– Ити-ити… Тоҕо ээ?! – аҕылаабыт омуммар бопторон ылбытым.
Даайа миигин атаҕым тумсуттан үөһээҥҥэ диэри олус бэркиһээбит хараҕынан көрөн таһаарбыта:
– Ньукуус таайа Хотоороп туһунан букатын истибэтэх муҥуҥ эбитэ дуу?! – уонна суумкатын эһи тардан ылаат, сүр эрчимнээхтик иннин диэки хаама турбута.
Мин буоллаҕына, эмиэ даллайбытынан туран хаалбытым. Даайа уонча атылы оҥороот, миэхэ хайыспыта уонна:
– Миитээ, ити муҥураах тиити бырахпат буолаар. Ити кэрэх мас ээ, – диэбитэ.
Итини кини сибигинэйэ былаан эппитэ гынан баран, мин тоҕо эрэ олус чуолкайдык истибитим. Арааһа, уоһа хамсыырынан көрөн, сүрэхпинэн сэрэйбитим эбитэ дуу, хайдаҕа дуу. Дьэ, билбэтим.
Оттон Хотоороп туһунан ол да сахха хайдах тугу да билбэт буолуохпунуй, билэн бөҕө буоллаҕа дии. Дьонум дьиэ иһинээҕини-таһынааҕыны ибир-сибир кэпсэтэллэрин кулгаахтаах аата хайаан истибэт буолуомуй?!
Хойутаанаптар удьуор олохторо – дэриэбинэттэн үс көстөөх сиргэ сытар Бакамда сыһыытын хотугулуу-арҕаа өттүгэр баар кыра хоннох оҕото. Ситинтэн өрүс диэки барыыга балтараа-икки биэрэстэ кэриҥнээх сиргэ Арыылаах диэн алаас сытар. Ол – Хотоороптор олохторо.
Ньукуус таайа Хотоороп Дьөгүөр бэйэтин кэмигэр улахан үөрэхтээх киһи дэһэллэрэ. Өссө Бүтүн Сойуус ыстаарыһата диэн бочуоттаах ааттаммыт Михаил Калинин кыыһын дуу, аймаҕын дуу билсэ сылдьыбыт үһү диэн кэпсэтэр буолаллара. Сөҕүү-махтайыы кытаанаҕа этэ. Лев Троцкай кинини хайҕаан, санныттан таптайбыта үһү диэн эмиэ сири-буору аннынан сэһэргэһэр этилэр. Саха АССР наркомугар тиийэ үлэлии сылдьыбыт киһи. Онтон эмискэ «тороскуус», «норуот өстөөҕө» аатыран хааллыбытын туһунан дьулаан сурах тарҕаабыта. Итинтэн сылтаан, чугастааҕы дьон Хотоороп аймахха сыһыаннара, мин оччотооҕу оҕотук харахпынан көрүүбэр, соччо уларыйбатаҕа быһыылааҕа. Ол да иһин буолуо, мин история уруогар кэпсэтэр «тороскуустарбар» Хотоороптору отой да дьүөрэлии санаабат этим.
Эгэ кэлэн, «тороскуус» аймаҕа, «норуот өстөөҕүн сыдьаана» сэбиэскэй үөрэх кыһатыгар киирэрэ элбэх уустуктардааҕын, ону ааһан, төрүт да сатамматын хантан сэрэйиэмий?! Оҕо бөчөөх буоллаҕым ээт…
Итини барытын дьиэбэр тиийэн, ийэбиттэн мөҕүллэ-мөҕүллэ, убайбыттан ыйыталаһан балайда удумаҕалаппытым. Оттон рабфакка үөрэнэр сылларбар дьэҥкэтик өйдөөбүтүм. Ол кэннэ Күн Ыстаалын «сын за отца не ответчик» диэн этиитэ дьиҥ олоххо кэлэн, букатын тиэрэ эргийэн тахсыбыт түбэлтэлэрин Миитэрэй бэйэтин уу хараҕынан көрдө ини, көрбөтө ини. Дьон да, олох да араас буолар эбит этэ…
Ол барыта кини долоҕойугар бэрт хойут тиийбитэ.
