Книга Сырдык курус - читать онлайн бесплатно, автор А. К. Никифорова. Cтраница 2
bannerbanner
Вы не авторизовались
Войти
Зарегистрироваться
Сырдык курус
Сырдык курус
Добавить В библиотекуАвторизуйтесь, чтобы добавить
Оценить:

Рейтинг: 0

Добавить отзывДобавить цитату

Сырдык курус

– Суох, мин куоракка олорор кыаҕым суох, онно аймахтарбыт букатын суохтар. Мэҥэ Хаҥаласка иистэнньэҥ үөрэҕэ баар, онно дьонум аах олороллор, – Света бу сырыыга Аайа тылыгар киириммэтэ. Аҕыс оҕолоох ыал улахан кыыстара түргэнник идэ ылан, үлэлиэн наада. Ийэтэ балыыһаҕа ньээҥкэлиир, аҕалара бултуу сылдьан сааҕа дэҥнэнэн инбэлиит буолан үлэлээбэт. Тугу да гынара суох киһи арыгылаан тахсар. Света көрдөҕүнэ, аҕата кимнээҕэр эрэ доруобай курдук, итирэ-итирэ ийэтин тобулу охсон, ыарыһах оҥорон бүтэрдэ быһыылаах. Кыра уҥуохтаах, хачаайы ийэтэ туттара-хаптара бытаарбыт, наар сэниэтэ суох курдук сылдьар. Аҕалара күнүһүн остолобуойтан тахсыбат, киэһэ аайы холуочук кэлэн, бэйэтэ да нэһиилэ сылдьар кэргэнигэр киэптиирэ киирэр.

Света өссө ахсыс кылаас кэнниттэн үөрэххэ барыан баҕарбыта, оччолорго ийэтэ буолумматаҕа. «Мин эрдэ баҕайы ыал буолан, үөрэҕи ылбакка хаалан, хара үлэҕэ, аҕыйах харчы туһугар сылдьабын дии. Эн үөрэххэр үчүгэйгин, ити дьүөгэлэргин кытта бииргэ үрдүк үөрэххэ туттарсаар», – диэн быһа бааччы эппитэ. Кини билигин үрдүк үөрэххэ киирдэҕинэ, ийэтигэр ким көмөлөһүөй.

– Чэ, ол эрэн Мэҥэ Хаҥалас куораттан чугас, син биир билсэ туруохпут буоллаҕа дии.

– Аайа, хайа баҕарар баҕарбыт үөрэххэр киириэҥ турдаҕа. Суруйааччы дуу, суруналыыс дуу буолан турарыҥ буолуо. Хайа эмит тэрилтэҕэ хотун да буолуоххун сөп.

– Света, бүт эрэ, оннук сыал-сорук миэхэ олох даҕаны турбат. Талбыт идэбинэн үчүгэй, дьоҥҥо сирдэрбэт үлэһит буоллахпына, ол мин дьолум буолуо.

– Оттон мин халбаҥнаабаппын. Учуутал эрэ буолар баҕалаахпын. Кыра оҕолору наһаа сөбүлүүбүн!

– Лера, дьэ, сымнаҕас учуутал буоларыҥ буолуо. Мэник-тэник оҕолору хайдах тутаҕын? – Света дьүөгэтин дьээбэлиэх санаата киирдэ.

– Мин санаабар, Лераттан дьиҥнээх учуутал тахсыаҕа. Аҕыйах сылынан кыыспыт народнай учуутал буолара буолуо, – кыргыттар күлэн саһыгырастылар.

От ыйын ортотугар Аайа ийэтиниин долгуйар Дьокуускай куораты буллулар. Сырылас куйаас сатыылаан ахан турар! Дойдуларыгар ардах түһэн кэбиһэн, нэдиэлэни быһа хаайтардылар. «Сыл аайы бу курдук! Кыратык ардаата да, сөмөлүөт көппөт! Хайа муҥун, ити «летнай полоса» диэннэрин сиэмэнинэн бүрүйэн кэбиспэттэрий?! Суох, ол биһиэхэ кыаллыбат!» – хаайтаран олорор дьон, кыһыыларын таһааран, айдааран көрөллөр да, онтон туох туһа тахсыай, таах ньиэрбэлэрин барыыллар. Аайалаах көһөн барар дьон, аанньа буолуо дуо, таһаҕастара элбэҕэ сүр. Өссө кыһыҥҥы таҥастарын ылбатахтарын үрдүнэн суумка бөҕө мунньулунна. Пуорт аһылларын кэтэһэ сатаан баран, киэһэ аайы туох баар малларын соспутунан төннөн сөп буолан, кэлин малларын чугас билэр ыалларыгар уурдардылар. Пуорка «Камера хранения» диэн бөдөҥ баҕайы суруктаах хос баар да, наар тир хатааһыннаах турар буолар.

– Хаһан аһыллар баҕайытай? Оҕолор докумуоннарын туттаран, консультацияларга сылдьан ырааттахтара, – кыыс ийэтэ долгуйар.

Аайа да саллан бараары гынна. Күн аайы пуорду маныыр киһи хантан соло булан учебниктарын арыйан көрүөй. Республика араас муннугуттан дэгиттэр ыччаттар кэлиэхтэрэ дии. Бары аттестаттарын баала үрдүк буолуо. Экзаменнарбын хайдах туттарабын?

