Книга Саллаат уонна таптал - читать онлайн бесплатно, автор Сомоҕо . Cтраница 3
bannerbanner
Вы не авторизовались
Войти
Зарегистрироваться
Саллаат уонна таптал
Саллаат уонна таптал
Добавить В библиотекуАвторизуйтесь, чтобы добавить
Оценить:

Рейтинг: 0

Добавить отзывДобавить цитату

Саллаат уонна таптал

– Сарсын Анаадырбытыгар көтөбүт дуу, суох дуу? Онно көрүөхпүт.

Ити кэнниттэн туох да араллаан буолбакка, ким ханна миэстэ баарынан утуйуу буолла. Хата Ананийдаах Эрчим айан дьоно олорбот ыскамыайкаларын муннукка булан, иккиэн төбөлөһө бэрт үчүгэйдик утуйан турдулар. Сарсыарда таһырдьа тахсыбыттара, сииктээх баҕайы салгын саба биэрдэ, чугас муора тыына баара биллэр курдук эбит. Тула барыта сопкалар. Аэропортан чугас баар эниэҕэ кыра баҕайы иинэҕэс тииттэр үүнэн тураллар. Тэйиччи сопка тэллэҕэр таас тутууларынан дьэндэйэн, Магадан куорат килэйэн-халайан көстөр. Муора туманынан бүрүллэн турар. Туманы үрдүнэн таһаҕас сүөкүүр кырааннар баараҕай кыыллар курдук, дьөндөһөн көстөллөр. Манна улахан муора пуорда баарын туоһулуур курдуктар. Ыраах борохуот хаһыыта иһиллэр.

Эбиэт саҕана барыларын стройдатан баран:

– Сотору Анаадырга самолет көтөр, онно-манна мээнэ ыһыллан хаалбакка бэлэм сылдьыҥ, – диэн сэрэттилэр.

Эрчим Ананийдыын буфекка аһаатылар: «Мантан салгыы ханна тиийэн аһыырбыт, хонорбут биллибэт», – диэн уолаттар сэрэхэчийэ санаатылар.

Балачча кэтэспиттэрин кэннэ, сорохторун сабыссаҥа ЯК-40 самолекка киллэрэн олортулар. Самолет көтөр балаһа устун түргэн үлүгэрдик сүүрэн куугунатаат, өндөл халлааҥҥа көтөн куһууран тахсан, тус хоту диэки айанын тутта. Үрдүгү ылара түргэнэ сүрдээх эбит. Кэлин истибиттэрэ, бу саҥа реактивнай самолету Хоту сиргэ бастакы боруобалааһын көтүүтүн ыыта сылдьаллар эбит этэ.

Иллюминаторынан аллара көрдөххө, хаар маҥан былыттар хас эмэ хаттыгас буолан өрөһөлөнөн көстөллөр. Төһөнөн хоту диэки тэйэн истэхтэрин аайы, муус кыаһаан тоҥ хаарынан бүрүллүбүт таас хайалар төбөлөрө өрө чочумаастанан килбэһэн тураллара киһини сөхтөрөр. Эргиччи хараҕыҥ дала ыларын тухары, муус-хаар дойдута ыраахха диэри нэлэһийэн көстөр. Ханан даҕаны күөх үүнээйи, мас-от суох. Күлүмүрдэс уунан кылбайа сытар күөллэр, үрэхтэр көстүбэттэр. Син балачча икки чаас курдук көппүттэрин кэннэ, эмискэ самолет умса хоруйан, аллара диэки намтаан барда. Иннилэригэр аэропорт таас балаһата көһүннэ, самолет дугус гынаат, көтөр балаһаҕа түһэн сүүрэн дьигиһийдэ. Реактивнай мотуор тыаһа тохтообутугар, барыларын самолет кэннигэр баар тахсар ааҥҥа ыҥырдылар. Призывниктар таһырдьа тахсан тыраап устун түһэн иһэн, тулаларын эргиччи көрө-көрө, улаханнык соһуйдулар. Самаан сайын кэлэн эрэр сылаас Сахаларын сирдэриттэн аҕыйах хонуктааҕыта арахсыбыт дьон халыҥ хаарынан бүрүллүбүт, тымныы сытыы тыалынан сирилэччи үрэ турар дойдуга эмискэччи баар буолан хааллылар! Чараас сайыҥҥылыы таҥастаах уолаттар, эмискэ тымныы сиргэ кэлэн сөҕүү бөҕөнү сөхтүлэр. Тымныы тыалтан кумуччу туттан, тэйиччи «Аэропорт Анадырь» диэн суруктаах кыра мас дьиэ диэки харбыаластылар.

