Эрчим бүгүн доҕорунаан Сенялыын орто оскуоланы бүтэрэр үөрүүлээх биэчэргэ бараары оҥосто сылдьаллар. Хара көстүүм, сырдык сорочка кэтэн, бачыыҥкаларын кылабачыйыар диэри ыраастаан, киэһэ банкекка анаан бырааһынньыктыы киэргэтиллибит оскуола спорт саалатыгар тиийбиттэрэ. Долгуйан сүргэлэрэ көтөҕүллүбүт, ыга киэргэммит оҕолор, учууталлар, төрөппүттэр толору мустубут этилэр. Тула барыта үөрүү-көтүү, көр-нар, күлсүү-салсыы – бу оскуоланы бүтэрэр тиһэх биэчэр. Оҕолор уйулҕаларын өрө көтөҕөн, көнньүөрбүт санааларын сөбүлүүр ырыалара өссө күүркэтэргэ дылыта…
Эти глаза напротив – калейдоскоп огней,Эти глаза напротив – ярче и все теплей,Эти глаза напротив чайного цвета,Эти глаза напротив – что это, что это?Пусть я впадаю, пустьВ сентиментальность и грусть,Воли моей супротив, эти глаза напротив.Вот и свела судьба, вот и свела судьба,Вот и свела судьба нас,Только не подведи, только не подведи —Только не отведи глаз…Биллиилээх эстрада ырыаһыта Валерий Ободзинскай ырыата саҥа олоххо үктэнэн эрэр эдэр дьоҥҥо элбэҕи эрэннэрэр эдэр саас туох эрэ биллибэт кэрэ умсулҕаныгар өрө күүрдэр, угуйар курдуга. Дьикти музыка буолан иһиллэрэ уонна умнуллубат сырдык түгэн көрсүһүүтүн эрэннэрэргэ дылы этэ.
Бииргэ үөрэнэр кыргыттара муус маҥан былаачыйаланан, онно дьүөрэлии сырдык дьүһүннээх үрүҥ түүпүлэни кэтэн киэргэммиттэрэ киһи билбэт гына уларыйан, хайдах эрэ ордук улааппыкка, тупсубукка дылы буолан көстүбүттэрэ.
Сааланы кэрийэ субуруччу тардыллыбыт уһун остуоллар бырааһынньык аһынан толору этилэр. Онно ханыылыы сампаан бытыылкаларын, вазаларга ньургуһун сибэкки дьөрбөтүн уонна күөх мутукча лабааларын тупсаҕайдык уурбуттара киһи санаатын өрө көтөҕөрө. Учууталлар, төрөппүттэр уонна оскуоланы бүтэрэр оҕолор остуолга сааһыланан олорбуттара. Кыһыл таҥаһынан бүрүллүбүт президиум остуолугар олорор дьонтон оскуола дириэктэрэ туран, оскуоланы бүтэрбит оҕолору эҕэрдэлээбитэ уонна биир-биир ыҥыран, ситиихотуу аттестатын туттартаабыта. Кини кэнниттэн бэрт сытыы-хотуу, элбэх саҥалаах-иҥэлээх эдэр райкомол сэкирэтээрэ уол аҕыйах оҕоҕо үрдүк үөрэххэ баралларыгар анаан путевка туттартаабыта. Олор истэригэр Эрчим эмиэ үрдүк үөрэххэ путевканы туппута. Аттыгар олорор оҕолор эҕэрдэлээн илии тутуспуттара.
Үөрүүлээх миитин бүтүүтэ, биэчэри ыытар эдэр учуутал кыыс киирэн:
– Билигин орто оскуоланы бүтэрэр оҕолорго анаан, музыкальнай эҕэрдэтин тиэрдэр Биробиджаннааҕы культурнай сырдатар училищены бүтэрбит, бэйэбит оскуолабыт выпускницата Зоя Романова, – диэн доргуччу биллэрбитэ.
Эрчим соһуйуон иһин, баянын иннигэр тутан, эдэркээн баҕайы кыыс киирэн микрофоҥҥа чугаһаан, ыллаан барбыта. Баян бастакы дорҕоонуттан музыка дьикти абылаҥар ылларан, уол бу кэрэ-номоҕон дьүһүннээх, нарын кыыстан хараҕын араарбатаҕа:
Күндү көмүс күөрэгэйим,Күүтэн күнүм уһаата.Хара, хара харахтааҕым,Хайа, хаһан кэлэҕин?Тэйэн, уһаан хааллаххына,Тэһийбэппин билэҕин.Миигин үөрдэн хоспор хаһанМичилийэн киирэҕин?..Бу ырыа тыллара хайдах эрэ, ыллыы турар кэрэ кыыс тас көрүҥэр олус дьүөрэлэһэр курдуктара… Эрчим ырыа күүстээх абылаҥар ылларан, сирэйдиин-харахтыын сырдаан, тулалыыр эйгэни олох атын хараҕынан көрбүтэ. Туох баар барыта тупсан, инники олоххо үтүөнү-кэрэни эрэ түстүүргэ дылыта… Онтон ырыа бүтэн, музыка тыаһа тохтообутугар уонна бу кини билбэт дьикти кэрэ кыыһа тахсан барбытыгар, хайдах эрэ курус санаа хам кууһан, хомойо санаабыта.
