Арчылан
Ол түгэн уораана…
Ол түгэн уораана…
1
Тыал уурайыахча уурайбата. Тохтуохча буола-буола, эбии сэтэрэн, быһыта биэртэлээн кэлэр. Бу билигин намыраан турар. Омос истэргэ букатын да астыбыт курдук. Ол эрээри, түннүгүнэн оол көстөр мастар чыпчааллара биэтэҥнэһэ туралларынан сылыктаатахха, тыал өтөрүнэн тохтуур чинчитэ суох.
Бары-барыта кумуйан-бүүрүллэн, киһи кута-сүрэ тохтуо суох курдук курас. Сытыы сааскы тыал – эркин эрэ, туох эрэ диэн иҥнибэккэ – эргэрэн эрэр дьиэни курдары үрэн кэбиһэргэ дылы…
– Эһиги «Сонуннар» киэһээҥҥи таһаарыыларын истэҕит. Улуу Кыайыы 57 сылыгар анаммыт хайыһар походугар Дьокуускай куорат 1-кы нүөмэрдээх училищетын үөрэнээччилэрэ турунуохтара. Онно бэлэмнэнии утумнаахтык…
Миитэрэй оҕонньор аҕылыы-аҕылыы, тайаҕар тэптэрэн кэлэн, бакыр тарбахтарынан араадьыйаны саба тутан кэбистэ. Эркиҥҥэ өйөнөн, тыын ыла түһээри, чочумча турбалыы түстэ. Онтон уҥа ытыһын холбоччу тутан кулгааҕар даҕайда уонна, арааһа, араадьыйаны буоллаҕа буолуо, иһиллиирдии тутунна.
Им-ньим. Арай оһох барбах таһырҕаан ылаттыыр уонна таһырдьа тыал хардьаны кыыкынатара иһиллэр. Күн, бу өйдөөн көрдөххө, биллэ уһаабыкка дылы эбит. Туох да бэйэлээххэ кыайтарыа суох курдук баары эрэ барытын тоһута тоҥороору буугунаан күрдьүөтэммит Дьыл оҕуһун моонньоох баһа түһүөхчэ буоллаҕа. Бээ, арба, бүгүн хаһыс этэй?
Миитэрэй абына-табына намылыйбыт туртаҕар бытыгын имэринэн ылла уонна кыараҕас харахтарын симириктэтэ-симириктэтэ халандаарын диэки көрбөлөөтө.
Тууй-сиэ! Халандаарын лииһин эмиэ көтөхпөккө хаалбыт дуу, хайа үөдэн дуу? Кырдьар – кырыыс, сорсуйар – сор диэн, дьэ, итини этэн эрдэхтэрэ.
Урут – этэргэ дылы, ойуур отун-маһын тардыалаан көрөр эрдэҕинэ – Миитэрэй халандаар лииһин быһыта тардан быраҕан иһэр этэ. Ол бэйэтэ билигин тоҕо эрэ оннук гыныан санаата буолбат, бэл айыырҕыыр да курдук, онон ааспыт күннээх лииһи тиэрэ быраҕан, эрэһиинэҕэ туттаран иһэр.
Даа, кутуйах хаамыытынан да буоллар, сынтарыйар диэни билбэккэ утумнаахтык чыбырҕатыы диэн бу буоллаҕа ээ. Онно холоотоххо, биһиги дьон оннук буолуохпут баара дуо?..
Миитэрэй аргыый үөһэ тыынан баран, оһоҕун диэки сүдьүҥнээтэ. Тиийэн, чыыппаанынан оһоҕун аанын арыйда уонна, таһырдьаттан тоҥон-хатан киирбит киһи курдук, тарбахтарын саратан уот суоһугар сырайда. «Ыч-ча-аа!.. Тоҥоро тоҕо бэрдэй?!» – аны көхсүн аста.
Суох, туһалаабат. Баатыгарын, сылааска кэлэн тоҥмутун ордук биллэ. Били чыс кутуйах түүлэннэҕинэ ордук тоҥор диэбиккэ дылы. Ис-иһиттэн тахсар бүтэй тымныы сиһин иэниттэн саҕалаан, тоноҕоһун хас биирдии уҥуоҕун ааҕа хаарыйар.
Бу дьиэ уорааннаммыта тоҕо бэрдэй?!
Быһаҕас түспүт уотугар хас да хардаҕаһы эбии укта уонна, оһоҕун аанын саба да сатаабакка, кыра олоппоско нүксүччү түһэн олорон, кып-кыһыл тылларын онон-манан былтаҥнатан иҥсэлээхтик салаан барбыт уоту биир кэм тонолуппакка одууласта…
Кыыһа Даайа уолун көрдүү диэн ааттаан барыаҕыттан кини итинник идэлэннэ. Киэһээҥҥи барык-сарыкка оһоҕун иннигэр олорор уонна арааһы эргитэ саныыр. Саныыр былыргыны – былыт саппытын, саныыр аныгыны – айыы арыйыахтааҕын.
