– Эрчим, биһиги төрдүө буолан Владивостокка повар үөрэҕэр үөрэнэ, сыл аҥаара учебкаҕа барар буоллубут. Миигин кытта Маҕарастан Контоев Борис, Солоҕонтон Васильев Коля уонна Амматтан Устинов Ганя бараллар. Бирикээспит тахсыбыт, онон билигин «Войсковой приемникка» тахсабын. Сарсын айанныыгыт диэтилэр.
Эрчим ону истэн, «Ок-сиэ, уолаттар абыраммыттар. Сыл аҥаара бэртээхэй сиргэ баран, учебкаланар буолбуттар», – диэн хайдах эрэ уолаттары ордугургуу санаата. Коля үөрбүт-көппүт көрүҥүн, сирэйэ-хараҕа сырдаабытын көрөн эмиэ да астынна. Иккиэн куустуһан араҕыстылар:
– Чэ, Коля, кытаат! Уолаттарга эҕэрдэ, сыл аҥаара буолан кэллэххитинэ, повар уолаттар убайгытын үчүгэйдик хадаҕалыыр инигит… – диэн баҕа санаатын этэ хаалла.
Эрчим аан бастаан тиийэн баран, кулуубу наһаа сөҕө санаата. Саха сирин уһук дэриэбинэтин кыра кулуубун санатар мас дьиэ сопка тэллэҕэр, сыыр курдук сиргэ, уһун кирилиэһинэн таҕыстаххына турар эбит. Иһирдьэ капитан Прозоров кэбиниэтин ыйдаран, ааны тоҥсуйан киирдэ уонна сулууспалыы кэлбитин туһунан доргуччу байыаннайдыы «араапардаата». Леонид Яковлевич утары кэлэн илии тутуһан туран:
– Садись, сейчас познакомлю с вашими сослуживцами.
Ол кэнниттэн биир уолу ыҥыран ылан, бары мусталларыгар дьаһайда.
Сотору бары мустубуттарын кэннэ, биир-биир туруоран билиһиннэрбитинэн барда:
– Васильев Валентин – Волгоградтан сылдьар, үрдүк үөрэхтээх, биир сыл сулууспалыыр – уус-уран салайааччы уонна почтальон.
– Таран Виктор – Хабаровскай куораттан сылдьар – ефрейтор, киинэмэхээнньик, иккис сылын сулууспалыыр.
– Дяткин Иван – Иркутскай уобалас Тайшетскай оройуонун Патриха дэриэбинэтиттэн сылдьар – рядовой, киинэмэхээнньик, сыл аҥаара сулууспалаата.
– Весин Иван – рядовой, Москва куораттан сылдьар – КЭТ4 ротаҕа сулууспалыыр, хачыгаар.
Капитан Прозоров ити курдук Эрчимҥэ бииргэ сулууспалыахтаах уолаттарын билиһиннэрдэ. Ол кэнниттэн, уталыппакка:
– Пойдем, покажу твою художественную мастерскую, – диэт, батыһыннаран бэйэтин кэбиниэтин кытта кэккэлэһэ турар ааны арыйан, мастарыскыай гына оҥоһуллубут, балачча киэҥ хоско киллэрдэ.
Уһун баҕайы уруһуйдуурга аналлаах остуол, ону кытта кэккэлэһэ утары истиэнэҕэ элбэх баҕайы араас оҥоһуулаах ыскааптар, дермантин бүрүөһүннээх обургу соҕус эргэ дьыбаан бааллар эбит. Мас араамалары холбуурга туттуллар килиэйи оргутарга аналлаах электроплитка турар кыра остуола турар. Ыскааптары арыйталаан, онно эҥин араас гуашь, акварель, маслянай кырааскалар араастара тюбиктаах, бааҥкалаах кэккэлээн туралларын көрдөрдө. Ватман кумааҕылары, рулон хордуоннары, киипэнэн эриллэ сылдьар кыһыл таҥастары көрөн, Эрчим ымсыыра санаата: «Оо, дойдубар маннык дэлэй матырыйаал баар буолбат ээ!»
– Вот, все твое богатство. В основном, будете оформлять Ленинские комнаты и комнаты Боевой славы. По праздникам и красным датам в обязательном порядке требуется от вас оформление нашего Дома культуры лозунгами, плакатами и красными флажками.