Учууталлар уонна төрөппүттэр ис сүрэхтэриттэн үтүө алгыс тыллары эппиттэрэ уонна эҕэрдэлээбиттэрэ. Оҕолор остуолга уһуннук олорботохторо, ойон туран проигрыватель дорҕоонноох музыкатыгар доҕуһуоллатан, төгүрүччү туран, үҥкүүлээн, ыллаан-туойан барбыттара.
Сынньалаҥҥа Эрчимнээх таһырдьа тахсыбыттара, сөрүүн салгын кинилэри кууһан ылбыта. Тула барыта олус үчүгэйэ, киһи эрэ үөрүөх-көтүөх курдуга. Майаҕа ол күнтэн саҕалаан, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Манчаары оонньуулара» ыытылла тураллара. Онон, бөһүөлэккэ дьон-сэргэ тоҕуоруһа мустан, сэргэхсийэн аҕай турар кэмэ этэ. Оскуолаттан чугас турар Оройуоннааҕы культура дьиэтиттэн үҥкүү музыката бу баардыы ньиргийэн иһиллэрэ.
Сорох оҕолор ол музыканы истэн, оскуола спортивнай былаһааккатыгар баар баскетбол мас помоһугар сүүрэн киирэн үҥкүүлээн барбыттара. Кыргыттар Сенялаах Эрчими ыҥыран ылан, ол үҥкүүлүү сылдьар ыччаттарга киирэн, аныгы музыка тэтимигэр сөп түбэһиннэрэн, араастаан хамсанан, күлбүт-үөрбүт оҕолору кытта тэҥҥэ үҥкүүлэспиттэрэ. Эрчим санаатыттан били баян доҕуһуолунан ыллаабыт кыыс кэрэ мөссүөнэ арахсан биэрбэтэҕэ.
– Сема, РДК-ҕа барыахха… Мин ити музыкант кыыһы көрүөхпүн баҕарабын… – диэн, доҕоругар сибис гыммыта.
– Кырдьык даҕаны, бардыбыт… Манна хайдах эрэ скучнай баҕайы… – диэн, кини тылыттан тахсыбат доҕоро сөбүлэһэ охсубута.
Үҥкүүлүү сылдьар ыччат быыһыттан тахсан, иккиэн кэпсэтэ-кэпсэтэ, үрэҕи кыйа барбыттара. Үрэх нөҥүө турар Культура дьиэтигэр, мас муостанан туораан, тиийбиттэрэ. Үтүмэн элбэх киһи мустан, сорохторо таһырдьа кулууп таһыгар, атыттара иһирдьэ үҥкүүлүү сылдьаллара. Араас оройуонтан кэлбит спортсменнар бэйэлэрин анал сборнай хамаандаларын форматын кэтэ сылдьаллара көрүөххэ олус үчүгэй этэ. Кинилэр спорт үрдүкү бырааһынньыгар кытталларынан киэн тутталлара сирэйдэриттэн-харахтарыттан, тутта-хапта сылдьалларыттан тута көстөрө.