Киһини санаа кулута дииллэр да, Ньукулай бэрт хойукка диэри санаа-оноо ыарыга диэни билбэтэҕэ. Оннук соло да суох курдуга: үлэ, үөрэх, сэрии, онтон эмиэ үлэ, үлэ… Быар куустан тиэрэ түһэн сыппыт дуу эбэтэр көрү-нары батыһан аралдьыйа сылдьыбыт дуу күнүн тоҕо эрэ өйдөөбөт. Баҕар, ол иһин даҕаны, аҕыс уон үс сыл уутун-хаарын быһа кэһэн, ардаҕын-толонун санныгар уулларан-куурдан баччаҕа тиийбитэ буолуо… чэ, ону айбыт бэйэтэ билэр… Тимири дьэбин, киһини санаа сиир диэн мээнэҕэ этиллибэтэҕэ чахчы.
Ама, Баһылай Бырдьахаанап, били истибит эрэ кутун туттарар «Ньургуһуннар» курдук кэрэ ырыаны суруйбут барахсан, «кыһыл буурҕа аттаах» Эллэй бэйиэти эппитигэр дылы, араас санааны-оноону «таһаҕас оҥостор дириҥ уйулҕата суоҕа» буолуо дуо?..
«Тас!» үөл хардаҕас түбэстэҕэ буолуо, уоттаах чох көтөн тахсыбытыгар Миитэрэй санаата, үргэммит ньуолах түүнү күүстээх тыал үрбүтүн курдук, биирдэ үрэл гынан хаалла. Дьиэтин-уотун өрүһүйэр айдааныгар, бэл, кэнники кэмҥэ бүтэй дьиэ бөҕө буоларга күһэйбит аҕыс уон аҕыс араас суол араахымалара умнулларга дылы буоллулар. Уот түспүт бөҕүн-сыыһын тимир тарыйарынан бэрт дьороҕойдук күрдьэн ылан, оһох иһигэр төттөрү ыһан күдээриттэ. Ол кэннэ, оһоҕун аанын син биир саппакка, олоппоһугар лах гына түстэ.
Уот диэн, дьэ, итинник. Сыыһа туттарыа кэрэх, баары эрэ барытын ньимси ыйыстыа, өссө салбанан эрэ хаалыа турдаҕа. Уот маҥалайа туолбута диэн суох ини. Аанньаран, өбүгэлэрбит аһыыр-аһыыр топпот баар үһү диэн таабырыннаабыттар үһүө…
Кээс-кээс! Айыыны ыатаран бардым. Уота суох сатаммаккын ээ. Аал уот барахсан баар буолан, иэгэйэр икки атахтаах төрөөн-үөскээн, дьиэ-уот тэринэн, сир-уот оҥостон орто туруу дойдуга тараан буолан тарҕаатаҕа эбээт. Алаһа дьиэни иччилиир аал уот барахсаны оттон туохха тэҥниэҥ буоллаҕай?!
Аал уот арай дьалаҕай быһыыны сөбүлээбэт. Аал уот булгуччу иччилээх-араҥаччылаах буолуохтаах. Иччитэ суох уот умуллар эбэтэр, кыыл баран, хаһан уодьуганнаныар диэри иэдээн бөҕөнү төлү тардар…
Миитэрэй оҕонньор бачча сааһыгар диэри кыра да, улахан да уоттары көрдө ини, көрбөтө ини. Уонна хаһан даҕаны, илиитин сиэбигэр уктан баран, туораттан көрөн турбатаҕа. Бэйэтин да былдьата сыспыт түгэннэрдээх этэ…
– Хайа, эмиэ уоккун умаппакка олороҕун дуу? – ыала Марыына эмээхсин (эмээхсин да буолан, баара эрэ алта уончата буолан эрдэҕэ) ыйыппытынан киирэн кэллэ. – Халлаан кубулҕатыран ахан эрэр, – уоту холбообутугар дьиэ биирдэ сандаара түстэ. – Тыала-кууһа сүрдээх, бэҕэһээ бэркэ ылааран бэлиэтии сылдьыбытын тамты мэлдьэспит.
Марыына аһылык бэлэмнээн букунайа-букунайа, дьиэ иһинээҕи-таһынааҕы сонуну кэпсии-ипсии сырытта.
Кыыһа Даайа нэдиэлэ курдук анараа өттүгэр сураҕа суох сүппүт соҕотох уолун көрдүү барарыгар Марыынаттан аҕатын көрө сылдьарыгар, аһын-үөлүн бэрийэригэр көрдөспүтэ. Марыына ону тук курдук толорон, күн ахсын иккилиитэ-үстүүтэ киирэ турар.
– Биир атын улуус ийэтэ, эмиэ Даайа курдук уолун көрдөөччү муҥнаах, бадаҕа, Свердловскай куоракка, билигин Екатеринбург дииллэр дуу, тиийбит. Ол айманыы бөҕөтүн айманан, уйулҕата хамсаан сылдьар эрэйдээхтэн ол дойду урдустара харчылаах суумкатын уоран ылбыттар. Милииссийэлэнэн-таймаланан туох да туһа тахсыбатах. Ылаары ылбыт уоруйахтар буолан биэрбиттэр, инньэ гынан, бу эрэйдээҕиҥ букатын билбэт куоратын вокзалыгар биир-биэс харчыта суох сир-халлаан ыккардыгар туран хаалбыт.