Ол кэнниттэн капитан манна Сюляев диэн Красноярскайтан сылдьар, онно дойдутугар художественнай училищены бүтэрбит уол сулууспалаабытын, быйыл саас дембеллэнэн дойдулаабытын аҕынна. Уонна биир сүрүн үлэнэн моржа аһыытын выжигателинэн уруһуйдаан, сувенир оҥоруута буоларын сырдатта.
– Сюляев не справился с такой задачей. Но надеюсь, ты, северянин, привычен к такому ремеслу?
– Товарищ капитан, к сожалению, я не косторез. И у нас, в Якутии, моржи не водятся. Но наши мастера изкостей изготавливают разные сувениры. Мне бы посмотреть, как нанести рисунки на клыки… Объяснили бы, тогда можно будет пробовать. Почему бы нет?
Капитан салгыы ити туһунан кэпсэтии барбытын, манна управлениеҕа Леонтьев диэн моржа аһыытын оҥорор уоллаахтара сотору дембеллэнэн дойдулуохтааҕын, ол иннинэ Эрчими моржа аһыытын выжигателинэн сиэтэн уруһуйдуурга үөрэтиэхтээҕин кэпсээтэ. Моржа аһыытын оҥоруу уол сүрүн үлэтэ буоларын тоһоҕолоото. Ол курдук, байыаннай чааска алта ый буола-буола кыбаарталга биирдэ хайаан даҕаны учебнай үөрэхтээһин барар эбит. Онно Уһук Илиннээҕи байыаннай уокуруктан тиийэ бэрэбиэркэлии, үрдүк дуоһунастаах хамыыһыйа чилиэннэрэ кэлэн, чаас үлэтин-хамнаһын көрөн-истэн, сыаналаан баралларын, ол дьоҥҥо сувенир быһыытынан, моржа аһыыларын ойуулаан-дьарҕаалаан бэлэхтииллэрин иһитиннэрдэ. «Төһөнөн сиэдэрэй сувениры биэрэбит даҕаны, үлэбит-хамнаспыт сыанабыла эмиэ онно тэҥнэһэр. Кытаатан, ону үчүгэйдик өйдөө! Сулууспа барыта – ити мин эппит үлэлэрбин төһө үрдүк таһымнаах гына оҥороҕун да – онтон тутулуктаах. Үлэҥ барыта үчүгэйинэн сыаналаннаҕына, биир сылынан дьиэҕэр уоппускаҕа баран кэлиэххин сөп», – капитан Прозоров эдэр саллаакка, ыраахха диэри өйдөнөр гына «наставление» биэрдэ.
– Понял, товарищ капитан, рад стараться! – Эрчим чиэс биэрэн баран, инникитин тугу үлэлиэхтээҕин билбит киһи быһыытынан, Леонид Яковлевич диэки сэргэхтик көрөн турда.
Кини бэйэтин санаатыгар, уруһуй чааһын хайдах баҕарар оҥорор кыахтааҕа.
– Молодец, рядовой Быганов, думаю, общий язык мы найдем, – капитан астыммыт киһилии, Эрчим ытыһын ыга тутта.
Уонна уол сулууспата өссө биир уратытын бэлиэтээтэ: Эрчим байыаннай чаастар ханна олохсуйан турар туочукаларыгар, Чукотканы биир гына үксүн командировкаҕа сылдьыахтаах эбит. Онно баран, хас байыаннай чаас аайы политруктор быһаччы дьаһалыгар киирэр. Капитан эппитин курдук, Ленинскэй хостору, Бойобуой Албан аат хосторун саҥардыахтаах. Сорох туочукаларга хаттаан саҥалыы оҥорору ирдэниллэрин кистээбэтэ. Оттон манна полкаҕа быһаччы политотделга бас бэринэрин, кинилэр ханна ыыталлар да, онно барарын капитан эдэр саллаакка үлэтин хайысхатын өссө төгүл чопчулаан быһааран биэрдэ.