Сарсыныгар Ньукууска сыыһа тахсыбыт диэбитигэр, киһитэ сапсыйан эрэ кэбиспитэ. Ити итинник хаалбыта…
* * *Оттон кинилиин Дьокуускайга учуутал рабфагар үөрэммит, пединститут икки мэндиэмэннээх мас уопсайын хоһугар бииргэ олоро сылдьыбыт, кэлин улахан суруйааччы буолбут Соппуруон Алаастыырап бэйэтин кэпсээнигэр Ньукууһу Тулааһынап диэн араспаанньалаабыта эмиэ дьикти ээ. Тулааһынап, Тулааһын… Ол аата, ким эбэтэр туох эрэ тулааһына, тирэҕэ диэн өйдүөххэ сөпкө дылы. Дьиҥэр, Ньукуустаах Мандаараптар диэн этилэр буоллаҕа дии. Оттон Миитэрэй тоҕо эрэ Тытыгынаайап буолан хаалбыт этэ. Тоҕо? Бу кэлэн өйдөөтөххө, соччо үчүгэйэ суохтук иһиллэр араспаанньа быһыылаах. Тытыгынайбыт буолан… Ону Алаастыырап тыыннааҕар өйдөөн ыйыппакка хаалбыт эбит. Соппуруон обургу туох эрэ түгэх санаалааҕа чуолкай. Миитэрэй ол сахха итиннэ суолта биэрэн, соччо толкуйдуу сатаабатах да буолуохтаах. «Кэпсээн суруйарбар эн түбэлтэҕин туһанабын дуо?» – диэбитигэр улаханнык утарса сатаабатаҕа. Хайыы үйэ кэпсээн бүтэн баран, тугу чымаарыстаныа да этэй, дьиҥэ баара?! Оо, онно Алаастыырапка сүүрбэччэ сыл сүгэһэр оҥостон, быһа ааллара сылдьыбытын тоҕу тэбээн баран, чэпчээбитиэн эриэхсит?! Таҥараны итэҕэйээччилэр олохторугар исповедь хайдахтаах курдук дириҥ суолталааҕын онно кэлэн дьэҥкэтик өйдөөбүтэ.
Соппуруон кэпсээнигэр, биллэн турар, эбии-сабыы элбэх. Уус-уран суруйуу буоллаҕа… Холобур, Миитэрэй ол бэстилиэтин элбэрээгин төлү тардыбыт кырыыстаах түгэнин туһунан кимҥэ да, хаһан да кэпсиир санаата суоҕа. Эгэ кэлэн, ону Ньургуҥҥа ханнааҥҥы санаатынан этиэ этэй?! Туох диэн?!
Ол да буоллар, Миитэрэй кэнники кэмҥэ тоҕо эрэ ити кэпсээни хос-хос ылан ааҕар мээтик буолан хаалла. Сырыы аайы саҥаттан ааҕар курдук, сырыы аайы сүрэҕэ саҥаттан хааннааҕынан ытыыр… Кэпсээҥҥэ буоллаҕына, ардах түһэр да түһэр… Оттон Соппуруон өҥүрүк куйаас сатыылаан турар кэмигэр сылдьыбыта… Миитэрэй ону илэ-чахчы өйдүүр. Ымпыгар-чымпыгар тиийэ.
Алаастыырап тыа сиригэр от-үүт үлэтин сырдатар матырыйаал хомуйа тахсыбыт буолан, сири-дойдуну кэрийэн, кини отуулана сытар ходуһатыгар киэһэлик биирдэ тиийэн кэлбитэ. «Бөрөнү эрэ буолбатах, суруксуту эмиэ атаҕа аһатар», – дии-дии, барбах будьурхайдыҥы курдук баттаҕын өрүтэ анньына-анньына, харахтара чаҕылыһан, мылаллан турара букатын бу баар. Кырдьыга да, билбэк-кэ-көрбөккө тугу суруйуоҥуй?!
Аараттан холкуос бэрэссэдээтэлин көмүскэһэн, дэлби өрүкүнүйэн кэлбит этэ. Инструктор уол: «Райком быгыһыҥҥы быһаарыытынан сиилэстиир күөх маассаҕа анаан кукуруза ыһыллыахтаах бааһынатыгар бурдугу ыстарбыккын!» – диэн сэрииттэн мас атахтаах кэлбит Маппыайабы тыыннаахтыы тутан сиэх курдук үһү. Бэрэссэдээтэл: «Бастыҥ бааһынабыт, баһаам бурдук үүнүө, оттон кукуруза үүнэрэ саарбах», – диир эбит. Соппуруон: «Киин бэчээттэн көрдөххө, билигин үс-түөрт сыллааҕыта курдук кукурузаны булгуччу ыһарга сорудах суох, бастаан агротехниканы быһаарыы наадатын туһунан боппуруоһу ордук күүскэ көтөҕөллөр», – диэн арыычча алы гыммыт.
Эр бэрдэ кэһиитин биир иһит «Москуобускайы» күлтэйбит араҕас тирии бартыбыалыттан кылбатан таһаарбыта. Оччону көрөн туран, мин аатырар Кэбээйи соботуттан итэҕэһэ суох эмис уонна бөдөҥ собону үөлэн лэһигирэтэ да, мииннээн бидилитэ да охсубутум. Сирбитин-уоппутун алҕаан-аһатан баран, арыгыны үс ылтаһын куруускаҕа фроннааҕы үгэспинэн киллиргэччи кутаттаабыппын киһим дьиктиргии көрбүтэ. Киллиргэччи куппуппун буолбатах, үс гына үллэрбиппин.
– Тому парню, – диэбитим.
– Сөп-сөп, билэбин уонна өйдүүбүн!
– Суох-суох, эн билбэккин да, өйдөөбөккүн да… Бу Ньукуус киэнэ… – Соппуруон олус өйдүүрдүү туттубутуттан кыһыйан, мин хадьардаһан ылбыппын бэйэм да өйдөөбөккө хаалбытым.
– Ханнык Ньукуус?
– Кэлин кэпсиэҕим… баҕар… Чэ, көрсүһүүнэн!
Биир тыынынан хантас гыннаран кэбиспитим. Соппуруон барбах омурдубута:
– Мин итинник кыайбаппын.