Уҥуор лиман нөҥүө аҕыйах таас дьиэлэрдээх, үксэ мас тутуулардаах Анаадыр куорат тумарык быыһынан намтаан көстөр. Тула сопкалар хаарынан бүрүллэн боруһан тураллар. Киһи кутун-сүрүн баттыыр намыһах хара былыттар усталлар, үөһэттэн инчэҕэй хаар тохтоон ыла-ыла түһэр. Аэропорка киирбиттэрэ, аҕыйах айан киһитэ баар эбит. Онно аармыйаҕа баран иһээччилэр тоҕо сууллан киирэн, кыра мас дьиэ соҕотохто туола түстэ. Көтөөрү сылдьар дьон кинилэри муодарҕаабыттыы көрдүлэр-иһиттилэр. Саха уолаттара чараас таҥаһынан, үгүстэрэ бинсээгинэн, сайыҥҥы куурканан сылдьаллар. Сорох уолаттар «Маякка» баттахтарын киччэччи, тараҕай гына кырыйтаран, онтукаларын көрдөрүмээри хаһыатынан оҥостубут кумааҕы бэргэһэлээхтэр.

– Вы, ребята, из Средней Азии?.. Казахи или киргизы? – иһирдьэ баар дьон, тас көрүҥнэрин көрөн, мунааран ыйыталаспыттара.

– Нет, из Якутии… – диэн хардарбыттарыгар, соһуйбут дьон:

– Что, у вас там в Якутии разве не холодно, как у нас?..

– Нет, у нас там уже лето… Все вокруг цветет, плюс 25–28 градусов тепла… – диэн уолаттар эппиэттээбиттэригэр, хайдах эрэ итэҕэйбэтэхтии тутуннулар.

Аҕыйах бириэмэнэн өссө Ил-18 самолет Магадантан кэлэн түстэ. Ол самолетунан хаалбыт уолаттар көтөн кэлбиттэр. Бу кэлбит уолаттары кытта били патруллар гаупвахтаҕа илдьибит, Томпо уола Былааһап эмиэ баар эбит.

Аармыйаҕа баран иһээччилэри барыларын аэропорт иннигэр таһааран стройдаппыттара.

– Мантан салгыы Провидение буухтаҕа Ил-14 самолетунан көтүөххүт. Бүгүн төһө кыалларынан хас даҕаны рейси оҥоруохпут, хаалбыт уолаттар сержант Гаркушаны уонна Свинолуповы кытта манна аэропорка хонуоххут. Ол аэропорт дьиэтин утары, уулусса нөҥүө өттүгэр остолобуой баар. Онно уочаратынан бараҥҥыт, бэрээдэктээхтик аһаан кэлиҥ уонна сержаннар этиилэрин халбаҥнаабакка истэҕит. Ким бэрээдэги кэспит киһини, миэстэтигэр тиийдэххитинэ, кытаанахтык кэпсэтиэхпит, – диэн капитан Прозоров стройга турар уолаттары күүскэ сэрэттэ.

Бары тарҕаспыттарын кэннэ, сержант Гаркуша сорох уолаттары батыһыннаран остолобуойга илдьэ барда. Ананийдаах Эрчим иккиэн, тулалыыр айылҕаны сэҥээрэн көрө-көрө, аргыый аҕай хаамса сырыттылар. Тымныы баҕайы тыал сирилэччи үрэр, хаар кыыдамныыр – хайдах эрэ хобдох бороҥ хартыына. Эрчим дойдутун санаан, хайдах эрэ курус санааҕа ылларда. «Онно Сахабыт сиригэр, самаан сайын кэлээри билигин күп-күөҕүнэн чэлгийэн турдаҕа. Сыһыыга-хонууга араас дьэрэкээн тэтэркэй сибэккилэринэн киэргэнэн, күөрэгэй чыычаах дьырылас тойугунан туолан. Куула тыаҕа кэҕэ этэн чоргуйарын истэр үчүгэй даҕаны этэ. Алааска, сыһыыга, хонууга атыыр оҕустар айаатыыллар, түптэ күөх буруота унаарар. Сахабыт сирэ барахсан…»

– Дьэ, кырдьык курус көстүү. От-мас суох дойдута эбит, хаһан бу сайыннара кэлэн сылыйар буоллаҕай? – Ананий эмиэ бу хобдох көстүүнү көрөн, санаарҕаабыттыы саҥарда.

Син балачча буолан баран Ил-14 самолет кэлэн түстэ. Бастакы бөлөх уолаттары капитан Прозоров бэйэтэ салайан, Провидение буухтатыгар илдьэ барда. Кыһыл кутурук Ил-14 уһун баҕайы балаһа устун тирилээн-тарылаан сүүрэн өҥдөрүҥнээт, көтөн тахсан сопкалар быыстарынан көтө турда.

Эрчимнээх Ананий остолобуойга аһыы бардылар. Арай утары эргэ саллаат бэргэһэлээх, чараас ырбаахылаах сэргэх сирэйдээх-харахтаах уол сүүрэн тэлэкэчийэн иһэр эбит.

