Хараҕын аста. Сибэккилээх түннүгү кытта бииргэ эҥээркэй куолас сүтэн хаалла. Чох хара түүн. Мууһурбут түннүк биллэр-биллибэттик туртайар. Муннукка кутуйах кумааҕыны хачыгыратар. Оһоххо таракааннар сырдьыгынаһаллар. Соболев сымыһаҕын быһа ыстаата: “Бу тугуй, иирэн эрэбин дуу, тугуй? Кэбис… Точка…” Кини орон улаҕатынан илиитин уган харбыаласта. Ол харбыалаан иһэн кулгааҕар эмиэ истэн кэллэ: “Кинилэ-ри-и бэйэлэри-ин…” “Хайдах? – илиитигэр түбэспит бачыыҥка сэмнэҕин туппутунан тохтуу түстэ. – Хайдах? Кимнээҕи “кинилэри бэйэлэрин”? Кимнээҕи? Ах даа, кинилэри… “Кинилэри бэйэлэрин…” Бэйи-бэйи… Ах чорт!.. Хайдах хайдаҕый? Арай кырдьык даҕаны?.. Мин тоҕо кинилэри харыстыыбын? Урууларым дуу, оҕолорум дуу? Кинилэр миигин харыстыыллар дуо? Харыстаамыналар. Сүүстэ харыстыахтара… “Бэйэҕиттэн бэйэҥ хоргутаар. Сэрэтэбин…” Тыын тыыҥҥа харбас… Буоллун!.. Оччоҕо мин уорбалааһынтан быыһана түһэбин. Кинилэргэ көмөлөспүт, кинилэргэ булан биэрбит киһини ама тоҕо тыытыахтарай? Хата хайгыахтара. Сөп! Быһаарылынна. Азиат! Дикарь! Соболевынан оонньоомоҥ! Соболев бэйэтин өссө көрдөрүө! Иэстэһиэхпит диэн сааммыт буола-буолалар! Ким урут кэһэйэрин көрүөхпүт! Хайдах итини эрдэ өйдөөбөтөх бэйэбиний? Ур-раа! Оо, маамам барахсан! Мамочкам… Таҥара, арааһа, баар быһыылаах…”
Соболев хараҕа сырдаан, холкутук тыына түстэ. Браунинын булан сомуогун түһэрэн остуолга бырахта. Чэпчэкитик ыстанан туран тас таҥаһын уһулла уонна, суорҕанын анныгар киирэн, өтөр утуйбатаҕыныы минньигэстик утуйан хаалла.
Сарсыарда үлэтигэр кэлэн: “Биир тэрилтэҕэ служебнай наадаҕа бардым”, – диэн этэн баран, Соболев тиэтэлинэн таһырдьа таҕыста. Күүлэ аанынан уулуссаны көрбөхтөөтө. Хайа муҥун, кини аны Такыыраптаах кэтэбиллэрэ баара буолуо диэн куттанна. Уорбалыахха айылааҕы тугу да бэлиэтии көрбөтө. Өтөр-өтөр кэннин хайыһа-хайыһа, ГПУ дьиэтигэр чугаһаата уонна саараҥнаан тохтуу биэрдэ. Сулбу хааман киириэн хайдах эрэ дьулайда. Уулусса уҥуорунан хаста да төттөрү-таары ааһыталаата. Ити курдук биэтэҥнии сылдьан бөлүүҥҥүтүн саныы түстэ уонна дьэ, уҥа-хаҥас өттүн көрүнэ да барбакка, уулуссаны быһа туораан тахсан дьиэ аанын тэлэйэ баттаата.
ГПУ дьуһуурунайа Соболевы, киһи соччо иилэ хабан өйдөөбөт быһаарыытын истэ сатаан баран, биир хоско ыйан ыытта. Ол хоско олорор эдэр нуучча киһитэ, балачча өр истимэхтээт, ойон турда:
– Барыах.
Атын хоско киирдилэр. Бурҕаҥнас табах буруотун быыһыгар киһи төбөтө хараарар.
– Трофим Васильевич, бу эйиэхэ сыһыаннаах табаарыс кэллэ, – диэтэ эдэр киһи уонна тахсан барда.
Хостоох киһи сапсыйан табаҕын буруотун үрэйдэ, хара барааҥкатын лаппа кэтэн саннын хамнаппахтаата уонна илиитин уунна:
– Ойуурап. Олор, табаарыс.
– Соболев. Эраст Константинович.
– Аа! Байанкамааттан дуо?
– Даа, сонтон.
“Билэр эбит. Ол иһин даҕаны, – дии санаата Соболев, – тутуу баттаһан эрдэ кэлбитим үчүгэй эбит”.
– Дьэ кэпсээ, истэбин.
– Даа, табаарыс Ойуров… Мин Соболев диэммин. Эраст Константинович диэн…
– Билэбин-билэбин. Дьэ?
– Мин… военкомакка үлэлиибин… отдел начальнигынан. Новониколаевскайтан командировкаланан кэлбитим. Оннук.
Дьокуускай военкоматын үлэһитэ тарбахха ааҕыллара. Онно ким үлэлиирэ кыра куорат олохтооҕор барытыгар биллэрэ. Ойуурап эмиэ билэрэ.
– Ону эмиэ билэбин, табаарыс Суобалап. Эн долгуйума. Уоскуй. Саас-сааһынан кэпсээ: соругуҥ тугуй?