– Баалаабаппын. Итинник иһэр туһуттан номоххо
киирбит наркомовскай нөҥүө ааһыахха наада…
(Кырдьыга да баара, арыгыны иһии биһиги дойду дьонугар ордук сэрии кэнниттэн сытайан турбута. Ол иннинэ да дьон син төрөөн-өлөн олордоҕо эрээри, билиҥҥи курдук буолбат этэ. Оччоҕо итириксит диэн да суох буолара…)
Салгыы күө-дьаа бииргэ үөрэммит кэммитин, оҕолорбутун ахтан барбыппыт. Киһи хаһан да баары, бүгүҥҥүнү ситэ-хото сыаналаабат үгэстээх ээ, ааспытын кэннэ санаатахха – барыта кэрэтийэн, күндүтүйэн көстөр. Ол – киһи уйулҕатын биир уратыта буоллаҕа. Онон, биһиги даҕаны, этэргэ дылы, үөспүт тэстэн, тимэхпит сөллөн, уруккуну-хойуккуну кэпсэппиппит. Салгыы дойдубут олоҕун, ыытыллар политика да тула санаабытын ирэ-хоро тэбэспиппит. Тэбэспиппит да буолан, үксүн мин куолулаабытым. Оттон Соппуруон ордук үөлүллүбүт собону сиэн лыбыгыратарыттан ордубатаҕа. Ахтыбыта оччо этэ. Уопсайынан, киһи төрөөбүт аһын күндүргэтэр да буоллаҕа. Ордук сааһыран, этэргэ дылы, кэннэ уһаан, иннэ кылгаан иһэн. Бэл, Саха сириттэн бастакы генерал Притузов уонна суруйааччы Ньукулай Якутскай соҕуруу охтор ыарыыларыгар сытан, дойдуларыттан уулаах отону өлбөт мэҥэ уутун курдук санаан үлэспиттэрэ диэн буолар. Оттон атын хайаларыгар эрэ – бадаҕа, улахан учуонай быһыылааҕа – кыайан дойдутуттан ыыттарбакка, ханнык эрэ атын сир отонунан солбуйбуттар, ону амсайан көрөн баран: «Суох, бу Саха сирин отоно буолаахтыа дуо?!» – диэн баран, төттөрү анньан кэбиспитэ үһү. Дьэ, ону кини хантан биллэ?! Отон эрэ барыта биир буолуон сөп курдук буолбатах дуо?.. Оннук буолбат эбит, киһи ханнык эрэ битинэн «бу дойдум киэнэ» диэн син биир араарар. Төрөөбүт дойду сыта-сымара, амтана киһи этигэр-хааныгар оннук дириҥник иҥэн сылдьар эбит ээ…
Онтон отууга киирэн, эмиэ ону-маны баллыгыраһа сытан, Соппуруон эмискэ баҕайы ыйыппыта:
– Миитэрэй, эн миигин соччо эрэммэккин дуу, быһыыта?..
Итини мин улаханнык сүөргүлүү да, сүөлүргүү да истибитим. Төһөтүн да иһин устудьуоннуур сылларбытыгар мииммитин балайда иһистэхпит дии. Билигин сүрдээн-кэптээн кэпсэнэр политическай репрессия сылларыгар. Оччолорго сэбиэскэй дьон, тутуллубакка-хааллыбакка да сылдьан, бэйэ-бэйэлэрин хобулаан мөлүйүөнүнэн донуоһу – үҥсүүнү, тыллабыры диэххэ сатала суох – суруйбуттара диэн билигин аһаҕастык суруйаллар уонна кэпсииллэр. Аны кэлэн, чыҥха атын кэмҥэ олорон эргитэ санаатахха, хайдахтаах нэгэй быһыыный?! Киһи өссө «хоту ыаллар» тимир кыпсыырдарыгар түбэспиттэр тустарынан этэ да барбат. Ол эрэйдээхтэргэ түһээтэхтээҕи да суоллары суруйтарбыттара чуолкай. Оттон атыттар?!
Дьолго, пединститут уопсайыгар кинилиин бииргэ олорбуттар ортолоругар оннук дьаабы быһыы тахсыбатаҕа. Онон Соппуруон инньэ дииригэр ханнык да төрүөт баар буолуон сатаммат курдуга.
– Куорат мааны киһитэ хайыаҥый?! Тыа учууталын атаҕастаан эрдэҕиҥ, – диэн хаадьыга кубулутуохпун санаабытым да, киһим кырдьык-хордьук ыйыппыт буолан биэрбитэ.
– Суох-суох, Миитэрэй. Мин чахчы инньэ дии санаатым.
– Бай, ол тоҕо?!
– Ньукуус туһунан кэпсиэххин баҕарбаккын дии…
Соппуруон обургу, көр, итинник олуйан турар. Сөп ээ, хайа булчут кыыл субу үктээн ааспыт буруолуу сылдьар суолун таба тайанан баран, сонордоспот буолуой?! Суруйааччыҥ да араас мыыдараһы-албаһы туттан сойуолаһар кыыла диэн ураты түбэлтэ, сонун тиэмэ буоллаҕа эбээт.