– Хайа доҕоор, бу тоҥмоккун дуо? – диэн Эрчимнээх соһуйан ыйыппыттарыгар, уоллара олох да үөрэн-көтөн туран:

– Кожанай кууркабын биир гражданскай нуучча киһитигэр сүүрбэ солкуобайга атыылаатым. Киһим: «Байыаннай чааска тиийдэххинэ, «дедтар» син биир былдьаан ылыахтара, хата миэхэ сүүрбэ солкуобайга атыылаа», – диэтэ. Мин уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка, сүүрбэ солкуобай диэн улахан харчы дии санаан үөрүүнэн атыылаан кэбистим. Саатахха, бэҕэһээ Магадаҥҥа, уолаттары кытта буфекка ыстакаанынан кыһыл арыгы атыылыылларын ылан иһэммит, патруллар харчыбытын туура тутан ылбыттара. Ол иһин аччыктааммын ыксаан, ити кууркабын атыылаатым. Итиэннэ остолобуойга баран аһаан абыранным…

– Оттон бэйэҥ ким диэҥҥиний? Хантан сылдьаҕын?

– Горнай Солоҕонуттан сылдьабын, Олег диэммин… Семенов…

– Оттон, бу саллаат бэргэһэтин хантан ыллыҥ? – Эрчимнээх сытыы-хотуу биир дойдулаахтарын сөҕөн, күлсэ-күлсэ, ыйыттылар.

– Ээ, биир чукча уолун кытта хаһыатынан оҥорбут кумааҕы бэргэһэбэр атастастым… – уоллара эмиэ күлэ-күлэ, тымныы тыалтан көмүскэнэн ыгдаччы туттан баран, аэропорт диэки сүүрэ турда.

Кэнники рейстэн хаалбыт уолаттар, аны Провидение буухтаҕа самолет көппөккө, арыаллаан иһэр сержаннары кытта хоно хаалар буоллулар. Эрчимнээх иккиэн утуйар сири булан, утуйардыы оҥоһуннулар. Олорон эрэ айан дьонун көрө-истэ олордулар. Эрчим бэркэ сэҥээрэн уонна дьиибэргээн, олохтоох омуктар таҥастарын көрдө-иһиттэ. Чукчалар саастаах, кырдьаҕас өттүлэрэ таба тириититтэн тигиллибит кухлянкаларын түүтэ бурҕаҥнаабатын диэн, тас өттүгэр араас дьэрэкээн ойуулаах сиидэс таҥаһынан, хах тигэн бүрүйэллэр эбит. Хата онтукалара бэрт сиэдэрэйдик көстөр. Ордук кинини эмээхситтэр, сааһырбыт дьахталлар сирэйдэригэр татуировкалаахтара сөхтөрдө. Ол курдук, муннуларын төбөтүттэн саҕалаан, икки күп-күөх сурааһын ойуу сүүстэринэн үөһэ тахсан, баттахтарын саҕатыгар тиийэн холбоһон хаалаллар. Уонна уостарын аллараа өттүттэн уонча көнө сурааһын сэҥийэлэрин аллараа өттүгэр тиийэн түмүктэнэллэр. Иэдэстэрин ойуута араастаан эриллэн, чэчэгэйдэриттэн үс сурааһын буолан сыҥаахтарын ортотугар тиийэн бүтэр. Уол худуоһунньук буолан ити ойуулары улаханнык сонургуу көрдө. «Индеецтэр курдук тигиилээх сирэйдээхтэр эбиттэр дуу?» – дии санаата. Ол иһин олохтоохтортон ээр-сэмээр ыйыталаһан көрдө да, күттүөннээх эппиэти ылбата. Дьон араастаан быһаарар. Сорохтор: «Ити ойуу кинилэр баай төрүттээхтэрин көрдөрөр…» эбэтэр судургутук: «Кыраһыабай буолан көстөөрү, киэргэнэн сирэйдэригэр национальнай оһуор курдук татуировка оҥортороллор…» – диэн быһааран биэрдилэр. Ону таһынан Эрчим Чукоткаҕа эскимостар олороллорун истэн наһаа соһуйда. Кини эскимостар Аляскаҕа эрэ олохтоох омуктар диэн толкуйдааҕа. Онтуката баара, манна аҥаардас эскимостар олохсуйан олорор бөһүөлэктэрэ хас даҕаны сиргэ баарын саҥа биллэ.

Сарсыныгар дьэ аналлаах сирдэригэр – Провидение буухтатыгар – көтөн тиийдилэр. Кинилэри массыыналар күүтэн тураллара.