Дьиҥэр, кини дэгиттэр учууталларга үөрэммит дьоллоох киһи. Аҥаардас химияларын учууталын ылан көрүҥ. Кини курдук ураты учуутал өссө ханна эмэ баара дуу? «Петр Поликарпович курдук талааннаах учуутал үөрэппитэ биһиги дьолбут буолуо. Ураты суоллаах-иистээх учуутал, кини курдук айар талааннаах химик баарын билбэтим. Хоһоонноро ырыа буолан тарҕаналлар, поэмалара дириҥ философскай суолталарынан сөхтөрөллөр. Оҕолор бары да биир улаханнык биһириир учууталлара. Бу санаатахха кини оҕо майгытын үчүгэйдик билэр психолог эбит. Сэттис кылааска аан маҥнай биһиэхэ киирэн кэлбитин умунубаппын. Аан аһылла биэрбитэ да, хара өҥнөөх улахан бартыбыал остуолга биирдэ көтөн түспүтэ. Суугунаһа-сааҕынаһа олорбут оҕолор соһуйан биирдэ чуумпура түспүппүт. Бары кулгаах-харах буолан туох буолбутун өйдөөбөккө олордохпутуна, Петр Поликарпович бу саҥаран кутан-симэн, үөрэн-көтөн киирэн кэлбитэ. Киниттэн ураты күүстээх эрчим биллэрэ. Киирдэ да кылааһы биирдэ толорон кэбиһэрэ. Уруогун эмиэ олус интэриэһинэйдик биэрэр, биһиги ордук уопут оҥорорбутун туохтааҕар да ордорорбут. Химия курдук уустук предмеккэ үчүгэй-мөлтөх үөрэхтээх үөрэнээччи диэн арахсыы суоҕа. Ол курдук кини предметин ылыннарар ураты дьоҕурдаах. Кини өссө биир дьээбэлээх. Бартыбыалын элээрдээт, кылааска киирэн иһэн, биир эмит оҕону ойутан туруорар да, ыйытан чаҕылыҥнатар, ыых-аах диир табыллыбат, ол кыаллыбат даҕаны, түргэн баҕайытык: «Один, два, три… садись два!» – диир да – бүтүүтэ. Ол иһин бары тута эппиэт биэрэ охсорго бэлэм олорорбут».

Аэропортан тахсаат, «Квас» диэн суруктаах күлтэйбит араҕас буочука таһыгар дьон уочараттаан турарын көрөн, Аайа ийэтиниин олус диэн утаппыттарын өйдөөтүлэр. Кыыс, суумкаларын күн уотуттан субу ууллуох курдук сыралыйбыт асфалька уураат, буочука диэки сүүрдэ. Минньигэс даҕаны! Сөрүүн кыбааһынан утахтарын дуоһуйа ханнаран баран, суумкаларын соспутунан автобус тохтобулугар тиийдилэр. Сайын буолан, үөрэххэ туттарсааччы оҕо тоҕуоруспут ахан, бэйэлэрин курдук улахан суумкалаах дьон буһа-хата тураллар. Кэмниэ кэнэҕэс автобус кэлэн хорус гынна. Икки өттүттэн аан тэлэллээтин кытта дьон тиэтэйэ-саарайа автобуска симилиннэ.

– А ну спокойно! Заходим по одному! Что за дикари! Первый раз общественный транспорт видите что ли?! – хойуу кырааскалаах хараҕынан эрилис-туралыс көрбүт кондуктор дьахтар буолан-хаалан турбата дуо. Автобуһу өр көһүппүт дьон, кини хаһыытын кумаардаан көрбөккө, үтүрүһэн киирэн, син оннуларын буллулар.

– Каждое лето такая картина! И что им дома не сидится?! – кондуктор уоскуйбакка, биир саас ортолообут кугас баттахтаах дьахтарга туһаайан саҥарар. Тыаттан кэлбит дьон кини олоҕор туох эмэ кутталынан суоһуулларын курдук уоһун мырдыччы туттар.

– Ой, и не говорите! Поэтому мы всей семьей в это время обычно едем отдыхать. А в этом году у мужа нет проезда, придется все лето в городе жить и терпеть все это! – анарааҥҥыта төбөтүн быһа илгистэр.

– Так, готовим проезд! Обилечиваемся! – автобус хотуна бэйэлэрэ да нэһиилэ кыбыллан турар дьон быыһынан харса суох анньыалаһан киирэн барда.

– Что?! Денег нет! Тогда выметайся отсюда! Вася, останови автобус!! – диэн дьахталлара эмискэ сары-ору бөҕө буола түстэ. Аайа көрбүтэ, кыракый уҥуохтаах эмээхсин киниэхэ туох диэн туһаайан хаһыытыылларын өйдөөбөккө, бу куйаастан бэйэтэ да ээл-дээл буолан, хараҕын биир кэм симириктии олорор.

– Эбээ, айаныҥ иһин харчы көрдүүр ити. Үс харчылааххын дуо? – Аайа эмээхсиҥҥэ быһааран биэрдэ. Кырдьаҕас муҥнаах харчытын ыраах уурбут быһыылаах, дьон ыган ахан турдаҕына, суумкатын хостуу сатаан булумахтанна.