– Дьэ, буоллаҕа… – оҕонньор иҥиэттэн кэбистэ.
– Хата, кини дьолугар, үтүө дьон түбэһэ түһэн, дьиэлэригэр илдьэн хоннорбуттар. Уонна сарсыныгар куоракка үөрэнэр саха оҕолорун булларбыттар. Ол котокуларыҥ харчы хомуйан билиэт атыыласпыттар, өссө сөмөлүөккэ киллэрэн биэрбиттэр.
– Айыы санаата син сүтэ илик буоллаҕа, – Ньукулай Марыынаҕа туһаайбыта дуу, бэйэтэ бэйэтигэр саҥарбыта дуу биллибэттик этэн баран, оһоҕун аанын сапта уонна, тайаҕын харбаан ылаат, остуол диэки хааман сүдьүҥнээтэ.
Бу кэмҥэ күүлэҕэ туох эрэ лүһүгүр гына тыаһаата, Марыына сүр сылбырҕатык иһит соторун санныгар иилэ бырахта да, ааҥҥа кылымахтанан тиийээт, тэлэйэ баттаата.
– Хайа, тукаам, тыыннааххын дуо?!
Субу түһүөхчэ адаарыспыт хардаҕастары бобо кууспутунан уончалаах Дьулус киирэн кэлэн, бокуойа суох оһох диэки дэдэрийдэ. Тиийээт, тыас-уус бөҕөнү таһааран, онтун төлү тутан кэбистэ. Онтон бэрт улаханнык илистибит киһи быһыытынан тыын ылаат, хараҕар саба түспүт бэргэһэтин көннөрүннэ.
– Тукаам, бэйэҥ кыаххынан көрөн ылыаххын, – Марыына сиэнин аһыммыт уонна таптаабыт хараҕынан көрө-көрө, сэмэлээн дуу, сүбэлээн дуу унаарытта.
– Бэргэһэм дии, барыта… – уол хардаҕастары сааһылыы сылдьан, кырдьыгын таһаарына оҕуста.
– Оттон ол бэргэһэни эн төбөҕөр ким кэтэрдибитэ эбитэ буолла?! – Марыына суос-сымыйанан мунаарбыта буолла. – Ыксалыҥ бөҕө…
Дьулусхаан буруйдаммыттыы кэтэҕин куучур-хаачыр тарбанна.
Чэй иһэн бурулата олорор Миитэрэй ону иилэ хабан:
– Оттон били муултуктарбыт-киинэлэрбит атахтанан куотан хаалыахтара турдаҕа эбээт. Бу киһи аны кэтэҕин тэһэ тарбаары гынна. Чэ, кэл, хата, итинник өлө-тиллэ үлэлиир көмөлөһөөччүбүн, ньымааттаһа таарыйа, кэмпиэтинэн күндүлүү оҕустахпына сатаныыһы, – дии-дии хаадьылаан мүчүҥнээтэ.
– Ити киһиҥ бүгүн эйигиттэн көрдөһүүлээх кэлэн турар. Миигиттэн ыйыталаһа сатаабыта да… – Марыына илиитинэн сапсыйан кэбистэ. – Туһа мэлигир. Онон, Миитэрэй Ыстапаанабыс, Дьулуһуҥ көрдөһүүтүн истээр эрэ. Мин хотоҥҥо таҕыстым.
– Дьэ эрэ, доҕор, ол туох көрдөһүүлээххин? – Миитэрэй саалаҕа алтахтаан киирэн, дьыбааны ойоҕолуу турар кириэһилэҕэ дьобуччу түстэ. – Итиннээҥҥи уоту саба тутан баран, манна кэлэн олор.
– Учууталбыт Инаара Дьууровна Дьыл оҕуһун туһунан дьоҥҥутуттан билэн кэлээриҥ диэбитэ. Ону эбэм Миитэрэй Ыстапаанабыстан ыйытаар диир дии, – уол мин онно сыһыаным соччо суох диэбиттии, түннүгүнэн боруктуйан эрэр таһырдьаны көрүөлээбитэ буолла.
– Чэ, оччоҕо иһит, – оҕонньор бра уотун арааран тас гыннарда, – маннык кэпсэтиини имик-самыкка олорон ыыттахха тиийимтиэ буолааччы. Бу номоҕу мин эмиэ эн курдук уончалаах сылдьан истибитим.
