Аны санаатахпына, онтон ыла кини аhаҕастык дьону эмтиир буолбута. Ол иннинэ кини хас да сыл эттэппит эбит быhыылаах. Наар төбөтө ыалдьан, сытан тахсар этэ. Онтон ити соҕуруу сылдьар кэммитигэр бото-болдьоҕо ситэн аhыллыбыт эбит, быhыыта. Ол иннигэр биирдэ эмэ билэр дьоннорун эмтиир этэ. 1995 с. кыыhым диатезтаан эрэйдэммитигэр эмтээн турар. Эмтииригэр туттаары, тоҥсоҕойу ытан аҕаларбар сорудахтаабыта. Ытыан иннинэ алҕаар диэн эппитэ, «эмп-томп буол…» диэн тыллардаах этэ. Биир саастаах уолум Мичил эмиэ киниэхэ эмтэнэн, үтүөрэн хаалбыта.
Нальчиктан төннөрбүтүгэр, куоракка кэлбиппит, хаайтарыы бөҕө буолбут. Маҕаҥҥа сүүһүнэн киhи самолет кэтэhэн олороро. Ол сайын уот кураан сатыылаабыт кэмэ этэ. Киин оройуоннар Ньурбанан эҥин тарҕаhан оттооhун буолбута. Уолбаттан, совхоз атын да отделениеларыттан биригээдэ хомуллан, Ньурбаҕа оттуу көппүттэр этэ. Маҕаҥҥа вертолет Ньурбаттан кэлэн, иккис рейскэ дьону ылан, Тааттаҕа көтүөхтээҕин истибитим. Мэхээлэбинээн сэмээр кэтэhэ сылдьабыт. Тааттаттан киьи бөҕөтө баар. Онтон элбэх киьи остолобуойга аһыы бардылар. Биһигини эмиэ ыҥырбыттарын, барсыбатыбыт. Сэрэйбит курдук, ол кэмҥэ: «Ытык-Күөлгэ вертолет көтөрүнэн, хаассаттан билиэттэ ылыҥ!» – диэн биллэрдилэр.
Биһиги биир бастакынан сүүрэн тиийэн, билиэт ыллыбыт. Уонна посадканы кэтэhэн, аа-дьуо сылдьабыт. Таьырдьа ыраах баар остолобуойтан аһыы барбыт дьон аҕылаан-мэҥилээн, ыксаан-бохсоон кэллилэр. Үгүстэрэ хойутааннар, билиэттэн маттылар. Миэхэ сорохторо: «Вертолет кэлэрин билэр эрээри, тоҕо сэрэппэккин!» – диэн мөҕүттэллэр. Кыһыыта диэн, улахан баҕайы байыаннай вертолекка, борт ойоҕосторугар баар ыскамыайка миэстэтинэн 22 эрэ билиэт атыылаатылар. Дьиҥинэн, ыга симэн төһө баҕарар киһини илдьэ барар кыахтаахтара. Дойдубутугар кэлбиппит кэннэ, аҕыйах хонон баран, силлиэлээх дохсун ардах курулаччы түспүтэ. Онно сылгы үөрүн көрөн өйдөрүттэн сөхпүтүм. Күүстээх тыалга, иҥнэри түһэр, ыаҕастаах уунан кутар ардахха, биэлэр кулуннарын күөннэринэн хаххалаан, ыга симсэн турбуттарын өйдүүбүн. Ол ардах кэнниттэн курааннаабыт, аһыҥа сиэн кубарыччы куурбут ходуһаларга аҕыйах хонугунан от бөҕө ыга анньан үүммүтэ. Инньэ гынан, атын сиргэ баран оттуур кыһалҕа тохтообута.