Эрчим ити этиини астына иһиттэ, «хата сири-дойдуну көрөн хаалыыһыбын» диэн судургутук санаата. Кини хантан билиэҕэй, икки сыл устата төһөлөөх уһун айаннары араас самолеттарга олорон айанныахтааҕын. Тоҥон-хатан, уһун буурҕаларга аэропортарга хаайтарыахтааҕын. Биитэр командировкаҕа тиийбит байыаннай чаастарыгар ыйы-ыйдаан тыал-куус, буурҕа ааһарын кэтэһиэхтээҕин…
Эрчим Коля барыаҕыттан ыла соҕотохсуйан, бириэмэ буллар эрэ, «приемникка» тиийэр. Чаастарыгар өссө да ананан бара илик саллааттары кытта сэлэһэн, көрсөн кэлээччи. Бүгүн эмиэ уолаттарга тиийэ сырытта, манна барыта ким ханна барыахтааҕын, хайдах сиргэ-уокка тиийэллэрин туһунан кэпсэтии буолар. Сорохтор Эрчимҥэ ымсыыра саныыллар: «Эн полкаҕа сулууспалыы хааллаҕыҥ. Абыраммыт киһигин, талааннаах буолаҥҥын худуоһунньуктуур буоллаҕыҥ дии… Оттон биһиги хайдах сиргэ-уокка тиийэбит? Манна сорох уолаттар «алдьархайдаах крутой туочукалар бааллар үһү», – диэн куттууллар».
Эрчим Анаадырга сылдьан билсибит били саллаат бэргэһэлээх сытыы-хотуу уолу көрсө түстэ:
– Олег… Семенов Олег диэн этиҥ дии? Хайа, ханнык туочукаҕа барар буоллугут? – байыаннай таҥаһы кэтэн, сирэйэ-хараҕа өссө сытыырхайбыт көрүҥнээх уолтан ыйытта.
– Ээ, эн Эрчимҥин дуо? Манна полкаҕа худуоһунньугунан хаалбыккын истибитим. Биһиги алтыа буоламмыт олох уһук, Муустаах муора кытыытыгар саамай түгэх сиргэ баар Уэлен диэн бөһүөлэккэ баар туочукаҕа тиийэр үһүбүт. Биир дойдулааҕым Егоров Коля, Күөрэлээх уола, уонна Алексеев Петя диэн эмиэ саха уола, Кулаков Володя, Шулянскай Коля – нуучча уолаттара уонна Элли Вася диэн ниэмэс уола бааллар. Элбэхпит, онон наһаа баттаппакка, көрүнэ сылдьар инибит, – дии-дии, Олег күллэ, үөрдэ-көттө.
– Оннук, бэйэҕит призывкытыттан элбэх эбиккит. Онон, кыра туочукаҕа наһаа атаҕастаппат инигит. Дьэ, кытаатыҥ, баҕар, командировкаҕа тиийэ сылдьыаҕым, – Эрчим уолу кытта ыга куустуһан, эйэргэһэн араҕыстылар.
Онтон «Маяктан» бииргэ аргыстаспыт доҕорун Ананийы көрсө түһэн туоһуласта, киһитэ:
– Пока ханна барарым биллибэт, манна биир спортинструктор капитан Сафаров анаан-минээн көрсөн: «Баҕар, полкаҕа илдьэ хаалыахпыт этэ», – диэбитэ. Волейболист уолаттары сүүмэрдии сатыыр эбит. Хаста даҕаны маннааҕы, полкаҕа сулууспалыы сылдьар, уолаттардыын волейболлуурбун көрбүтэ. Сэҥээрбит быһыылааҕа. Оттон бэйэм Майаҕа оскуолаҕа үөрэнэ сылдьыахпыттан мээчиктиибин. Ухта куоракка устудьуоннуу сылдьаммын волейболунан, баскетболунан дьарыктаммытым.
– Оо, манна хааларыҥ буоллар, наһаа да үчүгэй буолуо этэ, бииргэ сулууспалыа этибит. Били ротаҕа миигинниин барсыбыт Петров Коля поварга үөрэнэ барбыта. Онон, соҕотох «молодой» хааллым, уустук соҕус буолсу. Кулуупка сулууспалыыр буоламмын үчүгэй. Кытаат, хаала сатаа.
– Оо, ол миигиттэн тутулуга суох буоллаҕа дии… Дьиҥэр, хаалар киһи үчүгэй буолуо этэ, биир дойдулаахтар иккиэн бииргэ сылдьыа этибит… – Ананий дьиҥ санаатын эттэ.