Хас сыл аайы саҥа кэлэр дьыл анал оҕустаах буолар дииллэр[1]. Ол оҕустар бары ыраас хаар курдук мап-маҥан, сири сиппийэ сылдьар уһун түүлээхтэр үһү. Күн уота түүлэрин быыһыгар, хаар кыырпаҕар кылабачыйа оонньуурун курдук, киһи хараҕа саатар гына сытыытык күлүмүрдүүр, дьиримниир эбит, ол иһин кинилэри көннөрү киһи ханна да, хаһан да илэ бэйэлэрин таба көрө илик. Ол тымныы тыыннаах көстүбэт оҕус кутуругунан оонньоотоҕуна, халлаан оройугар диэри араас өҥнөөх сардаҥалар сырдьыгыныы-сырдьыгыныы сырсаллар эбит. Оттон, атыыр оҕус мөҥүрүү-мөҥүрүү буору хаһарын курдук, хаары хаһан бурҕаҥнаттаҕына – хаардаах тымныы силлиэ ытыллар, сылайан сыттаҕына, тохтоон уоскуйдаҕына – сылаас, сымнаҕас күннэр кэлэллэр.
Күһүн кэлиитэ хоту диэкиттэн хоҥнон, сайыҥҥы от-мас быыһыгар саһан-хорҕойон, сииккэ-симэххэ силигилээн, наһаа хойдубут быртаҕы-быдьары, үөнү-көйүүрү тымныы тыынынан тоҥортоон, аһара баралларын, олус дэлэйэллэрин уодьуганныыр аналлаах эбит. Биир ыйга бу оҕус биир саастанар, икки ыйга икки саастанар. Алтынньы ыйга алталаах аарыма оҕус буолар, сэтинньи ыйга ситэн-хотон сириэдийэр. Ахсынньы ыйга аам-даам тымныыны түһэрэн, тохсунньу ыйга тоһуттаҕас тымныыны туругурдан, сири-дойдуну сиһик үөһүн кэриэтэ ыбылы тоҥороору, үүнэр үүнээйини имири эһээри хаайар эбит. Ол курдук улааттаҕын аайы улам киҥэ-наара холлон, киэбэ-быһыыта тырыттан, майгыта-сигилитэ алдьанан иһэр кэмэлдьилээх эбит, бу оҕуһуҥ баара.
Хас биирдии дьыл бэйэтин аналлаах оҕуһа бөдөҥнөрүнэн, тыйыс тымныы тыынын иҥэринэн илдьэ сылдьар муостарын улаханынан уратылардаах буолар үһү. Сороҕор сөбүгэр соҕус бөдөҥ, уһун хороҕор сытыы муостаах, сороҕор аһара бөдөҥ, ураа-лаҥкыр муостаах. Онтон тутулуктаах буолар эбит, сыл устатыгар тымныы төһө күүскэ, төһө уһуннук түһэрэ.
Миитэрэй болҕойуоҕунан болҕойон, дьыбааны кытта дьыбаан буолан ньим барбыт уолу кэрэхсээбиттии көрөн аһарда (өссө даҕаны былыргы, устар ууну сомоҕолоон сэһэргиир тобоҕо баар эбит ээ!) уонна, бытыгын имэринэ-имэринэ, өссө ордук итийэн-кутуйан, салгыы кэпсээн доллоһутан барда.
– Дьэ, ахсынньыга-тохсунньуга наһаа барар, туһалыырын оннугар иэдээн эҥээрдэнэр Дьыл оҕуһун дьаһайар кыахтаах аан дойду үрдүнэн суос-соҕотох күүс баар – ол Хоноһо Хоһуун. Дьылҕалара буолан, оҕустар: «Хонор-сытар сирбитин Хоноһо таба тайанан хоолдьукпутун толкуйан, суорума суоллуо», – диэн мэлдьи куттанан көһө, сир уларыта сылдьаллар эбит. Онтон сылтаан, тымныы сир-дойду үрдүнэн хаһан да эриэ-дэхси буолбат. Ол даа буоллар, Хоноһо Хоһуун Дьыл оҕуһун тоҥ суолун тордоон, хардыылаабыт суолун хайан, тохсунньу бүтүүтүгэр булан ылар уонна эккирэтэ сылдьан үлтү кулаан барар. Онуоха оҕус, охсулуннаҕын аайы муоһа доргуйан, кыыһырбыт-абарбыт омунугар төбөтүн быһа илгиһиннэҕин аайы тымныы ордук сэтэрээн-кыйыдыйан ылаттыыр. Биир муоһун туура дайбатаат, хараҥанан хаххаланан, туманынан дугуйданан, мүччү туттаран, саһан-бүгэн хааллаҕына – тымныы аҕырыс гынан сымнаан ылар, оттон Хоноһо тоҕоостоох түгэн биэрбэккэ, биир кэм күөйэ көтө сылдьан кулаабытын курдук кулуу сырыттаҕына – иккис муос булгу охсуллуор диэри тымныы кыратык мөлтүүр эрэ курдук.
Иккис муос тостубутун кэннэ иккиэн даҕаны, тыын ыла түһээри уоскуйан ылаллар, оҕус кыаҕа ахсаабыта таайан, тымныы налыйан барар. Ол даа буоллар, олунньу бүтүүтэ быһаарыылаах киирсии буолар. Онно эмиэ биллэ тымныйар. Бу бүгүҥҥү курдук. Бүгүн-сарсын Хоноһо Хоһуун Дьыл оҕуһун моонньоох баһын быһа охсуохтаах. Уонна: «Көтөр-сүүрэр сиэҥэ, үөн-көйүүр үтэтэ буол, былыкка бытан, сииккэ симэлий!» – диэт, аналын толорбут киһи быһыытынан, күүс-сэниэ ылына буоллаҕа буолуо, баран хаалар.
