ дьэдьэн эбиэххэ сөп.

Көбүөрдээх лэппиэскэ, хайах

Көбүөр:

500 г ынах арыыта (сливочнай арыы), 2,5 ыстакаан үүт. Лэппиэскэ:

100 г аһыйбыт үүт, 250 г бурдук, туус.

Бастаан лэппиэскэ буһарабыт. Аһыйбыт үүккэ суода кутан оҥордоххо, сымнаҕас буолар. 2 киилэ көбүөргэ 800 г курдук арыы наада. Бастаан сылаас үүтүнэн арыыны ытыгынан сымнатабыт. Үчүгэйдик сымнаабытын кэннэ сылаас үүтү, онтон итиччэ тымныы үүтү кутан баран күүскэ ытыйабыт. Ол курдук мөлбөркөй буолуор диэри сылаас, тымныы үүтү кутан тохтоло суох алларанан соҕус ытыйыахтаахпыт. Көбүөр лэппиэскэҕэ сыстар буоллаҕына, бытарытыллыбыт лэппиэскэҕэ кутан мас хамыйаҕынан булкуйабыт уонна сонно кыра иһиттэргэ кутан сойутабыт эбэтэр тоҥоробут. Хайах эмиэ итинник оҥоһуллар эрээри, дьэдьэн, отон, сугун кутан, күөрчэх курдук тоҥорон да, сибиэһэйдии да сиэххэ сөп.

Алаадьы

Састааба:

үүт – 300 г,

2 сымыыт, ыстакаан аҥаарыттан арыый ордук уу,

510 г бурдук,

180 г кулинарнай сыа эбэтэр мас арыыта, 10 г туус.

Иһиккэ ууну, үүтү, сымыыты, тууһу кутан сымыыт холбоһуор диэри ытыйабыт. Ити кэнниттэн сиидэҕэ үчүгэйдик сиксийиллибит бурдугу кутан, хойуу сүөгэй курдук буолуор диэри ытыйан тиэстэни бэлэмниибит. Үчүгэйдик сылыйбыт хобордооххо арыыга буһарабыт. Алаадьы тиэстэтэ төһө кыалларынан биир тэҥник баһыллан кутуллуохтаах уонна эргитэ сылдьан буһарыллыахтаах. Алаадьыны кытары ууллубут ынах арыытын эбэтэр сылаас көбүөрү, күөрчэҕи, барыанньаны уурабыт.

Саха баахылата

850 г бурдук,

3 ыстакаан үүт,

1 ыстакаан оргуйбут уу,

100 г саахар,

2 сымыыт, туус, баахыла тимирин оҕунуохтуурга – кулинарнай сыа. Тиэстэтэ алаадьы тиэстэтинээҕэр арыый хойуу буолар.

Баахыла тимирин эрдэ сылытабыт. Сылыйбыт халыып тимир аллараа сыҥааҕын кулинарнай сыанан оҕунуохтуубут уонна тиэстэни баһан ылан, халыып аллараа сыҥааҕа сөп буоларынан кутабыт. Ити кэнниттэн халыып үөһээҥҥи сыҥааҕын оҕунуохтаан баран, уокка уурабыт. Эргитэ сылдьан буһарабыт. Буспут баахыланы тимиртэн ылан, туруору сойута уурабыт.

Саламаат

Бастаан 1 киилэ арыыны уулларан оргутабыт. Ол арыыга 200 г бурдугу сырдык саһархай өҥнөнүөр диэри булкуйа-булкуйа кэриэрдэ буһарабыт. Итинник оргуйа турар кэмигэр 800 г оргуйбут туустаах ууну кутабыт уонна эмиэ үчүгэйдик, хаахтыйбатын курдук булкуйабыт. Онтон иккиһин тууһа суох ууну кутабыт, мас хамыйаҕынан сэрэнэн, уһаты-туора булкуйабыт. Арыыта тахсар. Хойуу буоллаҕына, кыратык уу эбэн баран, уотун мөлтөтөбүт уонна сэрэнэн үчүгэйдик булкуйабыт. Арыыта саламаат үрдүгэр халыйан таҕыстаҕына, буһарыыны тохтотобут.

Түргэн саламаат

5 ыстакаан сүөгэйгэ 75 г бурдугу ытыйан баран, оһоххо итии турар хобордооххо буһарабыт. Буһарар кэмҥэ тохтоло суох булкуйа турабыт. Саламаат үрдүгэр кэлимсэ арыыта таҕыстаҕына, буһарыыны тохтотобут.

Саламаат

Састааба:

200 г ынах арыыта,