– Эмээхсиҥҥэ мин төлүөҕүм, уоскуйдун, – Татьяна Иннокентьевна кыыһыттан тэйиччи кыбыллан туран саҥарда.

– О чем это вы тут говорите?! Не надо здесь разговаривать по-своему! – дьахтар аны Аайаҕа туһаайан хаһыытаата.

– Не орите так! Здесь глухих нет! За бабушку мы заплатим! – Татьяна Иннокентьевна да иэскэ хаалбата.

Ийэлээх кыыс автобустан үлтү анньыһан, суумкаларын нэһиилэ соһон-сыһан, Орджоникидзе болуоссатыгар түстүлэр. Эдьиийдэрэ Надялаах төрдүс маҕаһыын үрдүгэр олороллор. Дьонун дьиэлэрэ тохтобул таһыгар буолан, абырал.

– Оо, дьэ, тиийэн кэлээхтээтигит дуу? Дьиэбит бу куйааска туох даҕаны оргуйан олорор. Эһигини күүтэн бүгүн куоракка хааллым. Бу итииттэн оҕонньорбунуун даачаҕа быыһанабыт. Куоракка кыыспыт Лена баар, – эдьиийдэрэ күө-дьаа буола көрүстэ.

Аайа саалаҕа киирбитэ, дьыбааҥҥа билбэт дьахтара тиэрэ түһэн хаһыат ааҕа олорор. Балконтан икки эмдэй-сэмдэй уолаттар сүүрэн киирдилэр.

– Таанньа, бу Бүөтүр балтын кыыһа Дуунньа оҕолорунуун Тааттаттан кэлэ сылдьаллар. Өссө Эдьигээнтэн хоноһолоохпут. Сорох ыалдьыттарбытын даачаҕа таһаарбыппыт, – эдьиийдэрэ элбэх киһиэхэ тэпсилгэн буолар курдук санаммат. Куоракка олохсуйуохтарыттан аймахтар кэлэ-бара тураллар. Татьяна Иннокентьевна даҕаны үөрэнэрин тухары эдьиийигэр кэлэ турара. Дьиҥэр, тетя Надя, Надежда Дмитриевна чугас аймахтара буолбатах. Бу курдук аламаҕай майгылаах киһиэхэ биир дойдулаахтара истиһэн даҕаны суолларын быспаттар. Кинини дьон үксэ ытыктаан Эдьиий Наадьа диэн ааттыыр. Кэргэнэ Бүөтүр даҕаны майгылаах үтүөтэ киһи. Төһө оҕо кинилэр ааттарын ааттаан, үөрэх-билии киинин булан үөрэхтэммитэ буолла. Икки хостоох квартираҕа кинилэр элбэх киһини хайдах батаралларын Татьяна Иннокентьевна сатаан санаабат.

– Таанньа, эһиги кыыскыныын бу утуйар хоско киириҥ. Ити Эдьигээн оҕотун мала турар. Эдэр киһини куукунаҕа да олохтоотоххо сөп.

Аайа ваннаҕа душтанан абыранна ахан. Сылайбыта тута ааһан хаалла. Сууна сылдьан, биир түгэни өйдөөн кэллэ. Тыа оҕолоро куорат дьиэтигэр кыраантан уу кыраайа суох сүүрэ турарыттан сөҕөллөрө. Аайа кыра сылдьан эдьиийин кытта ваннаҕа кыраан уутун толору аһан баран, тарбахтарынан бүөлүү оонньуулларын санаан кэллэ. Аайа санаатыгар уу кытаанах баҕайы курдуга, тохтоло суох сүүрэр ууну тарбаҕынан бүөлүү туттаҕына, уута туора-маары ыһыахтанар, онтон астынан эдьиийин «сэриилээн» үөрүүтэ муҥура суох буолара. Биирдэ ол оонньууларыттан айдаан тахсан турардаах. Уунан «сэриилэһэн» ыраатан эрдэхтэринэ, тетя Надя сүүрэн киирэн кырааны бүөлүү баттаабыта. Аллараа ыалларга уу тэстибит, дьоно улахан алдьархай буолбутун курдук ыһыылара-хаһыылара сүрдээх. Надя да бэриммэт, тэбис-тэҥҥэ утары хаһыытыыр. «Баҕайылар! Кыраттан да айдааны таһаарар дьон! Хааппыла да уу тэһиннэҕинэ, сүүрэн киирэр идэлээхтэр. Дьикти ыалы көрөбүн, ким да кинилэргэ сылдьыбат, бэл диэтэр, подъезпыт старостатын киллэрбэттэр. Икки тарбыйах саҕа ыттаах буоланнар, ааннарын хаһан даҕаны хатамматтар, ыттара эмиэ бэйэлэрин курдуктар, хараҥа подъезка тутан кэбистэхтэринэ көҥүллэрэ. Биирдэ эдьиийим Даарыйа муҥнаах аанын булкуйан ити ыалга киирэн сиэнэ сыспыттаах. «Бу кыыс көрүдүөрэ тугун хараҥатай, муостатын кырааската биир да суох буолбут, өрөмүөннээри гыннаҕа дуу… Наадьа, бааргыт дуо?» дии-дии киирэн истэҕинэ, хостон икки улахан ыт ырдьыгынаабытынан ойон тахсыбатахтар дуо? Даарыйа кутталыттан хайдах таһырдьаны булбутун өйдөөбөккө да хаалбыт».