Эрчим иһигэр эрэл санаалаах, доҕорун кытта быраһаайдаһан баран, хаһаарыматыгар таҕыста.
* * *Бүгүн эмиэ Эрчим киэһээ аһылык кэнниттэн, хаһаарымаҕа сылдьаат, үгэһинэн, «приемникка» тиийдэ. Күн аайы уолаттар үстүү-түөртүү, сороҕор биэстии буолан анаммыт туочукаларыгар тарҕаһан иһэллэр. Аҕыйах хонуктааҕыта биир дойдулааҕа Чурапчы уола Егоров Петя, Кулаартан Неустроев Олег, Горнайтан Павлов Николай, Варламов Степан, Григорьев Петя буолан «Берингово» туочукаҕа сулууспалыы көппүттэрэ. Киһи биллэ аҕыйаабыт. Хата, Ананийы көрүстэ:
– Хайа, туох сонун? Ханнык туочукаҕа сулууспалыы барар буоллугут?
– Бу Колялыын иккиэн «Нунлингран» диэҥҥэ барар үһүбүт, – биир хатыҥыр уолу ыйан көрдөрдө.
– Оленов Коля диэммин, Горнайбын. Бэрдьигэстээхтэн сылдьабын, эн дойдугар Чурапчыга СПТУ-га үөрэнэн тырахтарыыс идэтин баһылаабытым.
– Хайа, доҕоор, Одьулууҥҥа СПТУ-га үөрэммитиҥ дуо? – Эрчим сэргэхсийэ түстэ.
– Оннук. Одьулуун СПТУ-тун бүтэрэн бараммын, Бэрдьигэстээххэ, промбыткомбинакка тырахтарыыстыы сылдьан аармыйаҕа ыҥырыллыбытым.
– Олох да биир дойдулаах эбиппит дии… – Эрчим уолу кытта илии тутуста.
– Оччоҕо хаһан барыах курдуккутуй? Ананий, эн биһикки баҕа санаабыт туолбатах, бииргэ сулууспалыахпыт диэбиппит табыллыбатах дии… – Эрчим хомойбуттуу, тыл ыһыгынна.
– Биллибэт ээ, погода үчүгэй буоллаҕына аҕыйах хонугунан көтөр инибит. Дьэ, кырдьык, баҕа санаабыт туолбата. Хайдах гыныахпытый… Туох диэн бирикээстииллэр да, ону толорор буоллахпыт, – Ананий атын сиргэ барарыттан санаата түспүт киһилии, бэйэтэ да хаһан барарын кэтэһэ сылдьар буолан, судургутук эппиэттээтэ.
– Чэ, кытаатыҥ, үчүгэйдик сулууспалааҥ… Көрсүөххэ диэри, – Эрчим уолаттары кытта быраһаайдаһан илии тутуста…
Провидение буухтаҕа хас да хонугу быһа намыһах былыттаах ардахтаах күннэр турдулар. Уреликига баар аэропортан биир даҕаны самолет да, вертолет даҕаны көппөтө. Арай бүгүн халлаан арыый дьайҕаран, былыттар бысталанан, кыралаан күн тыкта. Провидение буухтаны тула үмүөрүһэн турар үрдүк хайалар чыпчааллара, сопкалар оройдоро халыҥ хаарынан бүрүллэн турар төбөлөрө сырдаан көстөр буолбуттара. Уолаттар «приемникка» сарсыарда эрдэ туран, стройынан полка остолобуойугар аһаан кэллилэр. Сотору буолан баран биир эдэр сылбырҕатык туттубут-хаптыбыт старшай лейтенант спортсаалаҕа киирэн:
– «Нунлингран» туочукаҕа сулууспалыы барар рядовойдар Ананий Павлов уонна Николай Оленов, миигин батыһыҥ. Бүгүн вертолетунан Нунлинграҥҥа көтөбүт, – диэн хамаандалаата.