Михаил Фомичтыын ыаллыы олорор буолан, кини айылҕаттан айдарыылаах киһи буоларын үчүгэйдик билэбин. Биирдэ кинилэргэ киирэ сылдьан, биир эдэр, модьу киһи кэннинэн чугуруҥнаан, ааны кэтэҕинэн аһан тахсыбытын көрбүтүм. Ол киһи ийэтэ Мэхээлэттэн ааттаһар этэ. Мин, төттөрү тахсан бараммын, салгыы тугу кэпсэппиттэрин билбэккэ хаалбытым. Кэлин истибитим, ол киһи арыгытын эмтэтэн баран, кини сэрэтиитин истибэккэ, бобуутун тутуспакка, төттөрү иһэн кэбиспит этэ. Онтон ыла убаҕаһын сатаан кыаммат буолан хаалбыт эбит. Уонна кэлэн, эмчити буруйдуурдуу тыллаһан, Мэхээлэни кыыһырдыбыт этэ. Нэһилиэкпит иһигэр киниэхэ эмтэтэ-эмтэтэ, харыстарын тутуспакка, төттөрү күүскэ иьэр дьоннор бааллара. Ону биирдэ табахтыы-табахтыы сэһэргэһэ олороммут: «Оттон ити дьону өйдөнөллөрүн курдук кыратык моһуоктуу түһүөххүн?» – диэн оонньуу-күлүү курдук эппиттээхпин. Онуоха кини: «Ээ кэбис, бииргэ үөскээбит, бэйэбит дьоммут буоллаҕа!» – диэбитэ…
Биирдэ биригэдьиирдии сылдьан, сиспин тоҥороммун, дьарҕаран улаханнык ыалдьыбыта. Онуоха ыксаан, Сергеев Лазарь Иванович уола Ваня илиитин дэҥнээн моһуогурбутун эмтэтэ барарыгар аргыс буолан, Уус-Алдаҥҥа, Бээрийэ кырдьаҕаһыгар Гурий Турантаевка эмтэтэ бара сылдьыбыппыт. Ол тиийэн чэйдии олордохпутуна, эмчит кэргэнэ хантан сылдьарбытын ыйыталаспыта. Уолбаттан кэлбиппитин истэн, кыыһыран мөхпүтэ: «Бэйэҕитигэр эмтиир киьи баарын кэннэ тоҕо кэллигит?!» – диэн. Биһиги онуоха мух-мах баран, тугу эрэ быһаардыбыт. Онтон эмтэнии саҕаланан, уолбут бастаан киирэн баран, түргэн баҕайытык төттөрү таҕыста. Илиитин, нэһиилэ иһигэр өйөөн, токуччу тутта сылдьыбыт киһибит, холкутук өрө көтөҕөр буолан, үөрэн-көтөн тахсыбытын сөхпүппүт. Хайдах эмтээтэ диэн ыйыталаһыыга, күттүөннээҕи сатаан быһааран кэпсээбэтэ. Онтон миигин Гурий кырдьаҕас көрөн баран: «Үс күн хонон-өрөөн эмтэннэххинэ сатаныыһы», – диэбитэ. Ону мин, оччолорго биригэдьиир, эмиэ даҕаны заправкаҕа солбуйан үлэлиир буоламмын уонна бэлэм массыынаттан хаалымаары, сөбүлэспэтим. «Оччоҕо түөннүүһүбүн», – диэн түөннээн эмтээбитэ. Кырдьаҕас Михаил Фомичтаах хайдах олороллорун ыйыталаспыта, кинилиин чугас аймах буоларын кэпсээбитэ. Уолбаҕа тиийэн баран, Мэхээлэҕэ кэпсээбиппэр, биһиги аймахтыыбыт диэн бигэргэтэн эппитэ. Ол курдук айылҕалаах дьон, бэйэ-бэйэлэрин көрсүбэккэ даҕаны сылдьан, син биир хайдах эрэ билсэ, арааһа сибээстэһэ олороллор эбит быһыылаах диэн өйдөөбүтүм.
Киниэхэ наһаа элбэх киһи кэлэн эмтэнээччи, Хаандыгаттан эҥин нуучча дьоно бөҕө кэлээччилэр. Миигиттэн: «Где здесь живет шаман?» диэн ыйытан үгүстүк ыйдарааччылар. Урут мин наһаа табахтыыр этим, ыаллыы олорор буолан, Мэхээлэ киирэн сэһэргэһэ-сэһэргэһэ табахтаһааччы. Онтон мин сыыйа-баайа табахпын бырахпытым, ону ыалым, атаһа Кириллин Уйбаанныын быраҕыа диэн итэҕэйбэккэ сылдьан, сөхпүттэрэ. Михаил Фомич: «Аны үс сылынан тыҥаҥ ырааһырыа», – диэбитэ».
Дьэ ити курдук, Михаил Фомич Чашкин аҕатын, удьуор өбүгэлэрин утумнаан, айылҕаттан аналын толорон, төһөлөөх ыарыһаҕы эмтээбитэ буолуой?! Кини үтүөтүн-өҥөтүн биир дойдулаахтара үрдүктүк сыаналааннар, Таатта улууһун бочуоттаах гражданинын аатын иҥэрбиттэрэ. Айдарыылаах эмчит өссө даҕаны бар дьонугар көмө-өйөбүл буола турдун. Саха дьоно, кини курдук дурда-хахха буолар айылҕалаахтарбыт баалларын тухары, кэлэр кэскилбитигэр эрэллээх, бигэ тирэхтээх буолуохпут.[3]
АЙЫЛҔАНЫ АРАҤАЧЧЫЛААЧЧЫ
Саха ньургуннарын, дьон түөрт кырыылаахтарын кытары бииргэ үлэлээһин
Уйбаан Буурсап биир бастакынан айылҕа харыстабылын, экология боппуруоһун сытыытык көтөхпүт, дьиҥ дьыаланан утумнаахтык үлэлэспит уонна бэчээт нөҥүө баар балаһыанньаны аһаҕастык, кырдьыгынан дьоҥҥо-сэргэҕэ арыйан тириэрдибит киһи буолар. Дьэ онтон ыла кини доҕотторо суруйааччы Василий Титов, суруналыыстар Иннокентий Захаров, Уйбаан Уххан, кэлин соҕус Дмитрий Бубякин, Александр Бурцев-Салҕааһын, о.д.а. ити тиэмэҕэ элбэхтэ суруйбуттара. Аан маҥнай И.С. Бурцевы «Чолбон» сурунаалга көрөр-билэр буолбут эбиппин. Кини саха норуотун, үөрэхтээхтэрин чиэһин, үтүө аатын көмүскээн турууласпыт патриот суруйааччы И.Е. Федосеевы кытары билсэрэ, сурунаалга кэлэ сылдьара. Мин оччолорго норуот суруйааччыта Далан сүбэтинэн «Хотугу Сулустан» («Чолбонтон») саҕалаан, бэчээт эйгэтигэр – кинигэ кыһатыгар үлэлии киирбитим дьылҕа хаан бэлэҕэ эбит.