Аэропортан айаннаан иһэн уолаттар тула өттүлэрин сэҥээрэ көрө истилэр. Күннээх сааскылыы чаҕылхай күн турар. Буухта тула өттө барыта халлааҥҥа харбаспыт таас хайалар. Уҥуоргу кытылга куораттыы тутуулаах бөһүөлэк таас дьиэлэрэ дьэндэһэн көстөллөр. Хомоҕо улахан баҕайы хараабыллар тураллар, кытыыга таһаҕас сүөкүүр кырааннар элбэхтэрэ сөхтөрдө. Бу Уһук Хоту диэки биир улахан муоратааҕы порт буолара харахха быраҕыллар. Бэтэрээ эҥээргэ барыта бачымах курдук мас дьиэлэр самналлан тураллара, арыый тэйиччи түөртүү-биэстии этээстээх таас дьиэлэр көстөллөр. Ону сержант уолаттар: «Ити пограничниктар олорор городоктара», – диэн ыйан көрдөрдүлэр. Муора кытыытыгар баһаам элбэх тимир буочука бөҕөтө, эргэ хараабыл уонна быраҕыллыбыт самолет кырамталара ыһыллан сыталлар.

Массыыналар Саха сирин кыра дэриэбинэтигэр баар мас спортивнай саалатын санатар дьиэ аттыгар тиийэн тохтоотулар. Тула сопка тэллэҕэр уһун субурҕа мас бараахтар курдук оҥоһуулаах хаһаармалар тураллар. Эргиччи барыта мас дьиэлэрдээх, кинилэр сулууспалыахтаах байыаннай чаастара эбит.

Кэлин билбиттэрэ, Аҕа дойду Улуу сэриитэ бүппүтүн кэннэ Сэбиэскэй Сойуус уонна Эмиэрикэ икки ардыларыгар «тымныы сыһыан» олохтоммутун түмүгэр, «Аляска өттүттэн Эмиэрикэ сэриинэн саба түһүөҕэ» диэн өйдөбүлтэн, дьоппуоннары утары сэрии бүтээтин кытта, Рокоссовскай десантнай чааһын Провидение буухтатыгар көһөрөн аҕалан, байыаннай базаны тэрийэргэ быһаарыммыттар. Ол түмүгэр, билигин бу байыаннай чаас турар Урелики бөһүөлэгэр 1946 – 1947сс. баһаам элбэх байыаннай сэбилэниилээх күүстэр түмүллүбүттэр эбит.

Эрчимнээх «приемник» буолан турар спортсаалаҕа киирдилэр. Бэҕэһээ кинилэр иннилэринэ көтөн кэлбит уолаттар, хайыы-үйэҕэ байыаннай таҥаһы кэтэн хааман-сиимэн чиккэҥнэһэ сылдьаллар.

– Оо, молодойдар кэллилэр… – диэн уолаттар, кинилэри күлсэ-салса, дьээбэлэһэ көрүстүлэр.

Саала икки өттүнэн этээстээх тимир ороннор кэккэлээбиттэр. Хаҥас өттүгэр Саха сириттэн кэлбит призывниктар, уҥа өттүгэр Иркутскай уобаластан ыҥырыллан кэлбит нуучча уолаттарын сытар гына дьаһайбыттар.

Сотору Эрчимнээҕи барыларын стройдатан баанньыкка илдьэ бардылар. Таһырдьа төһө да ылааҥы сааскы күн турдар, тула барыта хаар. Сорох сиринэн дьиэлэр үрүттэригэр тиийэ хаарынан бүрүллэн тураллар.

Эргэ мас баанньык дьиэҕэ тиийэн иһирдьэ симиллэн киирдилэр. Иккис сылын сулууспалыы сылдьар саллааттар саҥа аармыйаҕа ыҥырыллан кэлээччилэри кэтэһэ сылдьаллар эбит. Таҥастарын устан сыгынньахтаналларын кытта, арыый сэнэх соҕус гражданскай таҥастары үллэстии саҕаланна. Эдэр уолаттар сөрүүн соҕус суунар сиргэ киирэн, тымныы диэбэккэ син балачча мүлүркэй соҕус уунан суунан булумахтаннылар. Ол кэнниттэн бүтэн тахсыбыттарыгар, кырдьаҕас прапорщик, хас биирдиилэриттэн кээмэйдэрин ыйыта-ыйыта, сабыс-саҥа байыаннай таҥастары үллэрэн биэртэлээтэ. Уолаттар түргэн үлүгэрдик, бэйэлэригэр сөптөөх таҥаһы булан ылан, бастарыттан атахтарыгар диэри таҥна оҕустулар. Байыаннай таҥаһы таҥнан тас көрүҥнүүн, быһыылыын-таһаалыын уларыйа түстүлэр.