Уолаттар сып-сап хомуннулар. «Приемникка» баар саллааттардыын бэрт ыксалынан быраһаайдаһа охсоот, старшай лейтенаны батыһан, таһырдьа кэтэһэн турар Газ-66 массыынаҕа олорсон, аэропорка айаннаатылар. Иһирдьэ киирбиттэрэ, бүгүн күн-дьыл туран биэрэн, киһи тобус-толору. Саллааттар диэн, кэргэннэрин, оҕолорун уоппускаларыгар «материкка» илдьэ баран иһэр эписиэрдэр диэн. Кыра мас аэропорт иһэ үп-үллэҥнэс. Аалыҥнааһыы, үтүөлэһии бөҕөтө. Ананийдаах кэлбиттэрин көрөн, полкаҕа спортинструкторынан үлэлиир капитан Сафаров утары кэлэн эҕэрдэлэстэ:
– Ну, как дела, Ананий? Видишь, как вышло-то… Не суждено нашим с тобой мечтам исполниться. И в какую точку тебя? Как я ни старался убедить начальство, что нам нужны сильные спортсмены-волейболисты, чтобы защитить честь полка на соревнованиях Дальневосточного округа, – все бесполезно. Не поддержали…
Кини Ананий спортсаалаҕа волейболга эрчиллэ сылдьар эписиэрдэри, иккис сылын сулууспалыыр «кырдьаҕас» саллааттары, ордук сержант Гаркушалааҕы кытта тэҥҥэ оонньуурун, өссө сороҕор олох да баһыйа тутан оонньуурун көрөн сөҕөрө. Сафаров бэйэтэ эмиэ волейбол диэн баран «муннукка ытаабыт» киһи этэ. Онон, Ананийы манна полкаҕа хаалларан, волейболга үрдүттэн быһаччы эрчийэн, ити этэрин курдук, сылын аайы ыытыллар байыаннай уокуруктар күрэхтэһиилэригэр, киин сиргэ оонньотор баҕа санаалааҕа.
– Да, что там говорить, товарищ капитан… Я же солдат, куда прикажут, туда и я… – Ананий судургутук быһааран кэбистэ.
Спорт эйгэлээх капитан уолу ыбылы кууһан ылан быраһаайдаста. Ол кэнниттэн тугу да өйдүөхтэрин баҕарбат полка хамандыырдарыгар кыһыйан сапсыйан кэбиһээт, бэрт ыксалынан чымадаанын хаба тардан, регистратура диэки хаама турда.
Уолаттар син балачча кэтэспиттэрин кэннэ, старшай лейтенант суһаллык ыҥырда:
– Ребята, быстрее… Вертушка сейчас полетит в Нунлингран! Выходим! – диэт, ыксал бөҕөнөн ааны былдьаста.
Уолаттар бэрт ыксалынан малларын хаба тардаат, киһилэрин батыстылар. Көтөр хонууга билигин аҕай кэтит салбахтарынан буору-сыыһы өрө ытыйа турар вертолекка тиийдилэр. Иһирдьэ дьааһыктаах, кууллаах ас-үөл толору чөмөхтөммүт. Нунлинграҥҥа барааччылар кинилэр үһүөйэхтэр эрэ эбит. Вертолеттара иҥнэр-таҥнар түһэн, халлааҥҥа харбаспыт хайалар быыстарынан көтөн күпсүйэн, үөһэ тахсан истэ. Уолаттар тулалыыр сири-дойдуну, айылҕаны көрөөрү иллюминаторга хам сыһыннылар.
Саха сиригэр билигин самаан сайын сатыылаатаҕа. Ото-маһа силигилии ситэн, көҕөрөн, сиэдэрэй сибэкки сыһыыны-толоону толору сириэдийэ үүнэн, көтөрө-сүүрэрэ дэлэйэн, куһа-хааһа кэлэн төһө эрэ тупсан турар?!! Аны аҕыйах хонугунан уйгу-быйаҥ, улуу тунах ыһыахтар саҕаланыахтара турдаҕа.
Оттон манна бэс ыйа ааттаах да, тулалыыр хайалар үрдүк таас оройдоро, сырыынньа эниэлэрэ хаарынан бүрүллэн тураллар. Оннооҕор хотоол сирдэргэ күлүк өттүгэр эриэн-быраан хаар ууллубакка сытарын көрөн, биһиги дьоммут наһаа сөхтүлэр, чахчы даҕаны, тыйыс айылҕалаах дойдуга кэлбиттэрин итэҕэйдилэр.