Уолаттар ол ыччаттары кытта тэҥҥэ, үҥкүү күүрээннээх тэтимигэр сөп түбэһиннэрэн, бииргэ үҥкүүлээбиттэрэ. Сенялаах Эрчим орто оскуоланы бүтэрбит аттестаттарын ылан, хайдах эрэ улахан дьону кытта тэҥ кэрдиискэ тахсыбыт курдук санаммыттара. Сотору буолаат Эрчим үҥкүүлүү сылдьар дьон быыһыгар, били кинилэри кэлэн эҕэрдэлээбит музыкант кыыһы көрө түспүтэ. Эдэр кыыс музыка күүстээх абылаҥар ылларан, туох баар ис иэйиитин барытын биэрэн имигэстик хамсанан үҥкүүлүүрэ. Тулалыыр дьону кытта үөрэн-көтөн мичилийэн, хас биирдии хамсаныыта барыта Эрчимҥэ ураты кэрэ буолан көстүбүтэ. Кыыс ким эрэ тонолуппакка одуулуурун көрөн, Эрчим диэки хайыһан баран эйэҕэс баҕайытык мичээрдээбитэ. Эдэр уол ону көрөн, сүрэҕэ толугуруу мөхсүбүтэ, түөһүн иһэ сырдык иэйиинэн туолбута. Бүгүҥҥү олоҕун биир саамай умнуллубат күнүгэр киниттэн ордук дьоллоох киһи суох курдуга. Аан бастаан кэрэ кыыһы таптыы көрбүтэ:
Сиртэн үүммүт сибэккилииСитэн, тупсан кэрэҕин.Таба көрөн, талан ыланТаптаабыта сүрэҕим.Долгун нуоҕай суһуохтааҕымДолгуйабын, күүтэбин…Хайгыыр хара харахтааҕымХайа, хаһан кэлэҕин?..Эрчим тула эдэр саас үөрэрэ-көтөрө… Олоххо барыта дьол-соргу аргыстаах сырдык ыраны түстүүр кэрэ киэһэ кинилэри арыаллыырга дылыта. Ханна эрэ ыраах баян доҕуһуоллаах кэрэ кыыс нарын ырыата иһиллэр курдуга…
Уол ол сырдык иэйиигэ куустаран, сарсын аармыйаҕа барыахтааҕын саныы-саныы, утуйан хаалбыта…
Сарсыарда туран баран аһаат, малын-салын хомунна. Долбууртан Зоя бэлэхтээбит хаартыскатын ылан чочумча одуулаан тураат, сиэбигэр укта сылдьар байыаннай билиэтин иһигэр кыбыта аста. Ийэтэ остолобуойга иһит сууйааччынан үлэлиирэ, ол иһин сарсыарда олох эрдэ туран, хайыы-үйэҕэ үлэтигэр барбыт этэ.
Болдьоммут кэмҥэ военкомакка тиийбитэ, олбуор иһигэр толору дьон бөҕөтө баара. Аармыйаҕа барааччы диэн, атаара кэлбит дьон диэн тус-туһунан бөлөх-бөлөх буолан аалыҥнаһа сылдьаллар. Кинини кэтэһэн доҕотторо күүтэн тураллар эбит. Сирэйдэриттэн-харахтарыттан көрдөххө, атаарыы дьалхаана түүнү быһа салҕаммыт быһыылааҕа. Эрчим кинилэр билиҥҥи туруктарын өтө сэрэйэн, спортивнай суумкатыгар эрдэ хаһааммыт водкатын ылан уолаттарга туттаран кэбистэ. Кини өссө военкомакка чугаһаан иһэн, син балачча тэйиччиттэн баян тыаһын уонна уолаттар армейскай ырыаларын истибитэ. Сергей баянын тардан кэбиспитэ, Еремей ону иилэ хабан ылбыта. Атын уолаттар эмиэ хаалсыбатахтара, байыаннай ырыалар бииртэн биир доргуччу ылламмыттара. Ону дэриэбинэттэн сылдьар уолаттар бэркэ сэҥээрэ истибиттэрэ, ол эрээри хайдах эрэ дьааххана соҕус туттан тэйиччи сылдьаллара.
…Не много прошагал, пока не генерал,Но, может быть, я стану старшиной.Прости, что не сумел сказать, что буду смелИ то, что будешь ты моей женой.Не плачь, девчонка, пройдут дожди,Солдат вернется, ты только жди…Сотору буолаат военкомат үлэһиттэрэ тахсан, уолаттары кэккэлэччи туруортаатылар уонна испииһэгинэн биир-биир ааттаталаан, ким баарын-суоҕун бэрэбиэркэлээтилэр:
– Бу сааскы суол алдьаммытынан, билигин өрүс суола сабыылааҕынан сибээстээн, куоракка самолетунан көтөҕүт. Маҕан аэропордугар көтөн тиийдэххитинэ, эһигини куорат военкоматын үлэһиттэрэ көрсүөхтэрэ. Уонна «Маяк» лааҕырга сборнай пуун баар сиригэр автобуһунан арыаллаан киллэриэхтэрэ. Ким да, ханна даҕаны ыйытыыта суох мээнэ барбат, кэлбэт… Бэрээдэги кэһии, арыгыны иһии кытаанахтык бобуллар… Эһиги бүгүҥҥэттэн саҕалаан байыаннай бэрээдэги тутуһаҕыт. Билигин биэс мүнүүтэ атаарааччылары кытта быраһаайдаһыҥ. Ол кэнниттэн быстах кэмҥэ самолет түһэр сиригэр, сыыр үрдүнээҕи бааһынаҕа, бары стройунан тахсабыт. Самолет көтөн кэллэҕинэ, испииһэгинэн биир-биир ыҥырдахпытына, ааттаммыт дьон киирэн олороҕут. Атыттар аныгы кэлэр самолету кэтэһэҕит. Бүгүн барыта уонча рейс оҥоһуллуохтаах, – диэн оройуон военкомун начаалынньыга, аҕам саастаах капитан мас-таас курдук хамаандалаан сэрэттэ.