Эдьиий Наадьа ити курдук бойобуой майгылаах, кимиэхэ да атаҕастаппат, бэйэтин дьонугар аламаҕай, үөрүнньэҥ, ол эрээри кырдьыгын өрө туппутунан сылдьар киһи, санаабытын аһаҕастык этэн баран тэйэр. Аайа тетя Надятын үтүө эрэ майгытын билэр буолан, биир түгэнтэн улаханнык соһуйа санаабыттаах. Биир сайын Тааттаттан Бүөтүр аймахтара кэлбиттэрэ.

– Хайа, аймахтаахпыт диэн син булан кэлбиккит дии?!

Кыра уолгут сыбаайбатыгар баар-суох таайгытын ыҥырбатаххыт! Бары биһиэхэ сылдьан, үөрэхтэнэн баран, түргэнник да умнубуккут! Барыҥ, киэр буолуҥ! Аны кэлимэҥ-барымаҥ! – Наадьа кэпсэтиитэ кылгас буолбута. Аайа онно эрэ тетя Надя улаханнык кыыһырбытын көрбүтэ.

Үөрэммитэ буоллар, хайа баҕарар тэрилтэҕэ хотун буолуох дьаһаллаах киһи дьаһайар эрчимэ ыраах-чугас аймахтарыгар барыларыгар тиийэр. Аайа ийэтин Татыйаананы кэргэнэ эрдэ өлөн тулаайах хаалла диэн аһынара даҕаны, онон Аайалаах куоракка түһэр сирэ суох эрэйдэммэтэх дьон. Тетя Надя төһө да элбэх хоноһолоох буоллун, син биир куоратынан, даачанан миэстэ булан, сыа-сым курдук тутан түһэрэр үгэстээх. Аайа куоракка кэллэҕинэ, Наадьатааҕар Бүөтүргэ ордук мааны оҕо буолар. Телевизор көрө олордоҕуна, күтүөтэ тыаһа-ууһа суох кэлэн, сурунаал остуолугар ваза муҥунан фруктаны сууйан уурбута эрэ баар буолар. Оттон асчыта диибин диэн! Аайаттан тугу сиэххин баҕараҕын диэн ыйыппытынан сылдьар. Аайа сороҕор дьиибэргии санааччы, дьиэ иһэ толору киһи да, Бүөтүр ала-чуо киниттэн эрэ ыйытар.

Тетя Наадьаны улахан сүрэхтээх киһи диир саамай сөп. Аайалаах сайын аайы куораттыыр буоланнар, кинилэр олохторугар буолар бары уларыйыыны билэллэр. Биир сайын Бүлүү тыатыттан ырааҕынан аймах дьахтардара уонуттан тахсыбыт ыарыһах кыыһыныын кэлбитэ. Хоноһолоро устар сайыны быһа балыыһаны манаабыттара, сотору кыыһы балыыһаҕа укпуттара.

– Сарсын төбөтүгэр салгын киллэрэллэр үһү…

– Бай, ол тоҕо?

– Оччоҕуна төбөтүн иһигэр туох баарын үчүгэйдик көрүөхпүт диир бырааспыт. Куттанарым диэн, ол кэнниттэн сорохтор олох даҕаны буккуллан хаалаллар үһү. Мэйиигэ салгын киирэр буоллаҕа дии… – дьахтар, хараҕын уутун кыатана сатаан баран, маккыраччы ытаан барда.

– Лиза, эн баар-суох кыыскар уопут оҥоттороору гынаҕын дуо? Туга ыалдьарын быһаарыахпыт этэ диэн хайа эмэ ньиэрбэтин таарыйан кэбистиннэр, кыыһыҥ инбэлиит буоллаҕа ол. Төбө диэн саамай уустук уорган буоллаҕа дии. Мин саныахпар, Туйаара улаатар сааһыгар тымырдара кыараан, төбөтө ыалдьар быһыылаах. Улааттаҕына итинтэ ааһыан сөп. Бу киэһэ баран кыыһы балыыһаттан ылыахха наада, – тетя Надя кытаанахтык быһааран кэбиспитэ.

Лиза ытаан сыҥсыйа олорон, кырдьык даҕаны диэбиттии, ойон туран хомунан барбыта. Такси сакаастаан, ол түүн кыыстарын балыыһаттан күрэтэн таһаарбыттара. Тетя Надя эппитэ туолбута. Туйаара улаатар сааһыгар ыарыыта уҕарыйан, атын оҕолортон итэҕэһэ суох үөрэнэ сылдьар. Кэлин кэлэн көрдөрбүттэригэр «көннөрү вегето-сосудистай дистониялаах, хас иккис киһи маннык диагнозтаах олорор» диэн наар көрөр быраастара туох да буолбатаҕын курдук холкутук быһаарбыт. Арай, ол түүн тетя Надя этиитинэн кыыһы күрэппэтэх буоллуннар, төбөтүгэр эпэрээссийэтэ хайдах дьайара биллибэт этэ.