Вертолет муора кытыытынан, хачыр курдук таас кытылы кырыйа көтөн күпсүтэн истэ. Биэрэги кэрийэ кытыыга билигин даҕаны муус кыдьымаҕа өрөһөлөнөн сытара өтөрүнэн-наарынан ууллуох быһыыта биллибэт курдук. Ыраах саҕахха икки улахан муора хараабыллара ыраас ууга устан иһэллэрэ көстөр.
Уу суола аһыллан «путина» саҕаланнаҕа, кылгас сайыннаах тыйыс айылҕалаах дойдуга бириэмэ былдьаһык. Сылааһы хааччыйар инниттэн, оттукка баһаам элбэх таас чоҕу, ас-үөл арааһын, уматыгы – бэнсиини, сэлээркэни, араас тутуу матырыйаалларын, тиэхиньикэни урааннаах уһун кыһыны туоруур гына ыраах Хотугу муустаах муора кытыытыгар тиийэ барытын таһан бүтэриэхтэрин наада буоллаҕа…
Вертолет син балачча уһуннук көтөн талыгыратан, кытылга чугаһаабытыгар, муора хомотун батыһыннара косаҕа, аҕыйах дьиэлэрдээх дэриэбинэ көһүннэ. Син балачча тэйиччи сопка тэллэҕэр радиолокационнай станциялар уонна мас хаһаармалар кэккэлээн тураллара манна байыаннай чаас баарын туоһулуур. Бу хобдох соҕус көстүүнү икки этээстээх үс-хас олорор дьиэлэр уонна обургу оскуола, кулууп дьиэлэрэ баара арыый сэргэхситэр. Вертолет үөһэнэн сопка кытыытынан эргийэн, байыаннай чаастан чугас хомоҕо түстэ. Сүр үлүгэрдик күүгүнээн, кэтит салбаҕынан тула буору-сыыһы ытыйан өрүкүнэтэн баран, дьэ тохтоото. Уолаттар сонурҕаан, вертолеттан түһэн тулаларын эргиччи көрө-көрө эписиэрдэрин батыһан хаһаарымаҕа тиийдилэр. Иһирдьэ киирбиттэригэр,
– Ребята, «соски» приехали!.. – дневальнай нуучча уола үөрбүт хаһыыта иһилиннэ.
Сотору буолаат Ананийдаах Коляны «солбудаһык кэллэ» диэн астыммыт саллааттар эргийэн кэбистилэр. Олор быыстарыттан намыһах буолан баран, бөҕө-таҕа, күүстээх көрүҥнээх, гимнастеркатын уолугун төлөрүтүммүт, саллаат курун босхо иһин түгэҕэр ыыппыт саха курдук дьүһүннээх уол, чопчу кинилэри көрбүтүнэн, чугаһаан кэллэ:
– Сахаларгыт дуо? – диэн, уу сахалыы олус астынан ыйытта.
– Сахаларбыт! – Ананийдаах биир дойдулаахтарын көрсөн, үөрэ-көтө хардардылар.
– Болуодьа Бөтүүнүскэй диэммин, Сааскылаахтан сылдьабын. Эһиги хантан сылдьаҕыт?
– Мин мэҥэбин, Ананий диэммин. Оттон бу Коля, Горнай уола… – дэһэ-дэһэ, илии тутустулар.
– Дьэ, бэрт эбит… Манна мин саха соҕотохпун. Билигин элбээтэхпит… Чэ кытаатыҥ, Саха сирин сонунун тоҕо тардан, кэпсээн кэбиһиҥ… – уоллара кинилэри санныларыттан хам кууһан ылла уонна хаһаарыма түгэҕин диэки илдьэ барда.
* * *Уолаттар Бөтүүнүскэйдэрин төһөнөн ыкса билсэн истэхтэрин аайы кинини сөбүлүүллэрэ элбээн истэ. Хоту дойду уола холкута, үтүө-мааны майгыта киһини астыннарар. Бэйэтэ айылҕа оҕото буолан, дьоҕус даҕаны уҥуохтаах буоллар, эт-сиин өттүнэн кыахтаах. Күүстээх уол турникка «солнцены», «выход силой» уонна да атын көрүҥнэри холкутук оҥорор. Нууччалыы олус ыраастык саҥарар, нуучча уолаттарын сытыы тылынан-өһүнэн баһыйара да диэххэ сөбө. Элбэх көрдөөх көрүдьүөс анекдоттары кэпсиир, инньэ гынан, саллааттар куттарын тутар уонна сүргэлэрин көтөҕөр. Маҥнай утаа иккис сылын сулууспалыыр уолаттар кыра диэн сэнээн киирэн биэрэллэрэ үһү. Биирдэ Карпенко диэн бөдөҥ-садаҥ, уһун уолу наһаалаабытыгар биирдэ эрэ охсон кэбиспиттээх. Онтон ыла оннооҕор «дедтар» киниэхэ чугаһаабат буолбуттара.