– Билигин «войсковой приемникка» тиийэн бараҥҥыт, хас биирдиигит хлорканан байыаннай чааскыт нүөмэрин, ааккытын-суолгутун бэргэһэҕитигэр, синиэлгитигэр, гимнастеркаҕыт ис өттүгэр суруйан бэлиэтиигит. Биир ый устата карантиҥҥа олороҕут, «эдэр байыас курсун» барыаххыт. Эһиги сулууспалыыр чааскыт радиотехническэй чаастарга киирсэллэр. Онон, радиотелеграфист, РЛС оператора, планшетист идэлэрин сулууспалыыр кэмҥитигэр баһылыахтааххыт. Полка штаба бу Урелики бөһүөлэгэр баар, байыаннай бирисээгини ылбыккыт кэннэ, байыаннай чаастарга сыһыаннаах туочукаларга эһигини тарҕатыахтара. Сорохторгут манна полкаҕа сулууспалыы хаалыаххыт… – прапорщик барыларыгар өйдөнөр гына быһааран биэрдэ.

Ол кэнниттэн сержаннар хамаандаларынан, стройдаан чиҥ-чиҥник хааман, спортсаалаҕа төнүннүлэр.

Дьэ, бу күнтэн ыла дьиҥнээх байыаннай олох саҕаланна. Киэһэ аайы сержаннар «Отбой» хамаанда биллэрдилэр эрэ, 45 сөкүүндэ иһигэр тас таҥаскын уһула охсоот, гимнастеркаҕын уонна бүрүүкэҕин бэрээдэктээн олоппоско уура охсон, суорҕан анныгар сылбырҕатык киирэҥҥин сытар буолуохтааххын. Биир эмэ киһи ити этиллибит бириэмэҕэ кыайан сыта охсубатаҕына, сержаннар хаттаан: «Подъем!» диэн хамаанда биэрэллэр. Хайыаххыный, хаттаан ойон туран таҥнан хачыгырыйаҕын уонна стройга бэйэҥ миэстэҕин буларга тиэтэйэҕин. Биир эмэ мөдөөт, бытаан киһи баар буоллаҕына, хастыыта эмэ оҥортороллор. Искэр ол кыаммат уолаттарга кыһыйан киҥиҥ-наарыҥ холлор даҕаны, хайыыр да кыах суох. Сороҕор иккис сылын сулууспалыыр сержаннар, соруйан кэһэтэ түһээри кыраны да сыыстахтарына, хос-хос оҥортороллор. Сарсыарда эрдэ «Подъем!» хамаанданан ойутан туруораат, үс биэрэстэлээх сиргэ баар аэропорка диэри сүүрдэллэрэ. Онтон төттөрү эмиэ үс биэрэстэни сүүрэн кэлиэххэ наада этэ. Үгүстэргэ, дьиэлэригэр көҥүл босхо сылдьыбыт дьоҥҥо, ыарахан киирсэ саппыкынан ити этиллибит сири сүүрэн кэлиэх диэтэххэ, наһаа чэпчэкитэ суоҕа өйдөнөрө. Күнүһүн плацка таһааран строевойунан хаамтараллар, чиэс биэрэргэ, уҥа-хаҥас хамсанарга үөрэтэллэр.

Арай биир күн полкаҕа баар саллааттары барыларын плацка таһааран стройдаттылар. Биир холуоннанан стройдаан турар саллааттар иннилэригэр, полка хамандыыра полковник Большелапов хас даҕаны эписиэр арыалдьыттаах тиийэн кэллилэр. Строй иннигэр кэлэн тохтуулларын кытта, икки СКС карабиннарын санныларыгар сүгэ сылдьар саллааттар биир азиат сирэйдээх киппэ кыра уҥуохтаах саллааты уонна уһун эдэр нуучча уолун арыаллаан илдьэ кэллилэр. Тутуллан кэлбит уолаттар иккиэн кура суохтар, илиилэрин кэннилэригэр тутта сылдьаллар. Таҥастара-саптара буорайбыт, сирэйдэрэ-харахтара холлон умса көрө сылдьаллар. Олору саҥа ыҥырыллан кэлбит, стройга турар призывниктар олус соһуйа уонна дьулайа көрдүлэр-иһиттилэр.

– Полк, равняйсь!!! Смирно!!! Равнение на середину!!! Вольно… Бары көрөн кэбиһиҥ! Бу эһиги инникигитигэр икки беспредельщиктар тураллар… Сэбиэскэй Аармыйа саллаатын чиэһин түһэн биэрбиттэр… Кинилэр иккиэн «Усть Белая» туочукаҕа сулууспалыы сылдьан, байыаннай устаабы кэһэн, саҥа ыҥырыллан сулууспалыы кэлбит саллааттары атаҕастаабыттар. Устааптан тахсар дьайыылары оҥорон кырбаталаабыттар, эт-хаан өттүнэн эчэппиттэр… Бу эһиги иннигитигэр турар рядовой Титигиров, улахан тустуукпун уонна боксербын дии-дии, эдэр саллааттары охсубут, тэппит… Бачча кыра киһи хантан тустуук, боксер буолуоҕай? – полковник Большелапов инньэ диэн баран, азиат сирэйдээх уолу инники таһаарда.