Атаарааччылары кытта быраһаайдаһыы буолбутугар атаһа Еремей, Эрчим санныгар бүк түһэн, ытамньыйан ылла…
Эрчим: «Аата, дьиҥнээх сэриигэ баран эрэр киһиэхэ дылы… Музыка, ырыа-тойук доҕуһуоллаах, кыра харах уулаах… Аармыйаҕа сулууспалыы баран эрдэҕим», – диэн сонньуйа санаата.
Барыларын стройунан үөһэ, сыыр үрдүгэр таһаардылар. Киэҥ нэлэмэн хонууну быстах самолет түһэр гына бэлэмнээбиттэр.
– Сотору самолет кэлиэҕэ, бэлэм сылдьыҥ…Тарҕаһан хаалымаҥ, – диэн арыаллаан таһаарбыт прапорщик уол сэрэттэ.
Уолаттар, үөрэ-көтө, саҥардыы көҕөрбүт хонууга олордулар. Дойдуларыттан арахсан эрэр дьон быһыытынан, сааскы уһуктубут айылҕаны, күөрэгэй чыычаах дьырылас тойугун сэҥээрэ иһиттилэр. Арай Эрчим соһуйуон иһин, ийэтэ барахсан остолобуойга бииргэ үлэлиир кыыһыныын, аара сыһыыттан ньургуһун сибэкки дьөрбөтүн хомуйбуттарын туппутунан, тиийэн кэллилэр. Уол итини көрөн наһаа уйадыйда: ийэтэ барахсан оҕотун аармыйаҕа атаараары, кини хаһан да көрбөтөх кыыһын аргыс оҥостон кэлээхтээбит.
– Маарын сарсыарда үлэбэр эрдэ тахсаммын, оҕобун кытта үчүгэйдик быраһаайдаспакка хааллым диэммин, хата бу аргыс булан, бакаалаһа кэллим. Икки сыл диэн уһун кэм, онон, оҕобун үчүгэйдик сыллаан, санаабын этэн хаалаарыбын… Урут убайбын, эн таайгын, уоттаах сэриигэ барарыгар мин, эдэр кыыс, киирэммин атааран турабын. Ол иһин убайым этэҥҥэ сэрииттэн эргиллэн кэлбитэ… – ийэтэ, ньургуһунун дьөрбөтүн уолугар ууна-ууна, баҕа санаатын этэ турда.
– Ийээ, билигин сэрии буолбатах. Эйэлээх кэм, онон, санааҕын түһэримэ… Хата саҥа сири-дойдуну көрөн, эр киһи оскуолатын ааһаммын этэҥҥэ кэлиэҕим… – дии-дии, Эрчим ийэтин чараас санныттан кууста уонна сүүһүттэн сыллаан ылла.
Кинилэр тэйиччи баран, истиҥник-иһирэхтик кэпсэттилэр. Онтон ийэтэ кууһан ылан, оҕотун сүүһүттэн сыллаан ыла-ыла:
– Чэ, кытаат үчүгэйдик сырыт, сурукта суруйаар… Биһиги оттон, манна дойдулаах дьон, этэҥҥэ олоруохпут. Улахан балтыгар Алма-Атаҕа эмиэ сурукта суруйаар, сибээстэһэ сырыт… – диэн баҕа санаатын, алгыһы кытта этэн баран, аргыс кыыһыныын аллара бөһүөлэк диэки аргыый хаамса турдулар.
Эрчим ньургуһунун түөһүгэр хам тутан туран эрэ: «Ийэм барахсан кэм да оҕотун туһугар, кыһалла-мүһэллэ, долгуйа сылдьаахтыыр. Оо, бу Орто дойдуга ийэттэн ордук күндү ама ким баар буолуой? Бастакы оҕо буоламмын, чахчы да ийэм барахсан күнэ-ыйа миигиттэн тахсара. Кыра сылдьан ыалдьан ыҥаалаатахпына, түүннэри утуйбакка биэбэйдиирэ. Улаатан онно-манна бардахпына, үөрэнэ сырыттахпына, кэтэһэн да биэрээхтиирэ. Аны аармыйаҕа барарбын истэн, олох даҕаны аймаммыта. Ыытар санаата суоҕа: «Тоҕо үөрэххин салгыы барбатыҥ? Эрдэ үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, балтыларгын бырааккын атахтарыгар туралларыгар миэхэ күүс-көмө буолуохтаах этиҥ буоллаҕа дии…» – диэхтээбитэ.
Сотору самолет көтөн кэллэ. Эрчимнээх бастакы рейскэ түбэһэн куораттаатылар. «Маяк» лааҕырга тиийбиттэрэ, сүүһүнэн ыччаты аармыйаҕа ыытаары муспуттар этэ.