– Баһыыба… баһыыба… – Эраст Константинович төбөтүн тоҥхоҥнотто. – Даа, маннык. Мин ыраахтааҕы армиятыгар офицер этим. Үрүҥ армияҕа, Колчакка эмиэ. Онтукам барыта личнэй дьыалабар сурулла сылдьар. Тугу да кистээбэтэҕим. Советскай былааска буруйбун билинэн турабын. Ону барытын бырастыы гынан манна үлэҕэ ыыппыттара. Ол курдук…
– Ити барыта өйдөнүллэр. Итинэн бүтэр дуо?
– Суох… – Соболев көлөһүнүн сотунна.
– Истэбин.
– Бүппэт… – Соболев үөһэ тыынна, утары көрдө. – Барыта уруккуттан төрүттээх. Ол иһин итини этэбин… Дьэ маннык. Бөлүүн, суох, бэҕэһээ… бэҕэһээ киэһэ миэхэ дьиэбэр Такыров диэн киһи кэлэ сырытта… Саха… Генерал Пепеляев связнойа. Даже связной да буолбатах, уполномоченнайа диэххэ дуу, резиденэ диэххэ дуу? Уонча хонуктааҕыта илинтэн кэлбит…
– Такыырап диэн дуо?
– Даа-даа.
– Такыырап… Такыырап… – Ойуурап тарбахтарын төбөтүнэн остуолу тоҥсуйбахтаата. – Баҕар, арыый атыннык эппитэ буолаарай?
– Суох, чахчы Такыровпын диэбитэ.
– Чэ сөп. Такыырап да буоллун. Кэпсээн ис.
– Дьэ маннык…
Киһи тыына бурҕачыйар тымныытыгар тиритэн, субу-субу былаатынан сирэйин ньуххана-ньуххана, Соболев Аргыылап сылдьыбытын, кини кыһыл сэриилэр Пепеляевы утары операцияларын былаанын бул диэн модьуйбутун бутуйан-таһыйан кэпсээтэ. Төһө да барытын кырдьыгынан тоҕо тэбээн кэпсээбит курдук буоллар, кини бэйэтин үчүгэйдик көрдөрүнэ сатаата: Аргыылап маҥнайгы сырыытын, Рейнгардт суругун төрүт ахтыбата (ЧК-лар ол маҥнай кэлэ сылдьыбытын, баҕар, билбэтэхтэрэ буолуо. Ону эттэхпинэ, аны сонно тута тоҕо тыллаабатаххыный диэн иилэ хабан туруохтара. Билбит да буоллахтарына, онно суолталаах кэпсэтии суоҕа, көннөрү баарбын-суохпун эрэ көрөн барбыта диэҕим. Оттон суругу баҕас билбэтэхтэрэ чахчы. Такыров эттэҕинэ мэлдьэһэн кэбиһиэм. Сурук күлгэ кубулуйан сүппүтэ. Баар этэ диэн кини хайдах дакаастыаҕай?”), бэҕэһээ даҕаны мастыы аккаастаммытым, ол үрдүнэн күүһүнэн кэлэбин диэбитэ диэн кэпсээтэ. Хаста да кыбытан сэбиэскэй былааска бэриниилээҕин аҕынна. Түмүгэр үлэһит уонна бааһынай аймах былааһыгар сэриинэн түспүт өстөөх үспүйүөнүн түргэнник тута охсор наадатын эттэ.
– Оччоҕо эйиэхэ сарсын киэһэ кэлиэхтээх буоллаҕа.
– Даа, сарсын киэһэ.
Ойуурап табахтан саһарбыт сөмүйэтинэн бытыгын убахтанан чочумча толкуйдаан олордо, онтон ыраас лиистэри ылан Соболевка уунна.
– Билигин сэргэ хоско тахсаҥҥын ити кэпсээбиккин барытын суруй. Мин кэлиэҕим. Көһүт.
Соболев түннүгүн алларата таас оннугар хаптаһынынан саба саайыллыбыт иччитэх хоско киирэн, эмиэ бэйэбэр сүүйүүлээҕэ буолаарай диэн, кэпсээбитинээҕэр быдан уһанан өр суруйда. Суруйбутун хос-хос аахта, көннөрдө. Ол үрдүнэн Ойуураба кэлэн быстыбата. Көһүтэ сатаан баран тахсан сэргэ хоһу тардыалаата да хатааһыннаах. Дьуһуурунайтан ыйытта. Анарааҥҥыта бэрт тоҥуйдук хардарда:
– Председательгэ. Хоскор көһүт. Тахсыма.
Соболев көһүтэн олорон ыгылыйан барда. Кини дьуһуурунай ордук кэнники тылын дьиктиргээтэ: “Тахсыма”… Ол аата мин хаайыылаахпын дуу, тугуй? Аны, кырдьык, Пепеляев үспүйүөнүн куомуннааҕа эбит диэн хаайаайаллар? Ама дуу, бэйэтинэн кэлэн тыллаабыт киһини. Оо дьэ, хайдах-хайдах баҕайыный?..” Кини туох диэн саныаҕын адьас харааччы мунан олордоҕуна, кэмниэ-кэнэҕэс аан дьэ аһылынна.