Ол кэнниттэн полка саамай уһун, икки миэтирэлээх Бурляев диэн уолун ыҥыран таһааран, Титигиирэби кытта кэккэлэһиннэрэ туруорда. Онуоха быдан уһун Бурляевы кытта тэҥнээтэххэ, анараа уол кинини быһар быһаҕаһынан сылдьара, санныгар даҕаны тиийбэт.

– Көрөн кэбиһиҥ, ордук эдэр саҥа сулууспалыы кэлбит призывниктар. Бу бачча кыра киһини рядовой Бурляев оройго биэрдэҕинэ сөп оҥорор. Киһитэ дөйөн баран, ол кэнниттэн аны хаһан даҕаны «молодойдары» тыыппат гына өйдөнүөхтээх. Онон, эһиги эдэр саллааттар, саҥа сулууспалаан эрэр призывниктар, маннык «самозванецтартан» толлумаҥ, кинилэргэ сөптөөх харданы биэрдэххитинэ, тута өйдөнүөхтэрэ уонна кими даҕаны тыыппат буолуохтара… – полковник ити кытаанах этиитин истэ-истэ, стройга турар саллааттар күлсүү-салсыы бөҕөтө буоллулар.

Ол аайы Бурляев аттыгар турар Титигиирэби сэнээбиттии үөһэттэн аллара көрөн ылла.

– Кинилэри Байыаннай трибунал сууттуохтаах этэ. Ону биһиги, эдэрдэрин уонна икки сылларын толору сулууспалаабыттарын учуоттааммыт, дисбатка түбэһэн барыахтаахтарын тохтоттубут уонна дембеллэнэн дьиэлэригэр баралларыгар кыах биэрдибит. Биир ый гауптвахтаҕа сыппыттарын ааҕан туран бүгүн босхолуубут. Ону таһынан дьиэлэригэр барыахтарыгар диэри биир нэдиэлэ устата куукунаҕа нэрээккэ сылдьалларыгар быһаардыбыт. Иккиэннэрин обслуживание ротатыгар олохтуурга уонна аһылыкка довольствиеҕа туралларыгар бирикээс таҕыста… – полковник Большелапов, стройга турар саллааттар бары истэллэрин курдук, доргуччу бирикээһин иһитиннэрдэ.

Ити кэнниттэн, арыаллыы сылдьар эписиэрдэрин кытта штаб дьиэтин диэки хаамса турдулар.

Икки харабыл саллааттар, буруйдаах уолаттар босхоломмуттарын истээт, эмиэ эргиллэн дьуһуурустубалыыр сирдэригэр бардылар. Титигиирэптээҕи полка хамандыырын быһаарыытынан, обслуживание ротатын старшината прапорщик Мальцев салайан куукунаҕа илтэ.

Полка саллааттара бары тарҕаспыттарын кэннэ, сержаннар призывниктары хаалларан плацка строевой хаамыыга дьарыктаатылар. Ону таһынан плац тула сүүрдэн, спортивнай снарядтарга илдьэн, турникка тардынарга эҥин үөрэттилэр.

Киэһэ уолаттар остолобуойга аһаан баран, иллэҥ бириэмэ көстүбүччэ, бүгүҥҥү күннээҕи сонуннарын ыһа-тоҕо кэпсэттилэр:

– Ити Титигиирэп диэн саха уола үһү… Хоту ханнык эрэ оройуонтан сылдьар диэтилэр, сахалыы билбэт. Наар нууччалыы эрэ кэпсэтэр эбит…

– Дьиҥнээхтик Хабаровскайга спортротаҕа сулууспалаабыт, ол сылдьан эмиэ баппакка, манна түҥкэтэх сиргэ Чукоткаҕа, соруйан кэһэйдин диэн «сыылкаҕа» ыыппыттар. Бэйэтэ Саха сиригэр биллэр-көстөр боксер эбит, тустуунан эмиэ дьарыктаммыт. Киэһээ аһылык кэнниттэн таһырдьа тахсан табахтыы турдахпытына, биир Усть Белайга сулууспалаабыт нуучча уола кэлэн биһигини кытта кэпсэттэ: «Эһиги сахаларгыт дуо? Сэрэнэн сылдьыҥ, «Усть Белай» туочукаҕа тиийдэххитинэ, земляккыт ити быһыытын иһин анараатах баар атаҕастаммыт уолаттар иэстэһэллэрэ буолуо…»

– Чахчы, ити Кемеровоттан сылдьар табаарыһыныын наһаалаабыттар. Биһиги уолбут Самохвалов диэн адъютаннаах үһү, «молодой». Кини таҥаһын-сабын устар, көрөр-харайар киһи. Бэйэтин «Султан» курдук бырастыынаҕа көтөҕө сылдьаллар үһү, аһын оронугар аҕалан биэрэллэр дииллэр.

Сорох уолаттар ити истибиттэрин соччо итэҕэйбэтилэр, сымыйанан омуннаан кэпсииллэрэ буолуо дии санаатылар.