80—90-с сыллар саҥаларыгар көҥүл санаа, омук кыһалҕата буолар тыын боппуруостары көтөҕөр, сымыйа буруйдааһыннартан көмүскэнэр, ааспыт устуоруйа «үрүҥ бээтинэлэрин» тириэрии, эрэпириэссийэлэнэн умнууга хаалбыт норуот чулуу дьонун сырдык ааттарын төнүннэрии киинэ буолбут Суруйааччы союһун уоргана «Чолбон» сурунаал этэ. Онно үлэлиир умнуллубат сылларбар саха бастыҥ суруйааччыларын, интэлигиэнсийэ, араас эйгэ чулуу бэрэстэбиитэллэрин билбитим, ыкса алтыһан барбытым. Ол дьиктилээх кэмнэртэн ыла Далан, Тумарча, Доосо, Эрчимэн, Бүөтүр Аввакумов, Сэмэн Руфов, Харысхал курдук биллиилээх суруйааччылардыын биир тэрилтэҕэ үлэлээн билсибитим. Софрон Данилов, Савва Тарасов, Моисей Ефимов, Гаврил Колесов, Багдарыын Сүлбэ, Дьөгүөр Алексеев, Баһылай Дарбааһап, Тэрис, Уххан, Дабыл, Уйбаан Ушницкай, Уйбаан Бурцев, о.д.а. саха саарыннарын кытары алтыһар дьолломмутум.
Оччолорго И. Бурцев, Д. Бубякин, о.д.а. экология боппуруоһун күүскэ көтөҕөн дьон-сэргэ ити кыһалҕаҕа болҕомтотун хатаабыт кэмэ этэ. Миигинниин биэс хааһах диэбиккэ дылы, «Кыым» хаһыакка (21.10.1989) В.Н. Егоров-Тумарча «Северные просторы» киин сурунаал 3 №-гэр «Дом под угрозой» диэн уопсай төбөнөн «Спроси у хозяина» экология проблемаларын сытыытык сырдатар суруйуутун сэҥээриини («Дьиҥ баарынан, кырдьыгынан») бэчээттэппитим. Эмиэ ити сылга Чурапчы Арыылааҕын Көмньө сайылыгар буолбут быһылаан туһунан суруйбуттааҕым. Ону бииргэ үлэлиир дьоммор көрдөрбүппэр, Доосо обургу: «Доруобуйа харыстабылын миниистирин аатыгар ыстатыйаҕын «Аһаҕас сурук» быһыытынан төбөлөө», – диэн өй укпута.
Уйбаан Бурцевтаах суруйууларыттан тэптэн, Саха АССР доруобуйатын харыстабылын миниистиригэр И.И. Местниковка аһаҕас сурукпар маннык эппит эбиппин: «Ытыктабыллаах Иван Иванович! Уларыта тутуу, иһитиннэрэн-биллэрэн иһии илгэлээх кэмэ буолан, «Кыым», «Молодежь Якутии», «Социалистическая Якутия» хаһыаттарбыт биллиилээх суруналыыстара, народнай депутаттарбыт өрөспүүбүлүкэҕа кутталлаах экологическай балаһыанньа үөскээбитин, кистэлэҥинэн ядернай дэлби тэптэриилэр ыытыллыбыттара ырааппытын, Бүлүү иэдээнин аахсыбакка, ГЭС-тэри уонна АЭС-тары тутарга былаанныылларын, өссө радиоактивнай тобохтору көмөр, кистиир миэстэни бэлэмниир курдуктарын туһунан суруйдулар, аһаҕастык кэпсээтилэр.
Саха сирин олохтоохторун үйэтэ ортотунан 48–55 сылга диэри кылгаата диэн олохтоох уонна киин бэчээккэ суруйар буоллулар. Тоҕо норуот доруобуйата алларыйда, үйэтэ кылгаата, ахсаана өнүйбэт буолла? Оттон соторутааҕыга диэри уһун үйэлээхтэрбит элбэҕинэн Союз үрдүнэн сураҕырар этибит эбээт! 1977 сыллаахха сайын Чурапчы оройуонун Арыылаах дэриэбинэтигэр ынырыктаах трагедия буолбута…
………………………………………………………………………..
Онон, ытыктабыллаах Иван Иванович, эһиги, норуот доруобуйатын харыстабылыгар турар эмп үлэһиттэрэ, киһиэхэ кутталлаахтык дьайар экологияны кэһии содулларын, өрөспүүбүлүкэҕа радиация туругун хонтуруоллуур, бэрэбиэркэлиир ханнык миэрэлэри ыллыгыт, туох үлэни ыытаҕытый? Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун доруобуйалара, дьылҕалара, инники кэскиллэрэ эһиэхэ итэҕэйиллэр, эһиги илиигитигэр баар. Мин ыйытар, ыалдьар боппуруостарбар, мунчаарар, дьиксинэр санааларбар дьон-сэргэ бары да таарыйтарар буолуохтаахтарын билэбин. Түмүкпэр бар дьоҥҥут, норуоккут туһугар кыһамньыгытыгар туохтан даҕаны толлубакка турунаргытыгар эрэлбин биллэрэбин («Саха сирэ». 1989 с.)».