Оччо олуйтаран баран, хайыахпыный, кэпсиирбэр тиийбитим. Ол гынан баран, Соппуруон суруйбутун курдук отууга буолбакка, кутаа таһыгар олорон. Иһирдьэ сытан кэпсиэхпин, санаабар, ким эрэ отуу кэтэҕиттэн иһиллииргэ дылыта.
Тахсан, хайыы үйэ умуллубут кутаа күлүн бурҕаҥната булкуйан, аҕыйах барбах кылахачыйар кыымнары буламмын үрэн сирилэппитим. Итиирдик балайда бадьыыстаспытым да, Соппуруон бэрт тулуурдаахтык кэтэспитэ. Дьүрү биир да тылы саҥарбатаҕа. Арай, отууга киирэн, ырбаахытын иилинэн тахсыбыта. Бастакы омунугар, истэ охсоору, маайканан эрэ кылбаҥнаан тахсыбыт этэ. Төһө да сайын буоллар, түүн аата түүн, син дьагдьайдаҕа буолуо.
Кутаабын соруктаах аҕайдык сөхсүйэн баран, чөҥөчөк үрдүгэр быһыы килиэбинэн саба ууруллан турар ылтаһын хомуллубуттаах куруусканы ылбытым:
– Хайа, Ньукуус, испэтэххин дуу?! Сөп ээ, бэл, наркомовскайы испэт этиҥ. Чэ, оччоҕо манан мин онуоха-маныаха диэри бэйэм санаабын-онообун сайҕаан көрүүм, – иһит көп аҥаарынан сылдьар буокканы, эргитэ түһээт, таҥнары куттубутум. – Баалаабат инигин, куорат «энтэлигиэнэ» киһи?!
Соппуруон син биир «мыык» да диэбэтэҕэ. Мин, булгунан кэбиһээри, сылтах көрдүүрбүн сэрэйдэҕэ.
Оттон мин килиэппин сытырҕаан ылаат, харахпын быһа симэн, чочумча олорболуу түспүтүм. Куолайбын хатыылааҕынан хайы салаан киирбит арыгы уота сыыйа эппин-хааммын сылытан, биир гына тарҕаабыта. Хайдах эрэ бэйэбин эмиэ уоттаах-кырыктаах атаакаҕа киирэн иһэр курдук санаан аһарбытым уонна кэпсээн барбытым…
Хайдах баарынан… кырдьыгынан эттэххэ, хайдах өйдүүрбүнэн…
Суох, аһаҕастык кэмсинэрин кэмсиммэтэҕим. Хомуньуустуу өйдөөх-санаалаах этибит буоллаҕа…
Оттон билигин Миитэрэй хомуньуустуу өйө-санаата суох дуо?.. Билиэтэ баҕас баарын баар, туттарбатаҕа… Ол гынан баран, совхоз партийнай кэмитиэтэ ыһыллыаҕыттан усунуос да төлүү илик уонна бүтэһик быыбар иннинэ ыҥырбыт мунньахтарыгар да эмиэ барбатаҕа. Онон Миитэрэй хомуньуус дуу, хомуньуус буолбатах дуу диэн боппуруоһу айбыт бэйэтэ билэр. Билигин кини киирбит Сэбиэскэй Сойуус Коммунистическай партията суох, ыспыттара. Ону киниттэн ыйыппатахтара…
Уонна өлө-тиллэ көмүскээбит модун Сэбиэскэй Сойууһа да, сахсайбыт мас уһааттан тимир уобуруччутун сулбу охсубуттуу, киһи сымыйаргыах, көрүөх бэтэрээ өттүгэр ыһыллан-үрэллэн хаалла…
Уулаах, үөл уһааттан уобуруччутын си-дьүгээр ылбаккын, кыаллыбат даҕаны…
Оччотугар сэбиэскэй дойду кураанах, иччитэ суох, көҥдөй көхсө эрэ турбут буолан тахсар дуо?!
Миитэрэй илиитин иминэн харбыалаһан, эрдэ бэлэмнээн уурбут чэйдээх чааскытын ылан, өрүһүспүттүү иһэн киллиргэтэн иһэн киэр аста.