Сороҕор дьиибэлэнэн, эмиэ да кырдьык-хордьук курдук:
– Мин бэйэм долгааммын, оттон түгэх өбүгэлэрим поляктар. Дьиҥнээх араспаанньам «Бетинскэй» диэн ээ… – дии-дии, күлэн-үөрэн бэйэтэ да кыараҕас хараҕа олох да көстүбэт буолара.
Дэриэбинэҕэ олохтоох чукчалары кытта олус тапсара. Анараалар даҕаны кинини бэйэлэрин киһилэрин курдук ылыналлара. Дэлэҕэ дьиэлэригэр биир да бырааһынньыгы көтүппэккэ ыҥырыахтара дуо? Бэйэтэ эмиэ сулууспалыыр станцията дэриэбинэттэн көстөн турара, ол да иһин самоволкаҕа сотору-сотору барара. Олохтоохтору кытта булт-алт туһунан уопсай тылы булан сэһэргэһэрэ.
Рота старшината прапорщик Павленко кини бэргэн булчутун үчүгэйдик билэр буолан, саас, күһүн икки уостаах саатын уларсан, кустата ыытара. Оттон Бөтүүнүскэй бэйэтэ кыһынын байыаннай чаас турар сириттэн чугас эргин сылдьан, олохтоох дьонтон уларсыбыт капкаанынан кырсаны бултаһара. Бултаабыт кырсатын тириитин бэйэтэ таҥастаан эписиэрдэри кытта мэнэйдэһэрэ.
Биир үтүө күн Володя Ананийдааҕы бөһүөлэктэн чугас муора кытыытыгар ыҥыран киллэрдэ. Уолаттар уу кытыытыгар кытылы кэрийэ, улахан баҕайы киит балык ойоҕосторун уҥуоҕа сиргэ батары саайыллыбыттарын уонна бөдөҥ таастарынан бөҕө-таҕа гына тула тэлгэммиттэрин сэргии көрдүлэр. Итилэр аттыларыгар чукчалар муораҕа бултуу тахсалларыгар туһанар вельботтара ойоҕосторунан сыабынан баайыллан сыталлар. Салгыы ол ойоҕос уҥуохтарыгар быанан моржа, нерпа тириилэрин тиирэ тардан баайан куурда уонна араас бэйэлээх сыанан ньалҕарыйа сылдьар балыктарын хатара ыйаабыттарын саҥа көрөр дьон сүрдээҕин дьиктиргии, сөҕө көрдүлэр. Ол аайы Володя биир кэм айаҕа хам буолбакка кэпсии истэ:
– Биһиги, хотулар, эмиэ балыкпытын маннык хатарабыт, дьуухала оҥоробут. Бу дойдуга эмиэ тыала-кууһа бэрт буолан, салгыҥҥа балык түргэнник хатар. Аны Саха сирин киин оройуоннарыгар курдук сахсырҕа эҥин суох…
Тэйиччи муора хомотун кытыытыгар косаҕа, дэриэбинэ дьоно астаммыт кииттэр дьардьамаларын бульдозерынан таһааран бырахпыттара муора долгунугар суураллан, тыалга охсуллан хатан, кууран хаалбыт уҥуохтара дьикти скульптура буолан өрөһөлөнөн көстөн турар. Онно тиийбиттэрин кэннэ, Володя Бөтүүнүскэй аарыма улахан киит сыҥааҕын уҥуоҕун анныгар илиитин үөһэ уунан көрдөрөн туран эрэ:
– Көрөн кэбиһиҥ, урут былыр чукчалар, бу киит маннык улахан сыҥааҕын уҥуоҕунан ярангаларын каркаһын оҥороллоругар туһаналлара эбитэ үһү. Онтукалара бу курдук коническай быһыылаах буолан, хайа да бэйэлээх күүстээх буурҕаҕа бэриммэккэ, сүрдээҕин тулуктаһан турар эбит. Онтон туох баар этэ, халыҥ сыата, тириитэ, иһэ-үөһэ барыта бастыҥ ас буолан туһаҕа тахсара үһү. Ол иһин бачча муус-хаар буурҕа дойдутугар, унньуктаах уһун кыһыны киит курдук улахан