Оттон моонньоох баһа быстыбыт оҕус көҥдөй көхсө хаалан, сүрэҕэ тэбэрин тухары дөрүн-дөрүн тыынан күрдүргүүр, оччоҕо хабырыттаҕас хатан дьыбар түһэр. көҥдөй көҕүс баранан истэҕин аайы, тымныы аргыара намтаан иһэр. Оҕус этэ-сиинэ бүппүтүн, тириитэ үлтү сытыйан илдьирийбитин бэлиэтэ – оҕус түүтүн хоҕоһото хаар үрдүгэр тордох буолан ыһыллар. Тордох түстэр эрэ хаар аҕыйах хонугунан ууллан бүтэр. Тордох, киһи чугаһаатаҕына, кулахы курдук бырдаҥалыыр буоллаҕына, хаар олус күүскэ, дохсуннук ууллар. Дьэ, итинник. Эн букатын даҕаны утуйан хааллыҥ дуу? – оҕонньор братын төттөрү холбоон эмиэ тас гыннарда.
– Ама, утуйдаҕай?! Оннооҕор мин түмүгүн эрэ баттаһа киирэн, улаханнык хомойбукка дылы буоллум, – оһох иннигэр олоппоско олорор Марыына саҥа таһаарбытыгар эдэрдээх-кырдьаҕас соһуйан ходьох гына түстүлэр.
Биирдэрэ уутугар-хаарыгар киирэн кэпсээбит омунугар, атына ол абылаҥар куустаран, бүтүн киһи киирбитин букатын да өйдөөбөккө хаалбыттар.
– Суох, мин отой да утуйбатым, – Дьулусхаан төлү биэрдэ, – мин Хоноһо Хоһуун курдук буолуом этэ…
Онтон эппититтэн кыбыһынна быһыылаах, ойон туран, бэргэһэтин-сонун түүрэ харбаата да, таһырдьа тилир-талыр гынан хаалла.
– Соҥҥун-соҥҥун кэт! – кэнниттэн Марыына кыл мүччү хаһыытаан эрэ хаалла.
Оттон кириэһилэҕэ тимиччи түһэн, түннүгү тонолуппакка одуулуу олорбут Миитэрэй аан диэки хайыһан хатааһын чолбонун кэриэтэ сып-сытыытык чолбоодуччу көрбүтүгэр харахтарыттан күөх сарпа сараадыйан тахсарга дылы гынна.
Марыына Миитэрэй Ыстапаанабыс хараҕа маннык уоттаммытын, бадаҕа, уонча сыллааҕыта ракеталар тобохторо бу кинилэр улуустарыгар түһэрин утарар миитиҥҥэ көрбүтэ. Онно сөхпүтэ аҕай: бу нууччалыы саҥарара ырааһын, бу толлубатын! Оттон ол миитиҥҥэ Дьокуускай эрэ тойотторо буолбакка, муҥутуур Москубаттан тиийэ бааллара эбээт. Бэл, генерал чыыннаахтар кэлбиттэр дэһэллэрэ. Кырдьаҕас онно туох баар уордьанын-мэтээлин кэтэн тиийэн, салгыны уҥа-хаҥас хаһыйа-хаһыйа, тыл этэн хабылыннарбытыгар анараалар да сөҕө көрбүттэрэ-истибиттэрэ быһыылааҕа. Оччотооҕу Ыстапаанабыс уҥуоҕа-иҥиэҕэ бөдөҥө билиҥҥитигэр холоонноох буолуо дуо?! Дьиктитэ диэн, өссө уонна хаһан эмэ мэтээлин-уордьанын кэппитин Марыына бу диэн соччо өйдөөбөт да эбит.
– Хоноһо Хоһуун таҥара тэҥэ буоллаҕа эбээт… – Миитэрэй, арааһа, Дьулусхааҥҥа анаабыт тыллара хойутаан да буоллар, суптугур уоһуттан мүччү көтөн тахсан, салгыҥҥа тарҕаан-уостан хааллылар.
2
Миитэрэй уута кэлбэккэ эргичиҥнии сытта. Этэ-сааһа аһыллан, өйө-санаата уйуһуйан, бүтүннүү кулгаах буолан хаалбыкка дылы. Оттон таһырдьа тыал тыаһа-ууһа сүрдээх, бэтэрээнэн киһи сытта да утуйуох курдук буолбатах.