Бу хаһан сүтэр кырааска амтанай?! Сарсын Дьулуһу соруһан, муус киллэртэрдэҕинэ сатаныыһы. Сайын Даайа хантан эрэ булан аҕалан, буочукаларын соппут кырааската, дьэ, кыаҕын ылаары гынна. Аҕынньата төллөөрү ыксатар. Кыыһа бэйэтэ амтаны билбэт. Түөһэйэн талымастыыр дии саныыр быһыылаах. Мэлдьи сотон-сотон кэлбит кырааскам диэхтиир да, дьэ, билбэтим. Итэҕэтээри, кырааска бааҥкатын кытта киллэрэн көрдөрөр этэ да, суруга-ойуута биирин иһин хаачыстыбата чыҥха атын дойду ээ, быһыыта… Тас киэп уонна ис хоһоон мэлдьи бэйэ-бэйэлэригэр сөп түбэһэллэр диэн буолбат ээ бу орто дойду очурдаах-чочурдаах олоҕор…
Ып-ыраас кылыгырыы сүүрэ турар дьүүктэ уутун испит киһи баар ини… Ып-ыраас…
3
Алаастыырап доҕоро Миитэрэй Хойутаанап тус олоҕуттан кэпсээбит түгэнин улаханнык сөҕө истибитэ. Булан-булан түбэспитин эбитин. Киһи букатын итэҕэйиэ суоҕун курдук. Арай кинигэҕэ-киинэҕэ итинник тоҕооһуу, сөп түбэһии баар буолар ини, оттон… Ол эрээри бары суруйааччылар, киинэ айааччылар да уобарастарын уонна сюжеттарын дьиҥ баар олохтон сомсон эрдэхтэрэ эбээт. Олоххо киһи хаһан да үөйбэтэҕэ-ахтыбатаҕа баар буолан соһутааччы. Хас үүммүт күн ол иһин сонун уонна хатыламмат кэрэ. Бээ, ханнык эрэ биллиилээх фантаст суруйааччы «олохтон ордук баай фантазиялаах тугу да билбэппин» диэн эппиттээх буолуохтаах этэ ээ. Бадаҕа, Жюль Верн этэ дуу. Таһыччы умнан кэбиспиппин. Букатын манна, бэрт чугас, кылаҥныыр курдук да – таба туттарбат. Киһи толкуйа диэн бэрт дьикти кыыл. Оттон дьылҕата диэн… Түҥ тыа буоллаҕа.
Доҕоро тылыгар төһө да кэмсинэбин диэбэтэр, уйулҕата улаханнык оонньуур эбит. Ол саҥатыгар-иҥэтигэр, туттуутугар-хаптыытыгар ырылыччы сурулла сылдьарга дылы. Эмээхсинин кытта сыһыана да тоҥуй соҕус быһыылаах. Бастаан дэриэбинэҕэ кэлбит киэһэтигэр тиийэн, Миитэрэйи ыйыталаспытыгар:
– Ханна сылдьарын мин билэр үһүбүн дуо? Сайын кэллэ да, маар түгэҕин булар киһи баар дии, киниттэн ордук отчут суоҕар дылы! – диэн өс-саҕа буолан кынтаарыҥнаабыта.
Олоҕор итинник ыарахан, соһумар суоллары көрсүбүт киһини кытта бииргэ олорор кытаанаҕа биллэр, ордук ол киһиҥ өйүн-санаатын бүтүннүү атын дьахтар баһылаабыт буоллаҕына. Сэрии ыар тыына киһи этигэр-хааныгар иҥэн хаалар адьынаттаах, ордук инники кирбиигэ сылдьыбыт, илэ-бодо сэймэктэспит киһиэхэ. Оннук дьон үксүгэр хааннара алдьанан туох да энчини сүгүн истибэт буолан хаалаллар. Эбиитин дойдуларыгар хаалбыт оҕолоро-кэргэттэрэ, аймахтара суорума суолламмыт буоллахтарына…
Соппуруон элбэх буойун ахтан аҥаардара эрэ хаалан кэлбит дойдуларыгар тус олохторо табыллыбатаҕын, иһээччи буолбуттарын, төрөөбүт түөлбэлэриттэн быралгы барбыттарын олус бэркэ билэр. Сорох-сорох ыал, холкуос олоҕо сэрии сылларыгар ол курдук айгыраабыта, эстибитэ. Ордук кураайы сирдээхтэр иэдэйбиттэр этэ…
Хор, оннук охсууну инчэҕэй эттээх, сылаас сүрэхтээх эрэ барыта уйаахтаабат…
Бэл, олоҥхо бухатыырдара адьарай аймаҕын кыайан-хотон баран, кыргыс кэмигэр сыстыбыт хара дьайдарын дьалбыйтараллар эбээт. Ол эрэ кэннэ биирдэ айыы дьонун кытта алтыһар кыахтаналлар. Хаантан хаан алдьаныыта диэн кытаанах. Киһи киһини билбэт үлүгэрэ диэххэ сөп. Соппуруон эмээхситтэр-оҕонньоттор бэйэлэрин ыккардыларыгар кэпсэтиигэ биир эмэ бэйэлэрин түбэлэрин киһитин туһунан «оо, барахсан сэриигэ барыан иннинэ үтүө да оҕо этэ…» диэн эмиэ да аһыммыттыы, эмиэ да хараастыбыттыы үөһэ тыыналларын син иһиттэ ини, истибэтэ ини. Ити баҕас, туох да албына-түөкэйэ суох, ис сүрэхтэн тахсыбыт тыллар буолуохтаахтар. Бэл, били сэрииттэн босхоҥ кэлбит тастыҥ убайа Байбааскы, кыратык холуочуйа түстэ да, ыллаан тахсар «Саллаат сүрэҕэ» диэн ырыатыгар этиллэринии, ийэ оҕотун билбэт муҥа буоллаҕа дии. Бээ, ити ырыа хайдах этэй?!