Аайа эрдэ туран, докумуон туттараары университекка барда. Тохтобулга бэрт өр турбутун кэннэ күүтүүлээх «5» нүөмэрдээх автобуһа ыадаҥнаан кэлэн тохтоото. Сарсыарда эрдэ буолан быһыылаах, киһи аҕыйах. Кэнники аанынан киирэн, утары турар дьааһыкка үс харчыны уган, билиэтин эрийэн ылла уонна иннигэр миэстэ баарыгар олордо. Ленин болуоссатыттан автобуска үс уол өрө эккирээн киирдэ. Кэпсэтиилэриттэн иһиттэххэ, үөрэх туттарса кэлбиттэр.

– Как вам не стыдно? Вы же на одного деньги положили, а открутили на всех, – түннүк таһыгар олорор саас ортолоох дьахтар уолаттары буойар саҥата иһилиннэ. Уолаттар онно эрэ наадыйбатылар, күлэн саһыгырастылар.

Аайа, университет тохтобулугар түһээри бэлэмнэнэн, ааҥҥа чугаһаата.

– Көрүҥүтүүй, наһаа да кэрэ кыысчаан турар! – уолаттар кыыс аттыгар баар буола түстүлэр. – Кыысчаан, аатыҥ ким диэний? Абитуриенткаҕын дуо? Тоҕо саҥарбаккын, баҕар, бииргэ үөрэниэхпит дии! – уолаттар университет саҥа учебнай-лабораторнай корпуһугар тиийэ Аайаны батыһан кэллилэр. Ордук хойуу хара баттаҕын өрө анньыммыт, чоҕулуччу көрбүт хатыҥыр уол сыстаҥнаан сүрдээх. Аайа абатыйдар да, саҥарбат, туох эмэ диэтэҕинэ, олох даҕаны араҕыахтара суоҕа дии саныыр.

Университекка киирбитэ, киһи эрэ туймаарыах: дьон ап-аалыҥнас, суугунаһыы, барыы-кэлии, кирилиэһинэн үөһэ-аллара сырсыы… Кыыс ыйдаран тутар хамыыһыйа олорор улахан аудиториятыгар киирдэ. Эргиччи остуоллар ууруллубуттар, хас остуол аайы тус-туһунан факультеттар ыйыллыбыт табличкаларын анныгар докумуон тутар кыргыттар олороллор, таайдахха, үрдүкү куурус устудьуоннара. Аайа кинилэри улаханнык ытыктыы санаата уонна халбаҥнаабакка филологическай факультетын булан докумуонун туттаран кэбистэ. Онтон маҥнайгы этээскэ түһэн, экзаменнар расписаниеларын көрө сатыы турдаҕына, Лератын куолаһа бу чаҕаара түстэ.

– Аайа, наконец-то! Эйигин күүтэн кэтэҕим кэлтэйдэ. Туох ааттаах уһаатыгыт? Мин эйигин манна кэтэс да кэтэс. Хата, абитуриент уолаттары кытта билсэн ырааттым! Хайа, ханныкка туттарсар буоллуҥ?

– Лера, мин докумуоммун филфакка биэрдим. Ким эрэ сиэтэн илдьибитин курдук нуучча салаатыгар туттаран кэбистим.

– Оттон эн тыл үөрэхтээҕэ буоларыҥ кыра эрдэххиттэн биллэр этэ буолбат дуо?

Аайа экзаменнарын расписаниетын суруммутун кэннэ, ахтыспыт дьүөгэлиилэр «Мороженое» кафеҕа бардылар. Кыргыттар атахтаах тимир вазаҕа өрөһөлүү мороженай ылан баран, остуолга тиийэн олордулар.

– Ааспыт нэдиэлэҕэ Света кэлэ сылдьыбыта. Орто балтын илдьэ кэлбит. Ийэтин бииргэ төрөөбүт балта Төҥүлүгэ баар дии, киниэхэ олохсуйбут. СПТУ-га киириэхтээх. Билигин дьонун кытта оттуу сылдьар буолуохтаах.

– Эдьиийэ аах элбэх баҕайы оҕолоохтор дии. Хайдах бары батан олороллоро эбитэ буолла. Үөрэххэ киирдэҕинэ уопсайга олорор ини.

– «Манна кэлэн сынньанным ахан» диир. Аҕата арыгылыырыттан да сөп буоллаҕа дии.

– Өйдүүгүн, Света «үлэһит буоллахпына, ийэбин атын дойдуга көһөрөн барыам» диирин?

– Биир сылынан үлэһит буоллахпына даҕаны, дойдубар төннүбэппин, сыыйа ийэбин, балыстарбын киин диэки аҕалыам диэн былаанныыр.

– Сөп ээ. Лера, оттон эн бэлэмнэнэн ырааттыҥ ини? Уолаттарга иирэ сылдьаҕын дуу?

– Доо, рабфакка үөрэнэр Володя диэн уол эккирэтэр. Быйыл медфакка туттарсар. Тыаскай баҕайы көрүҥнээх, кырдьаҕас аҕатын кытта мантан чугас бөһүөлэккэ олорор үһү. Аайа, хайыыбыный?

– Хайыаххыный? Саҥа үөрэнэ кэлэн баран, уолу толкуйдуоҥ дуо? «Тыаскай баҕайы» буола-буола.