– Аҕал эрэ, – Ойуурап сурулубут лиистэри ылан ааҕыталаата. – Чэ сөп. Тэрилтэҕэр тиийэн үлэлээбитиҥ курдук үлэлээ. Манна сылдьыбыккын биллэримэ. Билигин эйигин кэтэх аанынан таһааран биэриэхтэрэ.
– Оттон… Такыров… хайдах?..
– Эн кинини көрсөрүҥ курдук көрүс. Хайдах гынары биһиги бэйэбит билиэхпит.
– Сөп…
Ойуурап Соболевы дьуһуурунайга тиэртэ. Арахсарыгар илиитин биэрдэ:
– Баһыыба, Эрээс Көстөкүүнэбис, көмөҥ иһин. Көрсүөххэ диэри.
Олбуор кэтэҕинэн атын уулуссаҕа тахсан баран, Соболев өрө тыынна: “Көрсүөххэ диэри”. Аны эһигини кытта көрсүбэтэх киһи үчүгэй этэ…”
Сарсыныгар Соболев наар киэһээҥҥи көрсүһүүтүн санаан сырытта… “Көрсөрүҥ курдук көрүс…” Ити хайдах көрүс диэн эппитэ буолуой? Мин хайдах көрсүтэлээбиппин кини хантан билэр?”
Үлэтиттэн кэлэн аһаан баран, Соболев остуолугар олорон көрдө, хоһугар хаамыталаан тэпсэҥнээтэ. Хайдах да уоскуйбата. Лаппа киэһэрэ быһыытыйда – туох да биллибэтэ. “Били сатана баччааҥҥа диэри кэлбэтэ. Хайыы-үйэ туппуттара буолуо дуо? – диэн Соболев эрэх-турах санаан олордо. – Оннуга үчүгэй этэ. Оо, оннук буоллар… Ол эрээри оччоҕо ГПУ киһитэ тоҕо миигин “…көрүс” диэҕэй? Кэбис, диэҕэ даҕаны. Кими, хаһан хаайалларын ол миэхэ дакылааттыы сылдьыа дуо?”
Бириэмэ кутуйах хаамыытыныы сыылынна. Соболев олоро-тура сатаан баран тулуйбакка сытта. Сонун бүрүннэ. Утуйбатахха дылы этэ да, утуйбут эбит. Эмискэ сонун сирэйиттэн хастыы тардыбыттарыттан уһугунна. Үрдүгэр бэргэһэлээх төбө төҥкөйбүт: Такыров…
– Эмиэ утуйан көскөйө сытаҕын дуу?
Соболев хараҕын симнэ. Баҕар, бу мөкү түүл ини. Аныгыс хараҕын аһыытыгар туманныы сүтэн хаалыа.
– Тур! Тура тарт!
Түүл буолуо баара дуо: тымныы илии Соболевы уолугуттан садьыйталаата.
– Тиэтэй! Түргэнник! Хойутаатым.
Соболев уолугун көннөрүнэн туппахтанна.
– Сорудахпын толордуҥ дуо? Аҕал!
– Суох… – Соболев оронугар олордо.
– Суох даа? Эн оонньуу оҥостоҕун дуу, тугуй?
– Мин… сарсын… сарсын…
“Били ЧК-лар мэлийдилэр… Миигин соруйан бу ыкка сиэтээри…”
– Иһит, трус! Күн сарсыны ааспакка бул! Тиһэх болдьох – сарсын. Күн-дьыл ыраатта. Сарсын эбэтэр… – Аргыылап Соболевы уолугуттан харбаан сирэйигэр ыкса тарта. – Өйдөөтүҥ дуо? Слизняк!
Эмискэ кэннилэригэр саҥа хабылынна:
– Илиигитин уунуҥ!
Аргыылап, Соболевын ыһыктан кэбиһээт, сиэбин харбаммытынан эргиллэ биэрдэ. Бэстилиэттэр хара айахтара кини сүрэҕин туһулаан аҥаспыттар. Аргыылап илиитин уунуохтуу даллайан иһэн, аттыгар турар бэстилиэттээх киһини саннынан киэр хаһыйан, ааҥҥа ыстанна. Онуоха аан диэки тохтообут киһи атаҕын тоһуйан биэрдэ. Аргыылап, онтон иҥнэн, муостаҕа сирэйинэн умса барда.
Ити барыта чыпчылыйыы түгэнигэр буолла. Көрүөх бэтэрээ иккэрдинэ илиитэ кэдэрги кэлгиллибит Аргыылабы умса анньан таһырдьа таһаардылар.
Ойуурап (аан диэки кини турбут эбит) өссө да илиитин уунан даллайан олорор Соболевка кэллэ.
– Түһэр-түһэр… – диэтэ уонна аргыый эбэн эттэ: – Сарсын 12 чааска биһиэхэ кэлээр.
Олбуор аана сабыллыбытыгар Соболев кириэстэнэн сапсынна уонна, ону өйдөөн, дьиибэргээтэ: киһи иэдээҥҥэ түбэстэҕин аайы таҥараны итэҕэйэрэ бэргээн иһэр баҕайыта дуу?
Нөҥүө күнүгэр Соболев үлэхтээх кэмигэр ГПУ-га тиийдэ. Быһа Ойуурап хоһугар аһардылар. Сотору биир түүн иһигэр хайдах эрэ кырыыламмыкка дылы сирэйдэммит Аргыылабы аҕаллылар. Кини Соболевы батары көрбүтүнэн киирдэ. Ол көрүүттэн Соболев көхсүнэн кымырдаҕастар сырсарга дылы гыннылар.