Инньэ гынан, оччотооҕу бэрээдэк быһыытынан миниистир бэчээт нөҥүө эппиэттииргэ күһэллибитэ. Онуоха маннык эридьиэстээх түгэн баара. Биир дойдулааҕым, обком лектора, наука дуоктара, профессор Валентин Степанович Луковцев төлөпүөнүнэн: «Доҕоор, миниистир миэхэ эрийэн “эйиэхэ эппиэт суруйа олоробун” диэтэ. Онон эн биһикки бу курдук кэпсэтэн кэбиһиэх. Эн, аны буккуур тахсыбатын курдук Валерий Луковцев диэн ааккын толору суруйар буол», – диэн сиэрдээхтик эппитэ. Онтон ыла «Дэли» эҥин дэнэ сылдьыбыттааҕым.
«Кыымҥа» үлэлиир Уйбаан Сэмиэнэбис мин бастакы публикацияларбын ааҕан уонна арааһа Доосоттон истэн, миигин бэлиэтии көрөр, кэпсэтэр буолбута. Онтон ыла экология боппуруостарынан алтыһан саҕалаан, ордук ыкса И.И. Шамаев, Н.Д. Кириллин тэрийбит «Ил» гражданскай сомоҕолоһуу партиятыгар (1998 сылтан), 2002 с. кэлин Саха уопсастыбаннай Киин диэн ааттаммыт уопсастыба тэрилтэтигэр бииргэ кыттан чугаһаспыппыт. Ити түмсүүгэ геолог Николай Дмитрьевич баарынан биир идэлээхтэрэ Уйбаан Бурцев, Тумарча, Аркадий Андреев, Руслан Протопопов, горняк Владимир Титов уопсастыбаннай туруулаһар үлэҕэ күүскэ кыттыбыттара. 2001–2002 сыллартан саҕаламмыт пикеттэргэ, миитиннэргэ оччолорго даҕаны сааһырбыт дьон, кинилэр уонна М.С. Иванов-Багдарыын Сүлбэ, А.И. Эверстов, И.А. Егоров-Оһуохай Уйбаан, кэлин сорох түгэҥҥэ учуонайдар Дария Антипина, Михаил Слепцов, о.д.а. аҕыйах киһи сүрдээх бөҕө тирэх, өйөбүл буолбуттарыгар махталбыт ааспат. Ол саҕана салалтаҕа нэһилиэнньэттэн илии баттааһыннаах суруктары киллэриилээх, уулуссаҕа миитиҥҥэ, пикеккэ тахсыылаах хамсааһыҥҥа адьас аҕыйах киһи кыттара. Бэрээдэги көрөр аатыран, бэлииссийэ өттүттэн соруйан, дьону дьулатаары, наһаалыыр көкөт эмиэ элбэҕэ. Оннук күчүмэҕэй түгэннэргэ аҕа көлүөнэ бастыҥ дьоммут биһиэхэ дурда-хахха, сүрүн тирэх буолбуттара.
Дьухха, аҕыйах саҥалаах, элбэх дьайыылаах И.С. Бурцевы кытары биир улуустан, Лөгөй нэһилиэгиттэн төрүттээх Владимир Борисов ытыктаан, киниэхэ Хоро Хоһуун диэн таптал аат кэриэтэ иҥэрбитэ. Ириэнэхтэн иҥнибэт, тоҥтон толлубат Уйбааҥҥа онто олус сөп түбэһэрэ.