Баччаҕа мас хаардыыр тыал булгуччу түһээччи эрээри, быйыл халлаан хаһааҥҥытааҕар да ордук кыйыдыйбыт. Уопсайынан, күн-дьыл уруккутугар холооно суох. Дьэ, хаһан кыһын оройугар тыалырбыта баарай?! Оттон билигин ахсынньы буоллун – тыал, тохсунньу буоллун – тыал, тыал да тыал… Бэл, бу бүгүн кэлэн, Миитэрэй сүрэҕэр-быарыгар кытта тыалырар курдук…
Урут Баһыкка оҕонньор (ол оччоҕо билиҥҥи миигиттэн биллэ эдэр буолуохтаах!) «аракыаталарынан халлааммытын тэһитэ ытыалаан күнү-дьылы буккуйдулар» диэн айманарын эмиэ да сонньуйа, эмиэ да бэркиһии истэрэ ээ. Ол бэйэтэ билигин ракетатааҕар буолуоҕу күтүрүөх курдук… Кими эрэ көмөн эрэргэ дылы, сынылыйан-онолуйан түһэн…
– Миитэрээй!!!
Бай да, ити ким ыҥырарый?! Ньукуус куолаһа дии… Урут сайын эрэ ыҥырар буолара эбээт?! Билигин кыһын буолбатах дуо?!
– Миитэрээй!!! Миитэрэ-эй!..
Тоҕо дуораана бэрдэй?!
Эмискэ миномёт миинэтэ чуһуурарга дылы гынна да, суорҕанын кууспутунан умса эргийэн баран, оронугар хам сыстыбытын бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалла.
Тоҕо эстибэтий?!
Онтон кэмниэ кэнэҕэс сэрэммиттии төбөтүн өндөттө уонна бастаан бэйэтин, онтон сыттыгын-суорҕанын ээр-сэмээр бигээн көрдө.
Суох, баттаппатах эбит, хараҕын күүскэ да күүскэ симириктэтэн быһыта чыпчылыйталаан ылла. Уонна туох буолан…
Миитэрэй хантан да кэлбитэ биллибэккэ эмискэ баҕайы саба халыйан кэлбит санаатыттан-оноотуттан босхолоно сатаата да, туһа суох. Хаайтаран турбут уу, быыс-хайаҕас буллар эрэ, хайа да бэйэлээх сымара таас быһыты үлтү кумалаан, тоҕу көтөн тахсарыныы, биирдэ ааспыт олоҕун уот ытылҕаныгар баар буолан хаалла.
Сэрии… Кырыыстаах сэрии…
Кырдьык, кини армияҕа бэйэтэ тылланан барбыта. Дьиҥэр, тылламматаҕа да буоллар, хаһыс эрэ хомуурга түбэһэн буорах сытын син билиэ эбитэ буолуо?..
Арай сорохтор курдук хоту түһэн, мүччү көтүө ини?..
Оччолорго итинник санаа кинини ырааҕынан сылдьара. Оччоҕо олус да ыраас санаалаах, олус да итэҕэйимтиэ эбиттэр… мөлүйүөннэр дьылҕаларын үлтү кумалыыр иэдээннээх сэрии турбутун оччотооҕу Миитэрэй курдук өс киирбэх сүрэхтээх-санаалаах уолаттар уонна кыргыттар хантан таайыахтара баарай?..
Уонна, билигин кэлэн туох да диэбит иһин, бэйэ норуотунан, бэйэ дойдутунан, кинилэр ситиһиилэринэн дьиҥнээх киэн туттуу баара. Ол да иһин Сэмэн Сүүлүскэй эҥин курдук эр бэртэрэ, фашист адьырҕаны урусхаллааһыҥҥа кыттыбакка хаалаары гынныбыт диэн ыксаан, инньэ Күһүүр курдук сиртэн Ньурбаҕа диэри тоҥуу хаар устун сүүһүнэн көһү хайыһарынан айаннаан киирэн, бэбиэскэ туруорсан ыллахтара… Даа, Миитэрэй көлүөнэтэ оннук көлүөнэ этэ, билиҥҥи дьоҥҥо холоонноох буолуохтара дуо?! Һы-һы, букатын да били Лермонтов поэматыгар баар кырдьаҕас саллаат курдук тыллаһан бардым дуу?..
Да, были люди в наше время,Не то, что нынешняя племя…Оонньуута суох, арай Даайа кинини талбыт буоллун – оччоҕо барыта хайдах эргийбит буолуо этэй?
Даайа… Даайа… Даайа…
Кинилэр үһүөн биир түбэ оҕолоро этилэр. Бары оскуолаҕа бииргэ киирэн, бииргэ үөрэммиттэрэ. Уонна оннук тутуспутунан бүтэрбиттэрэ. Оччотооҕуга сэттэ кылаастаах үөрэх этэ. Хойутаан оскуолаҕа киирэр буолан, сэттэ кылааһы да сиппит-хоппут дьон бүтэрэллэрэ. Онон ол кэмҥэ Даайалара көрбүт эрэ уол сүрэҕин нүөлүтэ сэлибирэтэр кийиит кыыс бэрдэ буола силигилээбитэ. Субу көтөн хаалыахтыы тырыбыныыр уп-уһун кыламаннаах, эбиитин эдэр саас тэбэнэттээх кыымынан ыһыахтана оонньуур хап-хара хараҕа, отон уутунан сотон кэбиспит курдук кып-кыһыл обуйук уостара, такымынан охсуллар толбоннурар суһуоҕа, мөтөгөркөөн түөстэрэ, быһа тутан кэбиспиттии быакагаркаан уонна имигэстэй бииллэрэ – барыта чочуонай этэ. Оттон күлүүтэ, алыптаах музыка буолан кутуллар лыҥкынас күлүүтэ!
Холкуос-нэһилиэк дьоно бары кинини сүрдээхтик сөбүлүүллэрэ. Бэл, Мыттыкы оҕонньор: «Даайа кыыс, кырынаас курдук кылыбырыйан, кулуһун курдук дьулугураан аастаҕына, миигинньик бөөхүллэ нохтолоох сүрэҕэ көбөн, толугуруу мөхсөн ханна баарын биллэрээхтиир буоллаҕа!» – дии-дии сүрэҕин туттан, дьону-сэргэни күллэрэн мытталлара.
Даайаны хоһуйаары, нэһилиэк уон биэһиттэн отутугар диэри саастаах сулумах уолаттара түөрэ бары хоһоон суруйуутунан ыалдьа сылдьыбыттара. Миитэрэй да онтон хаалсыбатаҕа. Ол кэмҥэ кини бастакы уонна бүтэһик хоһоонун суруйбута. Оннооҕор билигин, түлүк түүн да ойутан туруордахтарына, ол хоһоонун биирдэ да кэлэҕэйдээбэккэ биир тыынынан ааҕан биэрээ ини, таптал тууспаан кутаатыгар куустара сылдьан долгуйа тиспит тыллара ол курдук кытаанахтык өйүгэр-санаатыгар хатанан сылдьаллар. Тиспит да буолан, ити тыллар бэйэлэрэ бэйэлэриттэн төрөөн тахсыбыттара эбитэ дуу?..
Миитэрэй ытыһынан сирэйин саба туттан баран, бастаан сибигинэйэ былаан, онтон устунан тэтимиртэр тэтимирдэн, улаханнык иэйэн-куойан, хоһоон ааҕан барбытын бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалла быһыылаах.
Сууллар сулусСиргэ тиийбитСүдү дьоллоох кыырпахтарынСүрэхпинэн чочуйаммын,Сарпа уоттаах симэхтэриСуоһалдьыйар эн суһуоххарСэрэнэммин кыбыттарбын,Соһуйбучча, баҕар, ууруоҥ?Хадаар санаамХаһыырбалыырХаспахтарын арыйаммын,Хостоохтообут уот тылларбынХоруоҥкалыы тиһэн баран,Хоһоон гынан ууннарбын,Хоойгор умсар улуу дьоллоохХолооннооххор холуоҥ этэ?..Баҕа санаамБалкылдьыйаБарылаахтыыр байҕалыгарБалааччытык-баламаттыкБаарыстана устаахтааммын,Булуом диибин хаһан эмэБиир кыыс оҕо сүрэхчээнинБулгу сүүйэр кистэлэҥи…Суох, Даайа сүрэҕин сүүйэр кистэлэҥи кини булбатаҕа… Даайа сүрэҕин сүүйэр кистэлэҥи Ньукуус булбута…
Оттон кини, бииргэ үөрэммит үөлээннээҕэр Соппуруон Алаастыырапка эппитинии, Дьокуускай педрабфагыгар, дойдутуттан тэйэн, Даайаны умнаары үөрэнэ киирбэтэҕэ (манна диэн эттэххэ, Соппуруон кини сэһэргээбитин «От үрэххэ» диэн кэпсээни суруйарыгар туһаммыта, ол кинигэтин анабыл суруктаан бэлэхтээбитэ билигин Миитэрэй сыттыгын анныгар сытар ээ).
Даайа сүрэҕэ Ньукууһу талбыта. Ньукууһу ордорбута.
Кырдьык, Ньукуус дьүһүннээх үчүгэйэ, майгылаах мааныта этэ. Онно эбии ырыата, үҥкүүтэ сыттаҕа дии. төбөтүн иҥнэччи соҕус кэннигэр быраҕан олорон, хормуоскатын араастык эрийэн-мускуйан бардаҕына, хантан да кэлбиттэрэ биллибэт алыптаах дорҕооннор эйээрэ кутулла түһэллэрэ… Ама, оннукка хайа кыыс оҕо сүрэҕэ битиргэччи тэппэт буолуоҕай?!
Аны кэлэн, букатын кыларыйан турар кырдьыгынан билинэр буоллахха, рабфакка киирэригэр санаатын түгэҕэр, бэрт ыраах да буоллар, ханнык эрэ эрэл кыымнара кылахачыһаллара. Баҕардар, үөрэхтэнэн, оччотооҕуга этэллэринии, хамыһаар буолан дойдубар кэллэхпинэ, Даайа миигин атын хараҕынан көрүө диэн. Ол да иһин туохха да аралдьыйбакка үөрэммитэ. Ол да иһин бииргэ үөрэммит кыргыттарын ортотугар «Дмитриан манаах» аатырдаҕа. Ол «манаах» түөһүгэр төһөлөөх улахан таптал кутаата күлүбүрүү күүдэпчилэнэрин бииргэ үөрэммит кыргыттара барахсаттар хантан билиэхтэрэ этэй?! Оттон уопсайга биир хоско олорбут уолаттара тулуурдаахтар да эбит. Боруобаҕа, кулгааҕар куба саахтаабыт киһитэ хас күн ахсын музыкалаатаҕа аатыран, мандолина муҥнааҕы тардырҕатарын истэн көр эрэ.