– Эс, наһаа үлүннэрэн кэпсииллэрэ буолуо? Ама аармыйаҕа, кини да буоллар, хайдах инньэ гыныаҕай?

– Кырдьык дииллэр, оннооҕор манна гауптвахтаҕа сытан, «молодой харабыл уолаттары гоняйдаан» сөптөрүн көрдөрбүт курдук кэпсииллэр.

Итинэн мөккүөрдээх кэпсээн намыраан бүттэ. Ол эрээри сарсыныгар өссө күүркэтиилээх кэпсээн байыаннай чааһы тилийэ көттө: «Титигиирэптээх куукунаҕа нэрээккэ сылдьан, иһиттэрин сууйан, хомуйан бүтэн, киэһэ хойут хонор сирдэригэр хаһаарымаҕа тиийбиттэр. Ити кэмҥэ Бурляевтаах, «дедтар» кыратык «аһаан» баран, утуйбакка кинилэри кэтэһэ сылдьыбыттар. Уолаттар хаһаармаҕа киирэн утуйар хос диэки баран истэхтэринэ, бытовой хос ааныгар турар хас да уол быыһыттан: «Эй, чурки, подойдите сюда…» – Бурляев сэнээбиттии ыҥыран ордоотообут. Титигиирэптээх иккиэн эргиллэ түһээт, бытовой хоско уонча буолан мустан олорор «дедтарга» киирэн кэлбиттэр: «Кто здесь против дембелей пасть открывает?! Ты, что ли, хлыст?!» – Титигиирэп Бурляевка ыкса ынан тиийэн, хантайан туран эрэ ыйыппыт. Бурляев онуоха уолаттарыгар тэбиэһирэн, маатырылыы түһээт, Титигиирэби охсон кууһуннарбыт. Онуоха биирдэрэ эмискэ хаптас гынан аһаран биэрээт, аллараттан үөһэ киһитин сыҥаахха «апперкоттаан» саайбытыгар, уһун баҕайы уол түөрт лабаата адаарыйан, дөйөн сууллан түспүт. Титигиирэп бириэмэни сүтэрбэккэ, өмүтүннэрэн саамай доруобай уолларын быарга саайан баран, хаҥас илиитинэн сыҥааҕар охсон «боковойдаан» кэбиспит. Ону эрэ кэтэспэккэ турбут уол, охсуллубут от курдук миэстэтигэр «накыс» гынан охтон түспүт.

– Ну, кто следующий?! – дии-дии, Титигиирэп охсуһаары тула тэлэкэчийэ сылдьыбыт.

Ол кэмҥэ аргыһа икки уолу быһыта тэбиэлээн түһэртээбит. Атыттар, ыксал бөҕөнөн үрүө-тараа ыстанан, куотар аакка барбыттар.

Ону истэн, призывниктар бары: «Дьэ, кырдьык, кытаанах уолаттар эбит…» – диэн, сөхпүттэрин биллэрдилэр.

Аҕыйах хонон баран, арай биир күн уолаттар «приемникка» киирэн:

– Титигиирэптээх кэлэн, форма көрдөһө сылдьаллар… – диэн өрүкүнэһэн кэпсээтилэр.

Иһирдьэ баар уолаттар ону истэн, таһырдьа таҕыстылар, Эрчимнээх Ананийдыын кинилэри батыстылар. Титигиирэптээх иккиэн табаарыһыныын тураллар эбит. Куукунаҕа сылдьар буолан, параднай формалара арыы-сыа бөҕөтө буолбут. Саха уола кыра буолан баран киппэ, толору эттээх-сииннээх. Киһи мыына көрбөт бөҕө көрүҥнээх уол эбит. Кэтит санна байыаннай форматын тиирэ тэбэн киэптии сылдьар. Аргыс нуучча уола сирэй-харах сытыы-хотуу, тутта-хапта даҕаны сылдьара мээнэ баттаппат, атаҕастаппат көрүҥнээх.

– Братцы, кто даст мне, дембелю, свою форму?! Есть такие? Я думаю, вы слышали, в какую передрягу мы попали? Выручайте своего земляка, завтра мы уезжаем домой, а в каком виде мы появимся там, сами посудите, – Титигиирэп тулалаан турар саллааттары кэриччи көрүтэлээтэ.