Оччолорго даачата эҥин суох эдэрчи дьон, биһиги, Уйбааммыт сайылыгар, Тумарча Өктөмҥө баар дьиэтигэр саас, сайын аайы тахса сылдьарбыт, аны санаатахха, хатыламмат үтүө да кэмнэр эбит! Биирдэ күһүн муус ылса тахсыбыппыт. Халыҥаан эрэр күөл мууһугар кыраһалаабыт чараас хаарга 70 саастаах Уйбаан Сэмиэнэбис чэпчэки баҕайытык кылыйбахтаан ылбытыгар амыдайа Уйбаан Шамаев олус сөхпүтэ, үөрбүтэ бу баарга дылы. Атын түгэҥҥэ эмиэ кини даачатыгар күһүн Майаттан кыраайы үөрэтээччи Ылдьаа Куолаһап киирбитигэр тахса сырыттыбыт. Баар балаһыанньа, бэлиитикэ боппуруостарыгар санаа атастаһаары, сүбэлэһээри, Борисов Володябыт этиитинэн кырдьык-хордьук төлөпүөммүтүн былыргы ыскаап түөһүн тардарыгар уктубут. Сатаатар, дьиэлээх киһибит кэккэлэһэ уһаайба нөҥүө уоргаҥҥа үлэлээбит ыаллаах этэ. Онтукатын кытары Уйбаан атастыы аҥаардаах. Онтон сонно кэпсэтии, мөккүһүү саҕаламмытыгар, ууга-хаарга киирэн омуннуран, онуоха эбии Ылдьаабыт төрүкү улахан саҥатыттан үтүктүспүттүү, бары саҥабыт лаппа улаатан маргыар бөҕө буолан бардыбыт. Онно хайа эрэ дьээбэлээх: «Ыскаапка сытар төлөпүөнтэн «мойуор» иһиттин диэн ордоотуу-ордоотуу кэпсэтэр быһыыбыт дуо, бу?!» – диэбититтэн күлэн быара суох бардыбыт. «Мойуор, кассетаҕын уларыт эрэ!» – эҥин диэн, эбии туустаан-тумалаан, күлсүү бөҕө. Уйбааммыт: «Иһиттиннэр ээ, туохтаах үһүнүй?! Дьон-норуот, судаарыстыба интэриэһигэр үлэлиибит буолбатах дуо?!» – диэн көбдьүөрбүтүгэр, бары биир тыла суох сөбүлэстибит. Дьэ итинник көрдөөх даҕаны, ыгым да түгэннэргэ Хоро Хоһуун ымыттыбат дьиппиэнэ, хорсуна барыбытыгар холобур буолааччы. Сэрии оҕолоро, сорохторо тулаайахтара саха саарыннарын, убайдарбыт барахсаттары кытары «эн-мин» дэһэн уопсастыбаннай дьыалаҕа бииргэ үлэлээбиппитинэн, күн бүгүнүгэр диэри Буурсап Уйбаанныын, Тумарчалыын чугастык алтыһа турарбытынан чахчы даҕаны дьоллоох эбиппит.
Мантан салгыы ытыктыыр, саха барыта тумус туттар киһитэ аҕа доҕорум Иван Семенович олоҕун, үлэтин туһунан кылгастык билиһиннэрэ, эбии сырдата түһүөҕү баҕарыллар.
Айыы бухатыырыгар холоонноох
Охтон баранар мастаах, уолан бүтэр уулаах орто дойдуга ийэ айылҕатын харыстыырга-хараанныырга үрдүк аналланан кэлбит Уйбаан Буурсап булгуруйбат модун дьулуурунан, өҕүллүбэт өһөс, кэннинэн кэхтибэт дьүккүөрүнэн олоҥхо бухатыырыгар холоонноох хоһуун киһи. Туруулаһан үлэлээбитэ, дьаныһан ситиспитэ, суруйбута-айбыта оҕордук биир киһи холугар кыайтарбат таһыччы. Дэгиттэр дьоҕура, ылсыбыт үлэтин хайысхалара киэҥэ эмиэ сөхтөрөр. Ол да иһин, дэлэҕэ уос номоҕор, уус-уран айымньыга киириэ дуо! Бүлүү өрүс тардыытын айылҕатын көмүскэлигэр бииргэ үлэлэспит доҕоро, талааннаах суруйааччы Эдуард Соколов-Тулусхан «Хампа» улахан айымньытыгар кини уобараһын дьүһүйбүттээх. Оттон биир идэлээх аҕа табаарыһа норуот суруйааччыта Тумарча «Биһиги Аан Дархаммыт» романыгар эмиэ кинини бар дьон интэриэһин көмүскүүр үлэ инники күөнүгэр сылдьар уопсастыбанньык быһыытынан ойуулаан көрдөрбүтэ. Киһи бэйэтэ баарыгар сити курдук айымньы дьоруойа буолуута балачча сэдэх түбэлтэ диэххэ сөп.
Хантан, хайдах олоҥхо бухатыырыныы маннык хатан хатарыылаах киһи үс кырыылааҕа, ураты уһаарыылаах урааҥхай уһуктааҕа баар буолбутай диэн ыйытыкка бэйэ санаатын аҕыйах тылынан быһыта-орута суруйан билиһиннэриэҕи баҕарыллар.
Төрүт сир төрүөҕэ, ытык ыал ыччата
«Уол оҕо барахсан бу охсуһуулаах орто туруу бараан дойдуга оройунан түһэн кэлиэҕиттэн муҥу муннунан тыыран, эрэйи эҥээринэн тэлэн уйана-хатана биллэр, буһууну-хатыыны, тургутууну ааһан, киһи-хара буолар». Бу – өбүгэлэр олоҥхоҕо хоһуйуллар сахтартан ыла үөрэтиилэрэ-такайыылара. Уйбаан төрүкү тыйыс-хаҕыс айылҕалаах Саха сиригэр уһун уот кураан сатыылаабыт, олохтоох саха нэһилиэнньэтин үс гыммыттан биирин имири эспит, аан дойдуну атыйахтаах уу курдук аймаабыт алдьархайдаах сэрии сылларын кирбиитэ бүрүүкээн, ыган кэлэрин саҕана – 1940 сыл олунньу 17 күнүгэр күнү көрбүт эбит.