– Кырасданьыын Суобалап, көрдөрүүгүн хатылаа.
Соболев били бэҕэһээ суруйан биэрбитин быһыта-орута хос эттэ.
– Кырасданьыын Аргыылап, ити кырдьык дуо?
– Суох!
– Тоҕо?
– Суох!
– Кырасданьыын Суобалап, эн эппиккин бигэргэтэҕин дуо?
– Бигэргэтэбин.
– Кырасданьыын Аргыылап, Суобалап этэрэ кырдьык дуо?
– Суох!
– Эн киниэхэ сылдьыбытыҥ дуо?
– Суох!
– Киниэхэ сорудах биэрбитиҥ дуо?
– Суох!
– Сымыйалаама. Кэлин сырыыгын биһиги бэйэбит илэ харахпытынан көрбүппүт, эт кулгаахпытынан истибиппит. Оннук буолбат дуо?
– Суох!
– Хайдах эн халба курдук “суохтан” атыны билбэккиний? Онтукам быыһыа дии саныыгын дуо? Саараныма, Аргыылап. Мэлдьэһэҥҥин даҕаны түрүбүнээл дьүүлүттэн син биир куотуоҥ суоҕа, – Ойуурап туран бэттэх кэллэ. – Билинэҕин дуу, суох дуу?
– Суох!
Ойуурап, эргиллэн иһэн, конвойдуур саллаакка илиитин таһынан садьыс гынна:
– Илдьиҥ. Өссө өйдөннүн.
Аргыылап ааҥҥа тиийэн тохтоото, хараҕын быһыччы көрөн, Соболевы тобулу одуулаата уонна тииһин быыһынан сыыйда:
– Иуда…
Соболев, тахсан туманнаах уулуссанан хааман иһэн, Аргыылап үөхсүбүтүн санаан сонньуйда: “Иуда, ээ. Соболев эйигин уган биэрбитин ким да билиэ суоҕа. Ол чахчы эйигин кытта сүтүөҕэ. Бу күн сиригэр кылаабынайа – сатабыл. Мин сатаатым да, уорбалааһынтан, хаайыллартан быыһанным, көҥүл чыычаах оҕото буолан көттүм. Өссө махтал ыллым. Оттон эн, төһө да андаҕаргын кэспэтэргин, төһө да хорсуннук тутуннаргын, үөҕүстэргин, сарсын биир буулдьа аһылыга буолуоҥ. Өйүүн эн төрөөн сылдьыбыккын букатын умнуохтара. Сири кытта сир буолуоҥ. Төһө да геройдуу өлбүтүҥ иһин. Суох, өлбүт геройдааҕар тыыннаах Иуда ордук. Быдан ордук!”
9Кыыча үөрэҕин кэнниттэн дьиэлээн салбыҥнаан истэ.
Үнүргү комсомольскай мунньахтан ыла кини тосту уларыйда. Сытыы-хотуу бэйэтэ сыппаата, күлэрэ-оонньуура сүттэ. Иккис курстар үөрэнэр хосторуттан сааскы сүүрээннии кылыгырайар дьэҥкир күлүү иһиллибэт буолла. Чаҕылхай сарсыарда күн күлүмүн көрсө налыйар сибэкки тымныы түүн сэбирдэхтэрин түүрүнэрин кэриэтэ Кыыча, санаатын-оноотун иһигэр кистээн, кумуччу туттан сырытта. Кими да кытта сэлэспэт, сэндэлиспэт. Үөрэҕэр соҕотоҕун кэлэр, соҕотоҕун дьиэлиир. Учууталлар уруогун ыйыттахтарына, өскүөрүтүн эрэ хардарар. Бииргэ үөрэнэр оҕолоро даҕаны, кини туругун өйдүүр дьон быһыытынан, киниэхэ сигэммэттэр, кинини саҥарда сатаабаттар. Бары туох да уларыйбатаҕын курдук тутталлар. Арай Томмот мунньах буоллаҕын сарсыныгар, үөрэх кэнниттэн, аргыстаһаары ситэн кэлбитэ. Ону Кыыча, сөбүлээбэккэ, тоҥуйдук ыйыппыта:
– Туох баарый?
– Суох… – уол уоска бэрдэрбит кэриэтэ буолбута.
– Оччоҕо… рекомендацияҥ иһин баһыыба. Итиэннэ көрдөһөбүн: миигин батыһыма. Миигин соҕотохтуу хаалларан абыраа. Уонна, баһаалыста, аһыныма…
Бүттэҕэ ол. Ити кэнниттэн Томмот кини аттыгар чугаһыы илик. Ол эрээри үөрэх кэмигэр уол хараҕын уота сотору-сотору киниэхэ туһуланарын кыыс билэр…
Кыыча билигин саамай сөбүлүүр, саамай чэпчэкитик, саамай үчүгэйдик сананар сирэ – балыыһа. Кини иэдээнин онно билбэттэр. Ыарыһахтар кинини син биир урукку харахтарынан көрөллөр, уруккулуу эҕэрдэлии тоһуйаллар. Ол иһин балыыһаҕа кини үөрүүнэн тиийэр, онно күлэр-үөрэр, ыллыыр-туойар.
Кыыча, олорор ыалын дьиэлэригэр киирээт, куукуна билиитэтин айаҕар икки ытыһын саратан аргынньахтаабыт Суонданы көрө түстэ.
– Уой, Суонда! Дорообо, Суонда. Хаһан киирдиҥ? Дьиэбититтэн кэллиҥ дуо?
Суонда дорообоҕо, ыйытыыларга барытыгар эппиэттээн тоҥхоҥноон кэбистэ. Кини, үөрдэҕэ буолан, сирэйин мырдыҥнатта.
Кыыс хоһугар сүүрэн киирэн сонун, бэргэһэтин, суумкатын оронугар элиттэ итиэннэ, дьиэтин ахтыбыт санаата түмүллэн кэллэ быһыылаах, тахсан Суонда моонньугар иилистэ түстэ. Онуоха көлөһүн курас сыта, оҕо эрдэҕиттэн бэркэ билэр сыта, муннугар саба биэрдэ. Оҕо эрдэҕинэ Суонда эмиэ бу курдук саҥата суох олорон биэрэр буолара, ону Кыыча чычаас сылгы кэриэтэ үлбүрүйэрэ: моонньугар ыйаастара, көхсүгэр сүктэрэрэ, көтөхтөрөрө. Кыыс билигин эмиэ, хараҕын симэн, Суонданы моонньуттан кууһан, төбөтүн санныгар ууран, кулгааҕар сибигинэйдэ:
– Ийэм… ийэм хайдаҕый? Үчүгэй дуо?..
Суонда төбөтүн тоҥхоҥнотто.
– Тугу кэһии ыытта? Кэһиитэ ханнаный?
Суонда аргыый илгистэн кэбистэ.
– Хайдах?.. Дьиэҕиттэн кэлбэтиҥ дуо?
Суонда тугу да хардарбата, көхсүн этитэн эрэ кэбистэ. Ийэтэ кыыһыгар кэһии ыытыан баҕарбытын, ону аҕата оҕонньор тахсар оҕоҕо эмиэ туох кэһиитин диэн боппутун өйдөөтө. Кыыс хомойбут кэри-куру сирэйин көрөн баран, Суонда кэһиини ылбаккабын даҕаны диэн кэмсинэ санаата.
– Кэһии аҕала киирбэтэх, өрөпкүөмнэр таһаҕастарын киллэрбит, – дьиэлээх оҕонньор, куорат биир биллэр эргиэмсигэ Ыллам Ыстапаан, мас дуобат ньыхаатыгар маарынныыр лыры-лыхаҕар киһи, быһа түһэн быһаарыста. – Инньэ гынан ити киһиҥ докумуоннара эҥинэ баһаам. Өрөпкүөм киэнэ наар тиэтэл буолааччы, кэһии ыллаттарар бокуой биэрэллэр диэтэҕиҥ дуу.
Кыыча, үүтүн тохпут оҕо курдук буолан, саҥата суох чэйин иһэн таҥныбытыгар Суонда, дьиксиммиттии, кыыс уонна дьиэлээх киһи сирэйдэрин олбу-солбу көрбөхтөөтө.
– Кыычаҥ аны луохтуур. Балыыһаҕа кыһыл хамандыырдары эмтэһэр, – диэтэ Ыллам Ыстапаан ыалдьытын уоскутар быһыынан. – Киэһэ ахсын онно сүүрэн үлэлээн кэлээччи. Суонда, бэйэҥ эмиэ наадаҕар барбаккын дуо? Аны куораккар олус хойут сылдьарыҥ сатаммат ээ.
Кыыча балыыһаттан киэһэ утуйбуттарын кэннэ кэллэ.
Кыыс сарсыарда арыый хойутаан туран, тиэтэлинэн суунан-тараанан, үөрэҕэр бараары аһыы олордоҕуна, Ыллам Ыстапаан, бүлүүһэлээх хойуу чэйи иһэн сыймаарда-сыймаарда, соччо улахаҥҥа уурбатахтык эттэ:
– Тукаам, тиэтэйимэ. Тото аһаа. Уонна ичигэстик таҥын. Ыраах айаннаары олороҕун.
– Ханна… ыраах?.. – кыыс соһуйан лэппиэскэҕэ хара сыста.
– Суонда таарыччы эйигин дьиэҕэр таһаараары киирбит. Бээһээ киэһэ сыарҕатыгар бэртээхэй диэн бобуоска оҥордо. Дьиэ курдук. Аҕаҥ инньэ диэн соруйбут. Сэрии ааһыар, нам-нум буолуор диэри дойдутугар тахсан олордун диэбит.
– Мин ханна да барбаппын!
– Тыый, тукаам, кэбиһиий, – дьиэлээх киһи ньалҕаарыйда. – Төрөппүт аҕа тылын итинник гынар диэн баар дуо? Оҕонньор оҕотугар үтүөнү баҕаран дьаһайан эрдэҕэ дии. Сэрии чугаһаатаҕына манна араас алдьархай буолуо. Оччоҕо…
– Ханна да барбаппын! – кыыс бүлүүһэлээх хончоҕорун түҥнэри садьыйбытынан ойон турда. – Үөрэхпин быраҕыам суоҕа!
– Барыаҥ, сэгэттэйиэм, барыаҥ, – Ыллам Ыстапаан ымманыйбыта мэлийэ оҕуста. Сирэйэ дьэбин уоһуйда. – Аҕаҥ дьаһайбыт – онон бүтэр. Бар хата таҥын!
Кыыча хоско киирэн сонун, бэргэһэтин кэттэ, суумкатын ылан сүүрэн таҕыста. Тас ааҥҥа чугаһаан эрдэҕинэ дьиэлээх киһи күөйэ турда.
– Ол-бу буолума!
Кыыча Ыллам кыыһырбытын бу эрэ көрдө, урут биир кэм уҥунуохтаан кэбиспиккэ дылы аргыый ньылбаарыйа сылдьар идэлээҕэ.
– Барыам! Эһиги миигин күүскүтүнэн илдьэр быраапкыт суох!
– Киниэхэ өссө быраап наада. Үтүө тылы истибэт буоллаххына, күүспүтүнэн дьарыйыахпыт. Кэлгиллэн барыаҥ. Аҕаҥ оннук дьаһайбыт. Быраабыҥ ол баар.
– Ыытыҥ!.. – Кыыча хара күүһүнэн ааны былдьаһа сатаата.
– Киэр!
Ыллам Ыстапаан илиитин таһынан садьыйбыта кыыс, олоппоһу түҥнэри көтөн, тиэрэ баран түстэ.
– Эмээхсиэн, кэл! Ааттаһа сатаан кинини кытта мачайдаһар соло суох. Киллэрэн таҥыннарыах. Суонда, атыҥ бэлэм ини?
Дьиэлээх тойон эмээхсининээн кулуннуу мөхсө сылдьар кыыһы көтөҕөн ыллылар. Хоско киллэрэн эрдэхтэринэ Кыыча киһи куйахата күүрүөхтүк сарылаата:
– Суонда-а!.. Суон-да-а!.. Абыра-а-а!..
Суонда, хамсатын болточчу уобан, төҥкөччү түһэн олордо.
Күөс быстыҥа холобурдааҕынан Ыллам Ыстапааннаах олбуордарыттан бобуоскалаах сыарҕалаах ат таҕыста. Сыарҕа иннигэр Суонда нүксүллүбүт.
– Аны сүөрэ оонньуу сылдьаайаҕын, – диэн дьиэлээх киһи ойоҕолоон иһэн киниэхэ сибис гынна. – Босхо бардаҕына, төттөрү сүүрдэҕинэ көҥүлэ. Тоҥнун. Кыратык тоҥмутунан туох да буолуо суоҕа. Итиэннэ итии хааннаах эдэр кыыс оҕо итиччэ үлүгэр таҥаһынан тоҥо сырыттаҕай!
Кыыча, кырдьык даҕаны, ылбычча тымныыга хотторуо суохха айылаах: таба тэллэхтээх, куобах суорҕан үллүктээх. Синньигэс биилиттэн үөһээ өттө сабыылаах бобуоска иһигэр. Илиитэ, атаҕа хороччу кэлгиллибит. Харса суох айдаарбытын иһин айаҕар таҥаһы симэн баран былаатынан саба баайбыттар. Кыыча күүһүн муҥунан мөхсө сатаан сэниэтэ эстэн, абатыгар саҥата суох ытыы сытар.
Суонда дьиэттэн умса туттан сири көрбүтүнэн тахсан сыарҕатыгар көхсүнэн буолан олорбута. Ол курдук, киһи баар диэн кэннин диэки хайыспакка, сыарҕа сыҥааҕын анныгар сыыйыллар суолу одуулаан нүксүллэн иһэр.
Хатыыстаах арыытын ааһан эрдэхтэринэ икки аттаах, саалаах киһи ойутан кэллилэр.
– Тохтоо! Ханна бардыҥ? – ыҥыыр үрдүттэн тоҥон бөҕүөрбүт эдэр саха уола ыйытта.
Суонда саҥата суох илиитин хоонньугар укта.
– Тоҕо саҥарбаккын? Ычча-ычча, түргэнник!
Суонда кумааҕыны хостоон уунна.
– Ээ, өрөпкүөм таһаҕаһын киллэрбит, – уол кумааҕыны аргыһыгар, бар курдук кыһыл түүнэн саба үүммүт сирэйдээх нуучча киһитигэр, уунна. – Бобуоскаҕар тугуй? Киһи дуо? Кимий?
Суонда саҥата суох кэннин диэки сапсыйан кэбистэ.
– Баатыгарын, тыла суох дуу? – саха уола бинтиэпкэ тимиринэн бобуоска сабыытын арыйа тарта. – Һы, дьахтар сытар. Ыарыһах дуо? Ньомуой күтүр дуу, таас дьүлэй дуу? Чэ-чэ, бар. Мэ, кумааҕыгын ыл.