Оҕолорго аналлаах сайыҥҥы лааҕыр буолан сороҕо бэрэбинэнэн, сороҕо хаптаһынынан оҥоһуллубут дьиэлэрдээх. Мэҥэлэри син обургу мас дьиэҕэ олохтоотулар. Сотору-сотору араас сиртэн мустубут ыччаттар киирсээри айдаан буоллар эрэ, олорор дьиэлэриттэн сууласпытынан таһырдьа ыстанан тахсаллар. Бэйэ-бэйэлэрин кытта дайбаһа сылдьар уолаттар быыстарыгар, биир алюминевай хайыһар торуоскатын тута сылдьар прапорщик, онтукатынан саабыла курдук далбаатанан уолаттары тохтото сатыыр. Ол курдук мучумааннанан биир түүн хоннулар. Сарсыныгар Эрчимнээх байыаннай хамыыһыйаны аастылар. Алта уолу «Забайкальскай байыаннай уокурукка, Читаҕа танковай чааска сержант оскуолатыгар бараҕыт», – диэн талан ыллылар. Олор истэригэр Эрчим эмиэ түбэстэ, кинилэри: «Өйүүн көтөҕүт, бэлэм сылдьыҥ», – диэн сэрэттилэр. Уолаттар бэлиэр сержант буолбут курдук сананан чиккэҥнэһэ сырыттылар, атыттар кинилэри ордугурҕуу санаатылар.
Сарсыныгар эбиэт саҕана кинилэр олорор дьиэлэригэр капитан формалаах саастаах киһи киирэн кэллэ. Кини кими эрэ сураһар быһыылаах. Сотору буолаат, уолаттар: «Эрчим, эйиигин ыҥыраллар», – диэн эппиттэригэр, уол, саарбахтыы-саарбахтыы, капитаҥҥа тиийдэ.
– Быганов, кем работал на гражданке? – диэн, оруобуна «Бег» диэн киинэҕэ генерал Хлудовы оонньообут артыыс Владислав Дворжецкай курдук эриличчи көрбүт капитан киниттэн ыйытта.
– Учителем черчения и рисования…
– А где учился?
– В Хабаровском педагогическом институте, на художественно-графическом факультете. Окончил два курса и дальше работал учителем Тыллыминской средней школы Мегино-Кангаласского района.
– Хочешь со мной поехать?
– А куда это? Так-то я завтра должен улететь в Читу, учиться в школе сержантов. В танковые войска, уже все решено, я жду только отправления.
– Это не имеет значения, я уже договорился. Если ты согласен, то поедешь со мной, – капитан хоҥоруутугар холооботтуу, холкутук хардарда.
– А, куда это, товарищ капитан?
– В Дальневосточный военный округ.
Эрчим хайдах эрэ чэпчии түспүтэ: «Хабаровскай биитэр Приморье буоллаҕа дии. Хата, увольнениеҕа үөрэммит сирбэр, Хабаровскайга бара сылдьыам», – диэн астына санаата.
– Согласен, товарищ капитан! – үөрүүнэн эппиэттээтэ.
– Хорошо, собирай вещи и пойдем со мной. Ваши документы у меня, – тута сылдьар папкатын ыйан көрдөрдө.
Эрчим түргэн соҕустук малын ылаат, уолаттары кытта быраһаайдаста.
– Хайа, Эрчим ханна барар буоллуҥ?
– Дальневосточный военный округ, Хабаровскай эргин биитэр Приморье улыбается… – диэн үөрэ-көтө хоруйдаат, капитаны батыһан таҕыста.
* * *Капитан кинини хаптаһынынан оҥоһуллубут дьиэлэргэ илдьэн киллэрдэ:
– Сержант Гаркуша, принимай новобранца… Он поедет с нами, художником полка… – диэн биир уһун доруобай нуучча уолугар кинини туттаран кэбистэ.
Эрчим саҥа тиийбит киһи быһыытынан тулатын сонургуу көрдө-иһиттэ. Уолаттары кытта кэпсэтэн билсибитэ, бары кэриэтэ биир оройуонтан сылдьар ыччаттар: «Горнайдарбыт», – дэһистилэр. Үксүлэрэ оҕо эрдэхтэриттэн бэйэ-бэйэлэрин кытта билсэр, оскуолаҕа бииргэ үөрэммит дьон буолан биэрдилэр. Өссө Андреевтар диэн ини-бии уолаттар Маҕарастан бааллар. Кэргэннэһэн бардахха, сүрдээх элэккэй, сэргэх кэпсээннээх ыччаттар эбит.