Буурсап аймах биһигин ыйаабыт төрүт сирэ Уус Алдан Хоро нэһилиэгин уруккута дириҥ силистээх-мутуктаах. Бороҕон Мүрү Эбэтигэр сай-һат диэбит хоролору төрүттээбит өбүгэ киһи – норуот номоҕор Алдан, Амма өрүстэри ааттаталаан ааспытынан бэркэ биллэр сүүрүк оҕустаах Улуу Хоро. Кини Омоҕой Баайы, Эллэй Боотуру кытта бүтүн омугу ууһаппыт-тэниппит биир ытык өбүгэбит. Хоролор Бороҕон улууһугар Мүрүнү сэргэ Туймаадаҕа Хатас сиригэр-уотугар тойон ууһа хаҥаластары кытары ыаллаһан олорбуттара үһү. Нуучча кэлиитин саҕана уйаара-кэйээрэ биллибэт Саха сирин былаһын тухары тарҕанан олохсуйбуттар. Ол да иһин, Үөһээ Бүлүүгэ, Сунтаарга, Өлүөхүмэҕэ эмиэ олохсуйаннар, күн бүгүнүгэр диэри Хоро нэһилиэктэрэ сириэдийэн олороллор. Бэл, инньэ Дьааҥыга, Абыйга, Усуйаанаҕа, Булуҥҥа хоролор тиийбиттэрэ үһүйээннэргэ сэһэргэнэр. Бука, иҥнигэһэ-толлугаһа суох, атаҕастанары-үтүрүллэри сөбүлээбэт буоланнар, оччолорго, кыргыс үйэтин саҕана, ынах-сылгы сүөһүлээх үс саха аҕатын уустара хотон олохсуйа иликтэринэ «кыйаар дойдута» дэнэр Бүтэй Бүлүүгэ, таас дьааҥы, тумара туундара хотугу сирдэргэ аартыгы арыйдахтара. Иннилэрин биэримтиэтэ суох бурулҕа, боотур майгыларынан сэһэҥҥэ-номоххо киирбиттэр. Уйбаан Сэмиэнэбис төрүттэрэ дьэ ол хоролор Мүрүтээҕи аҕа баһылыктарын, Тыгын Дархан доҕоро-атаһа Тарбыах Тиис Эгий диэн уолуттан тымыр-сыдьаан тардыбыттар.
Хос эһэтэ Ыстапаан тимир, мас ууһа. Кини Байаҕантай, Таатта дьонун айанын аартыгар, Тандалыыр суол ааһар Илин Үрэххэ (харыс аатынан, былыргыта, сурукка киирбитинэн Дьэҥкиидэ) Кыймаласпыт диэн сиргэ олохсуйбут. Кини уола, Бороҕон улууһун кулубатынан талыллыбыт аймаҕа Миитэрэпээни утумнаан, бэйэтин кэмигэр син биллэр-көстөр, атын нэһилиэктэргэ «били аатырбыт Отох Охонооһой» дэтэр сытыы-хотуу, тыллаах-өстөөх киһи эбит. Сэрии сылларыгар муҥха тэрийэн, чугастааҕы дьонун хоргуйууттан быыһаабыт. Тууһут, илимньит оҕонньор Макеевтар диэн түөрт оҕо дьоно өлөннөр тулаайах хаалбыттарыгар туутуттан биэрэн, хайдах угарын улахан уолга сүбэлээн биэрбитин, кэлин уол, милиция майора буолбут киһи: «Хоргуйан, эстэр суолга киирбиппитин эн аһыныгас, үтүө санаалаах эһэҥ быыһаан турар», – наһаа махтанан ахтыбыт. Уйбаан Сэмиэнэбис эһэтин өссө бу курдук ахтан суруйбут: «Күөллэр туоналарын биэс тарбах курдук билээччи, муҥха тардыытын дьаһайааччы, ыйанкэрдэн биэрээччи – кини этэ… Кэлин олох сааһырбытыгар тиэйэн киллэрэн, туона үктэтэллэрэ уонна төттөрү тиэйэн таһаараллара… Эһэбин Илин Үрэх дьоно бука бары ытыктыыллара… Кини этиитин, сүбэтин мөккүөрэ суох ылыналларын билигин саныы-саныы сөҕөбүн эрэ. «Охонооһой оҕонньор туох диирэ буолла» дэһэллэрин истэрим».
Оттон биһиги Уйбааммыт аатын ылбыт абаҕатын, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр үөрэх эйгэтин үлэһитэ буолан иһэн, эдэр сааһыгар кылгас үйэлэммит И.А. Бурцев туһунан «Уйбаан» диэн 2016 с. Илин Үрэх Бурцевтарын төрүттэрин-уустарын, аймах-билэ дьонун сырдатар бэрт иһирэх ис хоһоонноох кинигэни таһааттаран турар. Онно Макеевтаахха сыһыаннаах биир дьикти түгэни Уйбаан Сэмиэнэбис ахтар. Илин Үрэххэ кинилэр тыымпыттан былыргы саха боотурун куйаҕын – түөскэ кэтэр ылтаһынтан оҥоһуллубут хатырык куйаҕы уонна икки тимир дуулаҕа бэргэһэни булбуттар. Ону эһэтэ үөрэхтээх Уйбааннарыгар тиксэрбитэ Санкт-Петербург куорат музейыгар хараллыбытын чугас аймахтара талааннаах устуорук учуонай Федор Васильев «Военное дело якутов» кинигэтин бэлэмнииригэр туһаммыт, Х – ХIV үйэлэргэ сыһыаннааҕын бэлиэтээбит.
Уола үстээҕэр эрэ сэриилэһэ сылдьан былаҕайга былдьаммыт аҕатын Сэмэн ааспат аһыытын санатар «Саллаат дьылҕата», «Аҕам саата» суруйууларыгар ойууланар түгэннэр аахпыты эрэ долгуталлар: «Тастыҥ эдьиийдэрим кэлин кэпсииллэринэн, өлбүтэ дьиҥнээхтик чуолкайдана илигинэн буолуо, киһилэрин син биир күүппүттэр, сэмээр, таска таһаарбакка эрэ. Оннооҕор идэһэлэрин этиттэн хаһааналлара үһү… «Өлүүлээн биэрбит кустарыгар биир эмис баҕайы улахан сара көҕөн баарын эһэм тоҕо эрэ сиэппэтэҕэ… (аҕатын үөлээннээхтэрэ «кыттыгас» оҥостон куска илдьэ сылдьан баран, кыра уолга чаастаан биэрбиттэр. – Ааптар). Эһиилги сайыныгар эһэм тастыҥ быраата, сэрии кыттыылааҕа Н.Д. Бурцев Эбэттэн күүлэйдии тахсыбыта. Эһэм ааспыт сайын бултаабыт кустарбыттан, булууһуттан таһааран, буһаттарбыта… Бу 1952, эбэтэр 1953 сыл сайына бадахтаах. Кус аҕабар ананан булууска ууруллубут буолуохтаах дии саныыбын.
«Сыыһа биллэриилэр кэлэллэрэ үһү», «сураҕа суох сүппүттэр көстөллөр» эҥин диэн кэпсээннэр дэлэй эбиттэрэ буолуо. Дьонум дууһаларын түгэҕэр, сүрэхтэрин-быардарын хайа эрэ муннугар өр сылларга таска быктарбакка иитиэхтээн, саһыаран илдьэ сылдьыбыт эрэллэрин кыыма хаһан бүтэһиктээхтик өспүтүн этэр күчүмэҕэй. Биири билэбин – кинилэр өр да өр күүппүттэрэ. Ити биһиэхэ эмиэ бэриллибитэ диибин, ордук миэхэ уонна аҕам эдьиийигэр Прасковья Афанасьевнаҕа». Саллаат Сэмэн кэргэнэ, хоһуун үлэһит, сытыы тыллаах-өстөөх бүгүрү киһи, Фекла Васильевна Турантаева, 25 саастааҕар эрэ огдообо хаалан баран, хос кэргэн тахсыбакка, эрин дьонун кытары олорбут. Кырдьаҕастары көрөн-харайан үйэтин моҥообут.
Арай ол кылгас үйэлэммит саллаат Сэмэн аатын ааттатар уол оҕону сэриигэ барыан иннинэ кыл мүччү кэриэтэ хаалларбатаҕа буоллун диэн ыйытык үүйэ-хаайа тутар. Оччотугар Уйбаан Буурсаптан атын, кини курдук геофизик, геолог идэлээҕинэн, Мииринэйгэ 60-с сыллартан «Ботуобуйа» экспедициятыгар үлэлээн, Мииринэй тыатын барытын кэрийбит уонна үлэтин сүнньүнэн салалтаҕа туруорса, киирсэ сатаан баран суруналыыс талааннаах буолан, «уларыта тутуу», «гласность» диэн ааттаммыт демократия көҥүл салгына биллээтин кытары сытыы суруйуулары оччотооҕу обком уоргана «Кыым» хаһыакка бэчээттэтэн «айдааны таһаарбыт» киһи көстүө эбитэ дуу? Бороҕон улууһун олоҥхоһута Дмитрий Михайлович Говоров хоһуйбут Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕөтүн кэриэтэ тохтоон-чугуйан хаалбакка дьүккүйэн, Уйбаан Буурсап «судаарыстыба сэкириэтэ» аатыран кистэммит сир аннынааҕы саахаллаах ядернай дэлби тэптэриилэр, айылҕаҕа, кыылга көтөргө, олохтоох нэһилиэнньэҕэ суоһар кутталынан суоһуур, хостонон баран аһаҕас халлаан анныгар хараллыбакка хаалбыт уран рудатын дьапталҕаларын, кимиэхэ даҕаны биллэ илик Саха сиригэр баар кистэлэҥ ядернай полигон туһунан киэҥ билиигэ аһаҕастык таһааран, олор содулларын туоратыыны туруорсубута.