балык этинэн, аһаан-сиэн этэҥҥэ туорууллара үһү. Маһа-ото суох сиргэ олорор дьон быһыытынан, киит халыҥ сыатын уулларан, оттук оҥостон астарын буһарыналлара. Анал оҥоһуулаах тааһы дьөлө хаһан оҥорбут иһиттэригэр уулларбыт сыаларын иһигэр, туундара инчэҕэй муоҕун синньэтэн уган ыһыырынньык гынан сырдатыналлар эбит. Киит бытыга саамай сыаналаах былдьаһыкка сылдьар табаар быһыытынан биллэрэ. Ол курдук, наарталарын ылаҕар кэтит өттүн ылан иҥиннэрэн халтарыйарыгар, сыыдам буоларыгар туһаналлара, оттон синньигэс бытыгын быһан күөгүгэ леска оҥорон балыктыыллара. Маннык киит бытыгыттан оҥоһуллубут леска кырыарбат да, мууһурбат даҕаны буолан былдьаһыкка сылдьара диэн үһүйээннэргэ кэпсэнэр.
Ананийдаах Коля хоту дойду уолун кэпсээнин олох энчирэппэккэ иһиллээн турдулар, улаханнык сэҥээрдилэр. Киинэҕэ эрэ көрөр киит курдук балык сөҕүмэр туһалааҕын, Арктикаҕа олорор омуктар олохторугар ураты суолталааҕын саҥа биллилэр.
– Мин саамай күүстээх баҕа санаам – киит балыгы бултааһын. Анаан-минээн олохтоох дьон хайдах маннык улахан балыгы бултаан-алтаан өлөрөллөрүн көрүү… Дьэ, онно сылдьан бултаһарым буоллар, чахчы Чукоткаҕа сылдьыбытым, киити бэйэм бултаспытым диир кыахтаныам этэ. Ол баҕа санаабын рота старшинатыгар прапорщик Павленкоҕа уонна олохтоох бөһүөлэк булчуттарыгар этэн турабын… – дии-дии, Бөтүүнүскэй Колялаах Ананий диэки астыммыттыы көрбүтэ-истибитэ.
* * *Уолаттар аҕыйах кэм иһигэр хайыы-үйэҕэ «туочукаҕа» билсэн-көрсөн бэйэ дьоно буоллулар. Ананий үрдүк үөрэхтээҕэ уонна балачча саастааҕа сүрүн оруолу ылла. Нууччалыы үчүгэйдик быһаарсара, үгүһү-элбэҕи аахпыта, билэрэ-көрөрө судургу майгытыгар эбии туһалаата. Коля, тыа сирин ыччата буолан, ханнык да үлэттэн иҥнэн-толлон, чаҕыйбакка үлэлиир. Барыны-барытын сатыыра, хара үлэттэн туора турбата бииргэ сулууспалыыр дьонугар сөбүлэппитэ. Аны үс ый устата Уреликига локаторщик оператор үөрэҕин бүтэрэн кэлбитэ оруолу ыллаҕа. Ананий туочукаҕа олорон үрдүттэн үөрэнэн, оператор буолан иккиэн РЛС-станцияҕа дьуһуурустубаҕа турар буоллулар.
Биллэн турар, саҥа сулууспалыыр дьон ротаҕа уопсай тылы булалларыгар биир дойдулаахтара Володя Бөтүүнүскэй аптарытыата элбэҕи быһаарбыта чуолкай.
– Мин земляктарым иккиэн чаҕылхай уолаттар, онон, кинилэри ким эмэ атаҕастыыр түгэнигэр миигин кытта быһаччы быһаарсыаххыт… – диэн, мас-таас курдук этэн кэбиспитэ.
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «ЛитРес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на ЛитРес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.
Вы ознакомились с фрагментом книги.
Для бесплатного чтения открыта только часть текста.
Приобретайте полный текст книги у нашего партнера:
Полная версия книги