– Биһиэхэ, Бэрдьигэстээххэ, военкомаппыт суох, ол иһин бу Дьокуускай куорат военкоматыгар учуокка турабыт. Ити икки Гаркуша уонна Свинолупов диэн байыаннай чаастан кэлбит сержаннар кэпсээннэриттэн иһиттэххэ, эйиигин аҕалбыт капитан үлэтин судургутуппут. Бу куорат военкоматыттан биһигини барыбытын, биир оройуон уолаттарын, аҕыс уонча киһини, биир байыаннай чааска сулууспалата илдьэ баран иһэр, – диэн кэпсээннээх буоллулар.
– Оттон атын оройуоннартан ким да суох дуо? – Эрчим соһуйбучча ыйытта.
– Ээ, атын оройуонтан аҕыйахтыы уол баар быһыылаах. Эн хантан сылдьаҕын?
– Майаттан.
– Манна биир майабын дэнэр, үрдүк үөрэхтээх, саастаах уол баар этэ. Бүлүүттэн аармыйаҕа бараары кэллим диир быһыылааҕа, – уолаттар истибит сонуннарын кэпсээбиттэригэр, Эрчим ол уолу көрдүү барбыта.
Уолаттар сотору буолаат, биир хара-бараан дьүһүннээх, модьу-таҕа, үрдүк уҥуохтаах уолу билиһиннэрбиттэрэ.
– Эн, майаҕын дуо? – Эрчим ол уолтан туоһуласта.
– Майабын, эн эмиэ мэҥэҕин дуо? – анарааҥҥыта утары ыйыталаста.
– Эн ким диэҥҥиний? Мин Эрчим Быгаанап диэммин, – илиитин биэрэ-биэрэ, саҥа аргыһын кытта билистэ. – Бэйэм чурапчыбын, ол эрээри Майаҕа олорбутум хас даҕаны сыл буолла. Онно оскуоланы бүтэрбитим. Биһиги манна «Маякка» кэлэрбитигэр, майалар ортолоругар суох этиҥ дии.
– Ээ, суох, мин үрдүк үөрэҕи бүтэрэн бараммын, идэбинэн Кыһыл Сыырга үлэлии сырыттахпына, военкоматтар ыҥырбыттара.
– Онно тугу үлэлээбиккиний?
– Бэйэм горнай инженер, геофизик идэлээхпин. Коми АССР-га, Ухта куоракка индустриальнай институкка үөрэммитим. Быһаччы эттэххэ, геологпын, Кыһыл Сыырга ньиэп, гаас разведкатыгар каротажнай үлэлэргэ сылдьыбытым. Майаҕа, Хараҕа олорбутум. Онно билигин ийэлээх быраатым бааллар. Бэйэм эмиэ оскуоланы Майаҕа бүтэрбитим. Ананий Павлов диэммин. Аармыйаҕа олох даҕаны барар санаата суох сылдьарым. Ону военкоматтар ыҥыран ылан: «Сүүрбэ алтаҕын туолбуккун, онон быйыл хайаан даҕаны булгуччу аармыйаҕа бараҕын», – диэн мас-таас курдук этэн, бу сулууспалыы баран иһэбин. Биирдэ санаатахха, сүүрбэ сэттэҕин туоллуҥ да, баҕар-баҕарыма, ылбаттар эбит.
– Мин эмиэ сааспын баттаһыннара, бэйэм тылланан аармыйаҕа баран иһэбин. Аҕыйах хонугунан сүүрбэ үс сааспын туолабын, онтон сааһыран бараммын уон аҕыстаах оҕолору кытта сулууспалыах диэтэххэ ыарахан буолуо ээ. Эн, үрдүк үөрэхтээх киһи, биир сыл сулууспалыырыҥ диэн олох да биллибэккэ ааһар буоллаҕа дии саныыбын, – Эрчим хайдах эрэ ордугурҕаабыттыы саҥарда.
– Ким билэр… Ханнык чааска түбэһэргиттэн буолуо? Сорох чаастарга, «дедовщина» баар сиригэр, уустук соҕус буолара буолуо ээ…
– Дьэ, кырдьык хайдах чааска түбэһэн, ханна тиийэбит, түгэнэбит? Ити миигин илдьэ баран иһэр капитан: «Дальневосточный военный округ», – диир дии. Оччотугар Хабаровскай, Приморье эргин буолуон сөп. Мин аармыйаҕа эрдэ барбатах биричиинэм – орто оскуола кэнниттэн биир сыл үлэлээн бараммын, Хабаровскай куоракка пединститукка, худграфка туттарсан киирбитим, иккис курсу бүтэрээри сылдьаммын, биир түгэҥҥэ сыыһа-халты туттан сэмэлэммитим. «Дойдугар бараҥҥын учууталлаа уонна биир сылынан үчүгэй характеристикалаах кэллэххинэ, салгыы үөрэниэҕиҥ», – диэбиттэрин иһин, ааспыт сылга дэриэбинэҕэ тахсан учууталлаабытым. Ол гынан баран, идэбин сөбүлээбэккэ, бу аармыйалаан эрэбин.
– Эс, ол тоҕо? Учуутал үлэтэ үчүгэй буолбатах дуо? Уруоккун биэрдиҥ да, холкутук сылдьар буоллаҕыҥ дии…
– Чэ, билбэтим. Баҕар, кырдьык сыыстарбытым буолуо, билигин даҕаны эдэрбин. Эбэтэр аармыйа кэнниттэн кэлэн бараммын үөрэхпин салҕыаҕым, баҕар, олох даҕаны атын үөрэххэ туттарсан идэбин уларытыахпын сөп дии саныыбын, – Эрчим соччо улаханнык баардыылаабакка, холкутук эппиэттээтэ.
Кинилэр итинтэн ыла биир дойдулаах дьон быһыытынан наар бииргэ сырыттылар.
Киэһээ аһылык кэнниттэн кинилэри арыаллаан илдьэ баран иһэр сержаннар Гаркуша уонна Свинолупов барыларын таһааран плацка стройдаттылар. Ол кэнниттэн капитан Прозоров строй иннигэр тахсан туран:
– Бүгүн эһиги сулууспалыыр чааскытыгар көтөҕүт, айан кэмигэр бэрээдэги кытаанахтык тутуһаҕыт. Үрдүкү дуоһунастаах байыаннайдар – сержаннар, прапорщиктар, эписиэрдэр хамаандаларын халбаҥнаабакка толороҕут! – диэн, кытаанахтык сэрэттэ. – Билигин сержаннар испииһэгинэн көрөн ыҥырдахтарына, ыҥырыллыбыт дьон ити тэйиччи турар автобустарга киирэн олороҕут, – диэтэ уонна уонча автобус турар сирин диэки ыйан көрдөрдө.
Дьэ ити кэнниттэн сержаннар биир-биир ааттаталыы-ааттаталыы, уолаттары аэропорка киллэриэхтээх автобустарга олордон истилэр. Айаннаары стройдаан турар уолаттары кытта чугастааҕы дьиэлэргэ олорор, атын сиргэ барыахтаах уолаттар өйдөөбөккө кэлэн, булкуһан хаалан, улахан бутууру таһаара сырыттылар.
Саатахха, Ивановтар, Петровтар, Сидоровтар элбэхтэрэ да сүрдээх. Ол былаһын тухары ким даҕаны Эрчим араспаанньатын ааттаабата. Уол саҥата суох капитан диэки көрөр, ону биирдэстэрэ илиитинэн «саҥарыма» диэн көрдөрөн истэ. Эрчим ыҥырыынан баран иһэр киһи быһыытынан астынан, саҥата суох турда. Син барыларын испииһэгинэн, балачча булкуллан да баран буоллар, саамылаан автобуска олортулар. Онтон капитан Прозоров уолга чугаһаан кэлэн: «Быганов, быстро в автобус…» – диэн хамаандалыырын кытта, Эрчим спортивнай суумкатын сүгээт, хап-сабар автобус иһигэр дьылыс гынан хаалла. «Испииһэккэ мин тоҕо суохпунуй? Арай Читаҕа барар уолаттар истэригэр мин суохпун көрөн, айдааны тартыннар?» – диэн санаа кинини үүйэ-хаайа тутта. Ол быыһыгар капитан кини дьыалата баар паапкатын тута сылдьарын санаан, арыый уоскуйда.
Аэропорт иһигэр киллэрэн, барыларын стройдатан баран, испииһэгинэн хаттаан бэрэбиэркэлээтилэр. Бу сырыыга Эрчим аатын эмиэ ааттаатылар. Уол дьэ арыый даҕаны уоскуйан, холкутук сананна, өссө ити иннинэ Ананийга: «Мин испииһэккэ суохпун ээ… Тоҕо эрэ миигин ааттабаттар…» – диэбитигэр, «Ол аата, капитан бэйэтэ худуоһунньукка наадыйан, эйиигин илдьэ баран истэҕэ», – диэн табаарыһын уоскутта.
Сотору барыларын самолекка киллэрэн олордуталаатылар. Призывниктар иннилэригэр туох күүтэрин уонна ханна баран иһэллэрин билбэт буолан, холкулар. Икки чаастан ордук салгыҥҥа көтөн баран, самолет сыыйа намтаан аллара түһэн истэ. Онтон көтөр балаһаҕа көлүөһэлэринэн таарыйан, өрө-таҥнары тилигирээн баран, сотору буолаат тохтоото. Чочумча тохтуу түһээт, уолаттары тахсар ааҥҥа ыҥырдылар. Эдэр дьон трапка үктэнээт, сонурҕаан тулаларын көрүннүлэр: арай ыраах хайалар көҕөрүмтүйэн көстөллөр. Тэйиччи «Магадан» диэн суруктаах аэропорт дьиэтэ дьэндэйэн көстөр.
Иһирдьэ киирбиттэрин кэннэ, сержант уолаттар, күлсэ-күлсэ:
– «Соски», вы летите на бухту Провидения… Идите, смотрите на карте… – диэтилэр.
Эрчим иһигэр: «Туох ааттаах үчүгэй, дьикти ааттаах сирэй?» – диэн дьиибэргиир санаа өйүгэр элэс курдук охсуллан ааста.
Уолаттар аэропорт аллараа этээһигэр баар картаны көрөн: «Чукотка…Чукотка эбит… Оо, туундараҕа… Заполярьеҕа сулууспалыыр буолбуппут…» – сорох хомойбут, атыттар сөхпүт саҥалара иһилиннэ. Эрчим били «Хабаровскай эбэтэр Приморье» диэбит ыра санаата күдэҥҥэ көттө. Бэйэтэ муустаах уунан саба ыстарбыт курдук буолла…
Ити күн Анаадыр аэропорда сабыылаах диэн, самолет салгыы көппөт буолла.
* * *Киэһэлик аармыйаҕа баран иһээччилэргэ холуочук туруктаахтар кыралаан көстүтэлээн бардылар. Аэропорт комендатуратыттан ыҥырбыттар быһыылаах, биир мичман икки моряк арыалдьыттардаах патруль тиийэн кэллэ. Дьокуускайтан айаннаан иһэр призывник уолаттары барыларын аэропорт иһигэр стройдаттылар. Эрчимнээх Ананий арыгылааһын биричиинэтин билбэтэллэр да, саҥата суох барыларын кытта бииргэ стройга турдулар. Кинилэри арыаллаан иһэр капитан Прозоров уонна сержаннар, стройу кэрийэ сылдьан ким холуочугун быһаардылар. Уонна тэйиччи илдьэн туспа бөлөхтөөн туруордулар.
Арай ол кэмҥэ строй иннинэн үрүксээгин санныгар иилинэ сылдьар, биир уһун хара бэкир уол, хаҥас илиитинэн чиэс биэрэн баран, строевой хаамыынан кытаанахтык тиҥилэҕинэн либиргэччи үктээн, туалет баар сирин диэки ааһа турда. Моряктар уонна мичман соһуйан, көрөн эрэ хааллылар. Сотору буолаат били уол төттөрү тиийэн кэллэ уонна саҥардыы хаҥас илиитинэн чиэс биэрэн, эмиэ строевойунан хааман эрдэҕинэ, бу сырыыга патрулга сылдьар моряк уолаттар, мичман хамаандатынан кинини тараччы тутан ыллылар. Ол кэнниттэн атын арыгы испит уолаттар бөлөхтөрүгэр илдьэн холбуу уган кэбистилэр. Капитан Прозоров улаханнык кыыһыран:
– Я заранее предупредил! Кто не соблюдает дисциплину, того будем наказывать… – диэн суоһурҕанна.
Салгыы уһуннук-киэҥник өйдөтөр бэсиэдэ ыытта.
Ол кэнниттэн строй иннинэн хааман чиккэҥэлээбит уолу патруллар гаупвахтаҕа илдьэ бардылар. Атын бэрээдэги кэспит уолаттартан мичман «Мантан салгыы арыгылаабатыннар» диэн, харчыларын туура тутан ылла.
Патруль барбытын кэннэ, уолаттар ортолоругар араас кэпсэтии буолла:
– Ити строй иннинэн ааспыт уол хайа оройуонтан сылдьар үһүнүй?
– Томпоттон сылдьар дииллэр, Былааһап диэн үһү… Муҥ саатар, туалекка сылдьан баран, патруллар барбыттарын кэннэ кэлиэҕин… Дьэ, артыыс дии…
– Ээ, оттон аһаан чэпчээбит киһиэхэ, этэргэ дылы, «море по колено» буоллаҕа ээ…
– Ити кини хантан кэлэн хаалла? Биһи хамаандабытыгар суохха дылы этэ…
– Оннук, биһиэхэ суоҕа… Хайдах эрэ атын сиртэн, ойоҕостон кэлбит буолан строй иннинэн ааста ини. Биһиэнэ эбитэ буоллар, хайдах патруллары көрөн туран стройтан тахсыаҕай?
– Дьиҥэр, оннук бөҕө буоллаҕа дии… Тоҕо эрэ киһи билбэт киһитэ элбэх. Арааһа, биһиги кэннибититтэн көтөн кэлбит самолеттан сахалар түспүттэрэ быһыылаах…