Халҕанын аһан дьиэтигэр киирдэ,Кырдьаҕас ийэтэ билбэтэ:– Кэпсээннээ, тукаам, ким-хайа этиҥ,Хантан бу айаннаан иһэҕин?– Оо, ийээ, – диэтэ, – эн уолуҥ этим,Ол дьиэбэр эргиллэн бу кэллим.Кыа хааннаах сэрии уотуттан ордон,Төрөөбүт алааспын, дьэ, буллум…– Эн уолуҥ этим… – Алаастыырап саҥа таһаарбытын бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалла.
Оннооҕор кинини – инники кирбиигэ сылдьыбатах саллааты – ийэтэ барахсан хайдах көрүстэ этэй?! Уҥуох-уҥуоҕун барытын тутан-хабан көрбүтэ дии, ытамньыйа-ытамньыйа. Сэрииттэн лабааларын тонотон, эттэрин-сииннэрин сэймэктэтэн кэлээхтээбит саллааттары санаахтаатаҕа буолуо. Оттон ол илэ бодотун төрөппүт ийэтэ билбэт буолуор диэри кэбилэппит киһи өйүгэр-санаатыгар туох баас-чэр хааларын ким билиэ баарай?!
Онно холоотоххо, Миитэрэй хатат курдук кытаанах киһи эбит. Өссө, буолаары буолан, биир түбэҕэ улааппыт доҕорун тыыныгар турбут киһи диэтэххэ… Чэ, баҕар, билбэккэ да ыппыт буоллун, син биир – ыарахан. Бээ, туох диэтэ этэй: «Биир куттас саллаат олоҕун сиэртибэлээҥҥин атын уонунан саллааттар олохторун быыһыыгын, кыргыһыы кэмин дьэбир сокуона оннук!» Итигирдик диэн, төһө да бэйэтин кырдьыгын таһаарыннар, муҥура суох буруйдана саныыр быһыылаах.
Толкуйдаан көрдөххө, гвардия капитана Хойутаанап дойдутугар эргиллэн баран, партийнай-советскай линиянан үлэлии барбатах биир сүрүн биричиинэтэ ити буолара дуу? Бастаан утаа обкомтан кытта кыачаҥалата сылдьыбыт сурахтаахтар, оройуоҥҥа үһүс сэкирэтээринэн анаарылар. Муос-таас курдук аккаастаан кэбиспитэ дииллэр.
Сири-буору аннынан иһиттэххэ, обком эппиэттээх үлэһитин улаханнык өһүргэппит үһү. Ол – кырдьык Хойутаанап буочара. Итини Соппуруон урут даҕаны итэҕэйэ истэрэ, оттон бэҕэһээҥҥи кэпсэтии кэнниттэн өссө бигэтик өйдөөтө. Быһаччы бэйэтиттэн ыйыппатар даҕаны.
Миитэрэйиҥ өһүргэс соҕус ээ. Төһө да арыт ардыгар устудьуоннааҕы үгэстэринэн бары-баллаччы хаадьыласталлар, сорох түгэҥҥэ биир тылтан сылтаан харыйаны таҥнары соспут курдук буолааччы. Оччоҕо эн кини иннин көстөн турар төрүөтүнэн да ылбаккын. Бэйэтэ этэригэр дылы «өһөс да чирэс, саллаат өрүү чиккэс!» Кытаанах киһи! Ол да иһин, кэргэнэ этэринии, «коллегалара уоппускаларын кэмигэр Крымынан, Кавкаһынан сылдьар кэмнэригэр үрэх баһыгар дьуоҕура сыттаҕа». Өссө оттообутун иһин кэлтэгэй да кэппиэйкэни аахсыбат-ылбат үһү ээ. Оннук хомуньуустуу өйдөөх-санаалаах буолуо дуо?..
Бэҕэһээ Миитэрэй кэпсээн бүтэн баран, хас да испиискэ маһын тостурута охсон уматтыбыт бөппүрүөскэтин тардан, суптугар уоһа ибигирии олордоҕуна, Соппуруон тоҕо эрэ Балыксыт Былатыаны санаан кэлбитэ. Өссө хайдах эрэ Николай Неустроев кини көрөн олорор лүҥкүрбүт халлаанын уонна тимир курдугунан тыбыс-тымныытык мэндээрийэр күөлүн ойуулаабыт диэх курдук санаан аһарбыта. Балыксыт Былатыан тоҕо дьон-сэргэ ортотуттан дьалты барбыта буолуой?! Оттон Миитэрэй тоҕо сайын аайы соҕотоҕун оттуу тахсар? Манна туох эрэ ситим-сибээс, хоһулаһыы баар дуо?..
Наака, бу түбэлтэҕэ да олоҕуран, үчүгэй айымньы суруллуон сөп быһыылаах.
Даайаны кытта булгу кэпсэттэххэ сатанар. Хата, мааҕын сарсыарда сэбиэт дьиэтигэр сылдьан болдьоһо охсубута ээ. Ыксаатаҕына сатанар, командировката сотору бүтүөхтээх. Машата хайдах эрэ олорор?.. Куораттыыр сахха дьэдьэн булбут киһи. Кыттыгыйкаан кыыттаана, сибиэһэй сүөгэйгэ булкуйан биэрдэххэ, төһө эрэ минньигэһиргэтэ-минньигэһиргэтэ сиэн ньымаардар…
Алаастыырап, итинник саныы-саныы, дэриэбинэ илин өттүгэр баран истэ.