Кини эдэр уолаттар хайдах эрэ дьик-дьах тутталларыттан сабыс-саҥа формаларын уста охсон биэрэллэрин ыарырҕатталларын тута сэрэйдэ:

– Ясно, правильно делаете. Ничего, мы у «дедов» попросим, они нас поймут. Дембелей не обидят, иначе по-другому поговорим… Ребятки, никому не давайте спуску! Мы же родом из гордого народа «урааҥхай!» Помните об этом! – Титигиирэп, этэрбин эттим диэбиттии, киһитин санныга «лап» гына охсоот, аргыый аҕай эргиллэн, бара турда…

* * *

Уолаттар «приемникка» олорбуттара хайыы-үйэҕэ ый кэриҥэ буола оҕуста. Кинилэр «Эдэр байыас» кууруһун ааһан, бирисээгэ ылбыттарын кэннэ, бары сулууспалыыр сирдэригэр бараары оҥосто сылдьаллар. Радиотехническэй чаастар Чукотка былаһын тухары киэҥ сиринэн тарҕанан олохсуйбуттар этэ. Сүрүн сыаллара – Берингов силбэһик нөҥүө өттүгэр баар Эмиэрикэ кыраныыссатын халлаанынан кэтээһин. Кырдьаҕас саллааттар этэллэринэн, «Воздушные пограничники» диэн үрдүк ааты сүгэллэрэ. Ол курдук, кинилэр «Урелики», «Марс», «Останец», «Нунлингран», «Уэлькаль», «Пупок», «Угольные копи», «Шахтерская», «Берингово», «Красная Яранга», Хотугу Муустаах муора өттүгэр «Лаврентия», «Уэлен» туочукаларга тарҕаһан, сулууспалыахтаахтар. Бирисээгэ ылыахтарын иннинэ, Дьокуускайтан кинилэри аҕалтаабыт полковой кулууп начаалынньыга капитан Прозоров кэлэ сырытта.

– Рядовой Эрчим Быганов, после «Военной присяги» сразу подойдете ко мне в клуб. Вас назначили художником полка и служить будете под моим чутким руководством, – капитан Эрчими эрдэттэн билэр киһи быһыытынан, күлэ-күлэ, эттэ.

Ол кэнниттэн управление ротатыгар олоруохтааҕын, онно командирдары кытта кэпсэппитин иһитиннэрдэ.

Инньэ гынан, Эрчим Петров Колялыын аҕыйах хоноот, биир бастакынан чугас турар управление хаһаарыматыгар таҕыстылар. Өрдөөҥҥү баҕайы, киһи кутун-сүрүн баттыыр уһун субурҕа бараах курдук тутуулаах, намыһах мас хаһаарыма эбит. Иһирдьэ киирбиттэригэр, дневальнай нуучча уола: «Молодойдар кэллилэр!» – диэн үөрэ-көтө көрүстэ.

Хаһаарымаҕа сорох уолаттар, түүҥҥү дьуһуурустуба кэнниттэн, утуйа сыталлар. Атыттар ким сибиитэрэлээх, ким тельняшкалаах хаамса сылдьаллар. Эрчимнээҕи рота старшинатыгар прапорщик Барсуковка киллэрдилэр. Прапорщик бэйэтин кыараҕас хоһугар, остуол нөҥүө олорон, улахан «амбарнай кинигэҕэ» кинилэр ааттарын-суолларын, хантан сылдьалларын бэлиэтэннэ, күннээҕи бэрээдэги тутуһарга кытаанах «инструктаж» биэрдэ уонна батыһыннаран илдьэн, бастаан «каптеркаҕа» сорох малларын уурдарда, ол кэнниттэн ороннорун көрдөрдө. Киэһэ «отбой» кэнниттэн «фазаннар» кинилэр иннинээҕи сыл аҥаардаахтары уонна Эрчимнээҕи балачча уһуннук «отбивайдаатылар». Ону таһынан сарсыарда муоста сууйуутугар уонна киэһэ «отбой» кэнниттэн остолобуойга баран, хортуоппуй хастааһыныгар дьуһуурустубаҕа туруордулар.

Уолаттар сарсыарда «Подъем» кэмигэр турбуттара, арай олоппоско уурбут сабыс-саҥа формаларын оннугар эргэ кирдээх саллаат таҥастара сыталлар. Ону көрөн Коля, күлэ-күлэ, эргэ таҥаһы кэтэ олорон:

– Хата кырдьаҕас саллааттар курдук көстүөхпүт, – диэбитин Эрчим хайдах эрэ сонньуйа иһиттэ.

Аармыйа түбүктээх олоҕо саҕаланна, хас сарсыарда аайы – муоста сууйуута. Киэһэ «отбой» кэнниттэн – остолобуойга хортуоппуй хастааһына. Коля «планшетист» идэтигэр үөрэниэхтээҕэ, ол эрээри кинини команднай пууҥҥа тиийдэҕинэ, «молодой» саллаат буолан, тулууп кэтэрдэн, таһырдьа аан таһыгар харабылга туруораллар.

Эрчим кэнникинэн уола, түүн аайы аанньа утуйбакка, «аах-маах» барыах курдук буолбутун көрөн ыксаата. Киһитэ ханна эмэ өйөннөр биитэр олоро түстэр эрэ, утуйа сылдьар буолан хаалла. Арай биир күн Колята кэлэн: «Войсковой приемникка» баар уолаттарга ыҥырдылар», – диэтэ. Онтон киэһэ кэлэн, соһуччу үөрүүлээх сонуну иһитиннэрдэ: