Халбаһыны чараас гына быһабыт, ортотунан аҥаардыыбыт. Үлүннэриилээх тиэстэни бэрэски оҥорор курдук төкүнүтэбит, тэнитэбит уонна халбаһыны уурабыт, тиэстэни икки кытыытын хам тутабыт, үрүт өттүн аһаҕас хаалларабыт. Хобордооххо мас арыытыгар буһарабыт. Оҕурсуну уонна помидору синньигэс гына быһабыт. Таһаараат да сылаастыы, тиэстэбит иһинээҕи халбаһы икки өттүн кыратык майонезтыыбыт, биир өттүгэр оҕурсу, иккиһигэр помидор куһуоктарын угабыт. Түргэн уонна тотоойу.
Эттээх лэппиэскэ
Үлүннэриилээх тиэстэни кыра гына төкүнүтэбит, бөлүөгүнэн тэнитэбит, кытыытыгар төгүрүччү фаршы синньигэс гына уурабыт. Тиэстэни иһин диэки саба бүрүйэн хам баттыыбыт уонна итии хобордооххо бастаан хам баттаабыт өттүбүтүнэн умса ууран буһарабыт. Эт аҕыйах барарынан барыстаах.
Сандалы бэрэски
Тиэстэтэ:
300 г сүөгэй, 105 г
оргуйбут сөрүүн уу,
1,1 кг бурдук,
2 сымыыт,
1 чаайынай ньуоска суода, туус.
Фарша: 900 г убаһа этэ, 200 г хаһа,
1 эриэппэ луук,
150 г ууга буспут ириис, туус,
хара биэрэс.
Тиэстэ мэһийэбит уонна 15 мүнүүтэ туруорабыт. Бу кэмҥэ эти, хаһаны кыра гына быһабыт, ирииһи холбуубут, бэйэ сөбүлүүрүнэн туус, биэрэс кутабыт. Тиэстэни кыра тэҥ төгүрүктэр гына быһабыт, бөлүөгүнэн чарааһатабыт, фаршы кутан баран кытыытын хам тутан сыһыарабыт уонна итии хобордооххо буһарабыт.
Тэллэйдээх бэрэски
Хатыҥаайы тэллэйи (подберезовик) сууйан, ыраастаан, кыра гына кырбыыбыт, туустаан, лууктаан арыыга ыһаарылыыбыт уонна буспут ирииһи кытта булкуйабыт. Үлүннэриилээх тиэстэҕэ суулаан, арыыга буһарабыт.
Мундулаах бэрэски
Мунду төбөтүн, иһин быраҕабыт, сууйабыт, мясорубкаҕа эрийэбит, бэйэ сөбүлүүрүнэн тууһуубут, лууктуубут, арыыга ыһаарылыыбыт уонна буспут ирииһи кытта булкуйабыт. Үлүннэриилээх тиэстэҕэ суулаан, арыыга буһарабыт.
Вафля-бэрэски
Састааба: маҕаһыыҥҥа атыыланар 4 төгүрүктээх туорка аналлаах вафля, алаадьы тиэстэтэ, эриллибит эт.
Вафля төгүрүгүн эриллибит этинэн сыбыыбыт, иккис төгүрүгүнэн сабабыт уонна ойуутун батыһа сытыы чараас быһаҕынан тэҥ куһуоктарга быһабыт. Тиэстэҕэ уган ылан баран, итии хобордооххо алаадьы курдук буһарабыт.
Халаачык
Састааба:
3 сымыыт, туус,
1 чаайынай ньуоска суода, 1 ыстакаан кефир эбэтэр маҕаһыын сүөгэйэ (сметана), 1 бааҥка сгущеннай үүт уонна бурдук.
Тиэстэбитин мэһийэн баран, арыыга буһарабыт.
Сметанник
Састааба:
0,5 ыстакаан үүт,
2 ыстакаан суорат, 0,5 чаайынай ньуоска суода, 2 остолобуой ньуоска сымыыт бороһуога,
1 ыстакаан саахар, туус, ванилин.
Мэһийэн баран, духуопкаҕа буһарабыт.
«Ыксаллаах» бутерброд
Састааба:
килиэп, чеснок, майонез, сыыр,
мас арыыта.
Килиэби быһан мас арыытыгар ыһаарылыыбыт. Майонеһы чесногу кытары холбоон килиэпкэ ымньыыбыт, сыыр уурабыт, микроволновай оһоххо эбэтэр духуопкаҕа уган, сыырын уулларабыт.
Түөкэй
Маҕаһыыҥҥа атыыланар кыра барааҥканы ылан, чаас аҥаара үүккэ уган бөскөтө түһэбит. Таһааран баран, арыынан сотуллубут тимир лиискэ уурабыт уонна үрдүгэр фрикадельканы (эриллибит эттэн оҥоһуллубут төгүрүгү) сиикэйдии уурабыт, үрдүн түөркэлэммит сыырынан бүрүйэбит уонна духуопкаҕа угабыт.
Буулка (1 көрүҥэ)
Састааба:
5 кг көстүрүүлэҕэ (60 устуука)
1,5 л үүт,
1 остолобуой
ньуоска доруоһа,
5 остолобуой
ньуоска үүт бороһуога, остолобуой ньуоска ½ туус, 6 остолобуой ньуоска сымыыт бороһуога,
курууска улахан ортотунан саахар, курууска аҥаара мас арыыта.
Тиэстэ килэбэчийиэр, илииттэн арахса сылдьар буолуор диэри күүскэ илиинэн мэһийэбит. Охсо-охсо бурдук кутан иһэбит. Үллүбүтүн кэннэ булочкалары оҥоробут, таҥаһынан бүрүйэн 1 чаас хос сылааһыгар туруоран, үлүннэрэ түһэн баран, духуопкаҕа угабыт. Буһан тахсыбыт булочка үрдүн, чааскы түгэҕэр чэй заваркатын саахары кытары булкуйан баран, сотобут.