Аҕыйах сыл анараа тыа дэриэбинэлэригэр мэндиэмэннээх дьиэ тутуллуо диэн санааҕа да суоҕа эбитэ буолуо. Ол бэйэтэ ити дьиэ дьэндэйэн тахсыбыта үчүгэйиэн. Бу эҥээргэ бастакы хараҥаччы буоллаҕа буолуо. Бу оройуон дьоно-салалтата мэлдьи да олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыырга дьулуһаллар. Сотору кэминэн манан асфальт бүрүөһүннээх уулусса тыргыллыа, онон массыыналар сырылыы сырсыахтара. Букатын куорат курдук буолуо. Оччоҕо ити түптэ тула мустубут ынахтар барахсаттар ханна барыах муҥнарай?..
Санаатыгар киирэн испит буолан, иннигэр атыыр оҕус айаатаан лоҥкунаппытыгар соһуйан өрө чинэрийэ түстэ. Эбиитин буруолуу сылдьар «лэппиэскэттэн» халтырыйан, букатын да тиэрэ таһыллан иһэн (хаарыан көстүүмэ!) арыычча өрүһүннэ.
Лаҥкыр муостаах сүүнэ улахан уу долгунун курдук күөх чуоҕур оҕус, онно эрэ кыһаллыбакка, буугунуу-буугунуу, күдэн бөҕөтүн өрө табыйан таһааран, хара былыт ортотуттан мааҕыҥҥытынааҕар өссө суостаахтык-суодаллаахтык лоҥкунаппытыгар, нөҥүө уулусса диэкиттэн, мин да баарбын диэбиттии, атын оҕус мөҥүрээн лүҥкүнэттэ. Күөх Чуоҕур ону истэн букатын буорайда, кэлин өттүн өрүтэ быраҕаттаан ылла да, батыччахтаан кэлэн, бугул саҕа түптэни күллэри баҕастары сүргэйэн таһааран, бүтүннүү бүрүнэн кэбистэ. Өрүкүйэн тахсыбыт күдэн былыта чэпчэки сиккиэргэ оҕустаран, Алаастыырап диэки болооро уһунна.
Айыбын даа! Дьэ, дьоһун хартыына!
Алаастыырап ньыкыччы туттубутунан сэрэхтээх сири кытыытынан кыйан мүччү түһээт, кэлээри туран, ыалыттан ыйдарбыт хатыйыы үөт күрүөлээх тэлгэһэтин ааныгар хаамар-сүүрэр ыккардынан тиийээт, дьэ, биирдэ өрө тыынна. Сиэбиттэн болотуогун таһааран, сүүһүгэр бычалыйан тахсыбыт көлөһүнү туора-маары сууралаата уонна илиитигэр тута сылдьар сэлээппэтин кэтэн кэбистэ.
Сатана оҕуһа! Киһи сүрэҕин хайыта сыста дии…
Даайа күүтэн олорбут эбит. Үс атахтаах остуолга ас бөҕөтө тардыллыбыт. Иҥэ имнии тэтэрэн, тэри-тэрбэгэр сыры-сымнаҕас харахтара сандаара тырымнааннар, урут көрбүтүнээҕэр өссө ордук тупсубукка дылы буолбуттар.
Өссө кыыс сылдьан хайдах эрэ буолла?.. Били силбиэтэммит оҕуһум ханна дьөлү түһэн хаалла?! Ити сырдык кыымынан ыһыахтанар харахтар эйиэхэ эрэ анаан сыдьаайа тырымныыллара, кырдьык, дэлэлээх үчүгэй буолуо дуо?! Сорох ол минньигэс түгэни үрүҥ түүлүгэр да билэрэ саарбах. Машата бу санаатын биллэҕинэ – иэдээн!
Алаастыырап сэмээр мүчүк гынна.
Туох да диэбит иһин, Миитэрэй сүрэҕин үйэ саас тухары туттарыан туттарбыт эрэ дииргэр тиийэҕин.
– Чэ, остуолга аас. Түннүкпүтүн арыйа сатыыбыт да, оһох оттулунна да дьиэбит өрүкүйэн хаалар. Итии буолуо. Бинсээккин ол көхөҕө ыйаа, – Даайа, таһыттан соччо биллибэт да, балайда долгуйбут быһыылаах (хаһан суруйааччыны күндүлээбитэ баарай?!) – Сотору ыалым Мэхээлэ киирэ сылдьыах буолбута, эн кэлэр сураххын истэн. үнүрүүн кулуупка буолбут көрсүһүүгэ тугу эрэ ыйыппакка хаалбыппын диир этэ. «Хотугу Сулуска» бэчээттэнэ сылдьар айымньыгар сыһыаннааҕы. Бастаан уларсыһа сылдьан ааҕа сатаан баран, тэһийэн-тулуйан көһүтүспэккэ, элбэх киһи сурунаалга суруттарда ээ, быһыыта.
Алаастыырап түөһүн киэн туттуу тиирэ тэбиэхчэ буолбутун сабыта баттаат, сүөгэй үрүҥнээх итии чэйи сыпсырыйан ылла уонна утары быыска ыйанан турар хаартыскалаах арааманы тонолуппакка одуулаата.