Миитэрэй биллэ-биллибэттик мичик гынан баран, баһын быһа илгистэн ылла.
Оччотооҕуга ону өйдүүр кэлиэ баар дуо?! Хомсомуол хотойо хоппотоҕо суох этэ ээт… Кырдьык, мандолинаны барбах тыаһатарын тыаһатар буолбута. Ол гынан баран, ол, сирэйинэн эттэххэ, чахчы тыаһатыы эрэ этэ, иэйэ-куойа уонна, саамай сүрүнэ, атыттар тыгыалас тымырдарын таарыйан дьиҥнээхтик оонньооһун сыта да суоҕа.
Айдарыы диэн, хор, оннук кытаанах. Киһиэхэ барытыгар биир тэҥник бэриллибэт. Төһө да ардыгар бэрт хотуулаахтык биир киһи сатыырын атын сатаабата суох диэтэрбит, дьиҥ чахчытыгар киһи сатыырын киһи сатаабата, дьэ, эмиэ баар буолар. Ону хомнуо хойут сииккэ сиэллэххинэ, хаарга хаамтаххына биирдэ долоҕойдоторуҥ баар – кыһыыта.
Оттон Ньукуус, төһө да эргиччи дэгиттэр дьоҕурдааҕын иһин, үөрэххэ барбатаҕа уонна, кырдьыгынан эттэххэ, оччотооҕу кэм ирдэбилинэн киирэр кыаҕа да суох этэ.
Ону Миитэрэй, оскуоланы бүтэрэр кэрэ-бэлиэ, бу кэлэн санаатахха – эмиэ да үөрүүлээх, эмиэ да хомолтолоох саастарыгар биирдэ кэлэн, соһуйа билбитин бу баар курдук өйдүүр.
Кинилэр үс биэрэстэ курдук тэйиччи сытар алаастан сылдьан үөрэнэр этилэр. Ол үс биэрэстэлэрин Даайаларын суумкатын олбус-солбус тутан, күө-дьаа ону-маны ыаһахтаһан букатын да билбэккэ хаалаллара. Биирдэ эмиэ ол курдук эрийэ-буруйа дьиэлээн испиттэрэ. Сандааран-чаҕылыйан сааскы күн ааттааҕа этэ, онно эбии Миитэрэй история уруогар «тороскуустары кыайан-хотон» (һы, киһи билигин сонньуйа да саныыр) «туйгун» сыананы ылбыт буолан, көтүөн кыната эрэ суоҕа.
– Дьокуускай төһө эрэ улахан буолла? Оскуоланы бүтэрдим да, булгу үөрэххэ барабын. Бары бииргэ барар инибит, – Кэрэх Ыйаабыт тумулун быһан иһэн, сып-сылаас сыстаҥнас хаары ытыһан ылан, мөчөкө оҥороот, бэрт дьиктитик сараадыйбыт лабаалардаах хаһааҥҥыта эрэ чаҕылҕаҥҥа быһа дапсыйтарбыт баараҕай тиити быраҕан кууһуннарбыта. – Һа-һаа! Баар! Ворошиловский стрелок! Өссө биир тороскуус морбойдо!
Онтон дьоно саҥарбаттарыттан дьиибэргээн, хайыһа биэрбитэ:
– Хайа, тоҕо ньим бардыгыт?! – Ньукууһу хатыйан түһэрбитэ. – Э-һээ! Ийэҕин эмсэхтии сылдьыаххын баҕараҕы-ын! Эн эмиэ тороскуус быһыылааххын… – диэн иһэн, Ньукуус хараҕын көрө биэрээт, харан хаалбыта.
Ол харахтар туох санаанан сыдьаайбыттарын Миитэрэй бу билигин да кыайан быһааран этэр кыаҕа суох. Арай далга да баппат далай акаарытык быһыыламмытын тута сэрэйбитэ.
Ньукуус ойон туран, хаарын да тэбэммэккэ, аттыларынан Лэгэнтэй оҕонньор сыарҕалаах атынан сиэллэрэн иһэрин сырсан тиийэн ыстанан кэбиспитэ уонна эргиллэ биэрээт, быраһаайдаһан, бокуойа суох далбаатыы олорбута.
Оттон мин тугу да улаханнык өйдөөбөккөбүн, оннук даллайбытынан суол ортотугар туран хаалбытым. Ньукуус оннук далбаатаабытынан суол тоҕойугар киирэн сүппүтүгэр, дьэ, биирдэ өйдөнөн, сири умса көрбүтүнэн баран иһэр Даайаны сырсан таҥкычахтаммытым.