– Оттон олох арахпат ээ. Иккитэ киинэҕэ сылдьыбыппыт. Бу киэһэ эмиэ уопсайга кэлэрэ буолуо. Аайа, эн уопсайга олорор инигин? Ыраах оройуонтан сылдьар абитуриеннарга уопсайга хос биэрэллэр. Бэһиэлэй олох диэн онно баар. Билсиһии биэчэрэ буолбута. Профком уолун Володя үчүгэйдик билэр, кэпсэтиэхпин сөп.

– Суох, бакаа дьоммор олоруом. Экзаменнарбар бэлэмнэниэм. Биир миэстэҕэ биэстии оҕо дии.

– Филфакка эн ыллыы-ыллыы киириэҕиҥ, долгуйума! Биһиэхэ ФИЯ-ҕа эмиэ куонкурустаах. Арай, французскай салааҕа олох аҕыйах оҕо докумуонун туттарбыт. Сыл аайы конкурса суох үһү. Ыксаатахха, онно да киириллиэ.

– Французскайы үөрэппэккэ сылдьан, хайдах киирээри гынаҕын?

– Үрдүкү куурус устудьуоннара недобор буоллаҕына кыра бааллаахтаары ылааччылар диэбиттэрэ. Биэс сылы быһа французскайы үөрэтиэм буоллаҕа дии! – Лера куолутунан тугу да дириҥэтэ сатаабат. – Көрсүбүччэ, хата, киинэҕэ барабыт дуо?

– Маҥнай ийэбиттэн көҥүллэтиэхпин наада. Биһиги дьоммут мантан чугас олороллор, баран кэлиэх.

– Маамаҕын кытта кэлбитиҥ мэһэйдээх баҕайы буолсу дии, онтон атын куоракка көҥүл көччүйэ сылдьыа этибит, – Лера тэрбэччи кырааскаламмыт киэҥ харахтарынан дьүөгэтин диэки элбэҕи этэрдии көрөн кэбистэ.

Аайа хоско киирбитэ, ийэтэ иистэнэ олорор эбит. Бэйэтин сонуттан Аайаҕа кыһыҥҥы сону тигэ сылдьар. Татьяна Иннокентьевна кыыһа докумуонун филфакка биэрбитин истэн улаханнык соһуйбата.

– Сүрэҕиҥ сытар үөрэҕэ эрэ буоллун. Үөрэх эрэ диэн киирэн баран кэлин эрэйдэнэ сылдьыахтааҕар, эрдэ быһаарыммытыҥ ордук. Чыычаах, киһи олоҕун үлэҕэ аныыр. Биирдэ бэриллэр олоххо сөбүлээбэт үлэҕэ аат эрэ харата, хамнас эрэ аахсыахха диэн сылдьартан ордук куһаҕан туох баар буолуой.

– Маама, эн наһаа да өйдөөххүн, барыны-бары билэҕин. Миигин олус да өйдүүгүн! – диэн баран кыыс ийэтин кууһан ылла. – Биһиги билигин Лералыын киинэҕэ бараары гынабыт. Көҥүллүүгүн?

– Барыҥ, ол гынан баран сөпкө кэлээр, – кыыһа, ситэ истибэккэ, ааны сабан тилир гыннарда.

Татьяна Иннокентьевна, дьиҥэр, сонуннаах этэ, кыыһын кытта сүбэлэһиэх буолбута. Бүгүн сарсыарда төлөпүөнүнэн Семен Павловиһы кытта кэпсэппитэ. Таайдара куоракка дьиэни ылар хайдах курдук ыараханын, буолаары буолан олох даҕаны кыаллыбатын эппитэ. Арай, кэргэниҥ Николай хомсомуолга бииргэ үлэлээбит доҕоро партия обкомун тутаах үлэһитэ буолан олорор, киниэхэ киирэ сырыт диэн сүбэлээбитэ. Саас эппит «Птицефабрикатын» дьыалата табыллыбатах. Ол тутулла турар дьиэлэрин хас биирдии квадратнай миэтэрэтин туһугар киирсии кытаанаҕа үһү, саҥа үлэҕэ киирбит киһини чугаһаппаттара биллэр.

– Арай аныгы пятилеткаҕа өссө биир дьиэ тутуллуохтаах. Ол гынан баран онно даҕаны кирдээх, сыттаахсымардаах оробуочай үлэһит эрэ буоллаххына тиксэриҥ буолуо. Эн ол үлэҕэ таах доруобуйаҕын сүтэриэҥ. Чэ, онон уһаппакка-кэҥэппэккэ Коляҥ табаарыһыгар приемҥа киирэ сырыт, – куоракка салайар үлэҕэ сылдьар киһи сүбэтэ ити курдук буолбута.

Татьяна Иннокентьевна кэргэнин санаан ыараханнык үөһэ тыынна. Баар-суох доҕоро кылгас да кэмҥэ кэлэн барда. Үтүө киһини таҥара орто дойдуга уһаппат дииллэрэ оруннаах курдук. Киһи киэнэ кэрэмэһэ маннык буолуохтаах диэн холобурга ананан кэлэн бардаҕа дуу. Ол гынан баран Татьяна дьылҕатыгар Коля курдук үтүө киһини кытта көрүһүннэрбитигэр махтанар. Доҕорун кытта билсибит күнүн күн бэҕэһээҥҥи курдук өйдүүр.