Араама ортотуттан сырдык сэбэрэлээх, иҥнэри кэппит пилоткатын ойоҕоһуттан баттаҕа будьуруйбут саллаат кинини эмиэ көрөн олорор эбит. Киэҥ эрилкэй харахтарыгар туох эрэ түгэҕэ биллибэт санньыар саспыт курдук.
– Ити мин Ньукуум… – Даайа ах баран олорболуу түстэ, онтон санныгар саба быраҕына сылдьар былаатын муннугунан эр-биир харахтарын сотунна. – Биһиги бииргэ улааппыппыт. Бука, Миитэрэй кэпсээтэҕэ буолуо. Оскуолаҕа олус үчүгэйдик үөрэммитэ, олус сайаҕас этэ. Ол эрээри Миитэрэй курдук үөрэнэ барбатаҕа. Ийэтэ ыарытыйара, сэрии саҕаланыа аҕыйах сыл иннинэ эмискэ баҕайы мэнэрик буолан хаалбыта. Ол, арааһа, убайын Дьөгүөр Хотооробу «норуот өстөөҕө» диэн хаайбыттарыттан сэдиптээҕэ эбитэ дуу, – Даайа Алаастыырабы тургутардыы көрөн ылла уонна туохтан эрэ өрүһүспүттүү быһаара оҕуста. – Хотоороп аата билигин ыраастаммыта ээ.
Даайа остуолтан туран, хоһугар киирдэ. Онтон бэрт кичэллээхтик чэй көмүһүгэр сууламмыт кинигэни аҕалла.
– Ньукуу таайын эмиэ олус сөбүлүүрэ. Бу Ойуунускай кинигэтин бэлэхтээбитин, оннооҕор Ойуунускай эмиэ «норуот өстөөҕө» аатырбыт кэмигэр, хараҕын харатын курдук харыстаан илдьэ сылдьыбыта. Ону миигиттэн ураты ким да билбэт буолуохтаах, бэл диэтэр, Миитэрэй кытта. Оттон аҕалара Ньукуу кыратыгар Тайҕаҕа көмүскэ сылдьан, дэҥҥэ түбэһэн суох буолбута үһү. Арай биир букатын билбэт киһилэрэ – бадаҕа, куорат диэкиттэн сылдьар – балайда үбү-харчыны аҕаларын ирээтэ диэн аҕалан биэрбитин хотунум букатын бүтэһик күнүгэр диэри улаханнык уйадыйан-махтанан туран ахтара…
Алаастыырап бүтүннүү кулгаах буолан олордор да, кинигэни сэрэнэн суутуттан арааран, эргим-ургум тутта.
Кылаана да кыларыйан көрбөтөх. Олох сабыс-саҥа сылдьар. Ханна да харахтыы илик кинигэтэ эбит. «Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо. Үс оонньуулаах олоҥхо (норуот олоҥхотуттан)» диэн. 1930 сыллаахха Дьокуускайга үс тыһыынча ахсаанынан тахсыбыт. Кинигэ маҥнайгы сирэйигэр күөх чэрэниилэнэн, бытархай буолан баран, кып-кырылас буочарынан латынныы алфавитынан суруйбуттар: «Bu kinige sin biir bert kinige buolar. Surujdum Mandaarap Njukuus. 1938 syl.»
Алаастыырап тыастаах баҕайытык өрө тыынан ылла уонна хайыы үйэ түгэҕэ оҥойбут чааскытыттан чэй испитэ буолла. Ол албаһа Даайа хараҕын халты ааспата. Кэпсээбитин кубулуппакка олорон, тэскэйбит алтан сылабаартан чэй кута охсон биэрдэ.
– Ньукуум тоҕус оҕолонуохпут диэн ыраланаахтыыра. Дьиҥэр, букатын эдэр киһи итинник санаалааҕа, билигин кэлэн толкуйдаатахха, бэрт дьикти дии. Мандаараптар да, Хотоороптор да удьуордарын салҕааччы быһыытынан өйдөөхтүүрэ дуу, бэйэтин… Ону барытын кырыыстаах сэрии туора соттоҕо… – Даайа эмиэ хараҕын соттон ылла. – Сэрии! Сэрии хааннаах баппаҕайынан биһиги түбэни ыараханнык тайаммыта. Турбут-олорбут уолаттарбыт барахсаттар сэриигэ барбыттара уонна үксүлэрэ эргиллибэтэхтэрэ. Оо, дьэ, кырдьык, иэдээннээх күннэр-дьыллар этилэр… Тыылга оҕо-дьахтар, оҕонньор-эмээхсин эрэ хаалбыта. Мин билигин эргитэ санаан көрөбүн ээ, хайа да киһи дьоло диэн нус-хас сананыы быһыылаах. Оттон сэрии саҕана барыта куттал этэ. Ким эрэ өлөр, боруонтан хара сурук кэлэр, үлэ-хамнас кыайтарбат, ас-таҥас бэрт кырыымчык… Хараҥаттан хараҥаҕа диэри үлэлиирбит. Түүн кылгаһын аан бастаан ол онно билбитим…