Бастакылартан биир бастыҥнара
Уйбаан Сэмиэнэбис сэрии тулаайаҕа, эһэҕэ-эбэҕэ иитиллэн, өбүгэ төрүт үгэстэрин, олоҥхо саҕаттан олоҕуран, тутуһуллан кэлбит айыы киһитин кодексын урукку сэбиэскэй иитиини кытары дьүөрэлээн ылыммыт аҕа көлүөнэ ыраас дууһалаах, көнө санаалаах, көмүскэс сүрэхтээх бэлиэ бэрэстэбиитэлэ. Удьуор утумунан аартыгы арыйааччы, саҥаны саҕалааччы буолбута үгүс. Ылсыбытын ыһыктыбат, мэһэйтэн-харгыстан харыастан хаалбакка, дьэ эбии тэптэн, өрө баран туох эрэ түмүгү хайаан даҕаны ылан, туруоруммут сыалын-соругун ситиһэн тэйэр дьүккүөрдээх.
Сахаттан биир бастакынан геофизик-геолог идэтигэр күргүөмүнэн киирэн үөрэммиттэртэн, үлэлээбиттэртэн кинини эмиэ ааттыахха сөп. Аармыйаҕа үс сыллаах сулууспа кэнниттэн 1962 сыллаахха геолог халыҥ хамаандатын үөрэтэн таһаарбыт, онтон ону тохтотон, саҥа геофизиктары бэлэмниир соруктаммыт Алдан техникумугар үөрэнэн идэ ылар. «Геофизик идэтэ соторутааҥҥы кэмҥэ диэри Саха сиригэр эрэ буолбакка, дойду бүттүүнүн үрдүнэн даҕаны бэрт сэдэх идэнэн биллэрэ. Геофизика биһиги дойдубутугар отутус сыллардаахха геология биир салаатын быһыытынан үөдүйэн баран, билиҥҥи кэмҥэ сайдан, кэҥээн, бэйэтэ туспа наукаҕа кубулуйда. Судургутук эттэххэ, минераллар уонна хайа боруодалара магниттарынан, өлүү ыйааһыннарынан, электричествоны аһарыыларынан, радиоактивностарынан уонна да атын өрүттэринэн бэйэ-бэйэлэриттэн уратылаахтарыгар бу наука олоҕурар. Геофизика гаас, ньиэп, таас чох, тимир рудата, хорҕолдьун, кыһыл көмүс, алмаастаах кимберлитовай туруупка уонна да атыттар ханна, төһө дириҥҥэ сыталларын көрдөөһүҥҥэ аналлаах» диэн кини идэтин туһунан бэрт дьэҥкэтик быһаарбыта.
Араас омук ааттаахтарын ортотугар сирдэриэхтээҕэр, сүрэҕинэн-бэлэһинэн, кыайыгас үлэһитинэн, билиитинэн-көрүүтүнэн, булугас сытыы өйүнэн инники күөҥҥэ сылдьан күүскэ үлэлиир. Тахсыылаахтык үлэлии сылдьан, ордук Мииринэйдээҕи кэмигэр, дьиҥ сахалыы мындыр өйүнэн, омсолооҕу, итэҕэһи-быһаҕаһы кытары эйэлэһимтиэтэ суоҕунан сир баайын хостооччулар үлэлиир истииллэрин, хотугу сир уйан айылҕатыгар көһүүн, бэл алдьатыылаах сыһыаннарын сөпсөөбөт буолан барар. Бырамыысыланнас сир баайын хостуур хампаанньаларын салалтата, кистэлэҥ сир аннынааҕы саахаллаах ядернай дэлби тэбиилэри оҥорбуттар, айылҕаҕа тахсар хоромньуну бохсор, содулун аччатар, туоратар, чөлүгэр түһэрэр туһугар миннэрин да тартаран көрбөттөрүн иһиттэн билэр, ону өйө-санаата ылыммат. Ордук урукку Садын оройуонун Бүлүү муоратын анныгар тимирдиллибит Туой Хайа бөһүөлэгин (Олимпиада призера Александр Иванов төрөөбүт-үөскээбит төрүт дойдута) олохтоохторун иэдээннээх дьылҕата уйулҕатын көтүппүтэ. Остуоруйаҕа кэпсэнэрдии сиэдэрэй оттоох-мастаах, эгэлгэ сэдэх үүнээйилэрдээх, өлгөм бултаах, сир астаах айылҕа маанылаах дьикти кэрэ миэстэтэ, сир үтүөтэ далай уу түгэҕэр хаалбытын өйө-сүрэҕэ ылыныан баҕарбата. Төрүт сирдэриттэн толору хааччыллыылаах бэлэм дьиэҕэ-уокка тиийиэххит диэн албыннаан, күһэлэҥ быһыытынан көһөрүллүбүт, олохторо огдолуйбут, Арыылааҕынан эҥин үтүөх-батаах сылдьар туой хайалар дириҥ кутурҕаннара, муор-туор дьылҕалара Уйбаан аһыныгас сүрэҕин аймыыра. Кинилэргэ сиэрдээх сыһыаны ирдэһэр баҕаламмыта. Систиэмэҕэ уларытыы киллэрэр кыаллыбатын, сир баайын хостооччулар үлүгэрдээх ыраас барыһы ылартан хаһан даҕаны аккаастанар баҕалара суоҕун өйдүүр. Таас эркиҥҥэ төбөнөн сааллар тэҥэ, туруорса-киирсэ сатаан баран, бэчээт, кырдьыктаах тыл күүһүнэн туруулаһар толкуйу булунар.