Кинилэр биир кэмҥэ устудьуоннаабыттара. Коля, педагогическай институкка үөрэнэ сылдьан, табаарыһыгар хотуттан посылка ыыппыттарын ыларыгар аргыс буолан медиктэр олорор уопсай дьиэлэригэр кэлсибитэ. Табаарыһа Миша биир дойдулаах кыыһын көрсөн, сэһэннэрэ-сэппэннэрэ ыраатан, уолаттар устунан киэһээҥҥи аһылыкка хаалар буолбуттара. Күө-дьаа буолан чэйдээри олордохторуна, маҥан түү былааттаах, харанан чоҕулуччу көрбүт, хойуу хара хаастаах, сырдык сэбэрэлээх кыыс киирэн кэлбитэ.

– Танюша, хайа, тоҥнуҥ ахан дуу? Кэл, аһылыгым бэлэм. Бу мин биир дойдулааҕым Миша уонна кини табаарыһа Коля. Миша посылкатын ыла кэлбит, – Орто Халыматтан сылдьар Люба, ыллаан эрэр курдук саҥаран, айаҕа хам буолбат.

Таня, таҥаһын уларыттан баран, остуол иннигэр кэлэн олорбута. Кыыс тоҥмута сүрдээх, итии чэйдээх чааскытыгар илиитин сылытаары бигии олордо. Эдэр дьон тоҕо эрэ тылларыттан маттылар. Хата, Люба дойдутун сонунун ыһа-тоҕо кэпсээн аралдьытар. Коля буоллаҕына эмискэ эппэт кэлэҕэй буолан хаалбыт.

– Коля, тоҕо саҥарбат буолан хааллыҥ, кырасыабай кыыстан итиччэ долгуйдуҥ дуу? – Миша уол мүчүҥнээн хараҕын үүтэ көстүбэт.

Коля, табаарыһыгар төһө да билиммэтэҕин иһин, Таняны көрөөт сөбүлээбитэ. Уол ити күнтэн ыла санаата наар кыыска буолбута. Уол эрэйдэнэрин көрөн, бииргэ үөрэнэр табаарыстара кыыска бара сырыт диэн сүбэлии сатыыллар даҕаны, кини кыбыстан туох иһин буолуммат. Аралдьыйаары тустуу куруһуогар суруйтарда, хомсомуол кэмитиэтин чилиэнинэн ылбыттарыгар үөрүүнэн сөбүлэстэ. Общественнай ноҕорууската элбээн, биир кэм соло биэрбэккэ дууһатын тарбыыр ыарыыта мүлүрүйбүккэ дылы буолбута.

Ол курдук 1967 сыл үүммүтэ. Коляны, тэрийэр дьоҕурдааҕын бэлиэтии көрөн, саас институт хомсомуолун кэмитиэтин сэкирэтээринэн таллылар. Онон уол бу күннэргэ дьахталлар Аан дойдутааҕы күннэрин бэлэмнээн, сүүрэ-көтө сылдьар. Уолаттар ааттарыттан трибунаҕа тахсан мустубут ыалдьыттары, кэрэ аҥаардары эҕэрдэлиэхтээх. Бырааһынньык күн саҕаланна. Коля хомсомуол сэкирэтээрин быһыытынан бастакы улахан тэрээһинэ. Саалаҕа киһи толору мустубут. Ыытааччы тахсан эҕэрдэлээн баран тылы Николай Андреевка биэрдэ. Уол трибунаҕа тахсан бэлэмнэммит киһи быһыытынан бэрт эрэллээхтик Аан дойдутааҕы дьахталлар күннэрэ хаһан тэриллибитин, Сэбиэскэй Сойууска дьахтар обществоҕа оруолун туһунан кэпсээн барда. Ол этэ-тыына туран, элбэх киһиттэн саамай күндү, кэрэ сэбэрэтин бэлиэтии көрөөт, кэлэҕэйдээн барда. Долгуйан иһиттэн саҥата нэһиилэ тахсан, этиитин түргэнник түмүктээтэ. Ол күн Коля табаарыһа Миша, Любалыын сүбэлэһэн баран, кыргыттары бырааһынньыкка ыҥырбыт. Таня уолу эмиэ сөбүлүү көрбүт, ол гынан баран биллибэтэҕин иһин, иэйиитин кимниин да үллэстибэккэ сылдьыбыт. Дьүөгэтэ Люба уол таптаан утуйар уута уу, аһыыр аһа ас буолбатаҕын туһунан уустаан-ураннаан кэпсээбитигэр ис-иһиттэн долгуйан, кистии-саба үөрэн бу кэлэн олорор. Онтон ыла икки таптаһар сүрэх булсан, сотору ыал буолбуттара. Үөрэхтэрин кэнниттэн иккиэн кыыс дойдутугар үлэлии барбыттара. Күтүөт оройуоҥҥа тарбахха баттанар биир чаҕылхай салайааччы буола үүммүтэ. Райком салайааччытынан ананан сүрдээх таһаарыылаахтык үлэлии сылдьан, ол сыл күһүнүгэр олохтон туораабыта. Кыдьымах тахсыбыт кэмэ этэ. Татьяна, сэрэйбит курдук, кэргэнин ол кэмҥэ бултуу ыыппат буола сатаабыта, ону куораттан үрдүк сололоох ыалдьыттар кэлбиттэр, кинилэри арыаллыахпын наада диэн тылыгар киллэрбитэ. Дьиэтин аанын аһан тахсан иһэн эргиллэн кэргэнин муҥура суох таптыыр хараҕынан имэрийэ көрбүтэ. Онуоха дьахтар чараас сүрэҕэ ыарыылаахтык мөҕүл гыммыта. Оо, арай, онно кини кытаанахтык модьуйан ыыппатах буоллун! Ааны бүөлүү турунан кэбиспит буоллун! Доҕорун сүтэрбит дьахтар кыһыытыттан-абатыттан төһөтө бу курдук бэйэтин буруйдана санаабыта буолуой? Ол эрээри буолар буолтун кэннэ тугу да көннөрбөккүн… Коля бултуу сылдьан улаханнык сэбиргэхтэтэн, өрүттүбэтэҕэ. Татьяна Иннокентьевна оҕолорун кууспутунан чороҥ соҕотоҕун туран хаалбыта.