Кыыча, соһуйбучча дуу биитэр өссө тугу эрэ күүппүччэ дуу ньимийэн сытан баран, бобуоска сабыыта саба түспүтүгэр эрэ өйдөнөн, ыҥырана-ыҥырана, мөхсөн тиргиллимэхтээтэ да, аттар туйахтара сыарҕа кэннин диэки лаһыгыраһа турдулар. Аҕатын ытарча илиититтэн төлө көтөр бэртээхэй түбэлтэни – тиһэх эрэлин мүччү туппутуттан кыһыйан, кыыс эмиэ уйа-кэйэ суох ытаан барда. Аны кинини туох да быыһаабат. Этэргэ дылы, көмүскэтэрэ эрэ көмүскэтин уута, харыстатара эрэ хараҕын уута хаалла…
Аллаах ат өрүс килэҥ суолун устун уҥуоргу кытылы туһаайбытынан айаннаан халыһытта. Иннилэрин диэки дьулуруйан иһэн тымныы модун илиитин күөйэ туппутугар эмискэ хам тоҥон хаалбыт кыдьымах муустар бачымахтаһаллар. Төһө да өрүс түөһүгэр хамнаабаттык эпсэри тоҥмуттарын иһин ол муустар үрүт өттүлэрин хоту диэки арыый иэҕэччи анньыбыт киэптэригэр инники диэки дьулусханнаах айан тыына биллэр. Өрүс киэҥ үөһүгэр харах ыларын тухары ыга симсибит кыдьымах, халыҥ хаар суорҕаны үрдүгэр саба тардынан, нуктуу таалбыкка дылы. Ол нуктуу туран, билигин төһө да чымараан тымныы ыга ылан букатыннаахтык тойорҕообут курдук туттубутун иһин, кыыдааннаах кыһын самаан сааһынан хайаан да солбуллуоҕун, көмүөл күлүмэх күүһүгэр көтөхтөрөн, ылыбырайар ыраас сүүрүккэ сүктэрэн, эмиэ инники, инники кылбаһыйа устар кэмэ кэлиэҕин түһүүргэ дылы. Ханнык да бэйэлээх чысхаан тымныы, хараҥа түүн, ытыллар буурҕа ол кэм кэлэрин тохтотор, уталытар кыаҕа суох!
Суонда кыыс атаҕа дьигиҥниириттэн кэм да ытыы сытарын биллэ. Кини, иҥнэх гынан, кымньыытын уунан, бобуоска сабыытын үөһэ бырахта. Барахсан сатаатар ыраас салгынынан сайа тыыннын, аан дайдытын анаардын. Аһынары билбэт муус сүрэхтээх күтүр диэн кэлэйэн сытаахтаатаҕа. Суонда нүксүйбүт көхсүн иһигэр санаа бөҕө көймөстөн кыынньа иһэрин билээхтээбэт. Ити гынан баран Кыычаны Суонда курдук ис сүрэҕиттэн аһынар, харыстыыр, киниэхэ үтүөнү баҕарар киһи ийэтиттэн ураты атын ким да суоҕа чахчы. Бу күн сиригэр төрөөн Суонда саамай таптыыр киһитэ – Кыыча. Төрөппүт киһи даҕаны оҕотун бу курдук күүскэ таптыыра аҕыйах буолуо.
Суонда Кыычаҕа быыкайкаан иккилээх-үстээх сэрбэкэчийбит кыысчаан эрдэҕиттэн ылларбыта. Киһи да киһиэхэ убанар буолар эбит этэ. Кыысчаан, өйүнэн да буолбатар, уйулҕатынан, сүрэҕинэн ону билэргэ дылыта. Суонда үлэтиттэн босхолонон таһырдьаттан киирэн оһох аттыгар аргынньахтаатын да, кыысчаан сонно сүүрэн татыгырайан кэлэн моонньугар иилистэ түһэрэ итиэннэ араастаан көтөхтөрөн-сүктэрэн үлбүрүйбүтүнэн барара. Ол үлбүрүттэрэ олорон, Суонда кыысчааны дьонтон кистээн сыллаан ылара. Кини саамай улахан манньата диэн ол этэ. Ити туһугар кини төһө да үлүгэр эрэйи көрөрүн, ыар үлэни үлэлиирин, тоҥорун-хатарын кэрэйбэтэ. Кыысчаан таҥаһыттан, сахсайбыт баттахтаах төбөтүттэн, быыкайкаан ытыһыттан аһыйбыт үүт сүрэххэ сайа охсон киирэр сытыы сытын эҕирийдэҕинэ кини барытын умна түһэрэ: хамначчыт төрөөбүт аналын, уруккутун, хойуккутун…
Суонда таҥараҕа андаҕайыа этэ: төрөппүт аҕата кыыһын хараҕын далыгар киллэрдэҕинэ эрэ саныыр быһыылааҕа. Оттон кини мэлдьи саныыра: түүнүн-күнүһүн… Түүн түһээн кинини кытта тэбис-тэҥҥэ оонньуура. Арыт кыыс алдьархайга түбэстэҕинэ быыһыы сатаан ийэ-хара көлөһүнэ саккыраан уһуктара. Күнүс туохтан эмэ хомойдор, туоххаһыйдар эрэ Кыычаны саныы түһэрэ. Оччоҕо хараҕа сырдаан, көхсө кэҥээн кэлэрэ. Хантан эмэ ыраахтан төнүннэҕинэ, балаҕан иһигэр кыыһы хараҕынан көрдөөбүтүнэн киирэрэ. Кыыча барахсан, кинини көрөөт: “Оо, Суон-таа… Иэхэй! Иэхэй!..” – диэн чаҥкынаабытынан бу утары сүүрэн