Дьахтар доҕорун аҕыннаҕына ылан көрөр халыҥ, халлаан күөҕэ дермантин тастаах альбомун арыйталаата. Олоҕун дьоллоох сааһын туоһулара бу бааллар. Кылгастык бииргэ олоруохтарын билбит курдук кинилэр бииргэ түспүт хаартыскалара элбэх. Бу күүтүүлээх маҥнайгы кыыстарын Варяны көтөҕөн олороллор. Оттон бу ыһыах күн түспүт хаартыскалара, Коля аймахтара дойдуларыттан кэлэ сылдьар кэмнэрэ, бары сырдык таҥастаахтар. Коля, сэлээппэтин аннынан бу үрүҥ тиистэрэ кэчигирэһэн, мичилийбитинэн кыра кыыһын Аайатын көтөҕөн олорор. Бу сир астыы сылдьан тыыга олорон түспүттэр. Туох баар хаартыскаҕа Колята олохтон толору астыммыт киһилии үөрэн түспүт… Татьяна Иннокентьевна хараҕын уута иэдэһинэн тохтоло суох субуллар… Кэм-кэрдии эмтиир дииллэр даҕаны, кини ыар сүтүгүн ыарыыта сүрэхтэн-быартан ааһан-араҕан биэрбэт, сыл-хонук устан истэҕин аайы өссө дириҥээн иһэргэ дылы.

Коля билигин республиканы салайан олорор Василий Павловичтыын араас тэрээһиҥҥэ сылдьан элбэхтик бииргэ хаартыскаҕа түспүттэр. Улахан тойон буолбут киһи хайдах көрсөрө буолла, ама, үтүө доҕорун умнубата ини. Бэйи, наһаа уһаппакка бара сылдьыахха наада.

Аайа бастакы экзамена – өйтөн суруйуу. Ханнык тема кэлэрэ биллибэт, ол иһин оскуолаҕа барбыт суруйааччыларын айымньыларын хат ааҕыахха наада. Кыыс Пушкинкаҕа үлэтин курдук сарсыарда аҕыска тиийэр, киэһэ библиотека үлэһиттэрин кытта тахсан барар. Аайа библиотека чуумпу эйгэтин сүрдээҕин астынар. Манна үлэлиир эдэр дьахталлары ураты хараҕынан көрөр. Ааҕар саалаҕа үс библиотекарь тэҥҥэ үлэлиир: наадыйар кинигэҕин тута булан аҕалаллара, ааҕааччыларын кытта кэпсэтэллэрэ, таҥна-сапта, тутта-хапта сылдьаллара барыта киһи сүрэҕин ортотунан киирэр. Аайа сынньанаары гыннаҕына, бастакы этээскэ баар периодика саалатыгар баран, хаһыаттары, сурунааллары көрөр. Соҕотоҕун сылдьара чуҥкук соҕус, Лераны хаайан библиотекаҕа бииргэ сылдьан испиттэрэ даҕаны, кыыс кэлин араас биричиинэнэн сылтаҕыран кэлбэт буолла. Уопсайга олороро үөрэҕэр мэһэйдээх буолсу, табаарыһа, дьүөгэтэ элбэҕэ бэрт буолан, Лера сырыыта киэҥ. «Атын оройуонтан сылдьар кыргыттар английскайдыы сатаан да саҥарбаттар, кинилэр, хата, миигин сильнэй баҕайы дииллэр. Кинилэри наар суруйарга, тылбаастыырга эрэ үөрэппиттэр. Биһиги Мария Ивановнабыт үчүгэй билиини биэрбит эбит», – Лера оскуолаҕа ылбыт билиитигэр бу курдук бүк эрэнэр. Кыһаллара буоллар, Лера үөрэҕэр туйгун буолуохтаах этэ. Кини барытын ааһан иһэн түргэнник ылынар буолан, бэлэмнэнэ сатаабакка да наар үчүгэйдик үөрэнэрэ. Ол гынан баран үрдүк үөрэх ирдэбилэ атын, оскуолаҕа холоомо диэн дьүөгэтэ Аайа өйдөтө сатыыр даҕаны, кыыс истибэт.