далларыйан кэлэн атаҕын кууһа түһэрэ. Суонда ханна эмэ сырыттаҕына кистээн кэһии аҕалар идэлээҕэ. Онтукатын оҕотугар эмиэ дьон көрбөтүгэр биэрэрэ. Кыысчаан барахсан ону кистиир наадатын букатын өйдөөбөт этэ. Биирдэ Суонда тойонунаан ыаллыы нэһилиэк баайыгар ыалдьыттаабыттара. Онно аһыы олорон, кини биир тооромос саахары айаҕар илдьибитэ буолан иһэн сиэбигэр түһэрбитэ. Сарсыныгар онтукатын сиэбин кириттэн ыраастаан үрбэхтии, имэрийэ түһэн баран Кыычатыгар биэрбитэ. Кыысчаан ону көмүллээн кучугурата сылдьан: “Суонтаа миэхэ саахар биэртэ-э…” – диэн айдаараахтаабыта. Аҕата саахары былдьаан ылан оһоххо бырахпыта: “Пахай, бу хара балах кирдээҕи айаххар уктаҕын дуо! Оҕоҕо ону-маны биэрбэт буолуҥ!” Кыыча онуоха ытаан айдааран турбатах үһү дуо! Эҥин араас улахан куһуок саҥа саахары аҕалан үҥүлүтэ сатаабыттара. Кыысчаан онтукаларын көрүөн да баҕарбатаҕа. Биир кэм ытыы-ытыы оһоххо талаһара: “Суонтаа саахарын аҕалыҥ!.. Суонтаа саахарын аҕалыҥ!..” Оннук…
Барахсан көмүскэһэ диибин диэн. Аргыылап былыр биирдэ от тиэйэр саҥа хатыс өтүү сыарҕаҕа алҕас сүгэ биитигэр түбэһэн быһа ыстаммытыгар кыыһырбыта, Суонданы үнтү ыххайбыта: “Тугу да харыстаабаккын! Хараҕыҥ тэһэ ыстаммыта дуо? Тоҕо көрбөтөххүнүй?!” Суонда аһарынан тыл быктарыа баара дуо, саҥата суох буруйданан умса көрөн турдаҕа дии. Онуоха Кыыча сүүрэн туотарыйан кэлбэтэх үһү дуо! Кэлэн, Суонданы илиититтэн харбаабытынан аҕатыттан быыһыы түспүтэ уонна, быыкайкаан атаҕын сыыһынан дибдигирии-дибдигирии, умайыктаммыта: “Суонтааны эн мөҥүмэ! Эн күргүйдээмэ! Мин Суонтаам. Эйиэнэ буолбатах. Мин Суонтаам! Мин кырбатыам суоҕа! Эн киэр бар!” Оо, онно сыччыый сыыһа кыыһыран чорбойбут уоһун, уоттаммыт хараҕын! Бэл улуус бүтүннүүтэ куттанан утары көрбөт Аргыылаба соһуйан ах баран чыпчылыҥныы турбута. Суонда сонно таһырдьа ыстаммыта уонна, уйадыйан, айманан, кыс мас кэтэҕэр саһан олорон ытаабыта…
Ол бэйэтэ бу билигин Кыычата барахсаны хараҕын уутунан сууннаран тиэйэн иһэр. Кини атын хайыыр да кыаҕа суох. Тойоно оннук дьаһайбыта. Ону толордоҕуна эрэ сатанар.
Суонда уончалаах уолчаан эрдэҕинэ аҕата-ийэтэ өлөн төгүрүк тулаайах хаалыаҕыттан Аргыылап илии-атах киһитэ буолбута. Онтон ыла бу орто дойдуга үҥэр таҥарата, үрдүк суута, муҥур тойоно – Аргыылап. Өйдүүрүн тухары наар кини үлэтин үлэлиир, мэлдьи кини дьаһалын толорор. Оҕо эрдэҕиттэн оҕонньор буолара чугаһыар диэри кини биирдэ даҕаны тойонун тылын быһа гына илик, кини дьаһалын биирдэ эмэ кэспит аньыыта суох. Онон Аргыылап кинини таас хайа кэриэтэ эрэнэр, кинини муҥура суох итэҕэйэр. Итиэннэ Суонда тойонум миигин куһаҕаннык тутар диэн үҥсэргиэн эмиэ сатаммат. Кини атын баайдар хамначчыттара быстан-ойдон, дьүдьэйэн-дьаарайан, илбирийэн сылдьалларын көрөр. Аһыахтарын астара, таҥныахтарын таҥастара суох буолар. Суонда билиҥҥитэ куртаҕа кураанахсыйа, санна килэйэ илик. Ол эрээри Аргыылап ама кинини биир оҥойор айаҕар аһатыа суоҕа дуу? Суонда саллар сааһыгар үлэ бөҕөнү үлэлээтэ ахан. Үлэлэтиэхтэрин баҕардахтарына, оннооҕор көлүүр оҕуһун хадаҕалыыллар. Суонда үлэтэ айаҕын уон, сүүс төгүл бүктүүр ини. Аргыылап биир таммаҕы кумахха куппатах обургу буолуо. Оо, обот, иҥсэ баҕас чааһынан баардыҥы кырдьаҕас. Барыһырарын туһугар кими даҕаны хаанынан ытатарын, ыал устун ыытарын кэрэйбэт киһи. Чэ ол кини эрэ да буолуо дуо: бэйэ бэйэни торҕон бөрө кэриэтэ хадьыктаһыы бу орто дойду адьыната быһыылаах. Ким күүстээх, ким үптээх, ким сытыы тиистээх – ол быраап. Күүһү, үбү, тииһи даҕаны Аргыылапка айыы таҥара биэрэ түспүт ахан…